02.11.2020 | 09:28

Оҕо төрөппүт бас билиитэ буолбатах

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Төрөппүттэр – хас биирдии киһи олоҕор саамай тутаах дьоммут. Оҕоҕо ийэ, аҕа таптала сүдү улахан оруоллааҕын бары бэркэ диэн билэбит. Ол эрээри оҕоҕо бу таптал хайдах дьайарын, кини суолтатын ырытан көрүөҕүҥ.

Бастатан туран, биһиги олохпут былаһын тухары оҕобутун хонтуруоллуу сатыыбыт. Кыра эрдэҕиттэн, оскуолаҕа киирбитин кэнниттэн, кини оскуолаҕа барарын-кэлэрин көрсөбүт, уруогун аахтарабыт, иллэҥ кэммитин бииргэ атаарабыт, уруок кэннэ ханнык куруһуокка дьарыктаныахтааҕын, оскуолаҕа хайдах сылдьыбытын, тугу гыммытын билэ-көрө, онно орооһо сатыыбыт. Кылгастык эттэххэ, оҕо баҕатын аахсыбакка, наар төрөппүт эппитинэн буолуохтааҕын курдук. Биллэн турар, төрөппүт оҕобун наһаа күүскэ таптыыбын дии саныыр. Оҕо кэлин улаатар-уларыйар сааһыгар ыарахаттары көрсүөн сөп. Бары билэргит курдук, бу кэмҥэ оҕо уйулҕатыгар, этигэр-сиинигэр кэккэ уларыйыылар бараллар. Эһиги кини оннугар барытын быһаара сылдьыбыккытын кини сөбүлээбэт, өйдөөбөт буолуо. Оннук түгэҥҥэ төрөппүт: «Оҕом тэйдэ, миигин өйдөөбөт, мин кини туһугар…» – дии саныыр.

Иккиһинэн, сорохтор мин саамай үчүгэй төрөппүт буолуохтаахпын дии саныыр, ол эбэтэр оҕо иитиитин ытык иэс оҥостон өрө тутар. «Баарым тухары оҕобун иитиэхтээхпин, барытыгар эппиэттиибин, тугу барытын оҥоруом, көмөлөһүөм». Маннык аһара үлүһүйүү кэлин төрөппүккэ охсуулаах. Кини өссө да тугу эрэ ситэри оҥорботум дэнэр.

Үһүс көрүҥ. Икки инники курдук наһаа тэнийбэтэх эрээри, эмиэ баар суол. Төрөппүт оҕону олох бэйэтин бас билиитин курдук саныыр. «Мин оҕом, миэнэ эрэ, кини мин сорҕом. Оҕом бэйэм курдук буолуохтаах, хайдах баҕарбыппынан барыахтаах». Ис хоһооно туохха сытарый? Оҕо улаатан баран кини курдук буолбатаҕыттан хомойуу, хоргутуу. Холобур, «Мин оскуоланы кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбитим, кини суох» диэн.

Өссө биир көрүҥ баар эбит – иллюзорнай. Ол эбэтэр оҕону ханнык эрэ систиэмэни тутуһан иитии. Оҕону эрдэ сайыннара сатаан, оҕо доруобуйатын, туругун учуоттаабакка, күүһүнэн араас «закаливание» көрүҥнэрин туһаныы, итэҕэлгэ сыһыарыы. Онтон кэлин төрөппүт эмиэ оҕустарар. Холобур: «кинини сайыннараары ыарахан баҕайы сыаналаах набор ылан биэрбиппит, онно наадыйбат». Эбэтэр маннык: «Оҕом ыарыйдаҕына эрэйдэнэр, ол иһин кинигэ ааҕан, дьон сүбэтин ылан,  араас ньыманы боруобалаатым, тоҕо эрэ туһалаабат», – диэн сонньуйар. Ханнык төрөппүккэ эн куһаҕаҥҥын, оҕоҕун сатаан ииппэтэххин диэн этиэххиний?

Хас биирдии киһи оҕо иитиитигэр тус көрүүлээх. Ханнык баҕарар ийэ, аҕа оҕотун таптыырын уйулҕатын таһымынан, бэйэтин өйдөбүлүнэн барыа суохтаах.

Оҕо төрөппүтүн курдук диэн мээнэҕэ эппэттэр. Оннооҕор «Яблоко от яблони недалеко падает» диэн этии баар. Онон хас биирдии төрөппүт тус туругун, уйулҕатын ырытан көрөн, оҕо санаатын учуоттаан, өйөөн иитиэхтээх. Этэргэ дөбөҥ курдук.

Оҕону сөпкө иитэргэ наадалаах сүбэлэр.

  • Хас биирдии оҕо үүт-үкчү буолбат,  бэйэтэ айылҕалаах.
    • Ханнык баҕарар төрөппүт – оҕоҕо саамай чугас киһи.
    • Ийэ таптыырын курдук оҕону ким да таптаабат.
    • Оҕо эһигиттэн олох олорорго үөрэнэр.
    • Кини эн бас билииҥ буолбатах.
    • Оҕо сыыһыан сөп, эн эмиэ.
    • Киһи олоҕун тухары үөрэнэр.
    • Өйдүүр хаһан баҕарар ыарахан – сыаналыыр чэпчэки.
    • Оҕо бэйэтин олоҕунан олорор, эн олоххун хатылаабат.
    • Оҕо бэйэтэ кистэлэҥнээх буолуохтаах, эһиги эмиэ.
    • Иирсии баар, ол эрээри ону сатаан сыаналыахтааххын.
    • Киһи үөрүүттэн-көтүүттэн бөҕөргүүр, сайдар.

Бу судургу этиилэри умнумуоҕуҥ уонна өйдүөҕүҥ.     

Лидия Петухова,

Сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолору социальнай реабилитациялыыр киин психолога.

 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Сонуннар | 20.12.2024 | 18:51
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Ахсынньы 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһулааһыныгар кэлэр 2025 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин 9 бэтэрээнэ олорор. «Бу саалаҕа анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара – Арассыыйа дьоруойдара, «Эр санаа» уордьанын, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин...