16.05.2024 | 18:00

Нюргуяна Шадрина: «Тиэтэйбит» кэннэ төлө барбытым...»

Нюргуяна Шадрина: «Тиэтэйбит» кэннэ төлө барбытым...»
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Ааспыт ый бүтүүтэ улахан экраҥҥа сүрэхтэммит «Кыталыктаах кырдалым» киинэ дьон-сэргэ киэҥ биһирэбилин ылла. Көрөөччүлэр кыралыын-улаханныын, эдэрдиин-эмэнниин, кырдьык, кыталыктаах кырдалга сылдьыбыт саҕа сананныбыт. Оҕолуу ыраас, сырдык киинэ бар дьон кутун-сүрүн тутта. 

Бүгүҥҥү нүөмэрбитигэр киинэҕэ ийэ оруолун итэҕэтиилээхтик толорбут Нюргуяна Шадринаны кытта ирэ-хоро кэпсэттибит.    «Кыталыктаах кырдалым» киинэттэн кынаттаммыт истиҥ сэһэргэһиибитин сэргээҥ, сэҥээриҥ.

 

Үлэлииргэ астык этэ

– Киинэбит көрөөччүгэ үһүс сылыгар сүрэхтэннэ. Бэйэбит да умна быһыытыйбыппыт кэннэ таҕыста (күлэр). Барыбытыгар оннук кэтэһиилээх буолла. Дьиэ кэргэнинэн көрөргө, оҕолордуун сылдьарга үчүгэй киинэ таҕыста диэн үөрэбит. Ити режиссёр Михаил Лукачевскайга иккис үлэм, урут Өркөннүүн «Я люблю тебя, Якутск» диэн киинэтигэр уһуллубуппут. Былырыын Дмитрий Петрович Коркин уонна кини олимпиец иитиллээччилэрин тустарынан «Өрөгөй» диэн киинэтигэр Павел Пинигин ийэтин оонньообутум, быйыл улахан экраҥҥа тахсыахтаах.

«Кыталыктаах кырдалым» дойдубар Аммаҕа уһуллубут буолан, сүрэхпэр ураты чугас. Миша (Михаил Лукачевскайы этэр – Аапт.) Амманы эмиэ олус таптыыр. Продюсер Семен Аманатов, сэһэн ааптара Кыталык Уйбаан, мин – бары Амматтан төрүттээхпит. Ол иһин үлэлииргэ астык этэ. Устуу кэмигэр, бэл диэтэр, айылҕабыт күүс-көмө буолбута, Миша эппитинии, баҕардахпытына күн тыгара, баҕардахпытына – туман түһэрэ. Ити курдук киинэбит ис-иһиттэн тахсан испитэ. Покровкаттан Болугурум чугас турар буолан, дьиэбэр кэлэ-бара сылдьан, этэргэ дылы, сынньана таарыйа үлэлээбитим.

Аммабыт айылҕата киинэбитин киэргэттэ. Устар хамаанда кэрэ көстүүлээх «Три берёзы» баазаҕа хоно-өрүү сытан үлэлээбитэ. Сёма (Семён Аманатовы этэр – Аапт.) бурдук үүнэн турарын, хомуур үлэтин көрдөрүөн олус баҕарбыта.

Аны өссө биир ураты түгэн: биирдэ Миша кыталыгы уруһуйдуу олордоҕуна, үөһэнэн 11 кыталык көтөн ааспыт. Ону нэһиилэ төлөпүөҥҥэ эрэ уһулан хаалбыт этэ. Кыталык Уйбаан дьол көтөрдөрө уһун үйэлээхтэр диэн кэпсээбитэ. «Баҕар, ол оҕо сылдьан көрбүт кыталыктарым буолуохтарын сөп», – диэбитэ.

– Чугас дьонуҥ, баҕар, бэйэҥ кыталык үҥкүүтүн көрбүккүт буолаарай?

–   Аҕам саас бултуу сылдьан 10 дуу, 12 дуу кыталык үҥкүүтүн көрбүт этэ. Кырдьык, киһи тылынан кыайан кэпсээбэт кэрэ көстүүтэ үһү. Аһаан, үҥкүүлээн, ыллаан баран халлааҥҥа үстэ эргийбиттэр уонна ыраах көтө турбуттар. Мин эмиэ көрүөхпүн олус баҕарабын.

 

Оруол барыта чаҕылхай буолбат

– Эйигин ийэ оруола батыһа сылдьар эбит дии. Мин өйдүүрбүнэн, «Тыын» киинэҕэ эмиэ ийэни оонньообутуҥ, өссө «талыыҥ киирэн», «оҕолоннуҥ» этэ дуу? 

