27.06.2020 | 10:10

Оҕо тыа сиригэр сайылыахтаах

Оҕо тыа сиригэр сайылыахтаах
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Владислав Коротов - Манчаары Баһылай аатынан Өрөспүүбүлүкэтээҕи спорт төрүт көрүҥнэрин киинин үлэһитэ,  педагог, суруналыыс, фотограф, кинигэ таһаарааччы, сахалыы тыыннаах дьиэ кэргэн аҕа баһылыга:

 – Бу ыарыы кэмигэр оҕо булгуччу салгыҥҥа сылдьыахтаах, дьарыктаныахтаах, тыыныахтаах, сүүрүөхтээх-көтүөхтээх. Биһиги 3 ый кэриҥэ дьиэҕэ олордубут. 11 саастаах кыыспыт, 4 сааһыттан художественнай гимнастиканан, кэлин чэпчэки атлетиканан дьарыктаммыт оҕо дьиэҕэ хаайтарбыта сүрдээх ыарахан буолла.

Ийэбит Амма улууһун Өнньүөс диэн сириттэн төрүттээх. Инньэ гынан сайын аайы онно дьоммутугар оҕобутун сынньата, бэйэбит от кэмигэр илии-атах буола барар үгэстээхпит. Оҕобут тыа сиригэр сылдьа үөрүйэх. Күнү быһа сибиэһэй салгыҥҥа сылдьан, эбэлээх эһэтигэр оҕуруокка көмөлөһөн, ньирэй көрөн, ынах үүрэн, саастыылаахтарын кытта тэҥҥэ кэлэн-баран, сайылыкка оонньоон улаатта.

Саха оҕото куорат усулуобуйатыгар олорор буоллаҕына, сайын булгуччу тыаҕа тахсыахтаах диэн санаалаахпын. Өбүгэлэрэ хайдах олорбуттарын, билиҥҥи тыа дьонун олоҕун, ас-үөл хантан кэлэрин билиэхтээх. Сүрүнэ, оҕо тыаҕа сылдьан бэйэбит төрөөбүт тылбытын күннэтэ туһанар, саҥарар, интэриниэттэн, смартфонтан арыый да тэйэр,  төрүт үгэстэрбитин иҥэринэр.

Мин бэйэм 27 сыл тулаайах оҕолору иитиигэ үлэлээбитим. Уус Алдан Курбуһахтааҕы оскуола-интернатыгар, Сунтаарга Тойбохой детдомугар үлэлиир кэмнэрбэр наар оҕону үлэнэн иитиинэн дьарыктанар этибит. Ийэ-аҕа тапталын билбэтэх, төрөппүт батыһыннара сылдьыбатах оҕолорун, кинилэр инникилэригэр туһалаах буоллун диэн, үлэнэн иитэр буоларбыт. Сайылыкка таһааран окко, оҕуруокка, сүөһүгэ үлэлэтэн, сир астатан, туох баар үлэҕэ барытыгар такайарбыт. Билигин ол ииппит оҕолорум 50 саастара буолла, тыа сирин олоҕор сыһыарбыппытыгар билигин да махтаналлар, тус олохпутугар туһанныбыт дииллэр. Оҕолорум үксүлэрэ элбэх оҕолоохтор, дьиэ-уот туттан сайда сылдьалларыттан  үөрэбин. Онон оҕолорбутун тыа сиригэр сыһыарарбыт бары өттүнэн үчүгэй эрэ сабыдыаллаах.

Пандемия кэмигэр кэлии-барыы көҥүллэммэт диэн оҕобутун өр дьиэҕэ хаайан олорон бараммыт, анаан-минээн коронавируска анаалыс туттаран, сыстыганнаах ыарыыта суох диэн ыспыраапка ылан тыаҕа таһаарбыппыт. Ыарыыны тарҕаппат туһуттан маннык бэрэбиэркэни ааһар, ыспыраапкалаах тиийэн медицинэ үлэһиттэригэр кэтэбилгэ турар, карантины тутуһар тоҕоостоох.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Утуйуу хаачыстыбата улахан суолталаах
Сонуннар | 15.03.2024 | 14:00
Утуйуу хаачыстыбата улахан суолталаах
Кулун тутар 15 күнүгэр Аан дойдутааҕы Утуйуу күнэ бэлиэтэнэр. ВОЗ статистикатынан, нэһилиэнньэ 10-30% кыайан утуйбакка (бессонница) эрэйдэнэр, сорох дойдуларга ити көрдөрүү 50−60%-ҥа тиийэр.
Сыана үрдээһинэ
Сонуннар | 22.03.2024 | 18:00
Сыана үрдээһинэ
(2024 сыл олунньу ыйдааҕы көрдөрүүтүнэн)
Социальнай биэнсийэ эбиллэр
Сонуннар | 16.03.2024 | 18:00
Социальнай биэнсийэ эбиллэр
Муус устар 1 күнүттэн социальнай биэнсийэ 7,5 бырыһыан үрдүүр. Бу туhунан 262 N-дээх уурааҕы кулун тутар 5 күнүгэр Арассыыыйа Бырабыыталыстыбата бигэргэттэ. Индексация кээмэйэ ааспыт сылга биэнсийэлээхтэргэ олох таһымын алын кээмэйин улаатыытынан ааҕыллар. Бу төлөбүргэ анаан социальнай пуонда бүддьүөтүгэр 37,5 млрд солк. көрүлүннэ. Статитстика көрдөрөрүнэн, Арассыыйаҕа 4 мөлүйүөнтэн тахса киһи социальнай...
Сергей:  «Уолаттар санаалара-оноолоро харахтарыгар көстөр»
Дьон | 21.03.2024 | 18:00
Сергей: «Уолаттар санаалара-оноолоро харахтарыгар көстөр»
Оҕо сылдьан разведчиктаах киинэлэри умсугуйан көрөрбүт, кинилэр курдук буолуохпутун баҕаран, сэриилээх оонньуурбут, саһа, сыбдыйа, сыылла сылдьан өстөөхтөрбүтүн самнарарбыт.  Разведчик диэн тылы иһиттэхпинэ, тута харахпар Штирлиц уобараһа көстөр. Кини өстөөхтөр уйаларыгар тиийэн, былааннарын, дьайыыларын биһиги дьоммутугар тиэрдэн, кыайыыны ситиһэргэ улахан кылаатын киллэрсэр.   Ол аата дьиҥнээх разведчик хайдах буолуохтааҕый? Кини боростуой саллаат...