06.06.2021 | 16:33

Ньургуһунунан, сибэккилэринэн

«Хаарыан хампа күөх кытылы» оҥоруоххайыҥ
Ааптар: Иван Ушницкай
Бөлөххө киир

“Талааннаах эрээри соччо биллибэт тыл ойууһута, кыыл тыыппакка ааһар, кэрэ сибэккилэрин курдук, оттон элбэх томнаах кинигэлэрдээх, кыра дьоҕурдаах мөлтөх суруйааччы, сүүнэ улахан, гынан баран лабаалара суох тииккэ майгынныыр, ол тииккэ кыыллар ойоҕосторун аалынан ааһаллар. Сибэкки тииттээҕэр үрдүк буолуон сөбүн онно аан бастаан истибитим.”

Семен Данилов.

    

Үчүгэй оҥоһууну оннооҕор туппас да оҕо харыстыыр. Вандаллар тыыппаттар.  Тулабытыгар оннук элбээтэр.

Ньургуһун күннэрин сылын аайы кыаҕы ылан далааһыннаан иһэрбит. Быйыл дьаҥ мэһэйдээн Ньургуһун күнүгэр араадьыйанан, бассаабынан эҕэрдэлэстибит эрэ. Өссө саҥа толкуйдар киирбиттэрэ. Ону эһигинниин санааны атастаһаары гынабын.

Ньургуһун күннэрин урут маннык соруктаах ыытар этим: ньургуһунунан дьону күүстээх санаалаах буоларга, кэрэни кэрэхсииргэ  уһуйуу; экологияны харыстаан, бүөбэйдээн, субуотунньуктары тэрийэрбит. Лицей кэлэктиибэ, биологическай факультет устудьуоннара кытталлара. Саха сирин аан дойдуга биллэрии, туристар болҕомтолорун тардыы, духуобунай сыаннастары, култуураны, искусствоны, литератураны, норуот маастардарын пропагандалаан, быыстапкалары тэниччи тардарбыт. Биирдэ тыһыынчаттан тахса үлэ сувенир, хоһоон  куонкурустарыгар мунньуллубута. Василий Лазарев 7000 американскай пластиковай ньургуһун значогун оҥорторбута. Ботаническай саад садоводтара хас да араас  дьүһүннээх ньургуһуну аҕалан хайдах үүннэрэри кэпсээбиттэрэ, маастар-кылаас көрдөрбүттэрэ.

Биир бастакы өйөөччүнэн урут экология миниистирэ Владимир Афанасьевич Григорьев буолбута. Кини бирикээһинэн 2004 с. ыам ыйын 18 күнэ Ньургуһун күнүнэн биллэриллибитэ. Министиэристибэ ньургуһунунан айылҕаны харыстыырга, бүөбэйдииргэ   элбэх сувенир, плакат оҥорбута.

Мин хаһыакка итинник көҕүлээһини таһаарарбын кытта, кэрэни кэрэхсээччилэр олус үөрэ өйөөбүттэрэ. Улахан ааттаах-суоллаах артыыстар, биир харчы көрдөөбөккө ыллыыллара-үҥкүүлүүллэрэ, поэттар хоһоон ааҕаллара. Режиссердарбын Василий Винокуровы, Прокопий Неустроевы кытта бастакыттан тапсыбытым. Арассыыйа вице-мисстэрэ, Саха сирин кырасаабыссалара кытталлара. “Хара сир устун” диэн тылынан саҕаланар ырыа ааптардара Василий Протодьяконов, Иннокентий Дмитриев-Сиэн Чолбодук мэлдьи үөрэ кэлэллэрэ. Ырыалара айыллыбыта 50 сыллаах үбүлүөйүн оҥорбуппутугар астыннылар да этэ.  

Амма Болугуругар пааматынньык турар. Итиннэ уһуйаан дьоҕус кэлэктиибэ, Светлана Александрова, Ульяна Михайлова үлэ бөҕө ыыталлар. Улуус үгүс нэһилиэктэрэ “Ньургуһун Куо”, “Ньургун”, “Ньургун ыал” уо.д.а куонкурустарга ыҥырыыларын үөрүүнэн сэргииллэр. Быйыл пааматынньыктарын таһыгар субуотунньуктаабыттар, ыраастаабыттар. Өссө тула мас олордорго быһаарбыттар.

