30.03.2023 | 14:00

Оҕоҕун иккистээн ыытар саҕа ыарахан суох...

Оҕоҕун иккистээн ыытар саҕа ыарахан суох...
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Ийэлэри кытта кэпсэттэҕим аайы, кинилэр тулуурдарыттан, кытаанах санааларыттан сөҕөбүн. Тастарыгар таһаарбакка, истэригэр төһөлөөх айманалларын айбыт таҥара эрэ билэн эрдэҕэ. Ол да буоллар, «атын ийэлэргэ хайдах эрэ көмө буолларбыт, баҕар, сүбэбит-амабыт тиийиэ» диэн, аһаҕас кэпсэтиигэ тахсалларын иһин тус бэйэм махтанабын уонна бары Ийэлэргэ сүгүрүйэбин.

Анна Ивановна Николаева, саллаат ийэтэ, куорат олохтооҕо:

– Биһиги уолбут тохсус кылаас кэнниттэн ЯИПКаҕа автомеханик идэтигэр туттарсан киирбитэ. Онно икки сыл уон ый үөрэнэн бүтэрэн баран, 2020 сыл алтынньы ыйга 19 сааһыгар аармыйаҕа барбыта. Тиийээт, үс ый буолан баран, срочнай сулууспатыгар сылдьан, икки сылга хантыраак оҥорсор. Онон сулууспата бүппүтүн кэннэ аны ол хантыраага саҕаламмыта. Ити кэмҥэ, бары билэрбит курдук, анал байыаннай дьайыы биллэриллэр. Оҕом уопсайынан кыра эрдэҕиттэн, детсад саҕаттан байыаннай буолар баҕалаах этэ, ол баҕа санаатын биирдэ да булгуруппатаҕа, ол иһин 2021 сылга хантыраак оҥорсобун диэбитигэр утарыласпатаҕым.

Миэхэ, биллэн турар, Украинаҕа барбытын эппэтэҕэ. “Сибээһэ суох сиргэ, ыраах полигоҥҥа учебкаҕа бардыбыт, тыаҕа сылдьабыт, эрийээххиний, суруйааххыный, сибээс хаптаҕына, бэйэм биллиэм”, – диэбитэ. Ити былырыын олунньу бүтэһигэр этэ. Ол кэннэ тута сүрэҕим сэрэйдэр да, “онно баарбын, Украинаҕа киирдим” дии илигинэ, онно сылдьар диэн итэҕэйиэхпин баҕарбатаҕым.

 

Түүлбэр киирбитэ

Ити кэннэ арай оҕобун түһээтим – онно оҕом аптамааттаах турар, видеоҕа устар уонна Украинаҕа кэллибит диир. Мин, биллэн турар, айманан уһуктубутум, түүлүм мээнэҕэ буолбатах быһыылаах дии санаабытым. Биир ый буолан баран, кулун тутар бүтэһигэр, дьэ биллибит. Ол да буоллар суруйан көрөбүн, ити иннинэ полигоҥҥа баарыгар син тиийээччи, бу сырыыга суругум тиийэр, тиийбэт, аны,  аахтаҕына да, эппиэттээбэт. Манна бары СВО саҕаламмытын билэ олоробут.

Ити кулун тутар бүтэһигэр биллэригэр бастаан быраатыгар эрийбит этэ. Кини убайыттан балтараа сыл балыс, бэйэм үс уоллаахпын, биир кыыстаахпын. “Маама аттыгар баар дуо, арыый тэй”, – диэбит уонна Украинаҕа баарбын диэн эппит этэ. Итиэннэ “ийэбитигэр этэбит дуу, суох дуу, туох дии саныыгыный” диэн сүбэлэспит. Быраата “бэйэҥ бил” диэбит, кини да соһуйан хаалаахтаатаҕа дии. Онтон дьэ миэхэ эрийбитэ, “Маама, ханна баарбытын билбэппин, тыаҕа сылдьабыт, сибээс наһаа куһаҕан”, – диэн баран арааран кэбиспитэ. Мин хайдах эрэ сүрэҕим тугу эрэ сэрэйдэ, тэбэрэ күүһүрэн барда. Олороммун чэй истим, ону-маны толкуйдаатым, санаатым, онтон иһиппин сууйан баран саалаҕа киирбитим, орто уолум дьыбааҥҥа олорор. “Маама, убаай Украинаҕа сылдьар, бассаапкын көр”, – диэбитэ. Киирэн көрбүтүм, барытын дьэ сиһилии суруйбут этэ.

