13.10.2023 | 17:00

Оһуордаах олох дьоло

Оһуордаах олох дьоло
Ааптар: Скрябина Анисия Даниловна-Сайда, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун «Таммахтар» литературнай холбоһук чилиэнэ, Иван Иванович Брызгалов (Айанаас) аатынан бэлиэ хаһаайката
Бөлөххө киир

Эһээ, эбээ буолар үөрүүтүн билбиттэр чахчы дьоллоох дьон. Аҕыс ыйдаах уһун кыһын кэнниттэн сандал саас сандааран кэлэр. Саас күн уһаан, сылыйан күммүт миигин көрүҥ диэбиттии чаҕылыччы тыган күндээрэр. Сааскы ылааҥы кэми кытта эдэр саас тэҥҥэ үҥкүүлүүр, ол айылҕа сокуона дииллэр. Эдэр эрчимнээх кэмҥэ үөрэ-көтө араас тэрээһиннэргэ, субуотунньуктарга, маевкаларга оҕолор күргүөмүнэн тэҥҥэ бириэмэни атаара сылдьаллара. Хас субуота аайы эдэр ыччат түмсэн дьиэлэриттэн проигрыватель аҕалан үҥкүүлүүллэрэ, уочаратынан пластинка илдьэ кэлэллэрэ. Ол саҕана электрическэй уот түүн уон икки чааска диэри, уот станцията үлэлээн, нэһилиэнньэҕэ Ильич уотун биэрэллэрэ. Ол иһин ыччаттар кулууп охраннига Уйбаан оҕонньорго кыһыл арыгы иһэрдэн көҥүл ылаллара. Чүмэчинэн сарсыарда алтаҕа дылы «танцы» буоллаҕа ити. Ыччаттар олус көхтөөх уонна эппиэтинэстээх буолан, ким да туора турбакка оонньоон-үҥкүүлээн сынньалаҥнарын атаараллара. Хайа да уолаттар охсуспаттар, чүмэчилэрин көрөөччү, умулларааччы биир туспа бырааттар буолаллара. Орто уҥуохтаах, сүһүөхтээх муруннаах, хап-хара хойуу баттахтаах Лэгиэн уол Сиийэ кыыһы сөбүлүү көрөн болҕомтотун уурар, үҥкүү аайы ыҥыран астына үҥкүүлүүллэрэ. Кыыһа Сиийэ оскуола эрдэхтэн туохха барытыгар кыттара, оһуохай таһааран оҕолору түмэрэ, үҥкүүгэ үөрэтэрэ, аны ырыаһыт, үҥкүүһүт. Индийскэй үҥкүүнү аан бастаан сыанаҕа кини үҥкүүлээн дьон өйүгэр хаалбыт, өссө оскуолаҕа дьүөгэтинээн «Негритянка» үҥкүүтүн үҥкүүлээн оҕолорго кэпсэлгэ киирэн үөрэллэрэ. Лэгиэн уол кыыһыгар өссө армияҕа сылдьан сурук суруйсубут буолан олох эрэллээхтик атаакалыыра. Эдэр саас тапталын кыыма саҕыллан бииргэ сэндэлиһэллэр. Сааскы киэһээ үлүйүөхтэригэр диэри күүлэйдииллэр, ол тухары кэпсэтэллэрэ тохтообот. Нам улууһугар ыччаттар, учуутал Галина Шахурдина баянистаан, кулууп сэбиэдиссэйэ Маша кыыс салайан, олус таһаарылаахтык кэнсиэртээн көхтөөх гастроль буолбута. Онно Сиийэ кыыс Лэгиэн уолунаан сыанаҕа үҥкүүлээн, кэнсиэр кэнниттэн сиэттиһэ сылдьан үҥкүүлээн дуоһуйбуттара. Лэгиэн суоппар кууруһугар, Сиийэ культпросвекка үөрэххэ киирэн устудьуон кэрэ кэмнэрин эмиэ билэн, Чочур Мырааҥҥа тахсан маевкалаан, күүлэйдээн астыналлара. Кинилэр эдэр эмньик бэйэлэрэ нуурайа-нусхаһа хаамсан, таптал иэйиитин харыстаан үс сыл доҕордоһон, билсэн баран биирдэ ыал буолан 200 киһилээх сыбаайба тэриллэн холбоспуттара. Сиийэ үөрэҕин бүтэриэр диэри сыл аҥаара ахтыһан, кэтэсиһэн көрсөллөрө. Оччоҕо кинилэр тардыһыылара өссө күүһүрэрэ. Үөрэҕин бүтэрэн кулууп үлэһитинэн, Лэгиэн суоппарынан үлэлээн дьон ортотугар үөрэ-көтө олох устун дайбыттара. Бастакы оҕолоро кыыс буолан оччотооҕу