Оҕо сааһым Чурапчы көһөрүүтүгэр ааспыта
Кини – Чурапчы көһөрүллүүтүн кыттыылааҕа. Кэбээйи оройуонугар тиийэн, эрэйи эҥээринэн тэлэн, кыл тыына ордон кэлэн, үөрэнэн, киһи-хара буолбута. “2017 сыллаахха судаарыстыбаннай архыыбы хаһан, үөрэтэн бэйэм төрүччүбүн 9 көлүөнэни хабан оҥордум. Онно көрдөхпүнэ, бу аҕа ууһун 4-с көлүөнэтиттэн мин соҕотох тыыннаах хаалбыт эбиппин. Онон урукку көлүөнэ киһитэ буоларбынан, кэлэр кэнчээри ыччаттарбар анаан, хаһан эрэ биһиги аҕа ууһугар маннык киһи эрэйдээх-буруйдаах, уһун олоҕу олорон ааспыт эбит диэн өйдүү-саныы сылдьыахтара”, - диэн санаатын үллэстэр Иннокентий Алексеевич Лыткин.
Биирдэ эмэ тото аһаатарбын...
- Билигин сааһырдым. Баттаҕым маҥхайан, уруккуну-хойуккуну эрэ дойҕохтуур, үс оҕобуттан 14 сиэннэнэн, 20 хос сиэннэнэн, “эһээ” дэнэр күндү киһибин. Оонньооботох оҕо сааһым уот кураан суоһаабыт, өҥүрүк куйаастан уута-күөлэ эстибит, кураайытынан аакка-суолга киирбит Чурапчы оройуонугар, Алаҕар нэһилиэгин ыраах кытыы биллибэт-көстүбэт алааһыгар ааспыта. Сэрии буолар сайыныгар түөртээх уол этим. Киһини көрөн билэр буолуохпуттан ыла наар “биирдэ эмэ тото аһаатарбын ханнык” диирбинэн сылыктаатахпына, төрөппүттэрим быстар дьадаҥы дьон эбиттэр. Үс саастаахпар аҕам ыалдьан өлбүтэ. Ийэм түөрт иитимньилээх кыаммат буолан, дьон-сэргэ тугу бэрсэллэринэн эрэ үссэнэн олорбут үһү.
Ырыаһыт Анастасия Лыткина ийэтэ “көтөхпүтэ”
- Мин 1936 сыллаахха, тымныы саамай оройугар, ахсынньы 5 күнүгэр Алаҕар нэһилиэгин үрэх баһа Куулдьа диэн Жданов аатынан холкуос кыстыгар төрөөбүппүн. Миигин саха норуотун биллэр ырыаһыта Анастасия Лыткина ийэтэ Биэрэ эмээхсин “оҕо көтөхпүтэ” диэн ийэм кэпсиирэ. Оччолорго бары чугас аймахтар, уорааннаах уһун кыһыны бары бииргэ дьукаах олорон, күүстэрин-сүбэлэрин холбоон, кыстыгы этэҥҥэ туорууллара.
Төрөппүттэрим
- Аҕалаах ийэм уот кураан дьыллар иннилэригэр, холкуостааһын кэмигэр, маҥнай “Кыһыл Ыллык” диэн артыалга киирэн, маҥнайгы стахановецтар ааттарын ылбыттара. Кэлин бөдөҥсүйэн, “Жданов” аатынан холкуоска киирэн, холкуос бары ыарахан үлэлэрин тэҥҥэ сүкпүттэрэ. Эдэр сылдьан аҕам улуу охсооччу дэтэн аатыра сылдьыбыт. Араас сирдэртэн улахан баайдар күүлэйдэригэр кини аатын ааттаан кэлбиттэри сыл аайы илиинэн от охсууга хаһан да кимиэхэ да иннин биэрбэтэҕэ дииллэр. Биирдэ кини хотуурун биитин, түүн утуйа сыттаҕына кэлэн, төттөрү таптайан кэбиспиттэрин билбэккэ, охсубутун курдук охсон, иннин кимиэхэ да биэрбэтэх. 18 эдэр киһини солбуһуннара сылдьан, Өлөксөйү эккирэтиннэрэ сатаабыттар да, кыайбатахтар. Дьэ, оннук киһи төрөөн-үөскээн ааспыта үһү. Мин аҕам туһунан дьонтон истибиппин сөҕөн, киэн тутта ахтабын.
