ОҔО СҮРЭҔЭ ТААСКА
Ыччуу-ычча, дьэ, киһи быта-былахыта тоҥор кэмэ үүммүт ээ. Кыһыммыт барахсан оттон син биир кэллэҕэ дии. Барыттан-бары соһуйан-өмүрэн биэрээхтиибит. Халлаан сылыйдаҕына соһуйаҕын, тыалырдаҕына, куйааһырдаҕына – барытыгар. Айылҕа бэйэтэ билэн эрээхтээтэҕэ. Аҕыйах ыйы тулуйбут киһи, били сүллүкүүттэрбит киирбиттэрин, оҕо кыһыҥҥы сынньалаҥа бүппүтүн кэннэ, кутуйах хаамыытынан күммүт уһаан, халлаан уордайбыта кэм сымнаан барыахтаах. Оччоҕо эмиэ дьон тэҥҥэ сымнаан, сирэйдиин-харахтыын сэргэхсийбит курдук буолаллар.
Итинник саныы-саныы, Уйбааскы уулусса устун соҕотоҕун дьиэтин диэки хоочугураата. Маҕаһыынтан килиэбин, лапсатын атыылаһан, киэһэ аһылыгын илдьэ иһэр. Сиэнэ Маайыската кэтэспит буолуохтаах. Икки иэдэһэ дьэдьэн курдук тэтэрэн баран оһоҕун иннигэр алаадьылыы турарын санаан, Уйбааскы мүчүйэн ылла. Ыксаабыта буолан, хаамарын тэтимирдэн биэрдэ.
Бу саас эмээхсинэ өлүөҕүттэн Маайыскатынаан иккиэйэҕин эрэ олороллор. Кыыс быйыл оскуолатын бүтэриэхтээх. Эбээтин суохтаан аҕай биэрээхтиир, кини эрэ буолуо дуо, оҕонньор да сотору-сотору үөһээ тыынара элбээтэ. Саас да ырааттаҕа, сиэнин туһугар эрэ олорбут, үйэни уһаппыт киһи диэн айдааннаах.
Кыыһа буолуохсут оҕотун алта ыйыгар бырахпыта да, онно сойбута, кутуруга куйаарбыта ыраатта. Сыл баһыгар-атаҕар кэлэн билистэҕинэ баһыыба. Оҕолоохпун диэн оройдоппот дууһа сылдьаахтыыр. Ама да бэйэлэрэ төрөппөтөх оҕолоро буоллар, туох баар тапталларын, кыһамньыларын биэрэн туран улаатыннарбыттара. Эмээхсинэ сатаан оҕоломмот буолан, роддом дьиэттэн оҕо иитэ ылбыттара. Кыһылыттан бүөбэйдээн, атын оҕолортон хаалсыбат гына таҥыннараллара, биэһин туолуутугар аны уол оҕону иитэ ылбыттара. Хата, ол Ганялара барахсан иитиллибит махталын төлөөн, куруук билсэ, кэлэ-бара тураахтыыр. Аҕатын ааҕы куоракка ыҥырар да, Уйбааскы иннинэн буолан онно киирэн бэрт. Кини өллөҕүнэ Маайысканы да көрдөхтөрүнэ, үөрэттэрдэхтэринэ сөп. Ийэтигэр чугаһатыахтааҕар, тэйитэрэ сөпкө дылы.
Оҕонньор олбуорун калиткатын аргыый аҕай аһан киирдэ. Бээрэ, массыына кэлэн барбыт дуу, үөдэн дуу. Тоҕо эрэ сүрэҕэ туллук оҕотунуу толугуруу тэппитин уорбалыы санаата. Кэнники кэмҥэ хам тутара элбээн эрэр курдук. “Сынньаланҥа” да барара чугаһаатаҕа. Туман быыһынан аанын аһан киирбитэ, хос иһигэр саҥа иһиллэр. Оҕонньор хоһу өҥөйөн көрбүтэ, Маайыската сирэйин саба туттан ытыы олорор, аттыгар ийэтэ Лааныка быыстала суох тугу эрэ саҥаран добдугуруур.
Аҕата киирбитигэр, кыыһа киһи киирдэ диэн хайыһан да көрбөтө, биир кэм ыгылыйбыт көрүҥнээх.
- Хайа, бу, дорообо! Туох буолан оҕоҥ үрдүнэн кэллиҥ, — диэн оҕонньор куолаһын сонотон, эрдэттэн бу кэпсэтии ыарахан тыыннааҕын билэн ордоотоото.
- Бааҥҥа улахан иэскэ киирдим. Онон бу дьиэни атыылаан, иэспин төлөөрү, кыыспын бэйэбэр ылаары кэллим, — диэн чаҕылыннарда.
Оҕонньор тугун-ханныгын ситэ өйдөөбөтөр да, сиэнин ылан бараары гыммытын тылын баһыттан-атаҕыттан билэн, Маайыскатыгар харса суох бадьаалаата.
- Ол-бу буолума, тыыннааҕым тухары оҕобун биэриэм суоҕа. Бачча тухары кыһаммакка, иитиспэккэ буолан бараҥҥын, харчыга ыктараҥҥын барыбытын атыылаары кэлэн тураҕын дуо? Бар мантан, эйигинэ да суох олорбуппут, олоруллуо даҕаны.
- Оок-сиэ, оҕонньор кыахтаахтык саҥарталыыр буолбуккун дуу. Бэрт киһи, уолгар киирэн олор ээ. Дьиэни атыылыыбын диибин эбээт. Эбэтэр киһини хаайыыга ыытаары гынаҕын дуо? Атыылаһан куоракка көһөрөр дьон бааллар. Хата, ыарахан соҕустук ылар буоллулар. Барыта кэпсэтиллэн, быһаарыллан бүтэн турар. Билигин харчытын биэрэн баран, аны саас көһөрөн ылыахтара, — диэн барыта быһаарыллыбыт дьыаланы кэпсии-ипсии турда.
Уйбааскы барахсан сүрэҕин туттубутунан сиэнин атгыгар «лах» гына олоро түстэ. Көмүскэтин уута биир кэм саккырыырын сиэҕинэн туора-маары сотто, өрө уһуутуу олороохтоото. Маайыска ыксаан, хараҕын уутун соттоот, куукунаҕа уу аҕала сүүрдэ.
- Эһээ, эһэкээм барахсан, тулуй, баһаалыста ытаама. Эн биһикки мантан ханна да барыахпыт суоҕа.
- Ийэҥ тылын истибэккин дуо? Мин төрөппөтөҕүм буоллар, холоон буолаа инигин. Ол иһин да этэллэр ээ, кырдьаҕастарга иитиллибит оҕо ийэтин утары көрдөрбөт диэн. Улаатан чобуорхайар буолбуккун дии. Оҕонньоор, дьиэҥ докумуонун аҕал. Мин да өлүүм бу дьиэҕэ баар ини. Оччо харчыга ымсыырар буоллаххына, аҕыйах тыһыынчаны быраҕан биэриллиэ.
Оҕонньор, хомойон, кэлэйэн, тугу да саҥарбакка олордо. Ама бу кинилэр кыһылыттан ииппит мааны кыыстара дуо, илэ илэчиискэ буолбут эбит диэн хоргутан, тугу да тобулбакка олордо.
— Чэ, оҕонньоор, толкуйдуур бириэмэ суох. Киэһэ массыынам кэлэн ылыахтаах. Дьиэҥ өссө атыыга барбытыгар үөр.
- Оттон бэйэм ханна барабыный, эбэтэр өлөрөн, көмөн баран атыылаары кэллиҥ дуо? Бэйэм туппут, киһи буолбут дьиэбин атыылыам кэриэтин, эйигин, — диэн иһэн эмиэ сүрэҕин тутунна.
- Миигин сиэри гынаҕын дуо? Тохтууруҥ буолуо, эппит тылбын уруккуттан оҥорон баран тэйэрбин бэйэҥ билэр буолуохтааххын. Онон үчүгэйинэн дьиэ докумуонун аҕал. Кыыс миигин кытары барсыа, эйигин кырдьаҕастар дьиэлэригэр эбэтэр уолгар умса анньыллыа.
— Олорбуппут сыччах. Кырдьар сааспар, төрөппөтөх да буолларбын, син киһи тэҥинэн ииппит, улаатыннарбыт оҕом маннык эрэ кэлэн күргүйдүө диэн санаахтаабатахпын. Туох аньыыбар-харабар Айыы таҥарам маннык атаҕастаата. Дьэ, иккиттэн биирбит буолуо. Маннык илиэһэйтэн барыны-бары күүппүтүм эрээри, маны эрэ буолбатах. Бээ, тохтоо, тыынна ыла түс, аһара хабарҕалаама.
Ити кэпсэтии кэмигэр Маайыска ойон тахсан ыалыттан убайыгар Ганяҕа эрийдэ, туох буолан эрэрин барытын кэпсээн биэрдэ. Убайа сибилигин кэлиэх буолла.