Истибэккэ хаалыам диэн...

Дьэ ол кэнниттэн утуйбат күннэр-түүннэр саҕаламмыттара, аһыыр аһым да ас буолбат этэ. Санаам куруук киниэхэ, оҕобор. Утуйбута дуу, аһаабыта дуу, саатар биир-икки быһыы килиэп сиэбитэ дуу, аҕыйах да тыл баҕалаах, аны эрийиэ диэн төлөпүөммүн куруук тута сылдьабын, оҕом суруйдаҕына, эрийдэҕинэ, истибэккэ халыам диэн.

Онтон ый буола-буола эбэтэр ыйга биирдэ эрэ биллэр этэ. Украинаҕа киирбитин бэйэтэ эппитин, чуолкай биллибитин кэннэ бассаапка бөлөх көрдөөбүтүм. Син биир баар буолуохтаах диэммин. Эрдэ срочниктар бөлөхтөрүгэр суох этим. Эдьиийим көмөтүнэн биир срочник оҕолордоох бөлөҕү булбутум, Украинаҕа барбыт оҕолордоох төрөппүттэр бааллар дуо, биллиҥ диэн. Онно личкабар Ньургуйаана Авксентьевна Хоютанова суруйбута, контрактниктар төрөппүттэрин бөлөхтөрө баар эбит, оҕолоро бары онно сылдьаллар. Олох аймахтарбын булбут курдук санаммытым, наһаа үөрбүтүм. Биир санаалаах, биир кыһалҕалаах дьон, ийэлэр, аҕалар бааллара. Кэпсэтиибит куруук ким оҕото сибээскэ таҕыста, тугу биллэрдэ диэн. Бииргэ сылдьар аҕыйах оҕо баар этэ, мин оҕом чааһын билбэт этим, кистиирэ даҕаны, эрдэ да эппэтэҕэ, онон оҕобун буларым ыарахан этэ.

 

Үс сыл буолан баран көрүстүбүт

2020 сылга аармыйаҕа атаарбыт оҕобун бу сыл тохсунньуга эрэ ийэлии ыбылы куустум, сыллаатым.

Оҕом тохсунньу 6 күнүгэр эрийэн, онус чыыһылаттан уоппускаҕа ыыттылар диэн соһуччу үөрүүлээх сонуну иһитиннэрбитэ, онтон манна тохсунньу 13 күнүгэр көтөн кэлбитэ. Аймахтар бары портка киирэн көрсүбүппүт. Мантан олох оҕо, 19 сааһын саҥа туолбут эдэр киһи бардаҕа дии, онтубут олоҕу барытын билбит, срочник үлэтин үлэлээбит, контрактник, өлүүнү-сүтүүнү, ууну-уоту ортотунан ааспыт, буола турар иэдээни илэ хараҕынан көрбүт, этинэн-хаанынан билбит эр киһи кэлбитэ. Уруккутун курдук куруук үөрэ, мичээрдии сылдьар оҕо буолбатах этэ. Ол гынан баран оҕом холкута, сүрдээҕин бэйэтин туттунара, уйуһуйбутун, аймаммытын биирдэ даҕаны көрдөрө-биллэрэ сатаабатаҕа миигин, ийэ киһини, уоскуппута. Кэлбитин кэннэ билбиппит, контузия ылбыт этэ, онтун эрдэ эппэтэҕэ, хаһан ылбытын бэйэм да билбэппин, баҕар, сайын, баҕар, саас буолуо, ону саныы сылдьыбаккын диир, наар үчүгэйтэн атыны кэпсээбэт, икки кулгааҕа үчүгэйдик истибэт эбит этэ, ол да буоллар реабилитацияҕа киирбэтэҕэ. Этэн көрбүппүт да, олох сөбүлэспэтэҕэ, бүтэн кэллэхпинэ эмтэниэҕим диэбитэ. Аҕыйах хонукка кэлэн баран дьоммун кытта сылдьарым, олорорум ордук диэн, сынньанан, сымнаҕас ороҥҥо утуйан, сылаас, минньигэс аһы аһаан, икки нэдиэлэнэн, тохсунньу 27 күнүгэр, төттөрү айаннаабыта. Билигин анараа сылдьар. Онон хайыыр да кыахпыт суох, эмиэ таҥара илиитигэр бараахтаатаҕа, биһиги бас билбэт оҕобут, биһиги эрэ буолуо дуо, бэйэтин бэйэтэ да бас билбэт.