кэм муодатынан сахалыы ааттаабыттара. Иккиэн сүбэлэһэн баран оҕо көрөр киһи уот диэки сытар, уочарата ааспыт киһи түүн сынньанан утуйар буолан улаҕа хайыһан сытыахтаах. Оннук үөрэнэн кыыстарын көмүс курдук көрөн бүөбэйдииллэр. Арай биирдэ кыһын аҕалара Лэгиэн улаҕа хайыһа сытан кыыс ытаабытыгар бэйэтин бэйэтэ «быай-быа» диэн саҥара-саҥара таптанан барда, онтон нэһииччэ уһугуннарда. Сарсыарда туран суоппардыы барыахтаах, көр оннук буолуор диэри кэргэнигэр көмөлөһөн көрсөрүн умнубат этэ. Саас культура эстафетатыгар иккиэн үҥкүүлээн иллэҥ кэмнэригэр ыччат ортотугар сылдьан сэргэхсийэллэр. Кыыстара биир сааһын туолан, атын сиргэ кулууп дириэктэринэн ананан, кэргэнэ отделенияҕа суоппар буолан, уу-хаар бөҕө тахсыбыт кэмигэр грузовой массыынанан таһаҕастарын тиэнэн олох билбэтэх бөһүөлэктэригэр борокуот курдук уулаах суолунан айаннаан тиийэн биир дьиэҕэ олохсуйдулар. Кыра киһи эбээ Кээтии оҕото буолан эрбэллэн хаалла. Бастакы сиэн буолан, онно эбии бэйэтэ эттээх-сииннээх мыс курдук кыыһы бары өрө тутан атаахтаталлара, күннэрэ-ыйдара буолара. Ол курдук атын сиргэ баран үлэ үөһүгэр түһэн, саҥа тутуллубут кулууп сиппэтэх үлэтигэр төбөтүн оройунан түһэн, кулуубу үлэҕэ киллэрэн, кыһыл муннукка ыанньыксыттарга  араас үлэни тэнитэн, хомсомуоллары  түмэн, агитбиригээдэ тэрийэн бастыҥ үлэлээх  АКБ  буолбуттара. Ол иһин Сиийэни хомсомуол сэкиритээринэн таланнар үлэлээбитэ, дьокутаакка быыбарданан үгүс уопсастыбаннай үлэни ыыппыта. Лэгиэн икки бөһүөлэккэ соҕотох суоппар буолан араас таһаҕас таспыта, маҕаһыыннарга табаар тиэйбитэ. Инньэ гынан дьыбаан, остуол, трельяж атыылаһан ыал буолан  миэбэллэнэн барбыттара. Биирдэ куоракка эмиэ таһаҕас тиэйэ отделение наадатыгар барда. Киэһээ борук-сорук саҕана кэллэ, кэһии бөҕө аҕалбыт «Доо, мин наһаа үчүгэй  хрусталь иһит ыллым, ону серваҥҥа  уурарга паара буоллун диэн  иккини атыыластым» – диэтэ.  «Уой көрдөр, көрдөр» -диэн кэргэнэ Сиийэ өрө ыстанан турда, киһитэ көрдөрбүтэ пепельница буолан хомойуу бөҕө буоллулар, онтон дьукаах кыыстара Катя уоскутта. «Тыый наһаа хаһаайыстыбаннай эбит дии, аныгы сырыыга пепельница ылыа суоҕа буоллаҕа дии» – диэн бары күлсэн тоҕо бардылар. Ол курдук үлэ-хамнас быыһыгар кинилэр дьоллоох олохторо хотоҕостуу субуллан холбоспуттара алтыс сылыгар иккис кыыстара күн сирин көрөн дьолломмуттара. Айыыһыт үөрүүтүгэр куораттан Лэгиэн аймахтара кэлбиттэрэ үөрүүнү ситэрэн биэрбитэ. Аймахтар уонна төрөппүттэр баҕарар ааттарын суруйан бэргэһэ иһигэр укпуттара. Булкуйан баран улахан кыыстарыгар Уйгуга таллардылар. Оруобуна төрөппүттэрэ айан суруйбут ааттарын талан ылан үөрүү бөҕө буолла. Бэйэлэрин ааттарын бастакы буукубаларын ылан биир дьиэ кэргэни холбуур аат буолан таҕыста. Күһүн тыабыт көмүс мөһүүрэнэн сууланарын саҕана дьикти нуһараҥ кэмнэр кэлэннэр, айылҕаҕа сылдьан күүлэйдээн, бииргэ оскуоланы бүтэрбит доҕотторун кытта көрсүһэллэр, ыалдьыттаһаллар.

