"Оҕону ИЙЭ ТЫЛЫНАН САҤАРДЫАХХА" сийиэскэ ыҥырабыт!
Төрөөбүт тылынан саҥарар оҕо аҕыйаатар аҕыйаан иһэр диэн бары бэлиэтиибит. Бу омук бүттүүн кыһалҕата. Манна хас биирдиибит – төрөппүттэр, иитээччилэр, учууталлар бары бииргэ ылсан, биир кэлим үлэни бу кыһалҕаҕа ыыттахпытына, омукпут тыыннаах хааларыгар олук уурабыт.
Омук тыын кыһалҕатыгар ыалдьааччылары 2020 с. Ахсынньы 5 күнүгэр ''Оҕону ИЙЭ ТЫЛЫНАН САҤАРДЫАХХА'' сийиэскэ ZOOM-платформаҕа кыттаргытыгар ыҥырабыт!
Сигэ бассаап бөлөхтөргө тарҕаныаҕа. Сийиэс сүрүн соруга сахалыы саҥарыы кыһалҕатыгар үлэлэһэр дьону түмүү, биир ситими тэрийии буолар. Бу ситим улуустар, куораттар төрөппүттэриттэн, учууталларыттан, иитээччилэриттэн, уопсастыбанньыктартан хомуллуохтаах. Сүрүн үлэтэ – сахалыы иитии-үөрэтии, сахалыы саҥарыы туһатын, ньымаларын туһунан тарҕатар, араас үөрэхтэри, куурустары ыытар. Ол ис хоһоонун, билим, исписэлиистэр дааннайдарын оҥорор, мунньар төбө кииннээх буолуохтаах.
Оттон Дьокуускай куорат туһунан эттэххэ, уокуруктарынан наардаан оскуолаларга, уһуйааннарга сахалыы иитии-үөрэтии, ийэ тылынан саҥарыы кыһалҕаларыгар үлэлэһэр сүбэлэр үөскүөхтээхтэр.
Манна кыттыһыан баҕалаахтар бу төлөпүөҥҥэ бассааптыыргытын кэтэһэбит: 89644217932