16.02.2023 | 16:00

Оҕолорбут тустарыгар диэн үлэлииллэр

Оҕолорбут тустарыгар диэн үлэлииллэр
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Анал дьайыыга сылдьыбыт буойуннарбыт дойдуларыгар кэлэн реабилитация ааһалларын, үрүҥ халааттаах аанньаллар кинилэр тустарыгар күннэри-түүннэри үлэлииллэрин истэбит, билэбит. Ону бэйэм эт харахпынан көрөөрү, Чайковскай уулусса, 117/2 нүөмэригэр баар Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин иһинэн үлэлиир Спортивнай медицина уонна медицинскэй реабилитация өрөспүүбүлүкэтээҕи киинигэр бара сырыттым.

Киин кылаабынай бырааһын солбуйааччы Сергей Гаврильевич Черкашин:

– Ил Дархан, Бырабыыталыстыба уонна Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин быһаарыытынан 2022 сылтан биһиги тэрилтэбитигэр анал дьайыыга сылдьыбыттарга миэстэ арыллыбыта. Сахабыт сириттэн сылдьар буойуннар биһиги кииммитигэр медицинскэй реабилитацияны ааһаллар.

Уопсайа 15 куойкалаахпыт, 10 куойката манна Чайковскай уулуссаҕа турар кииҥҥэ баар, 14 күн эмтэнэн тахсаллар. “Абалахское отделение медицинской реабилитации” диэн урукку Абалаах киинэ 2018 сылтан модернизация көмөтүнэн биһиги отделениебыт буолбута. Манна Илин Эҥээр улуустарыгар 5 куойканы арыйбыппыт.

Сулууспалаан кэлбиттэр биһиэхэ киирэллэригэр олорор сирдэринэн поликлиникаларга эбэтэр улуустарын балыыһатыгар терапевт, травматолог, невролог быраастан направление ылыахтарын сөп. Үксүгэр чугас аймахтара, кэргэннэрэ эрийэн, билсэн киллэрэллэр. Пациены арыаллыыр биир кэлим киин баар (Единый центр сопровождения пациентов, ЕЦСП). Манна анал исписэлиистэр үлэлииллэр, олорго докумуону бэрт түргэнник ыыталлар, кинилэр биһиэхэ туһаайаллар, онтон ханнык күҥҥэ, хас чааска киирэллэрин этэн, быһааран биэрэбит. Куорат поликлиникалара бары ЕЦСП нөҥүө уолаттары ыыта олороллор.

Маны таһынан биһиги кииммитигэр киирэргэ чэпчэтии оҥорбуппут. Холобура, анал дьайыыттан саҥа көтөн кэлбит киһи дойдутугар реабилитацияны ааһан баран айанныан, онуоха 1-кы поликлиникаҕа көрдөрөн направление ылыан сөп. Ону таһынан  Октябрьскай уулусса, 20 баар кииммитигэр “Отделение спортивной медицины” диэҥҥэ көрдөрөн, ол күн тута направление ылан, биһиги отделениебытыгар киириэн сөп.

Стационарбытыгар, эппитим курдук, 14 күн сыталлар, Абалаахха эмиэ, ити аата толору куурус эмтэнии. Онтон доруобуйатын туругуттан көрөн 18 күҥҥэ тиийэ уһатабыт. Итини таһынан таһыттан, күнүскү отделение диэҥҥэ эмиэ сылдьаллар. Билигин эчэйиилээхтэри биир ыйга эҥин уоппускаҕа ыытар буоллулар. Онон уоппускаҕа кэлбиттэр үгүстэрэ дьиэлэриттэн сылдьан реабилитация бараллар, биһиги кинилэр баҕаларын барытын учуоттуубут, ылынабыт.

