Оҕуруо абылаҥар ылларбыт Роза Спиридонова
Роза Яковлевна Спиридонова Дьокуускай куорат 39 №-дээх «Ромашка» уһуйааныгар музыкальнай салайааччынан үлэлиир. Бүгүҥҥү сэһэргэһээччим, чахчы, талба талааннаах киһи. Кини оҕуруонан үлэлэрэ ханнык да көмүс оҥоһуктан хаалсыбаттар.
Роза Яковлевна Ньурба Маалыкайыттан төрүттээх. Эбэтэ уонна ийэтэ суохтан баар оҥорор, кыраттан да элбэҕи айан таһаарар, эргэни саҥа тыынныыр сатабыллаах хаһаайкалар, көмүс тарбахтаах иистэнньэҥнэр эбит. Бу санаатахха, оччолорго билиҥҥи курдук маҕаһыыҥҥа күн талбыта суоҕа. Ийэтэ Александра Алексеевна эргэ-урба, кыччаабыт таҥаһы-сабы булан-талан, холбоон-илбээн, сатабыллаахтык дьүөрэлээн, оҕолорун кимнээҕэр үчүгэйдик таҥыннарара. Аны эрдэ огдообо хаалбыт буолан, сорох кэрэ аҥаар санаммат да дьарыгын кыайа-хото тутара – миэбэлгэ, чорооҥҥо тиийэ оҥороро. Идэтинэн математика учуутала этэ, ону таһынан, оскуолаҕа физиканы, “Домоводство” диэн предмети биэрэрэ. Онон ол саҕана оскуолаҕа үөрэммит кыргыттар ас астыырга, иистэнэргэ, баайарга, таҥаһы быһарга, ньэмиэтинэн кырыйан тигэргэ Александра Алексеевнаттан үөрэммиттэрэ.
Ийэтэ иистэнээри оҥоһуннаҕына, кырачаан Роза сүүрэн кэлэрэ уонна сыҥаах баттанан олорон күндү киһитэ хайдах туттарын-хаптарын көрөрө. Ийэтигэр иистэнэр массыына сап эрийэр катушкатын эргитэн көмөлөһөрө. “Биирдэ олус түргэтэтэн кэбиһэн ийэм тыҥыраҕар иннэни киллэрбитим”, – диэн билигин күлэ-үөрэ ахтар.
Роза улаатан истэҕин аайы сатыыра улам элбээн испитэ. Ол курдук, маҥнайгы кылааска учуутала Виктория Алексеевна быысыпкалыырга үөрэппитин билиҥҥэ диэри истиҥник саныыр. Онтон ыла, быыс буллар эрэ, быысыпкалыыр, оһуор анньар дьарыктаммыта.
Төрдүскэ үөрэнэ сылдьан бэйэтигэр сэлиэччик баайбыта, ийэтэ ыйан-кэрдэн, көрдөрөн биэрбитэ. Сэттис кылааска сөтүөҕэ кэтэр көстүүм тиктибитэ. Онтон ыла тарбаҕар талааннаах кыыс араас тиэхиньикэни баһылыыр баҕата баһыйбыта.
– Оскуолаҕа үөрэнэр кэммитигэр ийэм “Домоводство” уруогар оҕуруонан араас оҥоһуктары оҥортороро. Бу санаатахха, үксэ сахалыы харысхал буолара. Александра Алексеевна салалтатынан үгүс быыстапкаҕа, күрэхтэргэ кыттыбыппыт. Кини үөрэнээччилэрин оҥоһуктара Москва куоракка ВДНХ быыстапкатыгар тиийэ турбуттара, – диэн оҕо сааһын, ийэтин ахтан ааһар.
Устудьуоннуур сылларыгар Роза бииргэ үөрэнэр кыргыттарыгар араас быһыылаах былаачыйалары быһан тигэрэ. Бырааһынньыктарга дьүөгэлэрин кытта “былааһы ылаллара”, күрэхтэргэ күннүүллэрэ. Уопсайга олорор устудьуоннарга иистэнэр массыына хантан кэлиэҕэй, кыргыттар онтон улаханнык санаарҕаабаттара – илиилэринэн түһүнэллэрэ.
Кыыс оҕо сирдээҕи аналын толорон, кэргэннэнэн, оҕолонон, аны чугас дьонугар таҥас-сап эгэлгэтин тигэр буолбута.
– Оҕолор кыраларыгар таҥас-сап кырыымчык соҕуһа. Хата, быысыпка көмөтүнэн таҥастарын таптаабыппынан киэргэтэрим. Кыыһым ыллыыр, үҥкүүлүүр буолан, күрэхтэргэ кэтэр көстүүмнэрин бэйэм тигээччибин, – диэн сэһэргиир Роза Яковлевна.
