25.09.2020 | 13:35

“Норуот өйүн-санаатын барҕа баайын, култууратын саҥа технологияларынан сырдатыы, тиэрдии” семинарга ыҥырабыт

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет “Саха өйүн-санаатын баайын уонна култууратын сырдатар-чинчийэр киин” кэммиэрчэскэйэ суох автономнай тэрилтэ

Ыччакка уонна үөрэнээччилэргэ аналлаах “Норуот өйүн-санаатын барҕа баайын, култууратын саҥа технологияларынан сырдатыы, тиэрдии” диэн семинарга ыҥырабыт.

Аныгы технологиялары, көрүҥнэри туһанан төрөөбүт тылбытын, үгэспитин сиэрбитин-туоммутун, төрүт дьарыкпытын хайдах гынан тиэрдиэххэ, үйэтитиэххэ сөбүн туһунан уопут үллэстиитэ, үөрэх ыытыллыаҕа. Өрөспүүбүлүкэ бу эйгэтигэр үлэлии сылдьар айти-исписэлиистэр кэккэ туһаайыылары, сүбэлэри биэриэхтэрэ. ✅ Кимиэхэ ананара: IT эйгэтигэр үлэлиир ыччакка, устудьуоннарга уонна оскуола үөрэнээччилэригэр, чинчийээччилэргэ, уһуйааччыларга, кыраайы үөрэтээччилэргэ. ✅Буолар күнэ-дьыла уонна бириэмэтэ: алтынньы 17 күнэ, 2020 сыл. Күнүс 15.00 чаастан. ✅Буолар сирэ: Дьокуускай куорат, zoom.us былаһаакката. ✅Кыттарга: истээччи уонна спикер быһыытыынан сайаапка биэриэн баҕалаахтар ostyoryja_2019@mail.ru электуруоннай почтаҕа алтынньы 1 күнүгэр диэри ыытаҕыт. ✅ Семинар түмүгүнэн http://sakhasuola.ru матырыйаалларгыт тахсыахтарын сөп. ✅ Кыттыбыттарга туоһу сурук бэриллэр. ✅ Ыйыталаһар нүөмэргит: 89142681196.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....