24.03.2023 | 16:09

Оһолу-моһолу туораан...

Ойоҕостон сиэттэрдэххэ...
Оһолу-моһолу туораан...
Ааптар: Анисим Неустроев
Бөлөххө киир

Аҕа дойду Улуу сэриитин кэнниттэн киинэ бөҕө буолбута. Сатаан аахпат да кыра оҕолор биһиги саҕана “Судьба человека” диэн киинэни чыпчылыйбакка көрөн олороллоро бу баарга дылы. Сатыыр өттө бибилэтиэкэттэн ол кинигэни көрдөөн ылан, уочаратынан тырыттыар диэри аахпыппыт быһыылааҕа.

Ол курдук элбэх кинигэни сыымайдаан, сылдьыбатах иэдээммитин салла саныыр, илэ харахпытыгар көрбүт кэриэтэ иитиллэр көлүөнэ этибит. “Молодая гвардия”, хаһыс уһуллуута эбитэй, биһиэхэ үрэх баһыгар кэлбитигэр билиэт тиксибэт үлүгэрэ этэ. Кулуупка күҥҥэ 4 сеанс, иккитэ күнүс, иккитэ киэһэ, буоларыгар киһи быччары. Ити саҕана былдьаһыктаах лиэнтэни көрбөтөх киһи олохтон хаалыылаах курдук көстөрө уонна сомоҕолуу дьон кэккэтиттэн арахсан, “туллан түһэн” хаалбыкка холооннооҕо. Сааттаах да, омнуолаах да этэ.

Ол тухары эбиитин ким эрэ, ханна эрэ ааҕан сонунун үллэстибитэ соҕотохто күлүм гынан тарҕана охсоро. Биир оннук түгэҥҥэ ахтыллыбытынан, аан бастаан “Молодая гвардия” киинэни кыһалҕалаахтар дойдуларыгар Краснодоҥҥа илдьэн көрдөрбүттэригэр, тулуйбаккалар, оҕолор ийэлэрэ сыанаҕа сүүрэн тахсан экраны барытын хайыта тыыппыттар диэн сурах баара... Тустаахтарга буолуо. Итэҕэйэбин. Ол кэнниттэн киинэни хаттаан устубуттар дуу, арыый да көннөрбүттэр дуу сурахтааҕа...

Ити түгэннэри тоҕо манна аҕынным? Биһиэхэ да бэртээхэй киинэлэри устуох төрүөт баарын, онуоха сабыдыаллаах кинигэлэр “Айар” кинигэ кыһатыгар тиһигин быспакка бэчээттэнэ туралларын санатан, уһуллуохтаах хартыыналар туһунан кэпсэтиини саҕалаары...

 

Оһол-төрүөт төрдө—сэрии

Суруйааччы Константин Эверстов олус үчүгэй тэттик кэпсээннэрдээх “Оһолу-моһолу туораан” диэн “Айарга” тахсыбыт кинигэтин бэркэ сэргээн аахтым. Харахпар араас барыта көстөн ааста. Ити чуо бу 80-с сыллартан ыла биһиги олохпутугар буолан ааспыт харсыылар, сэриилэр кыттыылаахтарын туһунан, ол айдааҥҥа даҕатан, дьиҥэр, күннээҕи олохпутугар баар аҕай, омсолоох көстүүлэри билэн олорон суруйтаабыт диэхпэр дылы.

Бастатан туран, сэриигэ сылдьыбыт киһи өйө-мэйиитэ атын буолар. Олох сыаннаһын уруккутунааҕар ырааҕынан атыннык ылынар буолар эбит. Элбэх түгэҥҥэ туспа көрүүлээх киһини сир аайы тута ылынан да биэрээччилэрэ суох. Ити кэрдиис кэмнэри ааспыппыт. Билэбит.

Бу “Оһолу-моһолу...” кинигэҕэ кэпсэнэринэн, эдэркээн киһи ол өйө-санаата сыыйа хайдах уларыйара чуо ойууланар. Тиһэҕэр эйэлээх олоххо “бэйэтин булунуута”, уопсастыбаҕа хайа өттүттэн киирэн туһаны аҕалар суолга турунуута көстөр. Кырдьык, кини сулууспалыыр кэмигэр манна, эйэлээх олох “эгэлгэ умсулҕаныгар умньаммыттар”, онтулара “ханан дьиэгинийэн тахсыталаабытын” кини бастаан утаа сатаан өйдөөбөт, ылыммат, отой көлдьүн сиэрдээх кыыһы таптаан муҥу көрөр эрээри, сэрииһит дьон сиэннэрэ, уоту-иэдээни ортотунан ааспыт киһи түргэнник бэйэтин хаатын булунар. Ити. Ити олус итэҕэтиилээх уонна харсыһыы кэнниттэн киһи туругун бэйэтэ оннун булунарыгар олус бэртээхэй түгэн.

