13.09.2020 | 06:06

Оҕуруот аһын сатабыллаахтык хаһаанабыт

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ураты хаппыыста

1,5 кг хаппыыста, 2 устуука моркуоп, 2 устуука сүбүөкүлэ, чеснок аҕыйах өлүүскэтэ, 2-3 устуука аһыы биэрэс (бэйэҕит сөбүлүүргүтүнэн).

Хаппыыста быһыллар, моркуобу, сүбүөкүлэни улахан теркаҕа анньабыт. 3 л бааҥкаҕа эбэтэр таас иһиккэ араҥанан ууруллар, үрдүгэр заливката кутуллар. 2-3 күн сылаас сиргэ туруоран баран таһаараҕыт.

Заливката: 1 лиитэрэ уу, 2 остолобуой ньуоска туус, 1 ыстакаан саахар, 0,5 ыстакаан мас арыыта, 1 ыстакаан 9 бырыһыаннаах уксуус. Барытын ууга кутан оргутаҕыт, кыратык сойута түһэн баран кутуллар.

Моркуоптан салаат

1 кг моркуоп, 1 устуука эриэппэ луук, 1 устуука чеснок, хара-кыһыл биэрэһи сөбүлүүргүтүнэн кутаҕыт, туус.

4 остолобуой ньуоска мас арыыта, 1 остолобуой ньуоска 9 бырыһыаннаах уксус. Маннык састаабынан сүбүөкүлэ салаатын эмиэ оҥостон тутатына сиэххитин сөп.

Оҕурсуттан салаат

3 кг оҕурсу, 1 кг минньигэс биэрэс, 1 кг эриэппэ луук.

Маринада: 1 л ууга 100 г 6 % уксуус. 2 ост. нь. саахар, 1 ост. нь. туус.

Оҕурсуну кырбаан баран бааҥкаҕа дьапталҕалаан уураҕыт. Хара биэрэс 3-4 устуука туорааҕын, укуруобу, сельдерейи, петрушканы табыгынатаҕыт, 2 остолобуой ньуоска мас арыытын кутаҕыт. Итии маринады кутаҕыт уонна 10-15 мүнүүтэ стерилизациялыыгыт. Оҕурсуну, минньигэс биэрэһи, эриэппэ луугу барытын кырбаан  баран, бааҥкаларга сойутан кутаҕыт.

Хабархай хаппыыста

2 кг хаппыыста, 2-3 устуука улахан моркуоп, 1 устуука сүбүөкүлэ, 1 төбө чеснок.

Моркуоп, сүбүөкүлэ теркаланар. Хаппыыста быһыллар, чеснок кыра гына кырбанар. Барытын булкуйан баран ороһуол кутуллар. Сарсыарда бааҥкаларга кутан холодильникка эбэтэр таһырдьа ууруллар. Ороһуола: 1 л ууга 1 ыстакаан мас арыыта, ыстакаан 2/3-гэр 9 %-наах  уксуус, 2 остолобуой ньуоска туус, 0,5 ыстакаан саахар.

Чесноктаах патиссон

650 г патиссон, 10 г укуруоп, 6 г сельдерей сэбирдэҕэ, 6 г хрен сэбирдэҕэ, 5 г петрушка, 2,5 чеснок өлүүскэтэ, 5 төгүрүк биэрэс, 1 лавровай лиис, 350 г уу.

 Патиссону сууйан, хахтаан, 1-2 мүнүүтэ оргуйа турар ууга угаҕыт. Ити кэннэ тымныы ууга сойутаҕыт, бааҥкаҕа угуоххутугар диэри итинник турар. Бааҥка түгэҕэр бытарыйбыт укуруобу, чесногу, уохтаах биэрэһи, лавровай лииһи, үрдүгэр патиссону угуталыыгыт. Итии уунан саба кутаҕыт (940 мл уу, 50 г туус, 10 мл уксуус).

