29.07.2022 | 15:57

Оҕо саҥатын сайыннарар албастар

Билиҥҥи үйэ оҕото гаджеттарга убанан, интэриниэт сабыдыалынан саҥата хойут сайдар буолбута билиҥҥи кэм сытыы кыһалҕата буолла.
Оҕо саҥатын сайыннарар албастар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

4-5 саастаах оҕолор сатаан саҥарбаттарыттан киһи соһуйбат буолан эрэр. Маныаха төрөппүттэргэ оҕо саҥатын сайыннарар албастары, күннэтэ оҥоһуллар судургу үөрүйэхтэри олоххо киллэрэргэ сүбэлиибит.

 

Оҕо саҥатын киһи бэйэтэ дьиэтигэр эрчийэр усулуобуйаны тэрийиэхтээх. Оҕону ытыһын таһыннаран, тарбахтарын биирдии-биирдии имитэн, ытыһыгар баар ньиэрбэлэрин уһугуннаран оҕо саҥата сайдарыгар туһалыыбыт. Ити тарбахтарын төбөлөрүгэр, ытыстарыгар баар ньиэрбэлэр, оҕо саҥарар саҥата сайдарыгар олус көмөлөөхтөр. Тарбах оонньуулара манна көдьүүстэрэ сүдү буолар.

Оҕо көрөн, үтүктэн барытын олус түргэнник ылынар. Олус үчүгэй ньыманан оҕону бэйэҕитин кытта илдьэ сылдьан үөрэтии буолар. Буспут хортуосканы, мандарины, апельсины, сымыыты хастатыаххытын сөп, бытархай сээкэйи (оҕуруо, тимэх, куруппа арааһа), кумааҕы кыырпахтарын хомуйтарыы олус көмөлөөхтөр. Тиэстэ мэһийэргэ, ытыгынан ытыйарга көмөлөһүннэриэххитин сөп.

Оҕо бэйэтэ таҥнарын ирдээҥ, тимэхтэрин тимэхтээтин, бэргэһэтин, бачыыҥкаларын быатын бааннын, кууркатын, сонун бэйэтэ сомуоктаннын. Төһө өр бодуустаһарын бэйэтэ биллин, ыксатымаҥ, ыгылыйымаҥ – кини бу кэмҥэ тарахтарын эрчийэр.

Оҕо барытын аһан көрөрүн сөбүлүүр, ону  эмиэ туһаҕа таһаарыахха. Ол иһин, холобур, тиис суунар паастатын хаппаҕын бэйэтэ астын уонна ыктын, ону буойумаҥ. Кумааҕыны хайыта тыыталларын эмиэ олус сөбүлүүллэр, ону туһаҕа таһаарыҥ. Кумааҕыны хайытан, кумалатан баран, атаҕын танаһын иһигэр ук, куурда уур диэн үөрэтиэххэ сөп.

        Сайын, күһүн батыһыннара сылдьан сир аһын хомуйтарыы олус туһалаах. Оҕо сибиэһэй салгын сиир, айылҕалыын алтыһар, үлэҕэ үөрэнэр, саҥаны, элбэҕи билэр ону тэҥэ тарбаҕын сайыннарар. Ыскаап, дьыбаан анныгар түспүт маллары ылларыы, быыл сотторуу, кинигэ көрөргө илииһин биирдии-биирдии арыйтарыы, скотч саҕаланыытын булларыы – ити барыта оҕо саҥата сайдарыгар дьиэ усулуобуйатыгар туттуллар албастар.

  

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....