26.07.2024 | 12:00

Нюргуяна Хоютанова: «Оҕолорбут бары төннөн кэлиэхтэригэр диэри үлэлиэхпит»

Нюргуяна Хоютанова:  «Оҕолорбут бары төннөн кэлиэхтэригэр диэри үлэлиэхпит»
Ааптар: Наталья КЫЧКИНА
Бөлөххө киир

Анал байыаннай дьайыы тиэмэтэ – бу анараа сылдьар уолаттары эрэ таарыйбат, тыылга кинилэр тустарыгар ис сүрэхтэриттэн кыһанар ийэлэр, кэргэттэр, оҕолор, ону таһынан туох баар күүстэрин уурар, түүннэри-күнүстэри эргиччи үлэлиир, иистэнэр, асчыт волонтердар уо.д.а. буолаллар.
Бүгүҥҥү ыалдьытым – Нюргуяна Авксентьевна Хоютанова, нолуок сулууспатын үлэһитэ, уолун СВО-тан көрсүбүт ийэ.

2021 сыллаахха оҕом үрдүк үөрэҕин бүтэрэн баран сайыҥҥы ыҥырыыга дойдутун иннигэр ытык иэһин көмүскүү аармыйаҕа барбыта. Сулууспалыы сырыттаҕына ахсынньы ыйга "Союзная решимость-2022" Арассыыйа-Белоруссия холбоһук үөрэтиилэрэ буолар (совместные учения). Онно Уһук Илинтэн сэрии сэбин-сэбиргэлин барытын тиэйэн бараллар, үөрэх кэннэ Украинаҕа киирэн хаалаллар. Ол курдук 2022 сыл олунньу 23 күнүгэр оҕом эрийэн, «үөрэтиигэ киирбит оҕолор Украинаҕа баарбыт, төннүбэт буоллубут» диир.

Ол саҕана ким да билбэт, итэҕэйбэт да этэ, онтубут ити. Атырдьах ыйыгар диэри СВО-ҕа сылдьар, онтон атырдьах ыйыгар биирдэ байыаннай чааһыгар төннөр. Оччолорго айманыы тахсар, Оборона министиэристибэтэ срочниктары сааһылаан төнүннэрэр. Ити курдук оҕом балтараа сыл буолан баран этэҥҥэ дойдутугар эргиллэн кэлбитэ.

Оо, билигин санаатахха, кытаанах да кэмнэр саҕаламмыттара, барытыгар куттал этэ: тылгар-өскөр, саҥаҕар кытта сэрэнии, цензураҕа түбэспэтэрбит ханнык диэн.

Оҕом билигин аттыбар баар, дьиэ-уот тэринэ, ыал буола илик. Университеты бииргэ бүтэрбит оҕолоро “Айти пааркаҕа” бизнес арыйбыттар, онно идэтинэн үлэлиир, бырагыраама оҥороллор, бүгүҥҥү күҥҥэ биир саамай наадалаах хайысха буоллаҕа. Магистратуратын саҕалаан иһэн, "үөрэхпин өйдүү сатыыбын да, туох да төбөбөр киирбэт, ити бүтүөр диэри уоскуйбаппын, кэлин ылсыам" диэн, тохтообута. Этэҥҥэ сылдьаахтыыр. Сэрииттэн тахсаат байыаннай чааһыгар хаалбыт 3 ыйын салгыы сулууспалаабыта, ол кэмҥэ чааһын хамандыыра өйөөн, көмөлөһөн, адаптациятын наһаа ыарырҕаппакка ааспыта. Эдэрдэрэ да бэрт буоллаҕа. Дьиэтигэр төннөрүгэр уоскуйан кэлбитэ.

***

2022 сыл кулун тутар ыйыгар төрөппүттэри мустум, 70-тан тахса буоллубут, онтон ыла үлэбин саҕалаабытым. Билигин өссө күүскэ үлэлиибит. Чуолаан ийэлэри кытта үлэлэһэбин.

Оччолорго дойдубутугар буоллун, өрөспүүбүлүкэбитигэр буоллун, пуондалар эҥин аһылла иликтэринэ, өйөбүл миэрэлэригэр элбэх этиилэри киллэрбиппит, Ил Түмэҥҥэ, Бырабыыталыстыбаҕа тиийэ. Билигин тэрилтэ бөҕөтө аһыллан, кинилэр дьарыктаналлар, биһиги волонтердар курдук сылдьабыт.