Тойон Мүрүгэ Наталья Бурцева  үөрэнээччилэрин, “Уолан“ гимназия оҕолорун кытта араас тэрээһиҥҥэ ыалдьыттаабытым. Болугурдар курдук ньургуһуну түһэрбит хаартыскаларынан, хоһооннорунан элбэх брошюра, открытка бэчээттииллэр эбит.

Үөһээ Дьааҥы Баатаҕайыгар “Хайа ньургуһуна” бырааһынньыкка эмиэ ытыс үрдүгэр сылдьан, чахчы ыалдьытымсахтарын илэ билэн кэлбитим.

Философията: Саха сирин сааһын курдук чаҕылхай саас атын сирдэргэ аҕыйах. Биһиэхэ бэйэбитигэр кыһыммыт уһуна, тымныыта бэрт буолан олус кэтэһиилээх. Ханна да суох тобус-тоҥ, хап-халыҥ ирбэт тоҥ буору нарын ньургуһун тобулу үүнэн тахсыыта – саас кэлиитин илдьитэ. Ол иһин саас кэллэҕинэ олус үөрэбит. Көтөрдүүн-сүүрэрдиин, дьоннуун дьиҥ таптал, уһуктуу кэмэ кэлэр.  Ньургуһун тахсарын күүтэбит. Тахсыбыт сураҕын да истэн долгуйабыт. Ону көрөөрү, айылҕаҕа бара сатыыбыт. Уһун кыһыны быһа дьиэҕэ хаайтарбыт дьон, онтон кырдьык да, айылҕабытын кытта тыллабыт. Үлэҕэ, айыыга, тапталга ураты уһуктуу саҕаланар. Ол иһин даҕаны ньургуһуну күүстээх санаалаах кэрэ кыыска, тапталга холууллар. Саха олоҥхотун бухатыыра Ньургун диэн ааттаммытын курдук бу кэрэ сибэккини ньургуһун диэн ааттаабыттар. Ханнык да сибэккитээҕэр элбэх айымньы, ырыа, хоһоон ньургуһун туһунан суруллубут.

Аналога: Японияҕа, Соҕуруу Кореяҕа  сакура тыллыытыгар туристар, ордук кытайдар уу лайнердарынан батыһа соҕурууттан Хоккайдаҕа диэри айанныыллар. Кытылга тахсан олохтоох норуот бырааһынньыгар айылҕаҕа дьаарбайаллар, хаартыскаҕа түһэрэн, видеоҕа уһулан ууруналлар, дьоҥҥо киэн тутта көрдөрөллөрө тэриллэр. Ол күнү бырабыыталыстыба өрөбүлүнэн биллэрэр. Бииргэ бырааһынньыктаһар. Ону аан дойду телевидениелара бары көрдөрөллөр.  Ньургуһун атыттары өссө сөхтөрөрүгэр, улахан болҕомто тардарыгар эрэллээхпин.

Саха сиригэр урукку холонуу уопуттарыттан:

1) 1994 с. Мелодистар ассоциациялара «Ньургуһун  ыһыаҕын» Хатас диэки ыспыта. «Ньургуһун» диэн ньургуһуннар тустарынан ырыанньык таһаарбыта. (Көҕүлээччилэр – А.Калининскай, В.Андросов, А.Семенов).

 2) 2004 с. «Орто Дойду Ньургуһуннара» ШОУ-Түһүлгэ. Суорун Омоллоон аатынан опера уонна балет театрыгар буолбута (көҕүлээччи, тэрийээччи – И.Ушницкай). Ити уораҕайга эстрада театрын салалталара Г.Местников, В.Филиппов туох кыаллары көмөлөспүттэрэ. Фойеҕа ньургуһуннаах  араас оҥоһуктарга быыстапка тэриллибитэ. Ньургуһун ойуулаах тэриэлкэлэр, чааскылар, халандаардар, значоктар, оҥоһуктар турбуттара.

3) Саамай элбэх киһини хаппыт тэрээһин циркэҕэ 2011 с. буолбута. Тыһыынчаттан тахса киһи киирбитэ. Сорохтор баппатахтара. 