«Сахсырҕаттан» саҕаламмыта
– Пандемия иннигэр методическай холбоһукпутунан атын уһуйааҥҥа бара сылдьан биир дьүөгэбин көрүстүм. Көрдөхпүнэ, наһаа үчүгэй оҕуруонан тигиллибит ыҥырыа брошканы кэтэн турар. Илии үлэтэ буолара биллэр. “Хантан ыллыҥ?” – диэн ыйыталастым. Дьүөгэм: “Бэйэм оҥордум. Анджела Токарева маастар-кылаастарыгар сырыттым”, – диэн үөрэ-көтө кэпсээтэ. Мин төлөпүөнүн нүөмэрин көрдөөн ыллым. Уһуйааҥҥа кэлэн кэпсээбиппэр, биир кэллиэгэм Анджела маастар-кылааһыгар сылдьыахпын баҕарабын, аргыс көрдүүбүн диэтэ. Онон иккиэн бардыбыт. Били, оҕуруонан ыҥырыа брошка тигэ тиийбит киһи, тиэхиньикэтэ элбэх диэн, дьэрэкээн бэйэлээх сахсырҕаны оҥордум. Ол олорон хараҕым кырыытынан ыҥырыаны тигэллэрин көрөбүн. Онтон дьиэбэр кэлэн үүт-үкчү оннугу оҥордум. Бэйэҥ баҕалаах буоллаххына уонна тиэхиньикэтин сатаатаххына, киһи тугу баҕарар айан таһаарыан сөп эбит.
Анджеланы кытта билсиэхпиттэн биир да маастар-кылааһын көтүппэккэ сылдьабын, үгүс кистэлэҥи биллим, көбүс-көнө линияны тигэргэ, элбэх ньымаҕа үөрэнним. Олортон “Кружева”, “Солнышко” тиэхиньикэлэри, канитель сабынан туттарбын ордоробун. Уһуйааччыбыт барытын көрдөрө-көрдөрө кэпсиир, этэргэ дылы, ыстаан биэрэр, ону биһиги “ыйыстабыт” эрэ. Анджела “Магия бисера” оскуолатын арыйыаҕыттан элбэх киһини уһуйда. Бастыҥ үөрэнээччилэрэ туспа бөлөхтөөхпүт, билсэ-көрсө, кэпсэтэ олоробут.
Түгэҕин көрө охсоору...
– Билигин маҕаһыыҥҥа матырыйаал дэлэй. Биллэн турар, интэриниэтинэн сакаастыыр дөбөҥ уонна барыстаах. Чешскэй оҕуруо көстүүтэ тупсаҕай, өҥө-дьүһүнэ да элбэх. Стразаны люксовайы эрэ туттабын, пластмаассаны ылбаппын, өҥө өлбөөдүйэн хаалар.
Хас биирдии саҕалаабыт симэхпин (илин кэбиһэр, бастыҥа, бөҕөх, ытарҕа, колье) тиһэҕэр тиэрдэ сатаан, түгэҕин көрө охсоору, үлүһүйэн туран үлэлиибин. Биир кэмпилиэги саамай уһаабыта биир нэдиэлэнэн бүтэрэбин. Итиннэ бэйэм албастаахпын: биир тиэхиньикэлээх, ол эрээри атын-атын өҥнөөх хас да кэмпилиэги тэҥҥэ тигэбин. Оҕолорго симэх, киэргэл оҥорор бэйэтэ туспа үөрүү. Саха сирин кэрэ айылҕатын көрдөрөр кэмпилиэктэрдээхпин: “Ньургуһун”, “Сардаана”, “Сибэкки ыһыаҕа”, “Сайын”, “Күнчээн”. Оҕолорго фоамирантан эмиэ араас киэргэли оҥоробун. Алта кыыс, түөрт уол сиэннээх дьоллоох эбэбин. Кыргыттар хас биирдии бэйэлэрэ үстүү-түөртүү симэхтээхтэр. Сиэннэрим иистэнэр кэммэр аттыбар кэлэн олороллор, баҕарар буоллахтарына, үөрэ-көтө үөрэтэбин. Биир сиэним макраменан дьаныардаахтык дьарыктанар, бэйэм курдук саҕалаабытын бүтэрэн баран тэйэр. Быыстапкаларга, күрэхтэргэ ситиһиилээхтик кыттар.