Томаттаах кабачок

0,5 л бааҥкаҕа 225 г ыһаарыламмыт кабачок, 200 г сибиэһэй томат, 1-2 чеснок, 5 г туус, 20 г бурдук, 50 г ынах арыыта туттуллар.

Кабачоктаргытын сууйуҥ, бысталааҥ. Туустаах бурдукка булкуйан ылыҥ, икки өттүн ынах арыытыгар ыһаарылааҥ.

Ити кэмҥэ чесногу хахтаан сууйуҥ, илдьиритиҥ. Кыһыл томаттары сууйан кырбааҥ.

Кабачогу, томаты уонна чесногу бааҥкаҕа сааһылаан угаҕыт, 1 ч. нь. туус (0,5 кг бааҥкаҕа) хаппахтаан баран 35 мүнүүтэ (100 кыраадыска) стерилизациялыыгыт. Онтон сойутаҕыт.

Күөх (буһа илик) помидортан салаат

3 кг помидор, 1,5 кг моркуоп уонна эриэппэ луук, 300 г мас арыыта, 300 г 9 % уксуус, 300 г саахар, 5-6 устуука горох биэрэс уонна аҕыйах устуука лавровай лиис сэбирдэҕэ.

Помидордары орто соҕус гына кырбыыгыт, моркуопкутун улахан соҕус гына теркалыыгыт, лууккутун төгүрүктүү кырбаан баран, миискэҕэ 10-12 чаас туруораҕыт. 100 г тууһу кутуохха сөп. Маринад оҥороҕут: 300 г арыы, уксуус, саахар, биэрэс, лавровай сэбирдэх. Барытын холбоон, бытаан уокка оргуйа түспүтүн кэннэ, салааккытын кутан дэлби булкуйа түһэн баран, эмиэ 30 мүнүүтэ курдук оргутан ылаҕыт. Бу кэнниттэн итиилии ыраас, сууллубут бааҥкаларга кутаталаан кэбиһэҕит. Сылаастыы сиэххэ сөп эрээри, сойбутун кэннэ эмиэ минньигэс буолар.

Тыкваттан хомпуот

1 кг тыква, 1,5 кг саахар, бороһуок утах.

Тыква хаҕын уонна сиэмэтин ыраастыыгыт. Бөдөҥ соҕус түөрт муннуктуу кырбыыгыт. 1,5 кг саахардаах ууга оргутаҕыт. Сиидэлиигит.  Сироп оҥороҕут: 600 г саахар уонна 400 г уу. Сиропкутун бэлэмнээн баран, тыква үрдүгэр кутан эмиэ оргута түһэҕит. Бу кэнниттэн бороһуок утаҕы кутан амтан биэрэҕит. Ананас утаҕа буоллаҕына, ананас хомпуотун курдук амтаннана түһэр. Онон арааһыттан кутан биэрэн, араас амтаны барытын таһаарыахха сөп.

Моркуоп барыанньата

400 гр моркуоп, 200 г саахар. Моркуобу бытархай гына кырбаан, сымныар диэри буһараҕыт. Саахартан сироп оҥороҕут. Моркуобу саахар сиробугар буһараҕыт. Олус битэмииннээх, минньигэс барыанньа буолар.

Көөнньөрүллүбүт дөлүһүөн

Биир ыстакаан дөлүһүөҥҥэ үс лиитэрэ итии оргуйбут ууну уонна биир ыстакаан саахары кутан үчүгэйдик ытыйыллар. Дьиэ бэйэтин сылааһыгар биир суукка туруоруллар. Сарсыныгар гаас тахсар буоллаҕына, ол аата утахпыт көөнньөн эрэр.

Аҥаарын туспа иһиккэ кутан ылан иһэҕит. Оттон аҥаара салгыы аһытыы буолар. Хаалбыт аҥаарга сойбут ууну кытта биэс остолобуой ньуоска саахары уонна өссө эбии иккилии остолобуой ньуоска дөлүһүөнү кутан ытыйан иһиллэр. Оччотугар хас да төгүл суурайан иһиэххэ сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...