Оччотооҕу былаас хоргуйууттан миэрэ ылбатаҕа
- Аҕам сут-кураан сыллар саҕаланыыларыгар лаппа сааһыран баран өлбүт быһыылааҕа. Кини 1870-1880 сыллар диэки төрөөбүтэ биллэр. Ийэм холкуоска ыанньыксыттыы сылдьан, түөрт оҕолоох сир-халлаан ыккардыгар туран хаалбыт. Ол саҕана уот кураан туран, күөллэр уулара уолан, балыктара айахтарын атан, истэрэ сытыйан, үөн-көйүүр, сыт-сымар бөҕө буолбута. Туох да күөҕү ордорбокко аһыҥа сиэн, сир-дойду хара буорунан көрөн сыппыта. Киһи айаҕар уган үссэниэх айылааҕа чугаһынан туох да ордубатаҕа. Дьон бара сатаан өтөхтөрү, хотоннору кэрийэн, эргэ ааннар тирии бүрүөһүннэрин булан сии сатыыллара. Хоргуйууттан киһи бөҕө тыына быстыбыта. Ол кэми санаан кэллэхпинэ, оччотооҕу былаас ону барытын көрө сылдьан, туох да дьону өрүһүйэр миэрэ ылбатаҕыттан хомойобун.
Ыарахан кэм саҕаламмыта
- Ийэм эрэйдээх хайдах биһигини тыыннаах хаалларбытын сөҕөбүн. Иитэр-аһатар кыаҕа суох буолан, аймахтарбытыгар ииттэрэ биэрбит быһыылааҕа. Мин Лэгиэнтэй оҕонньордооххо олорбуппун өйдүүбүн. Оҕонньор атахха турбут уолаттардаах-кыргыттардаах буолан, син кыанар ыалга киирсэрэ. Кэлин миигин Бахсыга олорор эдьиийигэр олордо сылдьыбыта. Күн-түүн олох ыараан, өлүү-сүтүү үксээн, араас ынырык сурахтар тарҕаналлара. Дьон ибир-сабыр кистээн кэпсэтэллэрин истэр буоламмыт, дьулаан кырдьыктан саҥабытыттан матарбыт. Дьэ, маннык эрэйдээхтик олордохпутуна, аны Аҕа дойду сэриитэ саҕаланан, баар-суох үлэни кыайар эдэр-сэнэх дьоммут аармыйаҕа ыҥырыллыбыттара. Ытаһыы-соҥоһуу элбээбитэ. Сэрии буолбутун нөҥүө сылыгар аны атын алдьархай ааҥнаабыта. “Хоту балык булдугар көһөр туһунан дьаһал тахсыбыт үһү” диэн сурах тарҕанаатын кытары, мунньахтар буолуталаабыттара. Дьону-сэргэни үмүрү тардан, ыгыы-түүрүү бөҕөтө саҕаламмыта.
