19.11.2022 | 13:00

Норуот ньымаларынан доруобуйаны көрүнүү

Икки атахтаах, иннинэн сирэйдээх баарын тухары бэйэтин бэйэтэ эмтэнэн киһи-хара буолбута. Киһи оһолго түбэһэрэ, ыалдьара баар суол. Бүгүн ааҕааччыларга анаан бассаап ситимигэр кэлбит туһалаах сүбэлэри тускутугар туһанаргытыгар анаан бэчээттиибит.
Норуот ньымаларынан доруобуйаны көрүнүү
Ааптар: Наталья КЫЧКИНА
Бөлөххө киир

Утуйбат буолууттан

Биир бүтүн дьаабылыканы лиитирэ ууга чаас устата буһарабыт уонна күн аайы утуйуох иннинэ ыстакаан аҥаарын иһэбит.

Атын кыра ыарыыларга

Мурун бүөлэннэҕинэ, баатаны луук сүмэтигэр илитэн баран, муннуга угаллар. Баатаны күҥҥэ 3-4 төгүл уларытыллар.

Сөтөлү эмтииргэ биэс чеснок өлүүскэтин илдьиритэн баран, биир ыстакаан үүккэ оргутаҕын, сиидэлиигин. Утуйуоҥ иннинэ ыстакаан аҥаарын иһэҕин. 
1-2 остолобуой ньуоска ыраастамматах сэлиэһинэй уотурбатын ханнык баҕарар салаакка булкуйан сиэххэ сөп.
Бытырыыс оту (тысячелистник) хатаран, сэбирдэҕин оһоҕос, куртах ыарыылаах дьон салаакка кутан сиэхтэрин сөп.
3-5 устуука горох туорааҕын ууга илитэн, хас сарсыарда аайы сиэтэххэ, кэҕирдэр ыарыы (изжога) ааһыаҕа. 
Аһыах иннинэ 1-2 чаайынай ньуоска пиибэ доруоһатын сиэтэххэ, хатаал (прыщик) суох буолар. 
Сибиэһэйдии тууһаммыт хаппыыстаны күннээҕи аскар туһан. Олус туһалаах.
Сүһүөххэр туус мустубут буоллаҕына, подсолнечник үүнээйи силиһин оргутан иһэ сырыт.
Тиис, миилэ ыарыытыгар, стресскэ төбөҕөр хаппыыста хас да сэбирдэҕин уурунан баран былаатынан баан.

Мунду

Мундуну тот кэмҥэ өр оччо балыктаабат буола сылдьыбыттара. Ол гынан баран, мунду этэ соботтон улахан итэҕэһэ суох иҥэмтэлээх эттиктэрдээх. Чинчийээччилэр этэллэринэн, 100 г мунду этигэр 20,3 г белоктаах, 1,3 г сыалаах, 1 г углеводтаах, элбэх минеральнай вещество баар.

Мундуну буһаран, үөлэн, хохту гынан, лыыбалаан о.д.а. астаан сииллэрэ. Мундуну умнубакка, туулааһыны, муҥхалааһыны сөргүтэр, төрүт ас быһыытынан сыаналыыр наада.

Оҕо сөтөлүннэҕинэ

Биир орто кээмэйдээх лимону сууйан баран уу кутабыт уонна 10 мүнүүтэ буһарабыт. Лимон хаҕын тэһэн баран суогун ыгабыт уонна 100 г мүөт, 2 ост. ньуоска глицерин эбэбит. Оҕоҕо биирдии ост. ньуосканан күҥҥэ үстэ биэрэбит. Сөтөлү аһарарга кэмпириэс эмиэ туһалаах. Мүөтү, испиири, уксууһу уонна мас арыытын тэҥ өлүүлээн булкуйабыт. Сылытан баран икки бүк тутуллубут маарылаҕа сыбыыбыт уонна оҕо түөһүгэр эбэтэр көхсүгэр тутабыт. Үрдүгэр пергаменнаах кумааҕыны, баатаны уурабыт уонна былаатынан баайабыт. Барытын биинтэнэн туттарабыт. Оҕо холкутук мэһэйдэппэккэ утуйар буоллаҕына, кэмпириэһи сарсыардааҥҥа диэри хаалларыахха сөп.

 

Кинигэтэ ааҕыҥ

Киһи күүрэр, ньиэрбинэйдиир кэмигэр кинигэттэн ордук эмтиир дьарыгы була иликтэр диэн учуонайдар быһаардылар.

Дьиктитэ диэн, кинигэ ааҕыыта арыгы иһэрдээҕэр, салгыҥҥа күүлэйдиэхтээҕэр, чэй, кофе иһиэхтээҕэр уонна музыка истиэхтээҕэр киһи уйулҕатын ордук эмтиир дьайыылаах.

Ол курдук учуонайдар баҕалаах дьону мунньан эксперимент оҥорорго холоммуттар. Бары үөһэ этиллибит ньымаларынан стресстэрин таһаарарга холоммуттар.

Чинчийии түмүгүнэн муусука истээччилэр стресстэрэ 61% кыччаабыт, чэй, кофе иһээччилэр 54%, күүлэйдээччилэр киэннэрэ – 42% эрэ. Онтон дьэ кинигэ ааҕааччылар 68% уоскуйбуттар эбит.