Саҥаттан саҥаҕа үөрэнэбин
– Кылга, сиэлгэ соччо ылсыбаппын. Сорох ытарҕаларбар кылы туһанабын. Туойтан, эпоксиднай сымалаттан ону-маны оҥорорго үөрэниэхпин баҕарабын.
Билигин уран тарбахтаах дьоҥҥо бииртэн биир сонун тиэхиньикэ тахсан иһэр. Маастар-кылаастарга сылдьан, саҥаттан саҥаҕа үөрэнэрбин сөбүлүүбүн, өссө элбэх тиэхиньикэни баһылыыр кыаҕы мүччү туппат буола сатыыбын.
Сорох киһи илии үлэтэ үгүс сыраны-сылбаны, бириэмэни эрэйэрин өйдөөбөтө хомолтолоох. “Тугун сыанатай” диэччилэр бааллар. Ол эрээри өйдүүр, кэрэхсиир киһи оннооҕор элбэҕэ үөрдэр.
Макрамены эмиэ олус сөбүлүүбүн. Биир кэмҥэ дьиэм барыта макраме буола сылдьыбыта. Билигин матырыйаала сымнаан, өрөргө өссө табыгастаах. Уһун үйэлээх матырыйаал дьон-сэргэ биһирэбилин ылар, сууйан кэбиһэ-кэбиһэ төһө баҕарар илдьэ сылдьыахха сөп. Кэлин кыыспар пляжка кэтэр былаачыйаны, сайыҥҥы суумкалары өрбүтүм.
«Ыксаатаҕына», ырыа айар...
Роза Яковлевна 1981 сыллаахха Дьокуускайдааҕы педучилищены бүтэриэҕиттэн оҕо аймаҕы кэрэ эйгэтигэр уһуйар. Аны күһүн “Күлүмчээнэ” ырыа ансаамбылын тэрийбитэ 20 сыла буолар. Бу сыллар тухары хас да көлүөнэ оҕону дьарыктаата. Бастакы “күлүмчээнэлэрэ” билигин хайыы үйэ ыал ийэлэрэ.
– Урут ансаамбылым көстүүмүн бэйэм тигэр этим. Бу иннинэ “Туллукчаан” уһуйааҥҥа тэрийбит “Күлүмчээнэбэр” сэттэ кыыһы дьарыктаабытым. Кэлин ааҕан таһаарбытым, кинилэргэ анаан 7 араас нүөмэргэ барыта 49 көстүүмү тикпит эбиппин. Ол оҕолорбун кытта Парижка, Кытайга, Москваҕа, Санкт-Петербурга тиийэ улахан күрэхтэргэ кыттан кэлбиппит, – диэн кэпсиир уопуттаах салайааччы.
“Күлүмчээнэ” ситиһиитэ үгүс. Онтон аҕыйаҕы кэпсээтэххэ, быйыл Москваҕа “Ороһуоспатааҕы харыйаҕа” кыттан, 1-кы истиэпэннээх лауреат буолан кэлбиттэр. Роза Яковлевна кыргыттары эрэ дьарыктаабат, “Талбан” диэн уолаттар ансаамбылларын эмиэ салайар. Аны туран, бэйэтэ этэринии, “ыксаатаҕына”, ырыа да айар.
– Бастаан үлэлии кэлэрбэр оҕо ырыата олох аҕыйаҕа. Ол иһин ыксаан, хоһоон булан, бэйэм айарга холоммутум. Билигин отучча ырыалаахпын. Кэнники оҕо ырыата элбээтэ, онон репертуарбыт да кэҥээтэ. Аны куолаһы, килииби устар судургу, араас таһымнаах күрэх элбэх, инньэ гынан үлэлииргэ үчүгэй кэм! – диэн санаатын үөрэ-көтө үллэһиннэ.
Роза Яковлевна илиитэ күн иллэҥэ суох, бэл диэтэр, тэлэбиисэр көрөрүгэр кытта быар куустан олорбот – баайар, оҕуруо тигэр. Тугу да гымматаҕына, этэргэ дылы, “илиитэ кыһыйар”, туга эрэ итэҕэс курдук буолар.
Сатабыллаах хаһаайка дьиэтэ барыта сиэдэрэй сибэкки. Ону сэргэ, слоннары сөбүлээн мунньар, билигин ахсаана 240-тан таҕыста. Кэргэнэ уус буолан, анал долбуур оҥорбута, дьэ, онно слоннарын кэчигирэтэн иһэр.
Уран тарбахтаах, айар куттаах сэргэх сэһэргэһээччибэр ситиһиилэри баҕарабын.