Сэрии толоонуттан дойдутугар кэлбит киһи тута көҥүл, чуумпу олоххо төбөтүн оройунан умсубат. Көрбүтэ-дьиксиммитэ, уолуһуйбута, тыыннаах хаалар туһугар хамсаммыт хамсаныылара соҕотох күнүнэн сүппэттэр. Ардыгар олохторун да тухары. Ол быһыытынан бу түгэҥҥэ уопсастыбаҕа сакаас барар: анал эпэрээссийэттэн кэлбит ыччаттарбытыгар кэнэҕэскитин налытар-уоскутар уйулҕаларын сааһылыыр анал үлэ ыытыллара, идэлээхтэр чуо ананаллара ирдэнэрэ чуолкай эбит диэн. Холобурга, кэпсээҥҥэ суруллар Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа кырдьаҕас барахсан сиэнин кытта кырыктаах аахсыытын түмүгүн көр. 70-тан быдан сыл ааспытын да кэннэ, ол тухары оҕонньор сэриигэ сылдьыбыта санаатыттан тахсыбат... Итини биһиги, уопсастыба хас биирдии идэлээҕэ, учуоттуур эбээһинэстээхпит.

 

Киһилии сиэри тумнубакка

Константин Эверстов уйулҕаны, кыһалҕалаах киһи иһигэр бүгэн олорон айманар санаатын айымньыга сатаан көрдөрөр үрдүк маастарыстыбаны баһылаабыт суруйааччы. Ол да иһин кини кэпсээннэригэр итинник түгэн элбэх. Кыргыс хонуутугар араас түгэннэри манна, эйэлээх, иэдээни билбэтэх эйгэҕэ тахсар мөкү өрүттэрин кытта даҕатан, киһини эрэ толкуйдатыах курдук ойуулаталыыр. Итиниэхэ ханнык да омук буол, хайдахтаах да тылларынан өйдөспөттүү кэпсэт, ийэ барахсан ханна да биир иэйиитин, оҕотугар тапталын, оҕотун харыһыйар суланыытын... таба даҕаны ойуулуур. Итиниэхэ тыл да наадата суохха дылы.

Иккис түгэн, мааны олоххо олоробут диэбэппит ээ, сэриитэ суох эҥээр чуумпу эйгэтин сыччах чуҥкук эрэ диэн сыаналаан, араас албас өтөн киирэр дьаллыктарыгар умньана-умньанабыт, “туох да кэрэхсэбилэ суох чуҥкук олох”, “биһиги дойдубут хаалыылаах” диэх курдук киһини саататар-дьалбаардар тэрилтэлэр аҕыйахтарыттан “эрэйи көрөн” муҥнанар иэччэҕэ суох ыччат дьалхаанын таарыйан ааһыталыыр. Олус чараастык уонна ааҕааччыны сылаппаттык. Үксүн кинигэни тутан олорооччу бэйэтэ ситэ толкуйдуурун курдук гына.

Онон маннык. Итини туораппат түгэммитигэр биһиэхэ, ордук аҕыйах ахсааннаах саха омукка, аччыыр, эстэр, сатарыйар иэдээммит аанын арыйа биэрииһибит...

Дьэ, ити суруйааччы улахан сатабыла. Сиэр туһунан уһуннук куолулаан салгыппакка бэйэҥ анаараргар иэҕэтэн аҕалыыта.

 

Оһолу-моһолу ситэри туоруоҕуҥ

Биир тылынан бу кинигэ суолтата өссө кэнникитин ыйыллыа турдаҕа. Мэлдьи буоларын да курдук, бэчээттэнэн тахсыбыт кинигэ ааҕыллан бүппүтүн, атыыга сүппүтүн кэнниттэн толкуй дьэ ситэн, этиэх санаа ыга хаайан ырытыы тигинээн кэлээччи. Ол иһин, ону бэркэ билэр киһи быһыытынан, бүгүн кэлэн мин тиэтэтэ таарыйа сүбэлиим: дойду биир өрүтүгэр көмүскэнии-көмүскэл аахсыыта буола турар уустук кэмигэр өйбүтүн-санаабытын кыра оҕотуттан тиийэ сааһыланар-түмэр кэммит сатыылаата.

Ити итии-буһуу аахсыылаах сиргэ сылдьыбыттар бука бары Ийэ дойдуну ийэҕэ-аҕаҕа тэҥнииллэр. Тоҕо буолуой? Бүгүҥҥү ыччат итинник сыаннастары кэккэлэччи туруоран сыаналыыр дуо? Тоҕо оннугуй? Ити иэдээн буруота биллээтин, оҕолоро сулууспаҕа ыҥырыллыбыттар аан аҕалара уолаттарын батыһан онно тиийдилэр. Тоҕо? Соҕотох хаалбыт ийэлэр кытта ол диэки туруннулар. Тоҕо?

Олохпут итинник көстүүтүн маассабай эйгэҕэ суруйуулары кытта тэҥҥэ ааҕан, ырытыһан оскуолаларга, дьиэҕэ-уокка, араас тэрээһиннэргэ бибилэтиэкэлэргэ патриоттуу өйү-санааны уһугуннарар, иитэр-үөрэтэр үлэни күүһүрдэр кэм кэллэ, доҕоттор! Онуоха бу “Оһолу-моһолу туораан” диэн, ааттыын да “ыйа” сытар кинигэ ис хоһоонунан көмөлөһүннэриҥ, туһаныҥ диэн этиэм этэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....