ОҔОЛОРУ ТЫА СИРИТТЭН ТЭЙИТИМИЭХХЭ
Надежда Гуляева – элбэх оҕолоох ыал ийэтэ.
– Мин бэйэм Таатта Чычымаҕыттан төрүттээхпин. 2007 сыллаахха оскуолабын бүтэрэн, СГУ биолого-географическай факультетын химия салаатыгар киирбитим. 2013 сыллаахтан СӨ Экологическай кэтээн көрүү информационнай, аналитическай киинигэр инженер-лаборанынан үлэлиибин. Кэргэним Михаил Мэҥэ Хаҥалас Табаҕатыттан төрүттээх. ЯГИТИ-ни бүтэрэн, инженер идэтин баһылаан, билигин бэйэтэ тутуу тэрилтэтин тэринэн үлэлии сылдьар.
Биһиги дьиэ кэргэн 3 оҕолоохпут. Улахан уолбут Дима 9 саастаах, ХИФУ иһинэн арыллыбыт “Сэргэлээх” лаборатория оскуола 3 “г” кылааһын туйгун үөрэнээччитэ. Иккис оҕобут Алиса 4 саастаах, “Парус” уһуйаан “Мичээр” бөлөҕүн иитиллээччитэ. Кыра кыыспыт Сайыына 4 ыйдаах.
Бэйэбит тыа сиригэр улааппыт, үөрэммит буоламмыт оҕолорбутун сахалыы иитэргэ кыһаллабыт. Сайын эбэлэригэр, эһэлэригэр таһааран сайылатабыт, тыа олоҕуттан олох тэйиппэппит. Сахалыы саҥа, үгэс тыынын оҕолорум, бастатан туран, тыа сириттэн ылаллар. Кыра эрдэхтэриттэн окко-маска, сир аһыгар сырытыннарабыт. Сылгы, сүөһү аһатыытыгар, көрүүтүгэр, булка эһэлэрин, аҕаларын кытта тэҥҥэ сылдьаллар.
Сахалыы тыыны илдьэ сылдьарга оскуолабыт салалтата, учууталбыт Валентина Семеновна көҕүлүүллэр, көмөлөһөллөр. Онон кинилэргэ олус махтанабыт. Оскуолабыт ХИФУ үлэһиттэрин оҕолорун ылар оскуола. Ону биһиги эдьиийбит ХИФУ-га үлэлиир буолан, кини хадатаайыстыбатынан туруорсан, баҕаран туран киирбиппит. Наһаа үчүгэй сахалыы эйгэлээх оскуола диэн итиннэ эрэ таласпыппыт. Учууталбыт төрөппүтү уонна оҕону кытта тэҥҥэ үлэлиир. Сахалыы саҥарар буолан оҕом үөрэҕин олох ыарырҕаппат, үлэҕэ, үөрэххэ барытыгар көхтөөх.
Куорат оҕото тыа сиригэр киирэ-тахса, уу сахалыы саҥарар дьону кытта алтыһар буоллаҕына эрэ ийэ тылын умнубат. Тыл ис хоһоонун өйдүүр, ыраастык сахалыы саҥарар.
Биһиги дьиэ кэргэн оҕолорбутун кытары олох уу сахалыы эрэ кэпсэтэбит. Биһиги санаабытыгар, төрөөбүт тылын үчүгэйдик билэр оҕо толкуйа дириҥ, тус олоҕор эрэллээх, силистээх-мутуктаах буола улаатар, ол аата төһө баҕарар үүнэр, сайдар кыахтаах.
Мин үөрэхпин бүтэрэн баран 2013 сыллаахха үлэҕэ киирэрбэр, бастакы оҕобор куорат уһуйааныгар миэстэ суох буолан, дойдубар баар уһуйааҥҥа сылдьыбыта. Онно сахалыы иитиллибитэ. Кыра эрдэҕиттэн хоһооннору, кэпсээннэри, олоҥхону кэпсии үөрэммитэ. Дуобатынан умусугуйан дьарыктаммыта, улуус күрэҕэр бастаабыта. Уһуйааҥҥа сылдьан сахалыы сылгы дьүһүннэрин туһунан дакылаат ааҕан саҕалаабыта.
Иккис оҕобутун “Парус” уһуйааҥҥа сахалыы иитиилээх “Мичээр” бөлөххө биэрдибит. Билигин П.Н.Тобуруокап аатынан куонкуруска кыттаары, хоһоон үөрэтэ сылдьабыт. Оҕобут төрөөбүт тылынан сайыннаҕына үөрэҕи ылынара чэпчэки буолуо дии саныыбыт.