Киномеханиктыы сылдьан Лэгиэн кыыһын Уйгуну илдьэ баран киинэҕэ киирбит харчыны аахтаран ахсааҥҥа үөрэппитэ. Кыра кыыһын сайылыктарынан обрат үүт таһарыгар илдьэ сылдьара, онно биирдэ киһи тохтотон «Баһаар буолла, хонтуораҕа этээр эрэ» – диэбит. «Ээ хайа сиргэ» – аннараа киһи «оҕус өлбүт» – диэбит. Дьэ, уонна айаннаан кэлэн үстээх кыыс маннык кэпсээбит «Баһаар буолбут, оҕус өлбүт» - диэн уп-улаханнык төгүрүччү көрөн кэбиспит. «Ээ ити оҕус өлбүт» диэн сиргэ баһаар буолбутун кэлэн тыллаатыбыт, ону кэпсиир» - диэбит аҕата. Үлэҕэ уоппутуран, үрдүк үөрэхтэнэн оҕолоро оскуолаҕа үөрэнэллэригэр төрөөбүт бөһүөлэктэригэр төннөн кэлэргэ сананаллар. Маайга дьиэ акылаатын тыа быыһыгар  түһэрдилэр. Күһүн саҥа дьиэлэрэ бүтэн көһөн киирэн малааһын тэрийдилэр, аймахтарын мустулар. Кыргыттар бэйэлэрэ туспа хостоох буоллулар, саҥа ороҥҥо сыттылар. Дьонноро үөрэммит оскуолаларыгар үөрэнэ киирдилэр. Төрөппүт быһыытынан оҕолорун кылаастарын мероприятиеларыгар көмөлөстүлэр. Саҥа дьылга Уйгу «Цыганка» буолан маскараадка бастакы миэстэни ылан үөрдэ, кыра кыыс Аайа балык маскараата буолан оҕолорго мэһэйдии сылдьыбытыттан хомойдо, ол да буоллар саҥа дьыл күлүмнэс уота, күлүмүрдэс оонньуурдара сүргэни көтөҕөн үөрэллэр. Хас каникул аайы куоракка, Суоттуга баран күүлэйдээн кэлэллэрэ. Сиийэлээх Лэгиэн ыал буолуохтарыттан хамнастарын иккиэн тэҥҥэ үллэстэн тутталлара. Сиийэ бииргэ төрөөбүттэрин үөрэттэрэн, сыбаайбалаан ийэлээх эһээлэригэр күүс-көмө буолбуттара. Бөһүөлэккэ общественнай үлэҕэ оройдорунан түһэн зонаҕа үгүс үлэҕэ кыттыбыттара. Аҕалара Кангалаастан араас табаар аҕалара. Улахан кыыска вельвет платье, кыра кыыска розовай шуба, куулунан ынах кутуруга, дьааһыгынан компот, ол аайы дьиэ дьоно үөрэллэрэ. Аны сүөһү ас ииттэн, сибиинньэ бөҕө көрөн, ону төрөтөн ньирилээн турдулар. Сельпону кытта дуогабардаһан сибиинньэ этэ туттаран стенка ыллылар. Биир күн эбиэккэ кыра кыыс оскуолаттан эрдэ кэллэ. Маама «2» сыананы ыллым -диэн хомойбут оҕо хоһугар киирэн баран сытара иһилиннэ. Паапата эбиэттии кэлбитигэр, маамата сибигинэйэн этээтин кытары, кыыһыгар хоско ааста уонна сытар оҕотун сыллаан ылаат «һуу, туох ааттаах аһыытай, 2 сыта дии» – диэтэ паапата. Кыыһа соһуйда аҕай, олоро түһэн 2 сыана сытын билээри баттаҕын имэрийэн ылан сыллаата. Саас дьиэттэн уулууссаҕа тахсыыга уу хонон олохсуйар сирэ баара. Балтыта ууну кэһэн туораары гыммыт, ону эдьиийэ «Кэл, кэл төттөрү, мин эйиигин сүгэн туоратыам» – диэбит. Балта төннөн кэлэн сүктэрэн туораан иһэн ортотугар киирэн  охтоннор, иккиэн уу-хаар, бадараан бөҕө буолан киирбиттэрэ, биир туспа көрүдьүөс буолан умнуллубатаҕа. Ити курдук араас көрүдьүөстэнэн, эмиэ да хайҕанан, эмиэ да сэмэлэнэн дьоллоох оҕо саастара элэс гыннаҕа. Устудьуон кэрэ кэмнэрин ахталлар.  