08.06.2022 | 20:00

Үөнтэн-көйүүртэн харыстанар ньымалар

Үөнтэн-көйүүртэн харыстанар ньымалар
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Самаан сайыммыт биир мөкү өрүтүнэн бырдах буолар. Санаабытыгар, сыл ахсын бырдахпыт, үөммүт-көйүүрбүт элбээн иһэргэ дылы. Инньэ гынан, бырдахтан харыстанар тэттик норуот сүбэлэрин билиһиннэрэбин.

Кытыан

Сайыҥҥы нуурал киэһэҕэ кутаа тула олоруоххутун баҕарар буоллаххытына, уокка кытыанна быраҕыҥ эбэтэр кытыан арыытын ыстарыҥ. Кытыан буруотугар бырдах чугаһаабат.

 

Чеснок

Сытын-сымарын аахсыбатахха, чеснок — бырдахха эмиэ олус туһалаах ньыма. 5-6 устуука орто чеснок өлүүтүн ылыҥ, үлтүрүтүҥ, итии уулаах ыстакааҥҥа 5-6 мүн. сытыара түһүҥ. Бэлэм ностуойу пульверизаторга кутан, холобура, балааккаҕатын ыстарыҥ. Тириигэ уонна таҥаска ыстардахха, сытын киһи эрэ барыта биһирээбэт.

Ванилин

Ванилин — үөнү-көйүүрү өлөрөргө саамай табыгастаах уонна көдьүүстээх ньыма, ордук оҥоойу өстөөҕө. Маҕаһыыҥҥа атыыланар бороһуогу тириигитигэр бистиҥ эбэтэр 1 г ванилиҥҥа уонна 10 г оҕо кремин булкуйан эккитин соттуҥ.

 

Лимон уонна эвкалипт

Бырдахтан харыстанар биир саамай көдьүүстээх ньыманан лимон уонна эвкалипт булкааһа буолар. 10 мл эвкалипт арыытыгар биир лимон согун булкуйан, аһаҕас эккэ-сииҥҥэ бистиэххэ сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...