Аны туран, анал кинигэ диэн буолбатах, ханнык баҕарар киһини интэриэһиргитэр кинигэ дууһаҕын уоскутуон, санааҕын чэпчэтиэн сөп эбит.

Собо туһунан өссө биирдэ...

Саханы саха гыммыт, өлөр-хаалар күҥҥэ өрөһүйбүт төрүт астарбытынан собо уонна мунду буолаллар.

Собо үрүҥ уонна кыһыл (серебряная, золотая) диэн икки көрүҥнээх. Үрүҥ собо кыһыллааҕар ордук тарҕаммыт. Амтанынан, састаабынан хайа-хайалара улахан уратылара суох.

Собо этэ 100 грамыгар  20.7 г тиийэ белоктаах, дьыл кэмиттэн, күөлүттэн, сааһыттан көрөн 2,1 г сыалаах, углевода суох. Итини сэргэ B1, C,  PP,  B2,  E,  A диэн киһиэхэ олус туһалаах битэмииннэр бааллар. Никель, кальций, молибден, магний, фтор, натрий, хром, калий, тимир,  фосфор, хлор курдук микро-макроэлеменнэрдээх.

Састаабыттан көстөрүн курдук, собо этэ олус иҥэмтэлээх, начаас буһар уонна эккэ-хааҥҥа түргэнник иҥэр.

Ыалдьыбыт кэннэ күүс киллэрэргэ, эти-хааны токсиннартан ыраастыырга собо миинэ – биир бастыҥ ас. Былыр арыгыттан өлөттөрбүт дьон собо миинин иһэн бэттэх кэлэллэрэ.

Собо үөһэ күөмэй ыарыытын эмтииргэ туһалаах. Ис-үөс ыарыытыгар эмиэ тутталлар. Саха саҕа собону таптаан араастаан астыыр омук баара дуу, суоҕа дуу?

Ол курдук, собону хатырыктаабакка миинниэххэ сөп.

Собо элбэх салыҥнаах балык, онто эмиэ туһалаах.  Бу балык, биллэрин курдук, ыраастык бултанар. Ол иһин сорохтор собону кыратык уунан сайҕаан баран, хатырыктаабакка буһараллар.

Оччоҕо собо миинэ ордук хойуу, амтана үчүгэй буолар. Хатырыга мэһэйдээбэт – суллан түһэр уонна миин түгэҕэр сөҥөр.

Собо сиһин хатыылаах уҥуоҕун хайдах сүтэриэххэ сөбүй? Кутааҕа үөлүллүбүт балык олус минньигэс буолар. Кутааҕа үөллэххэ, буһарын сэргэ өссө кутаа буруотугар кыратык ыыһанар буолуохтаах. Ол иһин да буолуо, былыр үөлүллүбүт собону күөх окко суулаан сөрүүн сиргэ уура сылдьан өр сииллэрэ. Соботтон сүһүрүү баара биллибэт.

Билигин собону ыһаарылаан сииллэр. Онно урут саха оччо туттубат ньыматын туһанар буолан эрэллэр. Собо сиһин хатыылаах уҥуоҕа сии олордоххо киһи хайыытыгар хатанан эрэйдээччи. Ону билигин ыһаарылыахтарын иннинэ сытыы быһаҕынан собо сиһин туора чугас-чугас гына быһыта сотоллор. Оччоҕо ыһаары кэмигэр оргуйа сылдьар арыы ол быһыллыбыт суолунан киирэн сис ачаахтаах уҥуоҕун түүрэ сиир. Итинник ыһаарыламмыт собо сиһин этэ хатыыта суох буолан, куттала суох, онон оҕо да сиэн сөп.

Өссө биир сүбэ баар, ол баһын быһан баран буһарыы.

Саха киһитэ собо хайыыта бадарааннааҕын билэр. Ол гынан баран онно болҕомтотун уурбат. Билигин киһи-сүөһү, тиэхиньикэ элбээн, айылҕабыт уларыйда, киртийдэ. Кир ууга сууралларын тэҥэ, уу түгэҕэр сөҥөр. Оттон собо аһын үксүн уу түгэҕиттэн булан аһыыр. Ол кэмҥэ ууга кирдээх бадараан бурҕайар. Собо хайыытынан ууну сиидэлээн тыынарын билэбит. Онон ууга уста сылдьар кир уонна түгэхтэн өрүкүйбүт бадараан собо хайыытыгар мунньуллар. Бадараан очоҕоско эмиэ баар.

Ити бадараан, кир араас, ол иһигэр киһи доруобуйатыгар буортулаах, минераллардаах, сүлүһүннээх эттиктэрдээх буолуон сөп. Баҕар, онтон сиэттэрэн сорохтор соботтон аллергиялыыллара буолуо.

Балык төбөтүн хайыылаах өттүн ылан быраҕан, чөмчөкөтүн арааран ылан, ыраастаан, сууйан баран туспа мииннээн сиир сөп.

Ыһаарылыырга балык төбөтүн быһыа суохха сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....