27.11.2020 | 05:35

Норуот норуодунайы туруорсар

Ааптар: Галина НОВИКОВА
Бөлөххө киир

Үс сыллааҕыта куораппыт саҥа Өрөгөй ырыаламмыта.

Дьокуускай – эйэ-дьол куората,

Дьокуускай – хоту сир сүрэҕэ,

Сырдыкка, кэрэҕэ, үрдүккэ дьулуурбут –

Биһиги кэхтибэт кэскилбит!

Доҕордуу норуоттар эйэҕэ дьулуурбут –

Биһиги самныбат саргыбыт!

– диэн хайа баҕарар саха өйүгэр хатанар, нохтолоох сүрэҕин уйан кылларын таарыйар ырыа поэт Христофор Горохов-Элгэстэй тылларыгар, Владимир Жирков тылбааһыгар уонна өрөгөй курдук норуоту сырдыкка, кэрэҕэ, биир модун сомоҕо буоларга ыҥырар дириҥ патриотическай суолталаах ырыалары кыайа-хото тутар мелодист-композитор Алексей Калининскай-Луҥха Өлөксөй матыыбыгар сүрэхтэммитэ. Алексей Калининскай Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар Ассоциацияларын, киин куораппыт «Айыы Кыһата» диэн биир бастыҥ, күөн туттар национальнай оскуолатын, кэккэ министиэристибэлэр, бөдөҥ тэрилтэлэр, нэһилиэктэр, улуустар гииминнэрин матыыптарын суруйбут номнуо историяҕа киирбит ааптар.

Өрөгөй ырыатын табан суруйуу – маастарыстыба үрдүкү үктэлэ буоларын ааһан, норуот тугунан тыынан, туохха эрэнэн, итэҕэйэн, тирэнэн олорорун, туохха дураһыйарын, дууһатын кылын ханнык дорҕооннорго таарыйтарарын илэ, өтө билии тулхадыйбат туоһута. Аан дойдуга ырыаны, хоһоону айааччы элбэх, ол эрээри ити айымньылар бука бары дьон-норуот сүрэҕэр уйаламматтар эбээт. Сорохтор сонун, сэргэх, сэдэх ыалдьыт, быстах хонор хоноһо эрэ курдук, маанылана түһэн баран, умнуллан, сыппаан хаалаллар, уостан уоска, түөстэн түөскэ бэриллэр дьылҕаламматтар. Ол – олоххо баар көстүү. Оттон Алексей Кириллович айар ырыалара үйэ аҥаара курдук кэм устата дьону-норуоту сомоҕолоон, чахчы да сырдыкка-кэрэҕэ ыҥыран, бүгүн биһиэхэ бүтүн Ырыа күнэ диэн норуот бырааһынньыга үөдүйдэ буолбаат! Биир дойдулааҕым Алексей Калининскай «бырайыак» диэн тылы олус сөбүлүүр. Ити сорох дьон сөбүлээбэттэрин иһин лаппыйан этэбин. Кини бырайыактара, дьэ, чахчы, норуокка туһаайыллаллар, күүрдэр, күүһүрдэр, сомоҕолуур аналлаахтар. Элбэхтэн биири аҕыннахха, уонтан тахса сыллааҕыта төрөөбүт-үөскээбит Куокуйугар “Сибэкки биһикки” диэн Духуобунас скверин туттараары, үгэһинэн кыл тыынынан сүүрэ сылдьыбытын харахпар бу баардыы көрөн кэллим. Быыкаа, аҕыйах киһилээх нэһилиэккэ Духуобунас скверэ тутулларын туруорсуу – киһиэхэ эрэ уйаламмат «бырайыак». Онто, кырдьык, норуокка сөбүлэтэн, быйыл ахсынньыга олоххо киирбитэ 10 сылын туолар. Итинник, норуот санаатын табар талаан киһиэхэ эрэ бэриллибэт. Бука, хаан-уруу норуот киһитигэр эрэ бэриллэр, үөһээҥҥилэртэн ыйаах курдук сүктэриллэн кэлэр анал буолуон сөп. Ол да иһин хас-хас салайар ансаамбыллааҕын, ыллатар ырыаһыттааҕын, айар бөлөхтөөҕүн, күрэхтээҕин тус бэйэм кэлин, кистээбэккэ эттэххэ, ааҕа, билэ да сатаабаппын. Киниэнэ булгуччу ансаамбыл, хор, киниэнэ булгуччу клиптээх, киниэнэ хайаатар да доргуччу, халыҥ халҕаһанан. Итиччэ элбэх киһи кутун тутар, өйүн сүүйэр, тылга киллэрэр, бэйэ кэнниттэн батыһыннарар – сүдү дьоҕур.