Манна киирбиттэри хас биирдиилэрин быраастар индивидуально көрөллөр. Саҥардыы анал бирикээһинэн тэриллибит мультидициплинарнай биригээдэ диэн баар. Реабилитационнай физическэй медицина бырааһа диэн саҥа идэ баар, о.э. реабилитолог диэн, ону таһынан физио-быраас, клиническай психолог киирэллэр. Терапевт уонна невролог, травматолог консультациялыыллар. Ити быраастар анал процедуралары аныыллар, хас биирдиилэригэр бырагыраама оҥоһуллар.

Сүрүннээн массаас, физио- эмтэнии араас көрүҥэ ананар. Аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир аппаратуранан хааччыллыыбыт үчүгэй, магнитотерапия, лазернай, ударно-волновой терапия, вакуумнай, ону таһынан альфа-капсула диэн саҥа аппарат ылбыппыт. ЛФК инструктордара эмиэ гимнастика, лечебнэй гимнастика оҥортороллор. Манна эбии Абалаах бадараанынан эмтээһин, СУВ (сухая углекислая ванна), “душ Шарко” диэн баар уонна биир сүрүн эмтээһиммит механотерапия диэн. “Солнечнай стимуляция” стреһи таһаарыыга олус көмөлөөх, күн уотунан эмтиир эмиэ туһунан ньыма.

Эмтэммит дьон бары доруобуйаларын бөҕөргөтөн тахсаллар. Кэлээскэнэн киирэн баран икки атахтарыгар хааман тахсыбыт түгэннэрэ баар. Атын исписэлиистэр көмөлөрө наада буоллаҕына, салгыы ыытабыт. Ыарахан эчэйиилээхтэр сурдолог, лор, харах, тиис бырааһыгар наһаа наадыйаллар. Бэйэбит туспа лабораториялаахпыт, УЗИ, ЭКГ, ЭЭГ уо.д.а. барытын оҥоробут. Уонна салгыы эмиэ Биир кэлим кииммит нөҥүө эмтэниини ааһыахтарын сөп.

Икки клиническэй психологтаахпыт, наада буоллаҕына психотерапевт, психиатр ыҥырыынан кэлэн сүбэ-ама буолаллар. ЯРНД кытта ыкса ситимнээхтик үлэлиибит, нарколог да көмөтө наада буолааччы.

Кылаабынай бырааспыт Кюнна Николаевна Назарова, СӨ Доруобуйатын харыстабылын министиэристибэтин ыстааты таһынан кылаабынай реабилитолога, үлэни барытын хонтуруоллаан ыытар. Покровскайдыыр суолга баар сэллик санаторийын дьиэтин биир өттүгэр 50 куойка ылан, байыаннай дьайыыга сылдьар дьон оҕолоругар реабилитация оҥоробут. Билиҥҥи туругунан 8 оҕо ийэлэрин кытта реабилитация аастылар.

Каландаришвили, 38/5 күнүскү стационарга эмиэ билсэ сылдьыахтарын сөп. Оттон буойуннар ийэлэрэ Биир кэлим кииҥҥэ төлөпүөннээн, буойун ийэтэбин диэн эбэтэр бэйэтин олохтоох поликлиникатыгар тиийэн направление суруйтаран, эмиэ манна, биһиэхэ, эбэтэр Абалаахха реабилитация ааһыахтарын сөп. Биһиги көмөлөһөргө, эмтииргэ куруук бэлэммит.

Полина Ивановна Кудрина, поликлиника уонна күнүскү стационар сэбиэдиссэйэ:

