Оҕо көмүскэлин күнүн Куорат паарката саҥардыллан көрсүөҕэ
«Азия оҕолоро» Оонньууларга куораты тупсарыы чэрчитинэн Ил Дархан Айсен Николаев куорат баһылыга Евгений Григорьевы кытта эбийиэктэр бэлэмнэрин, итиэннэ хаарбах туруктаах дьиэлэри көтүрүү хаамыытын билистэ.
Ол курдук, улахан тутуу, өрөмүөн үлэтэ бу күннэргэ «Туймаада» стадиоҥҥа, Хомсомуол болуоссатыгар уонна Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар бара турар. Евгений Григорьев иһитиннэрбитинэн, бэс ыйын 1 күнүгэр Куорат паарката нэһилиэнньэни номнуо саҥардыллан көрсүөхтээх.
Хаарбах туруктаах дьиэлэри көтүрүү дьаһалта болҕомтотун кииниттэн тахсыбат. Нэһилиэнньэни хаарбах дьиэттэн көһөрүү өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагырааматын иккис түһүмэҕин, ол эбэтэр 2012 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 2017 сыл тохсуньу 1 күнүгэр диэри хаарбаҕынан ааҕыллыбыт дьиэлэр испииһэктэригэр Дьокуускай куораттан 163 дьиэ киирэн турар. Бу испииһэккэ баар Уу тырааныспарын институтун таһыгар Бестужев-Марлинскай уулуссатыгар турар хаарбах дьиэ оннугар сотору Речниктэр сквердэрин тутарга былааннаабыттар. Дзержинскэй уулуссатыгар турбут эргэ дьиэ оннугар эмиэ тупсарыы үлэтин ыытары былаанныыллар.
Евгений Григорьев бэлиэтээбитинэн, хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматын иккис түһүмэҕин куорат 2025 сылы кэтэспэккэ, болдьоҕун иннинэ түмүктүүр, ол эбэтэр аҥаардас быйыл 50 тахса дьиэни көтүрэр былааннаах, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.