Быйыл бу пандемиянан үлэ-хамнас бөҕө атахтанна диибит. Бу хамсык арай Алексей Калининскайы эрэ хааччахтаабатах курдук. Кыайыы 75 сылынан “Парааттаан хаамсыаҕыҥ”, “Лонгинов геройбут”, “Баллада о снайпере”, биир дойдулаахпыт буойун-суруйааччы Тимофей Сметанин 100 сааһыгар “Төлөннөөх Түмэппий убайбыт”, Уйбаан Гоголев-Кындыл 90 сылыгар “Сахам сирэ барахсан” ырыалара, 1985 с. суруллубут норуот ырыата буолбут “Барыта үчүгэй” ырыаларыгар уо.д.а. клиптэр, матыыптар, быыстала суох тэрээһин үлэтэ. Аны 10-ча саҥа ырыаны айан суруйда, ол иһигэр А. Гуринов-Арчылан тылыгар үс ырыаны айан кэбиспит, бу соторутааҕыта “Дьокуускай хотунум” ырыатыгар клибэ “Саха” НКИХ ханаалыгар сүрэхтэннэ. 1995 с. суруйбут “Барыта баар этэ” ырыатыгар Сунтаар эр дьонун “Өрөгөй” ансаамбыла клип оҥорон, эмиэ “Саха” НКИХ-гар сүрэхтээтэ.

Итинник диэн туран мин атын хаһыаттарга үлэлиир биир идэлээхтэрим, ырыа норуоту иитэр, кынаттыыр аналын олоххо киллэрэ сылдьар култуура үлэһиттэрэ Алексей Калининскай-Луҥха Өлөксөй "Норуодунай артыыс" үрдүк аатын ылар толору кыахтаах диэн суруйууларын, санаа атастаһыыларын өйүүрбүн биллэрэбин. Алексей Калининскай курдук «ыллыыр норуот – кэскиллээх” диэн былааҕын туппутунан норуотун кэскилин туһугар доруобуйата айгырыырын кэрэйбэккэ, эбиллэр саастарын аахсыбакка, биир киһи холугар сөптөөх ааты-суолу ыллым диэн уоскуйан олорбокко, ити үлүгэр ыарахан ыйааһыннаах баянын сүкпүтүнэн куоратынан-тыанан төттөрү-таары сүүрэр-көтөр киһи баара эрэ? Кини айар, хамнастаах, уопсастыбаннай үлэтин күннэтэ алтыһар дьоно, кэлин дойду оҥостубут Дьокуускай Хатаһын олохтоохторо билэн эрдэхтэрэ диэн туран, суруйуубун кинилэр санааларынан бигэргэтэбин:

