30.12.2020 | 18:20

ОҔУС ДА АРААСТААХ БУОЛАР

ОҔУС ДА АРААСТААХ БУОЛАР
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ахсынньы аам-даам тымныыта сатыылаан турдаҕына оҕус сылыгар күн сирин көрбүтүм. Оҕус  эмиэ киһи курдук үчүгэйдээх, куһаҕаннаах, сытар ынаҕы туруорбат сымнаҕас, мас көнө буолуон сөп. Эбэтэр харыйаны таҥнары соспут курдук хадаар, өһөс  майгылаах оҕустар баар буолааччылар. Айаннаан испэт бытаан, кымньыыны чыпчаххайы билиммэт нэс эбэтэр сыыдам  аллаах айаннаах оҕустар эмиэ бааллар.

Ити үөрэнэ иликпиттэн элбэх оҕустары кытта эллэхтэспит киһи буолан этэбин... Аҕам барахсан такайыытынан ааттаах сатабыллаах кыһамньылаах оҕус сиэтээччи буолан хайҕанар кэмнэр бааллара. Сайын устата от үлэтин эриирдээх-мускуурдаах дьарыгар, оҕускун кытта бодоруһан биир санаанан өйдөһө сылдьар буоллаххына, үлэҥ-хамнаһыҥ табыллара.

Биир сайын Таллык диэн оҕустуун үлэлээбиппин күн бүгүҥҥээҥҥэ диэри өйдөөн хаалбыппын, умнубаппын. Барахсан өй хаата, үлэһит бөҕө, улгум уонна түргэн хаамыылаах аллаах оҕус этэ. Бугулга сөптөөхтүк, таба таттарыы оҕус сиэтээччиттэн үгүс сатабылы эрэйэр. Бугулу аһары эбэтэр тэйиччинэн баран хааллаххына бугул угааччыттан мөҕүллүөххүн эбэтэр, куһаҕанын ыллахха, тымтан оҕускун атырдьаҕынан сырбаталыан сөп. Оннук ордуос, бардам үлэһиттэр баар буолааччылар, иэдээн диэтэҕиҥ. Оччотооҕу оҕо улахан дьону утары тугу да эппэккин. Дьэ, маннык быһыыга Таллык барахсан мин салайыыбын этиппэккэ, чуолкайдык толорор этэ. Үөһэ миинэн олорон, чурумчутун быатын тардыалаан бугул диэки салайан эрэ биэрдэхпинэ, Таллыгым чуо тиийэн сыысхала суох турунан кэбиһэрэ.

Өҥүрүк куйаас  сатыылаатаҕына хойуу  күлүмэннэр оҕуспун муннун, уоһун, харахтарыгар саба түһэннэр сордуур этилэр. Дьэ, онно аһынаммын оҕуспуттан ойон түһэммин түргэн үлүгэрдик угаайы угар бириэмэҕэ, иннигэр тиийэн туран биэрдэхпинэ муннун, харахтарын миэхэ аалынан быыһанааччы. Хайаан даҕаны сиэппэр укта сылдьар өйүө лэппиэскэбиттэн бэрсэр идэлээх этим. Махтаммыт өйдөөх баҕайы  харахтарынан көрөн ылааччы. Улахан угаайыны уктахтарына түһэн, сиэтэн барааччыбын.

 Ол курдук бэркэ өйдөһөн, доҕордоһон табыллан үлэлии сырыттахпытына, сай ортото Таллыкпын түргэн хаамыылаах диэннэр өйүө таһааччыга биэрбиттэрэ. Көр, онно оҕуспун харыһыйаммын ытаамахтаан ылбыппын умнубаппын, кыра киһи буоллаҕым. Барарын саҕана дьон көрбөтүгэр кистээн тиийэммин моонньуттан кууһан, сөрүүн муннуттан сыллаан ылбытым. Көр, онно сирэйбиттэн хатыылаах тылынан салаан ылан уйадыппыта...

Араас оҕустар бааллара. Биир сайын сүрэҕэ суох, күрүөйэх оҕуска түбэһэн, эрэй бөҕөнү көрбүтүм. Үс туман түһүөр диэри үлэлээн баран, атах быалаан баран мэччитэ ыытаҕын. Сарсыарда чэй өрөөччү оҕонньор туруоран оҕускун көрдөтө ыытар.

Табылыннаҕына түргэнник булан кэлэҥҥин, дьону кытта тэҥҥэ чэйдэһэриҥ дьолуҥ буолар. Үксүгэр киһи булбат сиригэр саһан эрэйдиир, кыл мүччү үлэҕэ барарга булан аҕалан, кыл тыынынан уу иһээт, от кэбиһэр сир диэки барыы буолар этэ. Биир күн оҕуспун кыайан булбакка, үлэни тохтоппут аатыран мөҕүллэн турабын. Онтукайбыт оҕуспут 30 км ыраах баар дэриэбинэҕэ тиийбитин, оҕускутун ылыҥ диэн илдьит ыыппыттар этэ. Үргүүк, сиргэмсэх оҕустар баран иһэн эмискэ туора ойон, сууллаҥҥын сыарҕа анныгар түһэн хаалар түбэлтэлэр баар буолааччылар. Тигээйилээх сылларга оҕустар тигээрдээн өрүтэ ыстаҥалаһыы буолааччы.

Онон оҕуска ытыктабыллаахтык сыһыаннаһыҥ. Оччотугар уон оччонон Оҕус сыла үтүө олоҕу аҕалыаҕа диэммин кэпсээммин түмүктүүбүн.

Ньукулай МЕСТНИКОВ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...