– Оҕолорун Доширагынан аһатар ийэни оонньообутум (күлэбит). Киинэҕэ ити бастакы холонуум этэ. Санаабар, камераттан толлорум наһаа биллэр курдук. Онтон сыыйа-баайа «DetSAT» киинэлэригэр быстах көстөн ааһар буолбутум. Салгыы «Лыах», «Замыкание» киинэлэргэ оонньообутум. 2020 сыллаахха «Тиэтэйбит» (реж. Р.Дорофеев) тахсыбыта, дьэ, ол кэннэ төлө барбытым – режиссёрдар бииртэн биир бырайыакка ыҥырар буолбуттара. «Холодное золото» (реж. П.Хики), «Кэрэни көрбүт» (реж. Л.Борисова), «Нуучча» (реж. В.Мункуев) диэн киинэлэргэ уһуллубутум.

Кырдьык, оруол барыта чаҕылхай буолбат. Хас биирдии артыыс «табыллыбыт эбит» диэн бэйэтэ астына көрөр үлэлэрдээх. Мин оннуктарынан «Кэрэни көрбүт», «Тиэтэйбит», «Кыталыктаах кырдалым» киинэлэри ааттыахпын сөп.

 

Оҕо эргиччи сайдар

– «Кыталыктаах кырдалым» эдэркээн артыыстара Айысхан Яковлев (Кешаны оонньообута) уонна Эрхан Слепцов (Валера) эйиэхэ дьарыктаммыт оҕолор диэн истибитим. Хата, таарыйа «Күн оҕолоро» устуудьуйа туһунан кэпсэтиэххэ.

– Эрхан миэхэ дьарыктаммыта, Айысхан кылгастык сылдьыбыта, пандемия саҕаланан, үлэбит тохтоон хаалбыта. Кастиннарга, озвучкаҕа устуудьуйам оҕолорун, төһө кыалларынан, кытыннара сатыыбын. Эрхан ити хаһыс да киинэтэ, Айысхан эмиэ сериалларга уһуллубута.

«Күн оҕолоро» устуудьуйабыт 2017 сыллаахха аһыллыбыта. Оруол суох курдуга, бэйэм да таах олорорбун сөбүлээбэт киһибин. Тугу эрэ саҥаны толкуйдаан, артыыс быһыытынан сайдар санаа күөдьүйбүтэ. Тыйаатыр иһинэн устуудьуйа арыйыахпын баҕарабын диэн этиибин салалтам өйөөбүтэ. Сахалыы саҥарар оҕолору сүүмэрдээн, дьарыктаан барбыппыт. Устуудьуйабыт иитиллээччилэрэ испэктээктэргэ киирэр буолбуттара. Элбэх остуоруйаны туруоран, араас таһымнаах бэстибээллэргэ ситиһиилээхтик кыттыбыппыт, кыайыылаах аатын сүкпүппүт, үгүс бириистээх миэстэҕэ тиксибиппит. Режиссёрунан Павел Ченянов, педагогтарынан бэйэбит артыыстарбыт үлэлээбиттэрэ. Бэйэм уһуйааччы эрэ буолбакка, салайааччы, продюсер быһыытынан сүүрүү-көтүү өттүгэр сылдьыбытым. Пандемия саҕаланыаҕыттан хааччахтааһыннар киирбиттэрэ, онон дьарыкпытын тохтоторго күһэллибиппит.  Онтон былырыын «Кындыкаан» (реж. Саргылана Горохова) испэктээгинэн Санкт-Петербург куоракка ыытыллыбыт «Призвание – Артист» бэстибээлгэ Гран-при буолан үөрэн-көтөн кэлбиппит. Сүрүн оруолу толорбут кыыспыт быйыл оскуоланы бүтэрэр, артыыс үөрэҕэр туттарсар баҕалаах.

Мин санаабар, маннык устуудьуйалар хайаан да баар буолуохтаахтар. Оҕо сыанаҕа сөпкө саҥарарга-иҥэрэргэ, тутта-хапта сылдьарга, хамсанарга-имсэнэргэ үөрэнэр, уопсайынан, эргиччи сайдар.

– Аныгы үйэҕэ оҕону ютуб иитэр буолла диэн дьиксинэбит. Үүнэр көлүөнэни тыйаатырга хайдах сыһыарыахтаахпытый? 

– Чахчы, билигин гаджет үйэтигэр олоробут, туораттан наһаа элбэх информация кэлэр. Үгүс төрөппүт оҕотун хайдах харыстыан билбэт. Букатын бобор табыллыбат, оҕо олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыахтаах, хайдах эрэ гынан кини гаджеты сөпкө уонна таба туһанарын ситиһиэхтээхпит. Холобур, көмпүүтэргэ сыһыаннаах араас куруһуокка биэрэн. Мин санаабар, оҕо дьарыктаах буолуохтаах.  

Дьиҥэр, туох барыта дьиэ кэргэнтэн саҕаланар. Мин көрдөхпүнэ, ыччат тыйаатырга сүрдээҕин сылдьар. Ол иһин оҕо аймаҕы тардар үчүгэй айымньы элбэхтик туруон наада.

