14.08.2021 | 20:00

Оҕону оскуолаҕа тэрийэбит

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Атырдьах ыйын 7 күнүттэн үгэскэ киирбит оскуола дьаарбаҥката саҕаланна. Балаҕан ыйын 5 күнүгэр диэри Дьокуускай куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын күүтэр. Төһөтүн да иһин быйылгы үөрэх дьыла дистанционно буолбакка оскуолаларга ыытыллыаҕа диэн эрэнэн тураммыт оҕолорбутун бэлэмниибит. Туох, төһө сыаналааҕын баран көрдүбүт уонна эһиэхэ кэпсиибит. Чэпчээбитэ маннык буолар:

Канцелярскай тэриллэр

Дневник 60 солк

Тэтэрээт 12 сирэй – 4-13 солк.

18 с. – 18 солк.

24 с.- 21 солк.

40 с. – 21 солк.

48 с. – 40 солк.

60 с. – 50 солк.

Спираль – 80 солк.

Альбом – 30 солк, спираль 56 солк.

Тэтэрээт таһа – 17-37-45 солк.

Уруучука – 11-12-23 солк.

Боростуой харандаас – 9-20 солк.

Өҥнөөх харандаас (набор) – 77 солк.

Харандаас сытыылыыр – 23 солк.

Сотор ластик – 17 солк.

Фломастер – 35-101-145-185 солк.

Пластилин – 55-75 солк.

Акварель – 55-85 солк., киистэлээх – 85 солк.

Гуашь – 120 солк.

Киистэ (набор) – 73 солк.

Киистэни сууйар уута тохтубат стакан – 24 солк.

Өҥнөөх кумааҕы – 48 солк.

Өҥнөөх хордуон – 70 солк.

Линейка – 12 солк.

Харандаас клей – 34-55 солк.

Ахсааннаах, буукубалаах веер – 47-65 солк, набор – 125 солк.

Ахсаан палочка – 48-60 солк.

Штрих – 23-43-51 солк.

Кинигэ уурар – 290 солк.

Пенал тубус – 25 солк.

Пенал косметичка – 175 солк.

Пенал истээх – 695 солк.

Пенал иһэ кураанах – 135 солк.

Таҥас, рюкзак
Уларыттар атах таҥаһын угар суумка – 136 солк.
Рюкзак – 950-1200-1500-4550 солк.
Бант – 2 устуука 300 солк.
Колготка чараас 250, халыҥ 300-350 солк.
Наскы – 50 солк.
Рубашка – 990-1190 солк.
Блузка – 590-990-1200 солк.
Жилет трикотаж – 1300 солк., көстүүм гиэнэ – 1200 солк.
Пиджак – 2900 солк.
Сарафан 2490 солк.
Платье – 2790 солк.
Ыстаан – 2400 солк.
Дьууппа – 290-590-1290 солк.
Түүппүлэ (уол, кыыс) – 1000-1900 солк.
Кроссовка – 1200-1500 солк.
Сайыҥҥы сынньалаҥ кэнниттэн өссө оҕолорбутун өй-санаа өттүнэн бэлэмниэх тустаахпыт. Уһун сынньалаҥ кэнниттэн оҕо эмиэ үөрэнэ барарын ыарырҕатар, утуйара, сынньанара аччыыр. Онон бырааска сылдьан битэмиин анатыахха сөп. Ордук алын кылаас үөрэнээччилэригэр. 
Ол курдук оҕо үчүгэйдик утуйуохтаах, сөпкө аһыахтаах. Кыралаан урукку тиэмэлэри хатылыахха сөп, боростуой көҕүрэтии-эбии, төгүл-түҥэтии, кинигэ ааҕыы.
Маҥнайгы кылааска барар кырачааннар ааҕа үөрэнэллэрэ ордук. Кинигэҕэ уруһуй көрөн кэпсиирэ туһалаах. Математикаҕа 10-ҥҥа диэри ааҕыахтаах. Уҥа-хаҥас, үөһээ-аллараа, кыра-улахан диэни аараарыахтаах. Маны таһынан күн-дьыл уратытын, кыһын-сайын, ыйдар ааттарын билиэхтээх. Аатын, араспаанньатын, аҕатын аатын, дьонун толору ааттарын, төрөөбүт күнүн, сылын, дьонун үлэлиир сирин кэпсиэхтээх. Уонча дьүһүнү, чыычаахтар, мастар, сибэккилэр хас эмит арааһын билэрэ ирдэниллэр. Маннык билиилээх оҕо үөрэҕэр ыарырҕаппат эбит. 
Өссө оҕо 40 мүнүүтэ паарта иннитигэр олороро баар. Маны таһынан бу кэмҥэ аралдьыйбакка болҕомтотун тутуохтаах, истиэхтээх, учуутал эппитин толоруохтаах. Манна оҕону үөрэтиэххэ, кэпсиэххэ наада.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....