01.11.2023 | 12:00

Норуот сомоҕолоһуутун күнүгэр анаммыт тэрээһиннэр

Норуот сомоҕолоһуутун күнүгэр анаммыт тэрээһиннэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Норуот сомоҕолоһуутун күнүн көрсө, сэтинньи 1 күнүттэн 5 күнүгэр диэри, араас тэрээһиннэр буолаллар: кылаас чаастара, бэсиэдэлэр, быыстапкалар, викториналар, күрэхтэһиилэр, кэнсиэртэр, аахсыйалар, маастар-кылаастар уо.д.а. диэн Өрөспүүбүлүкэ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Сэтинньи 1 күнүгэр А.Е. Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕодоһууларын дьиэтигэр «Народы Якутии в лицах» быыстапка аһыллыаҕа. Сэтинньи 1 күнүттэн 4 күнүгэр диэри Хомус музейа уонна киинэ хомуска оонньооһун маастар-кылааһын, оттон  сэтинньи 3 күнүттэн 14 күнүгэр диэри «Музыка народов мира едина» быыстапканы тэрийэр.

Сэтинньи 1-10 күннэригэр Саха сирин национальнай архыыба «Якутская национальная военная школа и ее роль в подготовке бойцов Красной Армии» быыстапканы киэҥ араҥаҕа таһаарар.

Сэтинньи 2 күнүгэр Суорун Омоллоон аатынан Судаарыстыбаннай опера уонна балет тыйаатырын сыанатыгар А. Бородин «Князь Игорь» оператын толоруохтара.  

Сэтинньи 3 күнүгэр А.Е. Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕодоһууларын дьиэтигэр «Слово и дело» омуктар икки ардыларыгар доҕордуу сыһыан балаһаакката үлэлиэҕэ. Бу күн «Улахан этнографическэй диктант» ыытыллыаҕа.

П.А. Ойуунускай Саха академическай тыйаатырыгар драматург Василий Харысхал (Андрей Борисов туруоруутугар) «Көмүөл» испэктээкилэ, Аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар судаарыстыбаннай тыйаатырдарыгар (Чернышевскай уул., 14 «Г») Семен Ермолаев пьесатынан «Һуума» испэктээкил күүтэллэр.

Сэтинньи 4 күнүн сүрүн тэрээһинэ – Доҕордоһуу болуоссатыгар уопсастыбаннас көрсүһүүтэ.

Ити күн араас тэрээһиннэр буолуохтара: Бүтүн Арассыыйатааҕы хор аахсыйата; автопробег; «Махтал» саха аһын киинигэр «Күөрчэх» маастар-кылаас; Алтай, Тува, Саха сирин муусукаларын уонна ырыаларын толорор «Сандалҕан» этно-ансаамбыл сүрэхтэниитэ; «Маршрут дружбы» этноквест; А.Е. Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕодоһууларын дьиэтигэр айар кэлэктииптэр кэнсиэртэрэ; Платонов аатынан судаарыстыбаннай эстрада тыйаатырыгар Норуот сомоҕолоһуутун күнүгэр анаммыт кэнсиэр.

Судаарыстыбаннай музейдар «Ночь искусств» Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйаҕа, Пушкин аатынан судаарыстыбаннай нуучча тыйаатыра «Два берега одной Победы» испэктээкилгэ ыҥыраллар.

Сэтинньи 4 күнүгэр Суорун Омоллоон аатынан Судаарыстыбаннай опера уонна балет тыйаатырыгар «Навигаторы детства» регионнааҕы ресурснай киин уонна «Движение первых» Бүтүн Арассыыйатааҕы оҕо, ыччат уопсастыбаннай хамсааһынын регионнааҕы салаата «Наша сила — в цели единой!» аһаҕас кэпсэтиигэ ыҥыраллар.

Эмиэ бу күн Судаарыстыбаннай опера уонна балет тыйаатырын солистара «Ночь искусств» Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа чэрчитинэн тэриллэр кэнсиэркэ күүтэллэр.

Сэтинньи 4-5 күннэригэр Дьокуускайга, өрөспүүбүлүкэтээҕи саахымат-дуобат киинигэр 100 харахтаах дуобакка куорат чемпионата ыытыллыаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...