– Мин ордук кини анал, өрөгөй ырыаларын үрдүктүк тутабын. 1997 сыллаахха биһиги Хатас туһунан ырыа конкурсун ыыппыппыт. Алексей Калининскай онно И. Божедонов уонна З. Минина тылларыгар ”Таптыыр, ахтар Хатаспыт” ырыаны айбыта билигин Хатас сирэйэ буола сылдьар, ыллыыр кэлэктииптэрбит барыларын репертуарыгар маҥнайгы нүөмэринэн баар. Дьокуускай куорат өрөгөйүн ырыата эмиэ Хатастан саҕаламмыта. Бастаан «Кэрэ Куо” ансаамбыл ыллаабыта, онтон атын ансаамбыллар ыллаан барбыттара. Онон уопсай дьүүлгэ тахсарыгар дьон-сэргэ ылынара биллибитэ. Дьэ онон Алексей Кирилловиһы кытта алтыһаммыт биһиги, хатастар, Сахабыт сирин киин куоратын Дьоллоох Дьокуускай историятыгар киирэр айымньыны олоххо киллэрсибиппитинэн киэн туттабыт. Тус бэйэм Алексей Кирилловичка биир махтанарым диэн, үлэтинэн, талаанынан, эйгэтэ киэҥинэн, аатынан-суолунан өттөйбөккө, төттөрүтүн, бу баайбын-дуолбун – билиибин-көрүүбүн, сатабылбын биэриэхтээхпин, кэннибиттэн салҕааччылаах буолуохтаахпын диэн санаанан салайтаран, эдэркээн үлэһиппитин Татьяна Григорьевнаны үөрэтэрэ-такайара, сүбэлиирэ-амалыыра. Онон 2014 сылтан Алексей Кирилловиһы үлэҕэ ылыым мин салайааччы быһыытынан биир таба тайаныым, кыайыым диэн сыаналыыбын. Кини үлэлиэҕиттэн кылгас кэм иһигэр Хатаска күргүөмүнэн ырыа сайынна, “Кэрэ Куо”, “Арчылаана”, “Сайдам” ансаамбыллар нэһилиэнньэ кутун туттулар, “Кэрэчээнэ” оҕо саадын, Сахатранснефтегаз филиала, Самсоновтар ааттарынан орто оскуола кэлэктииптэрэ ансаамбылынан, хорунан ыллыыллара үгэскэ кубулуйда, - диэн биһиэхэ Хатастааҕы “Тускул» КК дириэктэрэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Людмила Михайловна Чепалова кэпсиир.

Хатаска биир биллэр-көстөр киһинэн Хатастааҕы «Тускул» КК уопсастыбаннай түмсүүлэрин салайааччыта Наталья Ивановна Руфова буолар: «Алексей Кирилловиһы ырыа айааччы эрэ курдук көрөр тутах. Кини учуутал, уопсастыбаннай деятель, элбэх кинигэ ааптара, араас элбэх бырайыактары айан-тутан олоххо киллэрээччи, улахан хамсааһыннары тэрийээччи, эрэллээх кэргэн, абыраллаах аҕа, эйэҕэс эһээ уо.д.а. Айбыт ырыаларын хайысхата эмиэ элбэх – өрөгөй ырыалара, лирическэй ырыалар, СӨ норуодунай артыыһын Юрий Баишев сыаналааһынан, сюитаҕа, элегияҕэ тиийэ баар. Оттон Ырыа күнэ! Дьэ, кырдьыга даҕаны, саха дьоно бары ис дууһабытынан, өйбүтүнэн-санаабытынан ылыммыт Ырыабыт күнэ анал статус ылара хаалла. Онон Алексей Калининскай "Норуодунай артыыс" диэн ааты ыларга бары өттүнэн эппиэттиир», - диэн санаалаах.

Хатас нэһилиэгин олохтооҕо, сцена бэтэрээнэ, «Сайдам” ансаамбыл солистката Любовь Михайловна Окорокова: «Алексей Кириллович эйгэтэ киэҥин, далааһына улаханын киһи эрэ сөҕөр-махтайар. Кини биир уратыта – олох хайа да түгэнигэр – репетиция да буоллун, ырыаны саҥа үөрэтии да буоллун, айылҕаҕа да сылдьан буоллун – куруутун ырыа дириҥ философиятыгар киллэрэрдии үөрэтэр, аны онтукатын хайдах эрэ киһиэхэ соҥнообокко, сыҥалаабакка, сымнаҕастык, буолуохтааҕын курдук оҥорор айылҕаттан айдарыылаах Учуутал”.

