02.03.2024 | 10:00

Оҕо дьиэ кэргэҥҥэ иитиллиэхтээх

Оҕо дьиэ кэргэҥҥэ иитиллиэхтээх
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

“Киин куорат” хаһыат урукку сылларга “Айыыһыт” рубриканы үлэлэтэн, ол иһигэр “Ийээ, хаһан кэлэҕин?” подрубрикатын көмөтүнэн уонча оҕо дьиҥнээх дьиэ кэргэҥҥэ иитиллэр, ийэ, аҕа тапталын билэр толору дьоллонон турар. 
2024 сылга Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сыллара биллэриллибитинэн ийэ-аҕа тапталыгар наадыйар оҕолор тустарынан, оҕону иитэ ылыан баҕалаахтарга сүбэ-ама, көмө буолар рубрикабыт кэскили түстүүр үлэтин сөргүтэбит.

Биһигини кытта Хаҥалас улууһугар баар “Дьиэ кэргэҥҥэ иитиигэ көмө буолар киин” үлэлэһиэҕэ. Маннык Кииннэр билигин Саха сирин аҕыйах улууһугар бааллар уонна тулаайах оҕо дьиэ кэргэҥҥэ эрэ иитилиннэҕинэ киһи буолан тахсарын өйдөтөр, оҕону иитэ ылар дьоҥҥо тирэх буолар сыаллаах үлэлииллэр.

Киин үлэһиттэрэ кэпсээбиттэринэн, кэлиҥҥи сылларга приемнай дьиэ кэргэн ахсаана улаханнык эбиллибэт буолбут. Ол төрүөтүнэн урут тэриллибит приемнай дьиэ кэргэттэр ийэлэрэ-аҕалара сааһыран эрэллэрэ, оттон эдэрдэр туора оҕону иитэ ыларга улахан баҕалара суоҕа буолар. Бу эдэр ыал сөптөөх информацияны билбэтиттэн, оҕону иитэ ылартан куттанарыттан, кыайыа суохпут диэн саллалларыттан буолуон сөп.

 

Хаҥалас улууһун “Дьиэ кэргэҥҥэ иитиигэ көмө буолар киин” дириэктэрин солбуйааччы Юлия Георгиевна Исмакова:

– Биһиги олох очуругар оҕустарбыт, кыһалҕаны кытта көрсөн тэмтэрийбит дьиэ кэргэттэргэ көмөлөһөбүт. Ону таһынан урукку Мохсоҕоллоохтооҕу оҕо дьиэтэ эмиэ биһиэхэ сыһыарыллыбыта. Бэлиэтээн эттэххэ, билиҥҥи үйэҕэ “оҕо дьиэтэ” (“детдом”) диэн термин туттуллубат, судаарыстыба политиката оҕо дьиэ кэргэҥҥэ иитиллэр хайысхатынан барар. Онон «дьоло суох, сордоох-муҥнаах дьылҕалаах оҕо» диэн өйдөбүлү кытта ситимнээх “оҕо дьиэтэ” диэн тыл туттуллубат, биһиэхэ иитиллэр оҕолор дьиэ кэргэнинэн тэриллэн олороллор. Ол эбэтэр биһиги хас биирдии тулаайах оҕо ийэлээх-аҕалаах толору дьиэ кэргэҥҥэ улаатарын туһугар үлэлиибит.

Билигин биһиэхэ иитиигэ бэриллэргэ бэлэм 35 оҕо баар, бу сыыппара уларыйа турара биллэр. 13 куойка-миэстэбит быстах кэмҥэ кэлэр оҕолорго ананар.

Биһиги  Кииммит тулаайах оҕолор олохторун тэрийэрин таһынан Сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор хамыыһыйаларыгар учуокка турар ыалга, социальнай кутталлаах дьиэ кэргэттэргэ көмөлөһөр. Кинилэри кытта ыкса үлэлиибит, оҕолору кытта педагог-психологтар дьарыктаналлар. 2022 сыллаахтан Дьиэ кэргэн, ыччат социальнай-психологическай көмөтүн киинин кытта “Дьиэ кэргэн пазла” диэн бырайыагы үлэлэтэбит. Манна биһиги наар кэтэбил, хонтуруол эбээһинэһин толорбокко, дьиэ кэргэттэрбитин кытта ыкса алтыһыыны тэрийэргэ кыһаллабыт. Холобур, мас олордобут, аһаҕастык кэпсэтэбит, уопсай дьыалаҕа түмсэбит. Бырааһынньыктарга оҕолорбутун эҕэрдэлиибит, спонсордар көмөлөрүнэн оскуолаҕа тэрийэбит.

Социальнай хантараагы түһэрсэр докумуоннары хомуйарга көмөлөһөбүт. Бу хантараак дьиэ кэргэн төһө кыамматыттан көрөн хас да көрүҥнээх. Ол курдук былырыын 138 тыһ. солк. кэриҥэ кээмэйдээх көмөнөн хас да дьиэ кэргэн туһаммыта, оҕолоругар миэбэл, ас-таҥас ылбыттара. Маны таһынан олох таһымын алын кээмэйин үс гыммытыгар тэҥнэһэр сууманы ылар көмө эмиэ баар. Соцхантараагы ылбыт дьиэ кэргэни кытта салҕыы үлэлиибит, көмө харчы туһуламмыт сыалыгар туттулларын хонтуруоллуубут, отчуоттууругар көмөлөһөбүт. Миэбэллэрин атыылаһарга, тиэйэн аҕаларга кытта көмөлөһөбүт.