 

«Орто Дойду Ньургуһуннара»

Тыллыы күннэрэ

Аан дойдутааҕы ньургуһун бырааһынньыга муус устар 19 күнүгэр Англияттан саҕаламмыт. Ол билигин элбэх дойдуга бэлиэтэнэр. Биһиэхэ ириэрии сорох сылга хойутуур. Быйыл ньургуһун хойутаан таҕыста. Ыам ыйын 5-9 күннэригэр “Ньургуһун – кыайыы сибэккитэ“ диэни тэрийэ сылдьыбытым. Национальнай библиотека бэркэ көмөлөспүтэ. 1 этап. Эрдэттэн бэлэмнэнэн бөһүөлэктэри, куораттары ньургуһун ойууларынан киэргэтии.

Ыам ыйынааҕы өрөбүллэри, парадтары «Орто Дойду Ньургуһуннара» күннэригэр дьүөрэлиир табыгастаах буолуо этэ. Бастыҥ билбордарга, панноларга, плакаттарга куонкурустар.

Ньургуһунунан киэргэтиллибит уулуссаларынан Эбэлэр сүүүрүктэрин хоту (холобура, Дьокуускайга Элиэнэ сүүрүгүн курдук соҕурууттан кэлэн иһиэххэ баар). Корея, Япония курдук олохтоох салалталар бэйэлэрэ көрө сылдьан субуотунньуктартан саҕалаан Ньургуһун күннэрин биллэрдиннэр. Ыллыы-ыллыы хаамыы. Болуоссаттарга «ностальжи» үҥкүүлэр, ырыалар.

- бастакы сибэккибит туһунан научнай-практическай конференциялар;

- ойуулуур-дьүһүннүүр искусство, тигии-өрүү-баайыы  оҥоһуктар, сувенирдар, фото-хартыына дьаарбаҥкалара, быыстапкалара, аукционнара, атыылара;

- литературнай айымньыларга ааҕааччылар «төгүрүк остуоллара», куонкурустар;

- шоу-түһүлгэлэр, ырыа, оһуокай, тойук  куонкурустара;

- сааскы сибэккибит өлгөмнүк үүммүт сирдэригэр маршруттары оҥорон дьону тэбистэрбэккэ сырытыннарыы, видеоҕа, хаартыскаҕа түһэрии. Кырдьаҕастар эдэр саастарын санаан төһө эрэ үөрэллэр, махтаналлар...

«Орто Дойду Ньургуһуннара» национальнай паарка

Чочур Мырааҥҥа, ньургуһун саамай үүнэр сиригэр, киэҥҥэ-куоҥҥа тутуохха. Ньургуһун улахан, кыра фонтаннаах, сорохторун айти-технологиянан оҥоруохха. Кыһын хайабыт сирэйэ бэйэтэ экран буолар, ону туһаныахха.  Киэргэтиитэ кыайыылаахтар оҥоһуктарынан тупсарыллан, байытыллан иһиэ этэ.  

Ресторанын остуоллара, олоппосторо, истиэнэлэрэ, аттракционнара барыта ньургуһуну ойуулааһынынан киэргэтиллиэхтээх. Аттракциоҥҥа дьон, оҕолор ньургуһуҥҥа олорон, ньургуһун быыһынан сылдьыахтаахтар. Биологическай институт оранжереята кыһыннары ньургуһунунан үүнэн туруохтаах.

Атын куораттарга набережнайдарын туохтааҕар да кыһанан, киэргэтэн оҥороллор. Биһиги тоҕо онно кыһаммаппытый?