Саамай тутаах дьоннор, биллэн турар, ийэлэр буолабыт.

Бэйэм илиинэн дьарыктары наһаа сөбүлүүбүн, онон маастар-кылаастары тэрийэн оҥоробун. Полимернай туойу үөрэтэн, баһылаан, онон уолаттарга анаан харысхаллары оҥоробут. Төрөппүттэри хаба сатыыбын, үөрүүнэн кэлэллэр. Сыалым-соругум диэн, хайдах эрэ дьоҥҥо бу ыарахан кэмнэригэр көмөлөспүт киһи диэн санаалаахпын. Курашов уулуссатын 36-гар баар Саха Өрөспүүбүлүкэтин психологическай киини кытта күүскэ үлэлэһэбит. Кинилэр туох баар баҕа санаабытын, идеябытын өйүү сатыыллар. Ийэлэр эмиэ көмөлөһөн, тэҥҥэ ылсан, бары тэбис-тэҥҥэ тэрийэбит. Төрөппүттэр барахсаттар уйулҕалара олох дьалкыҥнаан сылдьар кэмнэрэ, наһаа уйаннар, онон уйулҕа үөрэхтээхтэрин кытта хайаан да тэҥҥэ үлэлиибит. Сураҕа суох сүппүттээхтэр, өлбүттээхтэр уйулҕалара наһаа чарааһыыр, ыл да билсэн-көрсөн барбаккын. Онуоха анал идэлээхтэрбит күүс-көмө буолаллар.

***

Былырыын сүбэ ыламмыт өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын граныгар кыттыбыппыт. “Саллааттар ийэлэрин сүрэҕэ” диэн бырайыактаммыппыт, быйыл ону түмүктээтибит. Онно бастакы кылааска киирэр байыас оҕотугар бэлэх, төрүүр оҕотугар, кэргэнигэр эмиэ бэлэх, эҕэрдэлээһин киирбитэ. Манна уһук хоту сытар, суоллара-иистэрэ, сырыылара мөлтөх улуустары, нэһилиэктэри хабан, олохтоох дьаһалталары кытта үлэлэһэн, барыта 13 улууска улахан, баараҕай үлэни оҥордубут. Барыта 62 ыалы хаптыбыт, чуолаан кыһынын суоллара баарыгар үлэни ыыттыбыт.

Сибээскэ куруук баарбыт, төрөппүттэр кыһалҕаларын этэллэр, ыйыталлар, быһааттараллар, биир да күн өрөөбөппүт. Ону таһынан, ким эрийэринэн, наадыйарынан сүбэлиибит, уопутуран схематын билэр буоламмыт, булларан биэрэбит, онно бар, итиннэ тиий диэн сүбэлээн-амалаан иһэбит. Чуолаан өлбүт оҕолоохторго, сураҕа суох сүппүттэргэ, ирдэбил, көрдөөһүн, докумуон оҥотторуута буолар. Үксүн улуустар ыйыталаһаллар, билбэттэрэ-көрбөттөрө элбэх буоллаҕа.

***

Киһи наһаа оҕустарар эбит, мин урут улаханнык ыалдьыбат этим, онтум ис-искиттэн сылдьан эрэн алдьатар, санаа-оноо баттыга киһини сиир, кэбирэтэр. Ол да буоллар тохтообокко үлэлиибит, оҕолорбут бары төннөн кэлиэхтэригэр диэри хас биирдии оҕону кэтэһэбит диэн сыал-сорук туруоруммуппут. Маннык бөлөх баара наһаа үчүгэй, өр сибээскэ тахсыбатахтарына долгуйабыт, онтон ким эрэ алҕас иһитиннэрии биэрдэҕинэ, хартыына тахсан кэлэр, мин оҕом ити сылдьар эбит диэн буолар. Ол курдук бөлөххө киллэрбит төрөппүтүм оҕото мин оҕобун кытта бииргэ түбэспит этэ. Онон уолум туһунан ол оҕо төрөппүтүн нөҥүө сурах истэн, сонуммун ыытар этим. Оннук оҕобун кытта булсубуппут, кини наар иһирдьэ сылдьыбыта. Сыл аҥаара сылдьарын тухары иккитэ-үстэ эрэ сибээскэ тахсыбыта. Ол саҕана төлөпүөннэрэ суох, эрийдэхтэринэ да 3 мүнүүтэ эрэ бэриллэр, тыыннаах куолаһын эрэ истэбит, сонун диэн кэлиэ дуо. Ол 3 мүнүүтэ туһугар биир да түүн сүгүн утуйбаккын, эрийэрин истибэккэ утуйан хаалыам дуо, суох буоллаҕа. Түүнүн төлөпүөн тыаһаатаҕына улахан үөрүү, дьиэ кэргэнинэн кэтэһии-манаһыы бөҕөтө буолар этибит. Ийэ киһи тулуура сүрдээх эбит, утуйар ууҥ көтөрүн ыарахаҥҥа уурбаккын, ама оҕом тулуйа сылдьарыгар тэҥнээтэххэ, ол хааппыла саҕа ыарахаттарга киирсэр буоллаҕа.