– Эмкэ киирэр дьоммут бары тус-туспа сиртэн, тус-туспа саастаах, майгылаах, санаалаах куораттан, тыаттан кэлэллэр гынан баран, бары биир киһи курдук буолаллар. Биир эр киһи мэтириэтэ барыларыгар сөп түбэһэр диэххэ сөп. Ол курдук бары тулуурдаахтар, күүстээх, ууттан-уоттан куттаммат эр санаалаахтар,  аҕыйах саҥалаахтар. Инньэ гынан хаһан да оннук-маннык буоллум диэн үҥсэргээбэттэр, кылгастык быһыта-орута кэпсииллэр. Бары биир киһи курдук наһаа бэрткэ эмтэнии кууруһун бараллар, түргэнник ылыналлар, эдэр да буолан буолуо, туһаналлар. Тайахха тирэнэн киирбит биир уолум икки нэдиэлэнэн бэйэтэ хааман киирэн куустуһан, махтанан барбыта. Онтон ордук үөрүү биһиэхэ суох. Кинилэр урукку чөллөрүгэр түһэллэрин, олоххо төннөллөрүн көрөн наһаа үөрэбит. Манна массаас, ЛФК эрэ буолбакка, психолог наһаа үчүгэйдик араас ньыманан үлэлэһэн, киһиэхэ кэпсээбэтэх кыһалҕаларын арыйан, ону үчүгэйдик кэпсэтэн, аһардан, быдан сэргэхсийэллэр. Сороҕор үчүгэйдик утуйбат уолаттар кэлэллэр, олор психолог көмөтүнэн оннооҕор эмкэ наадыйбат буолаллар. Барыларын оҕолорбут диибит, кинилэр тустарыгар тэҥҥэ ыалдьабыт. Кинилэринэн киэн туттабыт, онон уолаттарбыт, оҕолорбут үтүөрэн тахсалларыттан, үчүгэй буолалларыттан наһаа үөрэбит, ийэлии долгуйабыт.

Анастасия Ильинична Ефремова, стационар сэбиэдиссэйэ:

– Стационарбыт барыта 30 миэстэлээх, билигин анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа 3 киһи сытар. Биһиэхэ киирэн реабилитация араас көрүҥүн ааһан, быдан чэпчээн, бастаан киирбиттэринээҕэр сэргэхсийэн тахсаллар. Кинилэр махталларыттан, кыратык да буоллар чэпчээн, санаалара көтөҕүллэн тахсалларыттан ордук күндү биһиэхэ суох.

Иннокентий Гаврилович Лаптев, эмтэнээччи:

– Бэйэм баҕа өттүбүнэн сулууспалыы барбытым. Мантан от ыйын 29 күнүгэр Грознай куорат нөҥүө көппүтүм. “Ахмад” анал подразделениены кытта анал бэлэми ааспытым. Атырдьах ыйын 6 күнүгэр үс ыйга диэн контракт баттаабытым. Бастаан утаа этэҥҥэ сылдьыбытым, онтон бүтэһик сорудахха бааһырыы ылбытым, атаҕым икки тарбаҕа миинэҕэ үктээн көппүтэ. Разведка быһыытынан сылдьыбыппыт, хараҥа этэ, онон барыта ыраастамматаҕын көрбөтөхпүт.

Манна эмтииллэрэ, көрөллөрө-истэллэрэ үчүгэй, билигин таска көспүтүм. Барыам иннинэ “Анаабыр алмаастара” тэрилтэҕэ вахтаҕа үлэлээбитим.

Анараа сахалар үчүгэйдик сылдьаллар, убаастыыллар. Мин бастаан снайперынан сылдьан бэйэбин үчүгэйдик көрдөрбүтүм, онтон хамандыыр оҥорбуттара. Кэргэннээхпин, үс оҕолоохпун. ВВК ааспытым, элбэх госпиталларынан сыппытым. Санкт-Петербург волонтердарыгар хаһыат нөҥүө улахан махталбын тиэрдэбин. Дойду аһа күндү буоларын онно билбитим, киһи ахтар да буолар эбит! Атахпытыгар турарбытыгар дойдубут аһа да көмөлөспүтүгэр мөккүөр суох, алаадьы, кус эҥин аҕалаллара.

Бу киин бары үлэһиттэригэр, кинилэр истиҥ сыһыаннарыгар махтанабын. Уолаттар манна хайаан да кэлиҥ, хас биирдиибит реабилитация ааһыахпытын наада.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....