18.07.2024 | 18:00

Новатор учуутал

Новатор учуутал
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

“Мин улууһум киэн туттар дьоно” серияҕа “Сахаада” (сүрүн эрэдээктэр Г.П. Стручков) кинигэ кыһатыгар Майа уонна Хара оскуолаларын физкултуураҕа учуутала Илья Романович Назаров туһунан кинигэ бэчээттэнэн таҕыста.

Энтузиаст, уһуйааччы, новатор учуутал, тренер, атах оонньуутугар Саха АССР спордун маастара Илья Назаровка анаммыт кинигэ сүрэхтэниитэ өрөспүүбүлүкэ учууталларын XX-с “Педагогическай дьаарбаҥкатын” чэрчитинэн Ураһалаах алааһыгар буолла. Төһө да ыарахан ыарыыга ылларан сырыттар, Илья Романович кылгастык кэлэн, кинигэни көрөн астыммытын биллэрдэ.

Новатор учуутал

Илья Назаров 1968 с. Майа орто оскуолатын, 1971 с. Дьокуускайдааҕы 1-кы №-дээх педучилищены бүтэрэн, Майа оскуолатын физкултуураҕа учууталынан үлэтин саҕалаабыта. 1973-1990 сс. Хара аҕыс кылаастаах оскуолатыгар таһаарыылаахтык уонна айымньылаахтык үлэлиир кэмигэр Хабаровскайдааҕы пединститут физическэй иитиигэ салаатын кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбитэ. Ити сылларга физкултуура уруоктарыгар туттуллар оборудованиелары оҥортообута, спорт саалатыгар баара-суоҕа биир мүнүүтэ иһигэр таҥыллар-хомуллар снарядтары туруортаабыта. Ыраах-чугас оройуоннартан дэлэгээссийэлэр кэлитэлиир буолбуттара. Кэрэхсэбиллээх көрсүһүүлэр, уопут атастаһар  семинардар, аһаҕас уруоктар ыытыллыбыттара. Ханна да суох, стандартнайа суох оборудованиелары көрөөрү, ССРС Киин телевидениетиттэн, Германияттан, Чехословакияттан кытта суруналыыстар кэлэн кэпсэппиттэрэ, киинэҕэ устубуттара, хаһыаттарга, сурунаалларга таһаарбыттара. Тыа сирин учууталын айар үлэтин билинии киэҥ, биһирээһин улахан этэ.

Айымньылаахтык үлэлиир учууталга наҕараадалар да өр күүттэрбэтэхтэрэ. 1975 с. «Социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа», салгыы РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Бочуотунай грамотата, “Старшай учуутал”, СӨ физическэй култуураҕа уонна спорка кэмитиэтин бэлиэтэ, «СӨ үөрэҕириитин туйгуна», «СӨ Бэрэсидьиэнин Гранын хаһаайына», 2004 с. «СӨ үтүөлээх учуутала» ааттар үөрүүлээх түгэннэргэ туттарыллыбыттара.

Эҕэрдэлэр, наҕараадалар

Кинигэ сүрэхтэниитигэр Илья Романович Назаровка, ааптардар Февронья Николаевна Егороваҕа, Дмитрий Афанасьевич Егоровка эҕэрдэ бастыҥнара этилиннилэр.  Өрөспүүбүлүкэ, улуус салайааччылара, Илья Романович үөлээннээхтэрэ, доҕотторо кинигэни биһирииллэрин биллэрдилэр. Чуолаан, СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Семенов, Мэҥэ Хаҥаластан Ил Түмэн дьокутаата Тихон Скрябин, учууталлар идэлэрин үрдэтэр институт дириэктэрин солбуйааччы Николай Бугаев, институт уопсастыбаннаһы кытта үлэҕэ салаатын салайааччыта Дария Санникова, СӨ үөрэҕин үтүөлээх үлэһитэ, Айыы оскуолатын дириэктэрин солбуйааччы Светлана Игнатьева, Майа нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Вячеслав Санников, Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Альбина Григорьева, Чурапчытааҕы физкултуура уонна спорт институтун бэрэсидьиэнэ Михаил Гуляев, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар баһылыгынан үлэлээбит Илья Романович үөрэнээччитэ Аполлон Попов, улуус үөрэҕин управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы Михаил Петров, Харатааҕы физкултуура уонна спорт лицейин дириэктэринэн уһуннук үлэлээбит биллиилээх марафонец Афанасий Илларионов, физкултуура учуутала Петр Ефимов, оскуоланы бииргэ бүтэрбиттэр уо.д.а. эҕэрдэлээтилэр, Илья Романович Назаровка уонна кинигэ тахсыытыгар көмөлөспүттэргэ наҕараадалар туттарылыннылар. Улуус, нэһилиэк дьаһалталарыгар, сылдьыбыт дьоҥҥо, орто уонна үрдүк үөрэх кыһаларыгар, библиотекаларга кинигэлэр босхо түҥэтилиннилэр.