***

Ийэлэр хамаанда буолан сүрүннээн биэс буолан үлэлии сылдьабыт. "Саллаат ийэтин сүрэҕэ" диэн НКО тэриммиппит. Тэрилтэлэртэн улахан көмө көрдүү иликпит. Бэйэм тэрилтэбэр хамыыһыйаҕа баарбын, кэлэктиип иһинэн гуманитарнай көмө хомуйабыт. 2023 сылга Санкт-Петербург уонна Москва госпиталларыгар 250 кг ыйааһыннаах гуманитарнай көмө хомуйбуппут, ону бэйэм илдьэн туттарбытым. Таһаҕаспытыгар Светлана Диодорова-Лаврентьева көмөлөһөн, кэпсэтэн, арыаллатан илдьибитим. Тэрилтэбит кыра-кыралаан байыастарга, кинилэр дьиэ кэргэннэригэр харчынан эҥин көмөлөһө олорор, онон кэллиэгэлэрбэр, салайааччыларбар махталбын биллэрэбин.

Анал байыаннай дьайыы олунньуга саҕаламмыта, ол кэннэ ыам ыйыгар тута төрөппүт бөҕөтүн Саха Өрөспүүбүлүкэтин психологическай киинигэр психологтарга аҕалбыппыт, оччолорго, этэргэ дылы, саҥа үлэлээбиттэрэ, биһиэхэ быраактыкаланан итинник көмөнү оҥорон саҕалаабыттара. Ол түмүгэр клиническэй психологтар наадалар эбит диэн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 40-тан тахса психологы үөрэттэрдилэр. Эрдэ кинилэр гражданскай өттүгэр сырыттахтара, хаһан сэрии буолбутай, ким да бэлэмэ суох буоллаҕа. Онон ити үлэни саҕалыылларыгар бастакынан биһигини кытта психологическай киин дириэктэрэ Владимир Скрябин, солбуйааччы Октябрина Туприна, Елена Авелева уонна да атыттар үлэлэспиттэрэ. Биһиги турукпутун көрөннөр, ыйааһыннаан, үлэни тэрийэн саҕалаабыттара. Билигин олох ити өттүгэр идэтийбит үөрэхтээх буоллулар, госпиталлары эҥин кэрийэ бараллар. Урут дьон-сэргэ ол эмиэ тугуй диир эбит буоллаҕына, билигин көмөнү наһаа ылар. Билигин байыастар эмиэ наадыйаллар, кэтэһэллэр. Психологтар госпиталга тиийдэхтэринэ үөрэллэр, онон ити хайысха улаханнык үлэлиэн наада.

***

Уолаттарбыт кэлэллэригэр күүскэ бэлэмнэнэ сылдьабыт. Ньиэрбэлэрэ ыһыллан, сылайан, эчэйии бөҕө ылан, тосту уларыйан кэлэр буоллахтара.

Дьиэ кэргэн, ийэлэр, оҕолор, кэргэттэр бары тус-туһунан категория буолаллар, кинилэргэ күүстээх көмө наада. Оҕото бүгүн тыыннаах, сарсын суох кутталыгар олорор араҥаҕа олус уустук кэм тирээн турар.