Хоту көһөрүүгэ айаннаабыппыт
- Мас тэлиэгэ оҥостон, оҕуһунан состорон, бэрт эрэйинэн Аллараа Бэстээх биэрэгин балаҕан ыйын 20-тин диэки булбуппут. Үөт мастаах инчэҕэй кумах биэрэккэ аһаҕас халлаан анныгар, тымныы тыалга быһыта сыстаран, хас да күн хоммуппут. “Сотору биһигини борокуот кэлэн, хоту илдьэ барыа” диэн кэтэһэн, өрүс уостубат долгуннарын харахпыт ууланыар диэри кэтэһэрбит. Ый аҥаарын курдугунан борокуот кэлэн, баарсаҕа киирэн, ыга симиллэн, тус хоту уста турбуппут. Бэрт өр айаннаан Таас Тумус анныгар, аһаҕас кумахтаах өрүс биэрэгэр аҕалан сүөкээбиттэрэ. Манна эмиэ хайа диэки, хаһан барарбыт билбэккэ син өр олорбуппут. Хас да күн ааспытын кэннэ, хантан эрэ быраҕыллыбыт эргэ мас оҥочолору балык тэрилтэлэриттэн көрдөөн булан, ону абырахтаан-сыбаан, уу киирбэт гына муохтаан, өрүһү таҥнары устубуппут. Ол устан Луҥха диэн Элиэнэ эбэ уҥа салаатынан өрө өксөйөн, ыраах Кэбээйи сиригэр тиийиэхтээх этибит. Кыһын чугаһаабыта биллэн барбыта. Ырыы-сылайыы, аччыктааһын буолбута.
Тымныы, тоҥ хаһаа дьиэҕэ олорбуппут
- Убайым Сүөдэри Таас Тумустан аармыйаҕа ыҥырбыттара. Ийэм үлэһит буолан, икки оҕотун илдьэ таарыйа, холкуос сорудаҕынан оройуон киинигэр барбыта. Мин дьон көрүүтүгэр хааллаҕым буолуо. Алаҕар нэһилиэгин Жданов аатынан холкуоһун дьоно көһүүгэ иккис сылларын кыстаан олорор кэмнэрэ эбит этэ. Ийэм балык собуотугар үлэлии барбыт быһыылааҕа. Биһиги быраҕыллыбыт балаҕаҥҥа олорорбут. Уончалаах убайым үөрэнэ сылдьан, ыалдьан ийэтигэр олоро, миигин көрө, дьиэһиттии кэлээхтээбит этэ. Дьиэбит былыргыта саах сыбахтааҕа барыта тоороонон бүппүтүн, ийэм хаарынан сыбыы-көмө сатаабыта да, тыал-тымныы курдары киирэрэ. Оһохпут оттуллубатаҕа ырааппыт, дьиэ тоҥ хаһаа этэ. Биир сыҥаһа оронтон ураты туох эмэ дьиэ мала баарын өйдөөбөппүн, эгэ, иһит-хомуос диэн кэлиэ дуо... Убайым оһох аттыгар олорон эрэ, чох ыла-ыла мин айахпар симэ сатыыра. Ону сөбүлээбэтэрбин да, аччыгым бэрт буолан силбэр ыйыстыбыта буоларбын өйдүүбүн.
Кыс ортото өлө сыһан турардаахпын
-Арай биир күн убайым муҥнаах хараҕын тиэрэ көрбүтүнэн аргыы аҕай налыс гынан хаалла. Мин өйдөөбөккө, көрөн баран олордум. Онтон “убаай” дии-дии тардыалыы, туруора сатаан уһугуннарардыы илгиэлээн көрдүм да, убайым этэ-сиинэ көһүйэн, иччитэ суоҕунан көрө сытарыттан этим тардан, кутталбыттан сыгынньах таһырдьаны былдьастым. Кыс ортото халыҥ хаарга ханна ырааппыт үһүбүн... Бука, чугас соҕус охтубуппун быһыылаах. Кэбээйи дьоно булан, дьиэҕэ киллэрбиттэр этэ. Арай өйдөнөн кэлбитим, кимнээх эрэ саҥарсаллар. “Тыыннаах, тыыннаах, ыл, айаҕын атытан кулу” дииллэрин истэбин. Ким эрэ ньуосканан сылаас балык миинин иһэрдэ сатаата. Онтон сыгынньахтаан баран, оһох кэннигэр сытыаран, эппин хаарынан аалар курдуктара. Ийэм төһө эрэ айманна, үлэтиттэн кэлбитэ улахан уола өлө сытар, кыра уола сүтэн хаалбыт. Тутатына ирдэһэн миигин булан ылбыта. Бу ыалга ый курдук, суорҕаҥҥа-тэллэххэ сытан баран, арыычча атахпар туруубар ийэм кэлэн илдьэ барбыта. Били дьиэбитигэр буолбакка, бэйэтин холкуоһун дьоно кыстаан олорор бараактарыгар олохсуйбуппут. Бука, үлэлии барбыт кэммэр дьон-сэргэ хараҕын далыгар сырыттын диэтэҕэ.