Чиэһинэйдик эттэххэ, биһиги улахан оҕолорбут тыйаатырга улаханнык чугаһаабаттар. Баҕар, кыраларыгар наар тыйаатырга соһо сылдьан үлэлээбит буоламмыт эбитэ дуу. Ханна эрэ таҥас быыһыгар утуйан хаалбыт оҕолору нэһиилэ уһугуннаран дьиэлиирбит. 

 

15 сыл кэтэспит оруолум

– «Төлкө» испэктээккэ Маайаны оонньоон, тыйаатыры таптааччыларга ордук киэҥник биллибитиҥ. Эн Маайаҕын көрөөччүлэр хайдах ылыналларый?

– Тыйаатырга 15 сыл үлэлээн баран тиксибит кэтэһиилээх уонна саамай улахан оруолум. «Төлкө» – бар дьон сөбүлүүр айымньыта. Бу арамааны бэйэм даҕаны наһаа сөбүлээн, умсугуйан туран аахпытым. Маайа уобараһа миэхэ олус чугас. Биллэн турар, бастаан долгуйбутум, хата, дьон-сэргэ сөбүлээбитэ. «Маайаны оруобуна итинник ойуулаан көрөрүм» дииллэрин, сорохтор испэктээккэ хастыыта да сылдьалларын үөрэ истэбин. Турбута алта-сэттэ сыл буолла, ол тухары саала куруук тобус-толору. 

 

«Умайа» түһэбин, хараҕым уоттанар

– Ютубка «Театр суолун устун» бырайыактааххыт. Ол туһунан кылгастык кэпсии түһүөҥ дуо?

– Ити Лена Марковалыын иккиэн ааптарыскай бырайыакпыт. Сүрүн сорукпут – артыыстар ааттарын үйэтитии. Дьиҥэр, бу бүтүн хамаанда үлэтэ: устуу, уоту-күөһү туруоруу, таҥыы үгүс сыраттан тахсар.  Уопсайа алта биэриини уһуллубут.

– Саҥаттан саҥаны арыйаргыттан, сонун хайысхаҕа ылсаргыттан толлубат эбиккин дии.

– Мин санаабар, киһи биир эрэ өттүнэн барбакка, эргиччи сайдыахтаах. Саҥа идиэйэ киирдэҕинэ, «умайа» түһэбин, олус үөрэбин, астынабын. Сонун сүүрээнтэн куттаммаппын, төттөрүтүн, хараҕым уоттанар.

 

Ийэ буолуу – уһуктуу

– Дьахтар ийэ буоллаҕына, кыаҕа толору арыллар дииллэр. Ону кытта сөбүлэһэҕин дуо?

– Оннук, саамай сөптөөх этии! Ийэ буолуу – уһуктуу. Дьахтар өйө-санаата, олоххо сыһыана кытта уларыйар.

– 2024 сыл – Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сыла, бэҕэһээ Дьиэ кэргэн күнүн бэлиэтээбиппит. Оҕолоргут төһө улааттылар? Иллэҥ кэмҥитин хайдах атаараҕыт?

– Улахан уолбут 22-лээх. Кыыспыт 17-лээх, быйыл оскуоланы бүтэрэр. Аччыгый уолбут аҕыстаах, иккис кылаас үөрэнээччитэ. Хата, кыраламмыппыт наһаа үчүгэй, Айыыларбытыгар махтал! Онтон атын иккиэн эрэ букунаһан хаалыа этибит.

Иллэҥ кэммитин бииргэ атаара сатыыбыт. Дьиэ кэргэнинэн айылҕаҕа сынньанарбытын туохтааҕар да ордоробут. Сахабыт сирин айылҕата хас дьыл кэмин аайы уларыйара бэйэтэ туспа кэрэ көстүү.

Мин урукку ырыалары истэрбин уонна толорорбун олус сөбүлүүбүн, хайдах эрэ ураты истиҥнэр, ис киирбэхтэр, киһи дууһатын кылын таарыйаллар. Ырыаҕа тапталы эбэм Ылдьаана уһугуннарбыта. Дималыын урукку ырыалары бииргэ толорорбутун ордоробут.

 

Түмүккэ

– Ааҕааччыларга баҕа санааҥ.

– Сахалар –  култуураны, искусствоны өрө тутар омукпут. Киинэбит, тыйаатырбыт бүтүн аан дойдуга биллэр. Уратыбытын атын омуктар кытта сэргии көрөллөр, ол да иһин саха киинэтэ үрдүк чыпчаалга таҕыста дии саныыбын.

Тыйаатыр аптаах, киһини абылыыр сүдү күүстээх. Көрөөччү күннээҕи олоҕун умуннарар, кистэлэҥ санаатын уһугуннарар, өйүн-санаатын уларытар. Тыйаатыры таптааҥ, киинэҕэ сылдьыҥ диэн бар дьоммор баҕа санаабын тиэрдэбин!   

 

Хаартыскалар: дьоруой тус архыыбыттан

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....