***

Төрөппүттэр наһаа кыйаханаллар, айманаллар, оҕолоро икки сылтан ортулар, солбуйуу суох. Уопсайынан, наһаа ыраах олорор буоламмыт дуу, тустаах киһини бу сэрии таарыйбат буоллаҕына, кыһалҕа оҥостубаттар. Тэлэбиисэргэ киинэ эрэ курдук көрөр дьон суох буолбатах. Ол гынан баран, биир байыас эппитинии, "аанньаллар" бааллар. Кинилэр СВО-ҕа сыһыана да суох буоллаллар, эттэринэн-хааннарынан, өйдөрүнэн-санааларынан көмөлөһө сатыыллар. Ол – волонтердар. Күннэри-түүннэри иистэнэллэр, мал-сал хомуйаллар, госпиталларынан ас астыы-астыы сүүрэллэр, ыарахан туруктаах байыастары көрөллөр-истэллэр. Маннык дьон баара биһигини үөрдэр, эрэл биэрэр. Этэргэ дылы, бары өттүнэн ким хайдаҕа биллэр, көстөр кэмэ (время истины).

Бу оҥорор харысхалларбытын “Якутия с тобой” волонтердар хамсааһыннара, онтон да атыттар сакаастыыллар, наада буолла диэтэхтэринэ, түмсэ түһэбит да, матырыйаалынан эрэ хааччылыннарбыт, оҥоробут. Аккаастанар киһи суох, саба түһэн көмөлөһөллөр. Бүтэһикпитин 90 устууканы оҥорон волонтердарга туттарбыппыт, үлэм кэлэктиибэ көмөлөһөн, бары үөрэ-көтө кыттыһаллар, ким да ыарырҕаппат, баҕа санааларынан кэлэн оҥороллор.

***

Билигин саамай сүрүнэ тулуур наада, этэргэ дылы, тулуйарбытыгар, кэтэһэрбитигэр эрэ тиийэбит, эрэли сүтэримиэххэ. Барыта этэҥҥэ буолуо, оҕолорбут төннүөхтэрэ диэн күн аайы ол өйө-санаата наада. Ийэ оҕотун кытары ураты сибээстээх дииллэр дии. Ийэ этэҥҥэ сырыттаҕына, оҕо ханна да сырыттар, ол бэриллэр дии саныыбын. Кинилэр быстыбат, көстүбэт ситимнээхтэр. Ийэ уйулҕата доруобай буолуон наада. Ол инниттэн биһиги кинилэргэ көмөлөһө, аралдьыта сатаан, бу маннык тэрээһиннэри ыытабыт. Бэйэтигэр хатанан олорботун, соҕотох буолбатын диэн ыҥыран хампаанньабытыгар киллэрэн араас тэрээһиннэри оноробут. Киһи ыарахан кэмигэр олох хараҥа эрэ өрүтэ баар буолбатын, сырдык, инникини эрэннэрэр, ол иһигэр үөрүүлээх түгэннэрэ эмиэ баар буоларын көрдөрөр сыаллаахпыт.

Мин тус бэйэм уйулҕа үлэһиттэрин (психологи) өҥөлөрүнэн күүскэ туһаммытым. Ол курдук, биир күн, ылбытым да, хараҕым уутун соттон баран, төрөппүттэри мунньан, хамсааһын тэрийбитим. Онон төрөппүттэри, кэргэттэри уйулҕа үлэһиттэрин көмөтүнэн туһаныҥ диэн ыҥырыам этэ. Түүннэри-күнүстэри тохтоло суох үлэлиир быһа нүөмэргэ эрийэн кэпсэтиҥ, бара сылдьыҥ. Өҥө буор-босхо (8 (4112) 31-91-09, 8-800-100-35-50).

 

Ийэлэр суруйаллар:

“Мин маастар-кылааска сылдьаммын эмиэ наһаа сэргээтим, аралдьыйдым, ырааппыт эбит маннык чэпчэкитик сылдьыбатаҕым. Тэрийээччилэргэ, Нюргуяна Авксентьевнаҕа барҕа махтал!”

 

“Бүгүн наһаа астык маастар-кылааска сылдьан сирэйим сырдаан олоробун. Сиртэн халлааҥҥа диэри махталбын этэбин. Бэйэбит бэйэбитигэр буһа-хата сылдьыбакка маннык түмсэрбит наһаа наадалаах, дэлби кэпсэтэн, этэргэ дылы, “тыыммын таһааран” кэллим”.

 

Хаартыскалар: дьоруой тус архыыбыттан

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....