Кыһалҕа туохха үөрэппэтэҕэ баарай?
- Дьэ, биир күн миигин хайҕаан уостарыттан түһэрбэккэ сылдьыбыттарын ахтыым. Ол маннык этэ. “Балыксыттар хас да күн балыкка үлэлээбит хамнастарын, балык үллэстэн ылаллар үһү” диэн кэпсэтэллэрин истээт, хантан эрэ мөһөөччүк була охсон, онно ойбутум. Таһырдьа киэһэрэн борук-сорук буолбут этэ. Мин санныбар да, атахпар да туох эмэ киһи “таҥаһым” диэн иилинэрэ баарын өйдөөбөппүн. Аччыктаабытым да бэрт, тоҥорум да сүрдээх. Дьон уочараттаан бөлүөхсэн турар сирдэригэр элээрэн тиийдим. Миигин көрөөт: “Бу өлүүнү, доҕоттоор, Дьоллоох сиэнигэр биэриҥ. Балык ыла сыгынньах сүүрэн иһэр. Туораан биэриҥ, оҕо үлүйүө, өлүүтүн ылан бара оҕустун”, – диэн хаһыытастылар. Чугаһаабыппар бары силэллэн биэрдилэр. Яков Павлов диэн киһи сүүрүнэн балык үллэрэ турара. “Кэл бэттэх, нохоо!”– диэтин кытта, утары тиийэн мөһөөччүкпүн тоһуйан биэрдим.
Биир сүүр балыгы ылан, дьиэм диэки соһон тирилэтэ турдум. Дьиэбэр киирээт, уот оттулла турарын көрөөт, икки балыгы үтэһэҕэ үөлэн кэбистим, холумтан кытыытыгар буһара астым. Үтэһэбин сотору-сотору эргитэбин. Син алтабар чугаһаан эрэр оҕо үтэһэ үөлүллэрин, бука, көрдөҕүм буолуо. Бэрт минньигэстик собобун буһаран баран сиэн кэбистим. Дьон балыктарын үллэстэн саҥа дьиэлэрин булан кэлиилэригэр, мин үтэһэ салыы олорор оҕо буолан биэрдим. Миигин көрөн сөҕүү-махтайыы бөҕө буоллулар. “Сатамматах оҕо төрөөбүт эбит. Биһиги саҥа кэлэбит, оттон уолбут балыгын астаан, буһаран, сиэн бүтэн олорор эбит. Дьэ, киһи удьуора, киһи төрдө буолсу. Улааттаҕына эр бэрдэ тахсыыһы” диэн ол киэһэ мин туспунан хайҕаан, кэпсэтии бөҕө буолбутун өйдүүбүн.
Хор, чахчыта оннук. Кыракый бэйэм сутаан өлүмээри, кыл тыыммын өрүһүннэҕим буолуо... Оо, олох кыһалҕата киһини туохха-туохха үөрэппэтэҕэ баарай? Ол курдук, Кэбээйигэ элбэх эрэйи, кыһалҕаны көрсөн син тыыннаах хаалбытым. Дьэ, ити курдук сылдьан син тыыннаах ордон, хоту көһүүттэн эргиллэн кэлэн, 1944 сыллаахха Аллараа Бэстээх биэрэгэр үктэммитим. Ол кэмҥэ Бэстээх дьоно-сэргэтэ балай да хойдубут этэ. Сэрии, сут охсууларыттан тулаайах хаалбыт, көһүүттэн этэҥҥэ тыыннаах кэлбит 60-ча оҕону таһаҕас тиэйэр массыынанан Мындаҕаайытааҕы оҕо дьиэтигэр илдьибиттэрэ.