 

Тулуйа сатыыбыт

Ийэлэргэ наһаа ыарахан, бары тулуурдаах буолуохтаахпыт, үчүгэйи эрэ саныахтаахпыт, төһөнөн үчүгэйи саныыбыт да, оҕолорбутугар оннук  эниэргийэни тиэрдэбит. Куруук алаадьылаан көрдөһө сылдьыахха наада, ийэ бэйэтин алгыһа оҕотугар тиийимтиэ буолар эбит, ону эппинэн-хааммынан биллим, ким эрэ алҕаа дииринэн буолбакка, бэйэҥ ис санааҕыттан. Мин оҕом уһуннук сибээскэ тахсыбатаҕына, бастаан алаадьылыыбын, оҕобун наар үөрэ, мичээрдии сылдьарын харахпар оҥорон көрөбүн, сытан баран харахпын симэн, барыта бүттэ диэхтэрэ, оҕом тиийэн кэлиэ, олоҕун салҕыа диэн санаабын тиэрдэбин.

Ийэлэр диэн наһаа тулуурдаах эбиппит, тулуйуом суоҕа этэ дэһэбит да, син биир тулуйабыт, итинниккэ биһиги санаабыт өссө күүһүрэр эбит.

Уолаттарга, антах сылдьааччыларга олох санааларын түһэрбэтиннэр, иннилэрин диэки баран истиннэр, доруобуйаларын көрүнэ, харыстана сырыттыннар, биһиги манна аһыыр аспыт баар, сымнаҕас ороҥҥо утуйабыт, сылаас дьиэҕэ олоробут, кинилэр эрэ эрэллээхтик, үчүгэйдик сылдьыахтарын наада, биһиэхэ санаарҕаабаккалар диэн этиэхпин баҕарабын.

Манна даҕатан эттэхпинэ, оҕолорбут тустарыгар төрөппүттэр эрэ сүрэхпит ыалдьыбат, атын оҕолорбут, бырааттара, балыстара эмиэ улахан охсуу ылаллар. Тоҕустаах кыыһым саҥа дьыллааҕы баҕа санаатыгар сыаналаах оонньуур, минньигэс көрдөөбөккө, Тымныы оҕонньортон убайа кэлэрин көрдөһөн харыйа анныгар хаалларбыт суругун ааҕан дэлби уйадыйбытым. Онто, оруобуна, убайа, хата, уоппускатыгар кэлэн барбыта. Кыыһым билигин психологка сылдьан эрэр, аҕатын сүтэрбит аһыыта, убайын туһугар санаарҕыыра барыта мунньуллан. Онон реабилитацияҕа, атын көмөҕө да буоллун, байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттар, аҕалар оҕолоругар эрэ буолбакка, бииргэ төрөөбүттэригэр эмиэ тугу эрэ толкуйдууллара буоллар, холобур, спортивнай саалаҕа, бассейҥҥа абонемент биэрэн, туох эрэ сэргэхситэр тэрээһиннэргэ сырытыннаран.

 

Ийэҕэ син биир ыарахан

Ийэлэр төһө да бэйэ-бэйэбитин уоскуттарбыт, күүстээх санааланнарбыт, син биир хас биирдиибит испитигэр айманарбыт биллэр.

Аан бастакы саҕаламмыт бириэмэтин саныырга билигин наһаа ыарахан. Манна алта ыйы быһа кыайан утуйбат буолан хаалбытым, сууккаҕа уһаабыта икки-үс чаас эрэ утуйар этим. Онтон дьэ мобилизация буолбутун кэннэ балаҕан ыйыттан психологка сылдьыбытым, байыаннайдар дьиэ кэргэннэрин кытта үлэлэһии саҕаламмыта, медицинскэй кииҥҥэ реабилитация бара сылдьыбытым, кыайан утуйбат буолан хаалан. Билигин бастакым курдук буолбатахпын, саллаат ийэтэбин дэнэбин, оҕобунан киэн туттабын. Биһиги оҕолорбут ийэ дойдуларын көмүскээччилэр, дьиҥнээх эр санаалаах, эр хоһууннар кинилэр эбиттэр, санаалара наһаа күүстээх. “Ийээ, хайаан да кэлиэҕим, эн миэхэ итэҕэй, эрэн, оччоҕо мин хайаан даҕаны эргиллэн кэлиэҕим”, – диэбитэ. Иккистээн оҕобун ыытар наһаа ыарахан этэ. Билэ-билэ ыытаҕын, оҕоҥ уруккута буолбатах, илиитэ сап-салыбырас, истибэт, доҕолоҥнуу сылдьар, оннооҕор доруобай оҕоҕун биир сыллаах сулууспаҕа ыытыаххын баҕарбаккын дии. Оҕоҥ эмиэ билэ-билэ барар, бу айылаах чуумпу, эйэлээх олохтон анараа кыргыһыыга, өлүүгэ-сүтүүгэ, ытыалааһыҥҥа. Наһаа күүстээх санаалаахтар эбит. Оҕом антах сылдьыбытын тугу да кэпсээбэтэҕэ, контузия ылбытын эрэ кэпсээбитэ, тугу эмит кэпсиэххин баҕараҕын дуо диэтэхпинэ, суох диирэ, саныан эҥин баҕарбата биллэр этэ.

