26.03.2024 | 14:40

Оҕо аймах сылын икки бастакы ыйыгар 1697 кырачаан күн сирин көрдө

Оҕо аймах сылын икки бастакы ыйыгар 1697 кырачаан күн сирин көрдө
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

2024 сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр биллэриллибит Оҕо аймах сылын икки бастакы ыйыгар 1697 кырачаан, ол иһигэр 865 кыыс, 832 уол оҕо күн сирин көрдүлэр, диэн иһитиннэрэр Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ.
Кэлиҥҥи биэс сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ийэ буолууну уонна оҕо төрөөһүнүн үбүлээһин иэнэ 8-тан тахса төгүл улаатта. Федеральнай бырагыраамалары сэргэ региональнай өйөбүллэр бааллар. Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн үһүс оҕоҕо төрөөтөҕүнэ ананар «Дьиэ кэргэн» ийэ хапытаала быйылгыттан икки бүк үрдээн, 300 тыһ. солк. тиийдэ. Ил Дархан маны сэргэ Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылынан олохтоммут «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаалы кэлэр биэс сылга диэри уһатар туһунан ыйааҕы таһаарбыта. Ол курдук, бу хапытаал 2022 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 2027 сыл ахсынньы 31 күнүгэр төрөөбүт оҕолорго дьиэ кэргэн дохуотуттан тутулуга суох ананар. 2024 сылга «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал харчыта 110 тыһ. солк. тэҥнэһэр. Оттон дьиэ кэргэн хапытаалын өрөспүүбүлүкэ ыаллара сүрүннээн олох-дьаһах усулуобуйатын тупсарыыга, тырааныспар атыылаһыыга туһаҕа таһаараллар, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулуспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...