Сайын каникулга кэлэн дьиэ-уот сууйан, эрэмиэннээн икки дьиэнэн сүүрэллэр, солун ас астыыллар. Аҕалара баалынайынан балык илимнээн аҕалар, ону астаан соккуой балык сыта тэлгэһэни тунуйар. Лэгиэн бэйэтэ да оҕо эрдэҕиттэн кустаан, куобахтаан байанайдаах булчут дэттэрбитэ. Сайыҥҥы күөх сарсыарда уончалыы андыны өлөрөн бултуйан кэллэҕинэ, дьиэ-кэргэнэ үөрэ-көтө астыыра. Кыргыттар иккиэн үрдүк үөрэҕи бүтэрэн, кэргэн тахсан, оҕолонон, сиэн күндү сытын биллэрэн, мичээринэн төгүрүктэтэн дьоллоох олохторо салҕанар.      Бастакы уол сиэннэнэн   күннэрэ-ыйдара буолар, хардыылара кэҥиир, уочаратынан кэлэн солбуйсан көрөллөр, иккиэн үлэлииллэр. Эһэтэ Лэгиэн хачыгаар эрэсииминэн 1 чааска барыахтаах, эбээтэ 15 мүнүүтэ хойутаан кулуубуттан таҕыста. Лэгиэнэ кыыһырбыт, аттынан «сир» гынан саҥата суох ааһан хаалла. Аата сүрүн, сылдьыа эбээт диэт Сиийэ тэбиэриһэн хааман тэлгэһэтигэр киирбитэ доҕоор, оҕо ытыыр дуораана иһиллэр, аны эбээтэ ыксаата, сүүрэн содьороҥноон дьиэҕэ киирдэ. Сиэн уола түннук карниһын шторалары түһэрэн кэбиһэн тутан туран ытыыра өссө бэргээтэ. Быыһаан ылан уоскуйуу буолла, «эһээм түннүгүнэн көр, эбэҥ кэлиэҕэ» диэн барбыта, ону эбэтин кэтэһэн, көрөөрү алҕас суулларбыт үһү диэн кэпсээннээх буолла. Арыый улаатыыта хос эбэтигэр хонор буолла. Биирдэ кэлэн эттэ. Эбэм миигин сөрүүкэтэ-сөрүүкэтэ утутар-диэтэ. «Ол аата, хайдах?», онтон уоһунан «пуус» гынан үрэр ээ диир. Ол хос эбэтэ утуйа сытан тыынарын кэпсиир эбит. Киһибит хос эбэтигэр уочараттаах хонугуттан кэлбитин кэннэ, эһэтэ Лэгиэн сыллаата уонна «һуу, бу оҕо бүтүннүү эмээхсин сыта буолбут дии» - диэбитигэр уола сирэйин, төбөтүн, бэйэтин тэбэн да тэбэн буолла. Онтон аныгы сырыытыгар хонон кэлэн баран кэпсиир «Мин олох эбээҕэ сыстыбакка улаҕа хайыһан сыттым, сыттаа эрэ, эбээ» - диир. Онтон ыксаан эбээтэ сыллыы-сыллыы «Эһэҥ ити эйиигин дьээбилиир ээ, оҕом барахсан кырдьыктаммыт дии» - диэн быһаарда. Икки хас сайын детдом оҕолорун ылан дьиэ кэргэҥҥэ сыһыаран  илдьэ олорбуттара, үлэҕэ ииппиттэрэ. Оҕуруот сыыһын хомуйан, окко үлэлэһэн, айылҕаҕа сылдьан, күүлэйдээбиттэрэ, уочаратынан иһит сууйаллара. Мэник-тэник Стасик эһэтин Лэгиэни сөбүлээн илимнэһэр, вода массыынанан нэһилиэнньэҕэ уу куталлар. Биирдэ массыыналарын оҥостоллоругар Стасигы олбоххо үөһээ олордон баран сотору-сотору «кук-куук» диэр диэбит, оччоҕо бааргын билиэм этэ диэн баран оонньуур биэрбит. Эһэтэ массыына саппаас чааһын ыла булуус хоспоҕор баран кэлбитигэр арай уола «кук-куук» диэн эһэтин соһуппут. Олох да эһэтэ умнан кэбиспит эбит. Эһэтэ Стасигы куоратынан, Табаҕанан күүлэйдэтэн иккиэн да астыммыттара, эр киһи эрэллээх илиитэ кинини куустаҕа. Аҕалара Лэгиэн оҕолору сөбүлүүрэ, кинилэри кытта кэпсэтэн, кыргыттарын көмүскэһэн улаатыннарбыта, массыынатыгар өрүү олордон хатааһылатар идэлээҕэ.