Фонтаннаах Итии күөл тула  университет кылаабынай куорпуһун инниттэн ньургуһунтан саҕалаан араас сибэккилэрбитин айти-технологиянан оҥортуоххайыҥ. Киинэлэр эмиэ кыттыстыннар. Биһиги хайдах да сордонон сибэккини дэлэйдик өр олордор, туруорар кыахпыт суох. Дэлэҕэ үчүгэй буолуо этэ дуо, хаар ортотуттан кыһыннары сибэкки тахсара. “Хаартан быкпыт ньургуһуннаан”, “Эмискэ эн хаарга сардаана үүннэрдиҥ” диэн ырыаларбытынан, лазернай тыктарыынан доҕуһуолланнын. “Итинэн биһиги ытык сирдэрбитин Сайсары эбэни, инники тутуллуохтаах Арктическай киини эмиэ ситимниэ этибит. “Майтоналар” ол кыаллар дьыала дииллэр.  Проспект оҥоһуутун былааныгар киллэрэн биэриэххэ. Дириэктэрим Галина Спиридонова наһаа үчүгэй  идея диэбитэ. “Хаарыан хампа күөх кытылым” диэххэ баар эбит. Саханы аар-сааргы аатырбыт испэктээкпит аатынан билигин аан дойдутааҕы бэстибээллэр ыытыллаллар уонна баһылыыр-көһүлүүр оруолларга биһиги театрдарбыт сылдьаллар. Театральнай, цирковой, эстраднай түһүлгэлэрдээх. Кытылынан ыллыыр, төлөпүөнү зарядтыыр ыскамыайкалары туруоруохха (майалар номнуо оҥорбуттара). Онно кнопка баттаатахха интеллектуальнай оонньуулардаах остуол тахсан өйү сытыылаатын. Тула пааралар, бэлисипиэттээх дьон, сүүрүүнэн, хаамыынан эрчиллээччилэр сырыттыннар. Күөлгэ саас хаҥкы, сайын сибэккилэргэ майгынныыр тыылары оҥорон хатааһылатыы, көтөрдөрү иитии баар буоллун. Төһөлөөх үчүгэй буолуо этэй? 

 

Ньургуһун туһунан айымньылар:

«Ньургуһун уонна Лоокуут» сэһэн. (Дьүөгэ Ааныстыырап)

«Ньургуһун уонна Лоокуут» опернай либретто. (Күннүк Уурастыырап)

«Ньургуһун уонна Лоокуут» опернай либретто. (Суорун Омоллоон)

«Ньургуһун уонна Лоокуут» драма (Т.Сметанин)

«Күһүҥҥү ньургуһун» сэһэн. (П.Чуукаар)

«Күөх ньургуһун» сэһэн. (Н.Михалева)

«Кыһыл ньургуһун» поэма. (Н.Харлампьева)

«Баалаамаҥ дуу, ньургуһуннар» кэпсээн. (В.Гольдеров)

«Куобах түүтэ ньургуһун» кэпсээн. (И.Мигалкин)

«Эйиэхэ сибэкки биэрээри» киинэ уонна испэктээк. (А.Дмитриев ньургуһун туһунан ырыаларынан С.Ермолаев) 

 «Ньургуһуннааҕар ньуолдьаҕай» (Алампа).

Миэхэ куйаары, айылҕаны кэтээн көрөөччү “100 ырыа” диэн барыта ньургуһун туһунан ырыалардаах, кэрэ сибэккибитин бэйэтин түһэрбит хаартыскаларынан  киэргэтэн таһаартарбыт  ырыанньыгын бэлэхтээбитэ. Итиннэ өссө элбэх ырыа киирбэтэх. Онон 200-чэ ньургуһун туһунан ырыа баар буолуон сөп.  Оттон хоһоону ааҕан сиппэккин.

Дойдулар үксүлэрэ национальнай сибэкки символлаахтар,  олору араҥаччы, харысхал бэлиэ оҥостоллор.  Холобура, Англия – роза, Голландия – тюльпан, Швейцария, Австрия – эдельвейс. Арассыыйа – ромашка, Белоруссия – лень, Испания—кыһыл гвоздика. Индия лотоһы, Япония сакураны  таҥара оҥостор. Оттон биһигини хорсун, тулуурдаах буоларга угуйар сибэккибит тоҕо национальнай символ буолуо суохтааҕый? Дьиҥинэн, Ил Дархан ыйааҕынан Ньургуһун күнүн национальнай символ быһыытынан биллэрэн, силиги ситэриэн сөбө.   Куоракка Тупсарыы үс сыла биллэриллибитэ. Саҥа мэр идеяҕа наадыйыан сөп этэ.

 

Идея, бырайыак ааптара

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....