Кинигэ ааптардарын санаалара

СӨ наукатын уонна үрдүк үөрэхтээһинин үтүөлээх үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, физико-математическай наука хандьыдаата, көҥүл тустууга ССРС спордун маастара, суруналыыс, хас да спортивнай кинигэлэрдээх Дмитрий Афанасьевич Егоров: “Кинигэ сүрэхтэниитэ олус табыгастаах кэмҥэ ыытылынна. Дириҥ ис хоһоонноох, улахан суолталаах үлэ таҕыста. Өрөспүүбүлүкэ, “Саха” НКИХ архыыптарын туһанныбыт, “Тыа сиригэр хайдах олороҕун, учуутал?” Лена Керемясова биэриититтэн, киинэ-сурунааллар матырыйаалларыттан ыллыбыт. Куйаар-кодунан сүүрбэттэн тахса видео-ролигы киллэрбиппит кинигэбитин олус киэргэттэ. Илья Романович улахан талааннаах, айылҕаттан айдарыылаах, уруок ыытар сурунаалларын таблица оҥортообут саҥаны айарга күүскэ дьулуһар учуутал. Онон методическай босуобуйа, физкултуура учууталлара үлэлэригэр күннэтэ туттуохтарын сөптөөх “остуол кинигэтэ” буолла. Олоҕо, үлэтэ толору сырдатылынна. Баара-суоҕа биэс ый иһинэн таҕыста. Тэтимнээх үлэ барда. Үгүс хаартыскалаах, таблицалаах. Ааптардар бэйэбит да астынныбыт. Бары көмөлөспүт дьоҥҥо махталбытын тиэрдэбит!”.

СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх учуутала, “Учууталлар учууталлара”, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ педагогическай үлэтин бэтэрээнэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Мөҥүрүөн уонна Майа нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, Илья Романович Назаровы кытта Майа орто оскуолатыгар бииргэ үөрэммит үөлээннээҕэ Февронья Николаевна Егорова: «Кинигэ таһаарыыта өй-санаа түмүллүүтүттэн тахсар сыралаах, улахан үлэ. Суруйар киһитигэр ис сүрэҕиттэн, дууһатынан ыалдьар, тус олоҕун, бэйэтин, методикатын ис хоһоонун үчүгэйдик билэр киһи суруйуон сөптөөх. Илья Романович өрөспүүбүлүкэ киэн туттар учуутала. Физкултуураҕа уонна спорка олоҕун бүтүннүүтүн анаабыт энтузиаст, настаабынньык, новатор. Кинигэ сүрэхтэниитэ ис сүрэхтэн ыытылынна. Ахтыы бөҕө этилиннэ. Учуутал, киһи, спортсмен, тренер быһыытынан арылынна. Научнай-педагогическай, методическай суолталаах күүстээх кинигэ буоларын бэлиэтээтилэр. Өрөспүүбүлүкэ учууталларын “Педагогическай дьаарбаҥкатыгар” түмсүү буолан, улуустар учууталлара сырыттылар, элбэҕи биллилэр-көрдүлэр. Кинигэҕэ тиксэннэр, дьиэлэригэр дьоһун бэлэхтээх тиийэр буоллулар. Илья Романович курдук новатор учуутал айымньылаах үлэтэ сурукка-бичиккэ киллэрилиннэ, үйэтитилиннэ. Эдэр учууталлар үөрэтэр-иитэр үлэ сүөгэйин, сүмэтин талан, кэскиллээх педагогическай, айымньылаах үлэлэригэр туһаныахтара”.

Саха АССР физическэй култууратын үтүөлээх үлэһитэ, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, “Учууталлар учууталлара”, Мэҥэ Хаҥалас оройуонун үөрэҕин салаатын инспекторынан, Хара чэбдигирии-спорт лицейин дириэктэринэн үлэлээбит биллиилээх стайер, марафонец, Мэҥэ Хаҥалас улууһун  уонна Хара нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Афанасий Петрович Илларионов: “Мин 1978 сыллаахха оройуон үөрэҕин салаатыгар инспекторынан үлэлээн, Илья Романовичтыын билсэн, күн бүгүнүгэр диэри алтыһабыт. Ааптардар кылгас кэмҥэ матырыйаал хомуйаннар, дьоһун кинигэни таһаартардылар. Новатор учуутал үлэтин, олоҕун киэҥник арыйдылар. Методическай босуобуйа курдук эмиэ суруллубут. Физкултуура учууталларыгар улахан көмө. Илья Романович оҕону иитиигэ киэҥ, туспа көрүүлэрдээх, ону дьулуурдаахтык олоххо киллэрбитэ. Хараҕа саҥа оскуола үлэҕэ киириитигэр бэйэтин баҕатын, идеятын олоххо киллэрэр кыахтаммыта. Стандартнайа суох уруоктарыгар, кылаас таһынааҕы үлэтигэр туһаныллар оборудованиелары, снарядтары туттубута. Төрөппүттэр, механизатордар, сварщиктар көмөлөрүнэн оҥорбуттара. Уопутун тарҕатан, өрөспүүбүлүкэтээҕи семинардары, аһаҕас уруоктары ыыппыппыт. Василий Павлов диэн черчение учуутала оборудованиелары, упражнениелары чертежка түһэрбитин тарҕаппыппыт. Илья Романович курдук физкултуура учууталлара элбии турдуннар!”.

Сэттэ түһүмэхтээх, 60-ча ахтыылаах, физкултуура учууталын үлэтин ньыматын быһаарыылардаах 368 сирэйдээх киэҥ ааҕааччыга ананар бэртээхэй кинигэ олус кэрэхсэбиллээх.

Хаартыскалар: ааптар түһэриилэрэ, «Илья Романович Назаров» кинигэттэн

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....