Сороҕор көрдөөх, көрүдьүөстээх, сороҕор быһаарыылаах, хаһыылаах буолааччы да дьонун харыстыыра, көмөлөһөрө, бүөбэйдиирэ. Олох үөрүүлэх да хомолтолоох да, түһүүлээх-тахсыылаах да түгэннэрин билэн майгылара-сиэрдэрэ сааһыланан истэ. Ыал буолан биэс ыанар ынахтанан, уонтан тахса субан сүөһүлэнэн, сылгыланан, убаһаланан эмиэ да кролик иитэн, хаас, коза көрөн, куурусса сымыыттатан, чоппууска таһааран тыа ыалын аһын-үөлүн дэлэтиигэ кыттыспыттара. Тэлгэһэҕэ ыт, куурусса, сибиинньэ оҕото, коза кыыһа бары эйэ-дэмнээхик босхо сылдьаллара, сороҕор кыттыһан сыталлара. Обрат үүт таһар массыына тыаһын иһиттилэр да уйаларыгар сибиинньэлэр сүүрэн  мөскөһөллөрө, тамыйахтар ойуоккалыыллара. Сайын аайы итинник хартыына хатыланан сүрэхтиин үөрэллэрэ. Сиэн уол ыал экономикатын суоттаан, дакылаат оҥорон миэстэлэһэн бириэмийэлэммитэ. Балтыларын уола Гена хомуска соҕуруу куонкуруска кыттан кэлэригэр сувенир арыгы аҕалбыт, астынан баран ууран кэбиспит. Грузовойунан саһаан тиэйэн тыаттан күтүөтүнээн, доҕорунаан кэлэн сүөкээн баран аһыы киирбиттэр. «Дьэ, доҕоор, коньяк иһэҕин дуу?» – диэбит. Доҕоро мүчүк-мүчүк гына-гына «Ээ, коньягы иһэр буоллаҕым дии» – диэбит. Лэгиэн ыстанан туран ыскааптан үрүүмкэ аҕалан уурбут, ол таһыгар кып-кыра бытыылкалаах коньягын тос гына ууран биэрбит. Киһитэ соһуйбут аҕай «Ээ, пахай, кэбис водката аҕал» -диэбит. Лэгиэн аны кып-кыра бытыылкалаах водка биэрэн баран «тутуһан олорон иһээр» диэбит. Ол көрүдьүөс күлсүү кэннэ дьэ киһитин аһаппыт.