Психологическай көмөнү оҥоробут. Холобур, олоххо баары кэпсээтэххэ: кэргэнниилэр арахсаллар, оҕо ийэни кытта хаалар, дөрүн-дөрүн аҕатыгар кэлэн барар. Оҕо аҕатыгар араас соччото суох түгэннэри кэпсиир. Аҕа биһиэхэ кэлэн сайабылыанньа суруйар, оҕоҕо психолог көмөтө наадатын этэр – маннык түгэҥҥэ эмиэ биһиги Кииммит толору көмөнү оҥорор кыахтаах.

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн биһиги курдук сэттэ Киин тэриллэн үлэлиир: Сунтаарга, Бүлүүгэ, Үөһээ Бүлүүгэ, Тойбохойго, биһиэнэ Хаҥаласка уонна Дьокуускайга икки – биир өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах “Берегиня” Дьиэ кэргэҥҥэ иитиллии киинэ уонна төрүөхтэриттэн  7 саастарыгар диэри оҕолору иитэр киин (уруккута “Дом малютки”). Маны таһынан, Социальнай-реабилитационнай кииннэр, Нэһилиэнньэ социальнай харыстабылын управлениетын иһинэн үлэлиир Дьиэ кэргэҥҥэ, оҕолорго социальнай көмө кииннэрэ үлэлииллэр. Ол аата хас биирдии улууска дьиэ кэргэни арыаллыыр сулууспалар бэрт таһаарыылаахтык үлэлии олороллор диэм этэ.

 

Дьиэ кэргэҥҥэ иитиигэ көмө буолар Кииннэр тулаайах статустаах уонна быстах кэмҥэ, төрөппүттэрэ атахтарыгар туруохтарыгар, көнө суолга үктэниэхтэригэр диэри иитиллэр оҕолордоохпут. Биһиги сокуоннай сааһын туола илик оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ барыларыгар көмөлөһөргө бэлэммит. Дьон маннык Кииннэр баалларын билэрэ наада. Олоххо араас буолар, кэмигэр оҥоһуллубут көмө хас да киһи дьылҕатын быыһыан сөп.

Ийээ, хаhан кэлэҕин?

Настя, 16 саастаах.

Элэккэй, кэпсэтинньэҥ, дьоҥҥо көмөлөһөрүн сөбүлүүр. Дьону кытта уопсай тылы түргэнник булар. Бэйэтин көрүнэр, малыгар-салыгар харыстабыллаах сыһыаннаах, чэнчис. Иитээччилэригэр өрүү илии-атах буолар. Спордунан дьарыктанар, үҥкүүлүүр, ыллыыр. Дьиэ кэргэн (Кииҥҥэ олорор оҕолор “дьиэ кэргэннэринэн” олороллор) уонна Киин уопсай тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кыттар.

Иитиигэ, эпиэкэҕэ, попечительствоҕа бэриллиэн сөп. Доруобуйатын туруга – 4-с. Ийэтэ суох буолуоҕуттан, аҕата бырааба быһыллыаҕыттан тулаайах статустаах.

 

Сергей, 14 саастаах.

Кэпсэтинньэҥ, дьоҥҥо олус үтүө санаалаах. Сорудаҕы толорумтуо. Иллэҥ кэмигэр хамсаныылаах-имсэниилээх оонньуулары, спордунан дьарыктанарын сөбүлүүр. Үчүгэйдик уруһуйдуур, уһанар. Саастыылаахтарын кытта тапсар, эрэллээх табаарыс. Оскуола, Дьиэ кэргэн, Киин тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кыттар, элбэх грамоталаах, сертификаттаах.

Иитиигэ, эпиэкэҕэ, попечительствоҕа бэриллиэн сөп. Ийэтэ, аҕата суох буолуохтарыттан тулаайах статустаах. Доруобуйатын туруга – 2-с. Бииргэ төрөөбүттэрдээх.

 

Аслан, 13 саастаах.

Сытыы, чобуо, элэккэй, кэпсэтинньэҥ уол. Уруһуйдуурун, пластилинынан, лего-конструкторынан оонньуурун, ойуулук көрөрүн астынар. Үчүгэй куоластаах, артыыстыыр дьоҕурдаах. Дьиэ кэргэн, Киин тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кыттар. Иллэҥ кэмигэр футболлуурун, компьютерга хасыһарын сөбүлүүр.

Иитиигэ, эпиэкэҕэ, попечительствоҕа бэриллиэн сөп. Ийэтэ суох буолуоҕуттан, аҕата бырааба быһыллыаҕыттан тулаайах статустаах. Доруобуйатын туруга – 2-с. Бииргэ төрөөбүттэрдээх.

 

Оҕолор тустарынан толору информацияны бу нүөмэринэн билсиэххэ сөп: +7 (41144) 4-83-14 – Профилактика уонна оҕолоох дьиэ кэргэттэри арыаллыыр салаа.

Ватсабынан суруйарга: 8-914-277-03-60

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....