Оҕо саҥатын сайыннырар “этэрбэстэр”
Оҕо саҥарар дьоҕурун бэйэ оҥоһуга оонньуурдарынан сайыннарыы олус интэриэһинэй уонна кэрэхсэбиллээх. Оонньууну, оҕо санаатын көрөн-истэн, салайан, уларытан биэриэххэ сөп. Арыт бииргэ оонньоон оҕоҕутун үөрдүҥ диэн сүбэлиибит. Бу интэриэһинэй оонньууну Дьокуускай куорат 82-ис №-дээх “Мичээр” оҕо уһуйааныгар тутталлар эбит.
Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕо остуол тула олорон оонньуур. Сукуна таҥастан оҕо тарбаҕар сөп буолар гына сахалыы тигиллибит этэрбэсчээннэр. Кыра оҕо доҕотторун кытта алтыһарын, сэһэргэһэрин
сайыннарар; доҕотторун ортолоругар кыбыстыбакка туттар-хаптар буолар; саҥарар дьоҕура сайдар; тылын саппааһа байар; санаатын этэр, үллэстэр; араас сорудаҕы толорор. Оҕо икки этэрбэһи ылан, хайа табыгастааҕынан тарбахтарыгар кэтэр, быатын түспэт гына баайар.
Оонньуу ис хоһоонунан көрөн, тарбаҕын хамсатар уонна: – хоһоон ааҕыан сөп; – ырыа ыллыыр; – чабырҕах ааҕар; – таабырын таайтарар; – үҥкүүлүүр; – оһуохайдыыр; – атах тэпсэ оонньуур; – футболлуур; – кылыйар; – ыстанар; – сүүрэр; – миэстэттэн ыстанар; – сасыһар; – эккирэтиһэр уо.д.а.
Оонньуур кэмигэр табыгастаах тыллары туттан саҥарар, кэпсиир.
Оҕолоргутун кытта бииргэ оонньооҥ!