28.06.2024 | 16:00

Оҕо эрдэхтэн илдьэ кэлбит дьарык

Уол оҕо айылҕатынан кыра сааһыттан аҕатын диэки иэҕиллэн барар. Онон удьуор утум салҕанан барарыгар, өбүгэ үгэстэрэ үйэтийэ турарыгар аҕа холобура суураллыбат суолталаах.
Оҕо эрдэхтэн илдьэ кэлбит дьарык
Ааптар: Маргарита АКИМОВА
Бөлөххө киир

Ордук тулалыыр эйгэҕэ, айылҕаҕа сымнаҕастык сыһыаннаһарга, быһата, булка-аска сылдьарга аҕа тыла суох үөрэҕэ өбүгэттэн ситимнэнэн кэлбит суруллубатах сокуон. Оттон дьоһун киһи буола үүнэн тахсыбыт уол оҕоҕо туһаайан «аҕатын туйаҕын хатарбыт» диэн этии саамай үрдүк сыанабыл, киэн туттуу бэлиэтэ.

Кырачаан Саша Мэҥэ Хаҥалас Өлөчөйүгэр кылбаа маҥан хатыҥ чараҥнардаах, сиэдэрэй сибэкки хонуулардаах, балыга курдаттыы көстөр ыраас уулардаах, ырааҕынан тайыыр мырааннардаах айылҕа маанылаан чочуйбут остуоруйа курдук дойдутугар – Суола үрэх үрдүгэр күн сирин көрбүтэ. Уолчаан төрөөбүт тиэргэнин ампаарын күлүгэр мас олоппоско олорон, эһэтэ уһанарын сэргии көрөрүн өйдөөн хаалбыт. Тып-тап курдук туттуулаах кырдьаҕас аа-дьуо сиэнигэр тугу уһанарын быһаарар. «Бу балыктыырга аналлаах собо ардьааҕа диэн буолар. Манан балык тутуллар. Бу биһиги кэммит балыктыыр тэрилэ»,– диирин Саша бэрт болҕомтолоохтук истэр. Эһэтэ сорох күн күнү күннүктээн мунду туута диэни өрөр.

Бүгүҥҥү «Эр бэрдэ» балаһабыт дьоруойа – СӨ баһаарынай сулууспатын туйгуна, СӨ баһаарынай сулууспатын бэтэрээнэ, «Туйгунун иһин» мэтээл икки истиэпэнин туһааннааҕа, Арассыыйа ЫБММ бочуоттаах грамотатын хаһаайына, билигин СӨ Баһаары утары судаарыстыбаннай сулууспатын үлэһитэ Александр Егорович Стручкову кытта бэс ыйын 27 күнүгэр бэлиэтэнэр Балыктааһын күнүнэн сэһэргэһиибитин сэргээҥ.

 

Аҕам үөрэҕэ

Эһэм балыктыырга оҥорбут тэриллэринэн кыра эрдэхпиттэн аҕабын кытта элбэхтик бултаспытым. Күөлбүт ыраас буолан, мунду сылдьара курдаттыы көстөрө. Аҕабыныын тыынан уста сылдьан, мунду суолун хаайан, туубутун иитэбит, собоҕо ардьаахтыыбыт.

Ити курдук аҕабын батыһа сылдьан күөгүлүүргэ, туулуурга, илимнииргэ, муҥхалыырга үөрэммитим. Ардыгар эдьиийбин кытта аҕабытыныын күөгүлүүр этибит.

Үһүс кылааска үөрэнэ сырыттахпына кыһын аҕам арай улахан дьон муҥхатыгар илдьэ барда. Бөһүөлэктэн ыраах Соҕуо диэн күөлгэ. Онно улахан дьоннуун тэҥҥэ куул аҥаара балык өлүү ылбыппын күн бүгүҥҥэ диэри наһаа күндүтүк ахтабын. Дьоммор, дьиэбэр аҕалбыт бастакы улахан булдум буоллаҕа. Бэйэм үлэһит киһи буолан улахан муҥхаларга сылдьан, бөһүөлэкпитигэр олорор сэрии огдооболоругар, балыктаабат дьоҥҥо анаан өлүүлээн аҕаллахпытына, дьон-сэргэ үөрэриттэн, махтанарыттан ордук үөрүү суох буолара.

Ити курдук аҕам – эһэбиттэн, мин аҕабыттан утум тардан, тууттан, ардьаахтан, күөгүттэн саҕалаан, бэйэм да билбэппинэн балык булдун сэҥээрэ улааппытым.

Бөһүөлэкпитинэн Суола үрэҕэ ааһар. Уолаттар онно мустан, уһун күннэрбитин күөгүлээн атаарарбыт. Оччолорго анаан-минээн куоракка киирэн, бамбук күөгү атыыласпыттаахпын. Онтум мундуга туох да ааттаах этэ. Онон оҕо саас чаҕылхай күннэрэ балыктааһыны кытта быстыспат ситимнээхтэр.

Бултааһынынан эрэ муҥурдаммакка, аны ол балыктарым туһунан кинигэ, хаһыат, сурунаал ааҕар идэлэммитим. Ийэбит библиотекатыгар анаан баран, балыктар тустарынан литератураны көрөр буолбутум. Дьиэбитигэр даҕаны хаһыат, сурунаал толору. «Юный натуралист», «Охота» диэн сурунааллартан ааҕан, көрөн, балык көрүҥүн үөрэтэр үгэстэммитим.

 

Тэрилтэнэн күрэхтэһэбит

2000-2017 сылларга Арассыыйа ЫБММ баһаарынай надзоругар үлэлээн биэнсийэҕэ барбытым. Билигин баһаары утары судаарыстыбаннай сулууспаҕа үлэлии сылдьабын.