Оҕолорум доҕотторо, куоракка улааппыт оҕолор буолан, үксүн нууччалыы кэпсэтэллэр. Мин оҕолорум ыраастык нууччалыы саҥараллар, тэҥҥэ кэпсэтэллэр. Ол эрэн олоччу нуучча тылыгар көһөн хаалыахтара диэн куттаммаппыт. Тоҕо диэтэххэ, дьиэ иһинээҕи эйгэбит сахалыы тыыннаах.
Сорох эргэрбит, туттуллубат буолбут тыллары оҕо билбэт буолан ыйытар. Ону тыл суолтатын, туохха туттулларын, эйгэтин быһааран биэрдэххэ оҕо үчүгэйдик ылынар. Кыра эрдэхтэринэ тугу быһаарбыккын барытын иҥэринэн иһэр кыахтаахтар.
Оҕолорун нууччалыы сатаан билиэ суоҕа диэн нууччалыы кылааска, бөлөххө биэрэ сатыыр дьон сыыһа гыналлар дии саныыбын. Оскуолаҕа төрөппүттэр саха тылын сорудахтарын ыарырҕатабыт дииллэрэ, бастатан туран, төрөппүт бэйэтэ төрөөбүт тылын билбэтиттэн тахсар.
Биһиги, төрөппүттэр, оҕобутугар омугун уратытын – ийэ тылын иҥэриэхтээхпит. Киһи төрөөбүт тылынан саҥарарынан киэн туттуохтаах, кыбыстыа суохтаах. Тыа сириттэн төрүттээх дьон дойдубутуттан тэйбэтэхпитинэ, оҕолорбутугар сахалыы тыыны иитэрбитигэр көмөлөөх буолар эбит.
Сахалыы саҥаран оҕо тугу туһанарый?
Вилюяна Никитина – “Ийэ тыл кэскилэ” уопсастыбаннай түмсүү салайааччыта:
– Бастатан туран, сахалыы саҥарар оҕо икки тылы баһылыыр: саха уонна нуучча. Оттон сахалыы саҥарбатах оҕо нуучча эрэ тылланар. Оттон икки тылланыы туһунан аан дойдуга элбэх чинчийии баар. Бу боппуруоһунан элбэхтик Европаҕа, Канадаҕа дьарыктаналлар. Ол чинчийиилэр көрдөрөллөрүнэн, икки тыллаах оҕо мэйиитэ ордук сайдыылаах буолар. Тоҕо диэтэххэ, кини икки араас тыл ньыматынан толкуйдуурга үөрэнэр. Аны ханнык баҕарар өйдөбүлү кини икки тылынан көрөр буолан, абстрактнай толкуйа ордук сайдар эбит. Билингв элбэх соругу биирдэ толорор, элбэхтэн сүрүнү, суолталааҕы талар дьоҕура эмиэ ордук буолар. Уонна үһүс, төрдүс омук тылын үөрэтэрэ түргэн, эбии тылы хамаҕатык ылынар.
Оттон сахалыы эрэ саҥардахха, уран тыллаах баай олоҥхобут кистэлэҥ күүһүн, ылбаҕай ырыаларбыт кэрэ дорҕооннорун иҥэринэр, айхаллыыр алгыс тылын ылынар, эриэккэс эһиэхэйи эйээрдэр кыахтанабыт. Ол туохха нааданый? Тыйыс тымныы сиргэ саха омук тыыннаах хаалар туһугар мунньан кэлбит сатабылын баһылаары, өбүгэ ситимин олохтоору. Хас биирдиибитигэр хаан өбүгэлэрбит олохпут тухары аттыбытыгар сылдьан араҥаччылыыллар, көмөлөһөллөр, күүс-уох биэрэллэр, сайдарга тирэх буолаллар. Ону кинилэр сахалыы эрэ өйдүүллэр ээ. Онон сахалыы саҥарбатаххына, кинилэр эйигин хайдах өйдүөхтэрэй?
Аны туран, саха мындыр, ахсааҥҥа дьоҕурдааҕын бары билэбит. Ол ханна кистэнэ сытара буолуой? Тылга! Сахалыы саҥардахха, мындыр өй тобуллар. Ол аата саха тыла логическай толкуйу сайыннарарга бэрт тирэх буолар. Онтон атын тылы баһылыырга эмиэ олус көмөлөөх. Тоҕо диэтэххэ дорҕоону таһаарыыбыт (звуковой диапозон) олус киэҥ. Атын тылы үөрэтэргэ мурун дорҕооннор, ол эбэтэр ү, ө, ҕ баар буолаллар, ол биһиэхэ атын тылынан сөпкө саҥарарга көмөлөһөр. Онон бу өрүттэри өйдөөн туран, оҕолору сахалыы сөпкө, толору саҥардыҥ, онно кыһаллыҥ, үлэлэһиҥ диэн ыҥырабыт.