Хата, куораттан чугас олороллор, айаннарыгар, суолларыгар- иистэригэр мэһэйдэппэттэр уонна уоллара, массыыналаах буолан, куруук билсэ турааччы.
Маайыска киирбитэ, эһэтэ саҥата суох оһоҕун иннигэр олорор, ийэтэ суотабайынан кэпсэтэн халыгырыы турар эбит.
Чаанньыктара оргуйан аҥаара эрэ хаалан, биир кэм сыыгыныы турар, алаадьытын тиэстэтэ хойдон хаалаахтаабыт. Киэһэ аһылык эрэ, алаадьы эрэ. Кыысчаан аргыыйдык кэлэн эһэтин таһыгар маҥан баттаҕыттан имэрийбитэ буола турда.
Ити курдук балачча кэм хайалара да саҥата суох сырыттылар. Оннооҕор Лааныката өрө тыына-тыына тэлэбиисэри көрбүтэ буола олордо. Оһохторо сойон, дьиэлэрэ тымныйбыта билиннэ. Оҕонньор оһоҕун буккуйан букунайда уонна аһын бэлэмнээбитэ буолан ампаалыктанна.
- Аска өһүҥ суох буоллаххына, кэлэн аһаа. Син хаһан эрэ иллээхтик, эйэлээхтик бу остуол тула мустар буолар этибит. Киһи кырдьан эҥини да көрөр буоллаҕа, — диэн Уйбааскы чэй кута сырытта.
Ити кэмҥэ таһырдьа атах тыаһа хоочугураан, аан аһыллаатын кытта туманы бүрүммүтүнэн уоллара Ганя киирэн кэллэ. Сирэйэ-хараҕа турбут, дьонун кытта кэҕис гына дорооболоһоот, таҥаһын ыйаан Лааныка диэки хайыста.
- Туох буолан манна кэлэн былааһы ылан, дьоҥҥун ытата-соҥото сылдьаҕыный? Кыаммат дьон диэн атаҕастаары кэллиҥ дуо?
- Эйигиттэн эрэ ыйытыам суоҕа. Улахан иэскэ киирдим, арба, ону эн төлүүрүҥ буолуо. Дьиэни атыылыыбын да сабаас.
- Эдьиийим барахсаны өтө да көрбүт эбиппин. Эн сыл баһыгар-атаҕар кэлэр буолаҥҥын билбэккэ сылдьаахтаатаҕыҥ. Ийэбит өлөрүгэр дьиэтин-уотун барытын миэхэ уонна Маайыскаҕа суруйтарбыта. Онно эн ханна сылдьыбыккыный? Саатар көмүллэр күнүгэр хойутаан сыылаҥхайдаан кэлбитиҥ буолбат дуо? Бу дьиэттэн эн биир да муннугу ылар быраабыҥ суох. Киэр буол мантан! Аҕабын, балтыбын атаҕастатыам кэриэтин, мантан да сылдьан үлэлиэм, уоппуска да ылан олоруом. Иитиллибит иэскин итинник төлүүр буоллаххына, икки харахпытыгар көстүмэ, эйигинэ да суох олоруохпут, — Ганя эдьиийин утары хаһан да саҥарбатаҕын көрөн, бэл, Лааныка мух-мах буолла.
- Дьэ, бэйиккэй, эһиги да үтэһэҕит туолуо! Бу оҕонньордоох эмээхсин куруук эйигин эрэ атаахтатар этилэр, өлөөрү сытар эмээхсиҥҥэ бэйэҥ бу дьиэни суруйтардыҥ ини. Түҥ-таҥ барбыт диэбиттэрэ. Мин суукка тиийэ үҥсүһүөм! Тос мааскаҕытын ылыам! — диэт, сонун, суумкатын харбаабытынан таһырдьаны былдьаста.
Дьиэлээхтэр дьэ бары «һуу» гынан, түүл дуу, илэ дуу диэбиттии бары саҥата суох олордулар. Онтон Ганя:
- Аҕаа, миигин бу нэһилиэккэ баһылык солбуйааччытынан ыҥыраллар, эйиэхэ эппэккэ толкуйдуу сылдьыбытым. Билигин баҕас быһаарынным, ийэм кэриэһин толорон, манна тахсан олохсуйуом, кэргэним да утарсыа суоҕа. Дьиэбитин оҥостон, өссө салҕаан олоруохпут. Хата, эн сиэннэргин көрүөҥ, эйигин аны кимиэхэ да атаҕастатыам суоҕа, — диэн баран Ганя аҕатын мыччыстыбыт сирэйиттэн көмүскэтин уутун сото-сото кууһан олордо.