Үлэбэр алын сүһүөх профсойуус бэрэссэдээтэлэ буоларбынан, кэккэ сылларга үлэһиттэр ортолоругар балыктааһыҥҥа күрэх тэрийэн кэллим. Куоракка олорор дьон сиэринэн балыктааһыны айылҕаҕа тахсар биир сылтах быһыытынан, үлэһиттэрим үөрэ ылыммыттара. Онон сыл аайы тиһигин быспакка ыытабыт. Кэнники сылларга өссө, үс тэрилтэ профсойуустара буолан, сүбэбитин холбоон,  министиэристибэбит иһинэн муус аннынан балыктааһыҥҥа күрэхтэһэбит. «Хамаанданан элбэх балык», «Саамай улахан балык», «Саамай кыра балык» диэн анал ааттарга күрэхтэһии бөҕөтө буолар. Быйыл биһиги тэрилтэ кыайыылаах буолан тахсыбыппыт.

 

Муора балыга

Куоракка көһөн киирэн баран оҕо эрдэхпиттэн илдьэ кэлбит дьарыгым көрүҥэ сыыйа уларыйан, балыктааһыным өрүскэ эрэ буолар буолбута. Били сурунаалларбар көрбүт өрүскэ, муораҕа үөскүүр балыктарбын эт илиибинэн тутар-хабар кыах үөскээбитэ. Биир сыл өссө доҕордоһор ыалларбытыныын, оҕолорбутунуун Таилаҥҥа сынньана барбыппыт. Онно сылдьан анаан балыктатар тууру атыылаһан, Сиамскай хомоҕо балыктаабыттаахпыт. Үс тус-туһунан хамаанда этибит. Биһиги баран иһэммит байанайбытын аһаппыппыт уонна, тиийээт даҕаны, балык бөҕөтүн хаптарбыппыт. Эҥин арааһынай кыра, улахан муора балыгын туттарбыппыт. Онтубутун утары буһаран аһаппыттара. Атын икки хамаанда биири да хаптарбатахтарыттан бары да соһуйбуппут. Онон өбүгэм үгэһэ, абыычайа ханна да сырыттахха үтүөнэн дьайарын билэн турабын. Уонна байанайым батыһарыттан булчут киһи быһыытынан сэмээр үөрэбин, махтанабын бөҕө буоллаҕа дии.

Муора балыга, көрдөххө, чараас курдук эрээри, спинининэн таһаарарга сүрдээх эрэйдээх. Туох да утарылаһара күүстээх буолар. Биир балыгы уонча мүнүүтэни быһа туруулаһан, нэһиилэ таһаараҕын. Онно бэйэтэ анал ньымалардаах эбит этэ. Таһааран иһэн күрүчүөгүнэн батары саайан баран, палубаҕа быраҕаллар. Онтон аны өтүйэнэн дөйүтэллэр. Ол эрэ кэнниттэн хаартыскаҕа түһэртэрэллэр.

 

Кэргэним ылынар

Муус аннынан балыктааһыҥҥа кэргэним аймахтарыттан үөрэммитим.

2013 сыллаахтан күн бүгүҥҥэ диэри итинник муус аннынан балыктааһынынан кыһынын дьарыгырабын. Үксүн кэргэммин кытта иккиэн сылдьаммыт, өрөбүл күннэрбитин бииргэ атаарабыт.

Маннык балыктааһыҥҥа биһиги усулуобуйабытыгар саамай наадалаах тэрилинэн балаакка буолар. Аныгы балааккалар оһохтоох буоланнар, олус табыгастаах. Таһырдьа түөрт уон кыраадыс тымныыга иһигэр футболканан олорон балыктыахха сөп.

Кыһыҥҥы балыктааһын сайыҥҥыттан уратыта диэн үлэтэ элбэх. Балааккаҕын, оһоххун, буургун барытын сүгэн-көтөҕөн тиэйиэххин, туруоруоххун, кэлэргэр хомуйуоххун наада. Оттон сайынын тыылаах буоллуҥ, спиниҥҥин, күөгүгүн ыллыҥ да, балыктыырга бэлэм буола түһэҕин.

Онон балыктааһын араас көрүҥүн баһылаатым диэхпин сөп. Үрэхтэн саҕалаан күөл, өрүс, муора балыгын арааһын бултаатым. Хас туппут балыкпын хаартыскаҕа түһэрэммин үйэтитэбин. Ону көрдөхпүнэ, биир киһи холугар балык арааһын бултаатым диэххэ сөп.

Оттон хас биирдии балыгы бултааһын анал тэриллээх, анал кэмнээх уонна бириэмэлээх буолар. Оҕо сааспыттан сөбүлүүр дьарыкпын кэргэним Марианна Васильевна эмиэ ылынан, сэргээн, иккиэн бииргэ сылдьарбытыттан дьоллоохпун. Кини өссө муус аннынан балыгы хаптарыыга миигин куоһарар балыксыт. Булпутун тутатына ыһаарылыыр, туустуур. Онон дьиэ кэргэммитигэр биир сынньанар дьарыкпыт – балыктааһын.

«Киин куорат» хаһыат ааҕааччыларын Балыктааһын күнүнэн эҕэрдэлиибин! Байанайгытын өрүү күндүлүү, махтана сылдьыҥ. Сахабыт сирин көмүс хатырыктааҕа куруук эһиги остуолгутугар баар буоллун!

 

Хаартыскалар: дьоруой тус архыыбыттан

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....