03.02.2023 | 14:00

Оҕолор саахыматы баһылыыллар

Оҕолор саахыматы баһылыыллар
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

Арассыыйаҕа саахымат оонньуута өрө тутуллар. Оҕолорго “Үрүҥ ладья” Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэхтэһии сыллата ыытыллар. Сахабыт сиригэр эмиэ үтүө үгэскэ кубулутуллан, күрэхтэһиилэр сыллата буолаллар. 14-гэр диэри саастаах Дьокуускай куорат оҕолорун түөртүү оонньооччулаах хамаандалара “Үрүҥ ладья” I-кы түһүмэҕэр күрэхтэстилэр. Сүрүн судьуйанан Бүтүн Арассыыйатааҕы категориялаах судьуйа Гаврил Винокуров үлэлээтэ. Физико-техническэй лицей хамаандата бастаата, 2 №-дээх  политехническай оскуола – иккис, куорат классическай гимназията үһүс бириистээх миэстэлэргэ тигистилэр.

Физико-техническэй лицейтэн Давид Местников уонна 2 №-дээх оскуолаттан Сайаана Аргунова биир да хотторуута суох оонньоотулар. 2 №-дээх оскуола саахыматчыт оҕолоро Артур Васильев уонна Алена Румянцева биирдии эрэ хотторуулаах үчүгэй оонньуулары көрдөрдүлэр.

 

“Үрүҥ ладья” II-с түһүмэҕэр улуустар уонна Дьокуускай куорат кыайыылаах хамаандалара утарыта көрсүөхтэрэ. Бастыҥнар Сочига Бүтүн Арассыыйатааҕы “Үрүҥ ладья” күрэхтэһиитигэр кыттыахтара, Сахаларын сирин чиэһин көмүскүөхтэрэ. Онон, күрэхтэһии эппиэтинэһэ улахан.

 

Арассыыйа Кубога – Аҕа баһылык бирииһигэр

Өрөспүүбүлүкэ Национальнай художественнай музейын сиэдэрэй, киэҥ-куоҥ саалатыгар саахымакка Арассыыйа Кубогын I-кы түһүмэҕэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Аҕа баһылыгын бирииһигэр ыытыллан, болҕомто киинигэр турда.

Сахабыт сиригэр саахымат историятыгар аан бастаан ыытыллар улахан күрэхтэһиигэ дойду аҕыс регионуттан биэс международнай гроссмейстер: суруналыыс Дмитрий Кряквин, оҕолорго Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын сүрүн тренерэ Михаил Кобалия, дойду саамай эдэр гроссмейстера 16 саастаах Володар Мурзин, Бурятияттан Антон Шомоев уонна Москваттан Арассыыйа Кубогын былырыыҥҥы кыайыылааҕа Борис Грачев кыттан, күрэхтэһиини киэргэттилэр. Сахабыт сириттэн өрөспүүбүлүкэ чемпионнара, күүстээх спорт маастардара Дмитрий Егоров, Нариман Мустафин, Павел Бекетов, Владимир Таппыров, саахымакка дьоҕурдаах оҕолортон Арсений Чумаевскай, Айсен, Айтал Местниковтар, “Үрүҥ ладья” кыайыылаахтара, 2024 с. Дьокуускайга буолар “Азия оҕолоругар” кыттыахтаах спортсменнар бааллар.

Москваттан сылдьар сүрүн судьуйа Михаил Крюков этэринэн, быйыл Арассыыйа 15-17 саахымакка Кубога ыытыллаары турар, олортон 16 бастыҥ бу сыл ахсынньы ыйыгар Ханты-Мансийскайга Арассыыйа Кубогын хаһаайына буолары быһаарсыахтара. Маннык улахан таһымнаах күрэхтэһии Дьокуускайга ыытыллыбыта саахымат сайдыытыгар улахан ситиһии. Биллэн турар, Саха сирин саахыматчыттара туһалаах оскуоланы ааһыахтара, элбэҕи сүһүөхтэрэ, үөрэниэхтэрэ. Гроссмейстердар күрэхтэһэллэрин таһынан, маастар-кылаастары, сеанстары ыыттылар. 31-с оскуола бэһис кылааһын үөрэнээччитэ Саша Иванов гроссмейстердары кыайталаан, сөҕүүнү-махтайыыны үөскэттэ. Михаил Крюков саахыматчаттарга художественнай музей сиэдэрэй саалатыгар оонньуур кыаҕы биэрбит Владимир Егоров бэрэсидьиэннээх Саха Өрөспүүбүлүкэтин саахыматка федерациятыгар махталын биллэрдэ. Бүтэһик туурга диэри ким кыайыылаах тахсара биллибэт сытыы киирсиилэр буоллулар.

Интэриэһинэй, соһуччу түмүктэрдээх оонньуулар буолуталыыллар. Бэһис кылаас үөрэнээччитэ Саша Иванов гроссмейстердартан очко ылаттаан, саахыматы таптааччылары сөхтөрдө. Аҕыс туур кэнниттэн гроссмейстер Михаил Кобалия 6 очколаах күрэхтэһиини баһылаан-көһүлээн иһэр. Володар Мурзин, Арсений Чумаевскай, Борис Грачев 5.5 очколаахтар, Антон Шомоев, Евдокия Избекова 5-тии очколаахтар. Сахабыт сирин маастардара Нариман Мустафин, Василий Романов, Дмитрий Егоров, Александр Иванов, Павел Бекетов, Юрий Родионов 4.5 очколаахтар.

Олунньу 1 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Аҕа Баһылыгын бирииһигэр саахыматка буола турар Арассыыйа кубогын I түһүмэҕин кыайыылааҕа биллиэҕэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....