Ааспыкка төлөпүөннүүрүгэр биир саха уола кэллэ диэн үөрэн кэпсээбитэ. Хайа дойдутун эппэтэҕэ. Ону тоҕо билэ сатаатыҥ диэбитэ. Оҕом суоппарынан сылдьар, массыынатын саппааһын барытын бэйэтэ атыылаһар эбит.

 

Өйөбүл баара үөрдэр

Аан бастаан кэлээтин кытта Светлана Владимировна Диодорова-Лаврентьеваны кытта көрсүбүппүт. Кини олох сиэтэ сылдьан дьокутааттары көрүһүннэртээбитэ, уолу кытта кэпсэппиттэрэ.

Анараа сылдьан Саҥа дьылга Ил Дархан бэлэҕин туппуттар этэ. Чааһыгар соҕотох саха, ол да буоллар булан тиксэрбиттэр, онон оҕом наһаа үөрбүт этэ, дьааһыгы арыйаат, аан бастаан тушенканы көрбүтүм уонна наһаа үөрбүтүм диэбитэ, манна кэлэн онтун махтаммыта.

Биһиги биир улахан кыһалҕабыт – олорор дьиэ. Оҕом кэлэ сылдьан СӨ Бэрэсидьиэнин уонна Бырабыыталыстыбатын администрациятын салайааччыта Георгий Николаевич Михайловы кытта көрсүбүтэ, дьоммор дьиэлэрин боппуруоһугар баһаалыста көмөлөһүҥ диэн суругун туттарбыта. Биир дьиэни көрдөрө сылдьыбыттара, маневреннай пуондаттан. Биир хостоох кыбартыыра, Билибин уулуссаҕа баар, кыра кыыһым оскуолатыттан наһаа ыраах, кини ГРЭС оройуонугар үөрэнэр. Онон табыллыбатаҕа. Соторутааҕыта оҕолорум аҕалара суох буолбута. Соһуччу барбыта. Уолуттан санаарҕаан, барытын иһигэр тута сырыттаҕа. Оҕобор биллэрбиппит да, кыайан кэлбэтэҕэ. Оҕом уоппускатыгар кэлэ сылдьан кыл-мүччү аҕатын көрсөн барбыта, онно үчүгэй этэ. Бу кулун тутар 15 күнүгэр 40 хонуга буолла...

Тирээн кэллэҕинэ, син биир тулуйар эбиппит, ханна барыахпытый, ийэ санаата олус диэн күүстээх, ол иһин ийэ алгыһа оҕотугар оннук тиийэр эбит. Оҕом Бырабыыталыстыбаттан өйөбүл баар эбит диэн санаата көтөҕүллэн, үөрэн барбыта. Москваҕа “Сахаволонтердар”, Туйаара Николаевна Константиновалаах наһаа үчүгэйдик көрсүбүттэр этэ, тобус-толору сахалыы астаах остуол тарданнар, мииммин, балыкпын наһаа ахтыбыппын диэн үөрэн аҕай кэпсээбитэ. Онон волонтер кыргыттарга, үтүө санаалаах дьоммор барыгытыгар ийэлии истиҥ махталбын тиэрдэбин. Саамай биһиэхэ чугас, куруук сибээскэ баар киһибитигэр Светлана Владимировнаҕа махтанабын. Кинини саллаат уолаттар иккис ийэбит диэн ааттыыллар, таптыыллар, убаастыыллар. Уолум эрийдэҕинэ, куруук ыйыталаһар, кэпсэтэҕит, билсэҕит дуо диэн.

Билигин саамай баҕа санаам – оҕолорбут, уолаттарбыт этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэригэр, аан дойду үрдүнэн эйэлээх халлааны, сырдыгы, тапталы, эрэли!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...