Сайын аайы ыһыахха оҕолоро кэлэллэригэр анды, кус сиир дьоро киэһээлэрэ буолааччы, ол кэнниттэн аны бары сиэннэрин кытта лото оонньууллар. Сайын бары түмсэр буолан анаан үчүгэй ас, кэмпиэт, хомпуот, фрукта атыылаһан куонкурус тэрийэн ыллатан, хоһоон аахтаран, спортивнай күрэхтэһии тэрийэн бириистэрин тарҕаталлар, сиэннэр үөрүү бөҕө буолаллара. Сайын тэлгэһэ бөҕүн ыраастыы, харбыы сылдьан сиэн кыра кыыһы Иийэни «тааста аҕал» - диэн эбэтэ Сиийэ дьаһайда, бөҕү тааска кутан илдьээри кэтэстэ, арай кыыһа өр баҕайы буолан баран түннүк тааһын көтөҕөн аҕалан дьонун соһутта. Итинник араас көрүдьүөстэр баар буолааччылар. Биирдэ кыра кыыс Аайа кыыһа Кэскил киирэн кэлбитигэр эбэтэ Сиийэ мас щетканан төбөтүн аалан, баттаҕын тараана турар эбит. Сиэнэ куттанан ытыы сыһа-сыһа «Эбээ, тарааныма, ити саллуит (целлюлит) тарааҕа дии» – диэбит. Тоҕо диэн эбээтэ токкоолоспут. «Онтон төбөҥ уонна баттаҕыҥ сыа буолуо» - диэбит. Хаарыан сайын бүтэн, хахсаат тыаллаах күһүн обургу солбуйар. Кыра сиэн уол Ээйик күһүн дьонун ахтан куоракка дьиэтигэр киирээри «Мин куорат киһитэбин, куоратым суохтаатаҕа буолуо» – диэн үстээх киһибит соһутан кэпсэлгэ киирэн куораттаата. «Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн» диэн өс хоһоону тутуһан бэйэлэрин нуормаларын отонноон, сир астаан, тэллэйдээн айылҕа бэлэҕиттэн бэриһиннэрэллэр. Эмтээх от хомуйан кыһын чэй, эмп гынан иһэллэр. Оһохторун оттон чачыгыраччы умайарын көрөн үөрэн, сахалыы алаадьы астаан аһаталлар, сиэри-туому тутуһаллар. Кыстыкка киирэн идэһэ туттан, уот диэки көрөн үөрүү-көтүү буолара. Өктөөпкө убаһаны кыстыкка туттан ас бөҕө буолара, дьоҥҥо кэһиилээн үөрдэллэрэ, муҥхаҕа сылдьан балык бөҕө баһан эмиэ аймахтарыгар бэрсэллэрэ.     Эһээ Лэгиэн арыгы истэ да утуйар аакка барара. Хаһыытаан улаханнык саҥарара, дьону күллэрэрэ мэлийэрэ. «Ити төрөппүт аҕатын баппыт, кини хам-түм арыгы истэ да онно остуолга утуйара» – диэн Лэгиэн ийэтэ эппитин өйдүүрэ. Сиийэ ол иһин кулуупка уһуннук үлэлээтэҕим диэн махтана саныыр. Тыа хаһаайыстыбатыгар 40 сыл үлэлииригэр биир да күн арыгы иһэн борогуллаабатаҕа, сэбиэскэй саҕана да сэмэ-суҥха суох этэ. Эр киһилии эрэллээх, эппитин толорор, кэргэнин Сиийэни өрө тутар, кинини Хотун оҥостор. Хаһан да дьиэ кэргэҥҥэ мин тойоммун диэн үтүрүйбэккэ, кини санныгар өйөнөн олордохторо дии. Ол иһин дьоллооҕунан ааҕыналлар, толорсон-ситэрсэн биэрэллэр. Ыал дьон сиэринэн сүбэлэһэн, убаастаһан 50 сыл бииргэ үөрэ-көтө олорон кэнчээри ыччаттарыгар сүбэ-соргу, бөҕө тирэх буолан араҥаччылыыллар. Саха эр киһитэ байанайдаах, далбар хотуна дэлэгэй астаах – бу буолар сайдам саха ыалын биир холобура. Биирдэрэ Арассыыйа үлэтин, иккиһэ Саха сирин үлэтин бэтэрээннэрэ. Ол иһин үлэни өрө тутан үлэлээннэр ситистэхтэрэ. Төрөппүт оҕолорун, сиэннэрин үлэ үтүө холобуругар иитэн ытык иэстэрин төлөөтүлэр. Үөрэҕи, үлэни өрө тутан оҕолоро эмиэ оҕолорун уһуйаллар, дьоннорун суолларын салгыыллар, ситэрбэтэхтэрин ситэриэхтэрэ диэн төрөппүттэрэ эрэнэллэр, сыдьаайа сырдыыллар, сахалыы тыыннарын өрө туталлар, дьоллоруттан үөрэллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...