26.05.2022 | 12:00

«Ньургуһун – олох, таптал, Кыайыы сибэккитэ»

«Ньургуһун – олох, таптал, Кыайыы сибэккитэ»
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ньургуһун күнүн көҕүлээччи, саха биллиилээх суруналыыһа, РФ Суруйааччыларын уонна Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Иван Петрович Ушницкай, СӨ Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ,  “Киин куорат» хаһыат эрэдээксийэтэ уонна Дьокуускай куораттааҕы «Норуот айымньытын киинэ» МБТ, «Арчы дьиэтэ» духуобунай култуура киинэ ыам ыйын 1 – 17 күннэригэр биллэрбит

«Ньургуһун – олох, таптал, Кыайыы сибэккитэ»

куйаар ситимин нөҥүө күрэстэрин кыайыылаахтара ааттаннылар.

Күрэскэ уопсайа 88 сайаапка киирдэ. Ол курдук, Булуҥтан, Усуйаанаттан, Дьааҥыттан, Өлүөхүмэттэн, Алдантан, Сунтаартан,  Ньурбаттан, Үөһээ Бүлүүттэн, Бүлүүттэн,  Кэбээйиттэн,  Тааттаттан, Амматтан, Чурапчыттан, Горнайтан, Уус Алдантан, Мэҥэ Хаҥаластан, Хаҥаластан, Намтан, Хатастан уонна Дьокуускай куораттан кыттыыны ыллылар.

Кыайыылаахтар:

Ньургуһун туһунан хоһоону айыыга:

I Үрдэл – Зоя Михайловна Харлампьева (Бүлүү улууһа, Илбэҥэ нэһилиэгэ);

II  Үрдэл – Ираида Коркина-Чугдаара (Дьокуускай куорат);

III Үрдэл – Вера Николаевна Прокопьева (Кэбээйи улууһа, Мукучу нэһилиэгэ);

I Үктэл – Татьяна Петровна Семенова (Мэнэ Хаҥалас улууһа, Догдоҥо);

II Үктэл – Венера Лугинова  (Кэбээйи улууһа, Кэбээйи);

III Үктэл  – Виктория Жекусова (Дьокуускай куорат).

Ньургуһуҥҥа аналлаах кэпсээни суруйууга:

I Үрдэл – Вера Прокопьевна Уарова (Сунтаар улууһа, Тойбохой);

II Үрдэл – Мария Семенова Тебенова (Үөһээ Бүлүү улууһа, Боотулуу);

Оҥоһук, уруһуй күрэҕэ:

I Үрдэл – Раиса Викторовна Охлопкова (Хаҥалас улууһа, Өктөм);

II Үрдэл – Наталья Петровна Юмшанова (Дьааҥы улууһа, Бөтөҥкөс);

III Үрдэл – Уйгуна Пудова (Алдан улууһа, Угоян);

I Үктэл – Далаана Иванова (Алдан улууһа);

II Үктэл – Алгыстаана Мартынова (Амма улууһа, Өнньүөс);

III Үктэл – Христина Докторова (Дьокуускай куорат).

Ырыа, клип:

I Үрдэл – “Ньургуһун” бөлөх (сал. Кычкин П.П., Дьокуускай);

II  Үрдэл – Дьокуускай куорат Киин уокуругун бэтэрээннэрин хора;

III Үрдэл – Мария Степановна Григорьева, Нам улууһа;

I Үктэл – “Бэмби” үҥкүү кэлэктиибэ (Хаҥалас улууһа, Улахан Аан);

II Үктэл – “Сандаара” ансаамбыл (Бүлүү улууһа, “Сайдам” КСК);

III  Үктэл – Жоржетта Ивановна Текеянова (Горнай улууһа, Маҕарас).

Анал ааттар

«Талба талаан» – Зинаида Семеновна Иванова (Хаҥалас улууһа, Улахан Аан);

«Айымньылаах кыттааччы» – Вуталина Васильевна Стручкова (Булуҥ улууһа, Тикси);

«Ньургуһун ырыата» – Галина Владимировна Михайлова (Хаҥалас улууһа, Улахан Аан);

«Ньургуһун – олох, таптал, Кыайыы сибэккитэ» – Клара Николаевна Троева (Уус Алдан улууһа);

“Ньургуһуну хоһуйуу” – Татьяна Егоровна Пудова (Хаҥалас улууһа, Улахан Аан);

«Ньургуһуну хоһуйуу» – Дьокуускай куорат 12 №-дээх оскуолатын 6 "в" кылааһын уолаттарын "Эр хоһууннар"бөлөҕө;

“Сааскы ньургуһун” – Июлина Попова (сал. Татьяна Григорьевна Окорокова, Хатас);

“Ньургуһун – кэрэчээн сибэкки” – Варя Колосова (сал. Татьяна Григорьевна Окорокова, Хатас);

“Ньургуһуннаах  кырдалы бастыҥ дьүһүйүү” – Хатастааҕы "Кэрэчээнэ" оҕо уһуйаанын "Кэрэчээнэ" вокальнай ансаамбыла (сал. Галина Кимовна Ксенофонтова, клип ааптара – Вера Никитична Старкова);

“Саас киэргэлэ ньургуһун” – Александра уонна Владимир Кузьминнар (Мэҥэ Хаҥалас улууһа, Аллараа Бэстээх).

Ньургуһун, чахчы да, олох, таптал, Кыайыы сибэккитэ. Бары кыттааччылары уонна кыайыылаахтары эҕэрдэлиибит! Кыайыылаахтар үлэлэрэ «Киин куорат» хаһыакка бэчээттэниэхтэрэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...