“Бу сыллар тухары мэлдьи Ырыа туһа диэн наар тугу эрэ тэрийэ, ыыта, сүүрэ-көтө сылдьарын көрөн кэллим. Аны туран, араас эйгэ дьонун эдэриттэн кырдьаҕаһыгар, инбэлиитигэр тиийэ мунньан, салайан, араас элбэх хордары, ансаамбыллары куоратынан, тыанан тэрийэрин ааһан, айбыт ырыаларын дьон-сэргэ уоһуттан түһэрбэккэ, профессиональнай, академическай ырыаһыкка тиийэ сөбүлээн ыллыылларын сөҕөбүн. Оттон Ырыа күнүн туруулаһан туран олохтообутун кини биир улахан ситиһиитинэн ааҕабын. Ырыа күнэ – Алексей Калининскай норуотугар үйэ-саас сүппэт сүҥкэн бэлэҕэ. Онон ама кини, норуотун ортотугар ыкса алтыһан айа-тута сылдьар ырыатын айааччыбыт “норуодунай» буолбатаҕына, ама, ким буолуой? - диэн санааҕа бигэтик кэллим», - диэбит Александра Константинова-Дархаана, Арассыыйа суруйааччыларын, суруналыыстарын сойуустарын чилиэнэ, СӨ үтүөлээх юриһа.

Алексей Кириллович туһунан бэйэтин санаатын Тулагы-Киллэмиттэн СӨ култууратын туйгуна, библиотекарь Елена Готовцева үллэстэр:

– Мин кинини 80-с сыллар бүтүүлэригэр Лена Монастырева «Оҕо сааһым сарсыардата» диэн дьолунан туолбут ырыатынан билбитим. Кэлин Алексей Калининскайдыын Киллэм ньургуһуннаах хайатыгар "Ньургуһун ыһыаҕын" тэрийбиппит. Онно «Ньургуһун ыһыаҕа» диэн ырыатын мин дьүөгэм Лонгина Бережнева ыллаабыта. Оо, Лонгина толоруутугар бу ырыаны биһиги, тулагылар, олус да таптаан истэбит! Мин эмиэ кини курдук ыллыахпын баҕаран, эмиэ Алексей Калининскай «Ньургуһун ырыата» диэн ырыатын үөрэтэн, Дьокуускайга Циркэ дьиэтигэр, Тулагыга, Туймаада ыһыаҕар ыллаан дьолломмутум. Былырыын дистанционнай ырыа күрэҕэр Гран-прины ылбытым. Үһүс ырыабыт – эмиэ икки инники ырыалар курдук Алексей Калининскай айбыт биһиги нэһилиэкпит өрөгөйүн ырыата – «Тулагы – дьол, ырыа уйата». 2019 сыллааҕы ыһыахха ыыппыт «Твой голос в гимне наслега» диэн ааксыйабытыгар оҕолуун-уруулуун, эдэрдиин-кырдьаҕастыын кыттаннар, улахан патриотическай хамсааһын тахсыбыта. Тулагы икки вокальнай ансаамбылларын визитнай карточкалара эмиэ Алексей Калининскай ырыалара. Ол курдук, «Эҕэрдэ” ансаамбыл Г. Кобяков тылыгар «Кэрэҕэ аналбыт» ырыатын, «Күндээрэ» ансаамбыл А. Чыычаахап тылыгар «Дьокуускай куоратым», И. Гоголев-Кындыл тылыгар «Барыта үчүгэй» ырыаларын төһөлөөх кэнсиэркэ, тэрээһиҥҥэ толорбуттарын ааҕан сиппэккин! Биллиилээх суруналыыс Милан Афанасьев саха норуотун аатыттан Алексей Кириллович Калининскайга "Норуодунай артыыс" аатын иҥэрэргэ туруорсуутугар кыттыһабын. Кини курдук саха ырыатын өрө туппут, тарҕаппыт, үлэлиир киһи суох даҕаны. Өссө да элбэх ырыата ыллана туруоҕа диэн эрэллээхпин».

Ити курдук Алексей Калининскайы саха дьоно өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр талааннаах ырыа айааччы, ырыа пропагандиһа, биллэр музыкаан, уопсастыбаннай деятель, уһуйааччы, учуутал быһыытынан өрө туталлар, ырыа искусствотын норуоту сомоҕолуур, кыайыыларга кынаттыыр, сарсыҥҥылаах буоларыгар илиитин араарбакка үлэлэһэр патриоттуу холобурун үрдүктүк сыаналыыллар. Ону барытын кини ырыалара уостан түспэккэ ылланаллара дьэҥкэтик туоһулуур.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...