06.05.2023 | 14:00

Норуот куоластааһыныгар кыттыахха! Куораппытын тупсарыахха!

Норуот куоластааһыныгар кыттыахха! Куораппытын тупсарыахха!
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Муус устар 15 күнүттэн 14.gorodsreda.ru онлайн-платформаҕа Бүтүн Арассыыйатааҕы рейтиннээх куоластааһын ыытылла турар. Санатан эттэххэ, былырыын Сайсары күөлү уонна Ийэ скверин тупсарыы бырайыага 20 222 куоластаах ыраас кыайыыны ситиспитэ. 
Хаһыат бүгүҥҥү нүөмэригэр быйыл кыттар Дьокуускай куорат бырайыактарын билиһиннэрэбит.

Ф.К. Попов аатынан сквери тупсарыы

Сквер Федор Попов уонна Феликс Дзержинскэй уулуссаларын быһа охсуһуутугар тутуллара былааннанар. Манна Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Кузьмич Попов сырдык аатын үйэтитэр пааматынньык туруоҕа, сатыы дьон сылдьарыгар суол оҥоһуллуоҕа, сынньанарга сөптөөх усулуобуйа тэриллиэҕэ. Бэҕэһээҥҥи туругунан бу бырайыагы 1130 киһи өйөөбүт.

Тутааччылар сквердэрин тупсарыы

Сквер Кальвица, Свердлов, Жорницкай уонна Пирогов уулуссаларын быһа охсуһууларыгар, суол эргиирин киинигэр тутуллара былааннанар. Дьон сылдьар сирэ аспаалланыаҕа, ыксамыайкалар оҥоһуллуохтара, парковка, “Тутуу” инсталляция баар буолуохтара. Көҕөрдүү үлэтигэр улахан болҕомто ууруллуоҕа.

Бэҕэһээҥҥи туругунан бырайыакка 490 киһи куоластаабыт. 

Сэргэлээх күөл кытылын тупсарыы

Бырайыакка бэлисипиэт парковката, атыы-эргиэн павильоннара эбэтэр кафе, ыскамыайкалар, хачыаллар, муоста көрүллүбүттэр. Эскизкэ күөл кытыла хас да зонаҕа араарыллыбыт. Холобур, скейтиҥҥэ, волейболга, баскетболга аналлаах спорт балаһаакката, воркаут, оҕо оонньуур балаһаакката бааллар. Өйдөбүнньүк зоната фонтаннаах буолара былааннанар. Маны сэргэ, ууга киирэр анал түһүү, амфитыйаатыр, сынньанар сир, смотровой балаһаакка, оҥочо уларсар павильон көрүллүбүттэр.

Бэҕэһээҥҥи туругунан бырайыагы 1658 киһи өйөөбүт.

Алмаастаах сквери тупсарыы

Сквер Сайсары уокуругар Лермонтов уулуссатыгар, Саха политехническай лицей иннигэр турар. Эбийиэк 2010 сыллаахха баһылык ыйааҕынан ыытыллыбыт анал күрэххэ кыайан тутуллубута. Бырайыакка сквер “Алмаастаах мас” композиция-стелалаах былааннаммыт. Онно “кырыыламмыт алмаастаах”, үрдүгэр боруонсаттан туруйалардаах. Ландшафтнай архитектураны таастан саад ситэрэр. Ол күрбэ таастар Өлүөнэ очуостарыгар майгынныахтара. Сырдатыы үлэтигэр ураты болҕомто ууруллуоҕа. Түүҥҥү өттүгэр бриллиант быһыылаах банаардар алмаастаах  халлааны санатыахтара.   

Бэҕэһээҥҥи туругунан Алмаастаах сквер тупсарыллыаҕын баҕарар киһи ахсаана 404 тэҥнэспит.

Юрий Гагарин аатынан сквери тупсарыы

Бырайыак киин куорат Гагаринскай уокуругар, Можайскай уулуссатыгар былааннанар. Санатан эттэххэ, 1986 сыллаахха Гагарин уонна Можайскай уулуссаларын быһа охсуһуутугар учаастакка турар дьоҕус сквергэ Ю.А. Гагариҥҥа аналлаах бюст туруоруллубута, онтон ыла эбийиэк бастакы космонавт аатын сүгэр. Кэлин манна 1942-1945 сылларга “Аляска-Сибиир” трасса кыттыылаахтара үйэтитиллибиттэрэ, Бэлл П-39 “Аэрокобра” сөмөлүөт куоппуйата туруоруллубута.

Саҥардан тутуу кэнниттэн сквергэ сынньалаҥ, мемориальнай, дьаарбайар уонна быыстапкалыыр миэстэлэр баар буолуохтара. АлСиб лүөччүктэрэ Ю.П. Яковлев уонна В.И. Кузьмин скульптурнай композициялара, оҕо балаһаакката, арт-эбийиэктэр, хачыаллар, аллея, тэрээһиннэри ыытар сирдэр оҥоһуллуохтара. Билигин баар пааматынньыктар оннуларынан хаалыахтара. Доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоҥҥо табыгастаах усулуобуйа тэриллиэҕэ.

Бүгүҥҥү туругунан онлайн куоластааһыҥҥа инники күөҥҥэ иһэр – 3494 куоластаах (ыам ыйын 3 күнүнээҕи чахчы).

Николай Щорс аатынан күөл кытылын тупсарыы

Бу күөл гражданскай сэрии дьоруойа Николай Щорс аатын сүгэр, норуокка Кубалаах күөлүнэн ордук киэҥник биллэр. Манна сайын устата 40 тыһыынча кэриҥэ киһи сылдьар.  

Бырайыакка сынньалаҥ сирдэр, пирс, ууга киирэргэ анал түһүү, массыына турар миэстэ, кафе көрүллүбүттэр.

Бэҕэһээҥҥи туругунан 1453 куоластаах.

 

Норуот куоластааһына ыам ыйын 31 күнүгэр түмүктэнэр, билигин да бириэмэ баар. Хомойуох иһин, 378 549 тыһыынча нэһилиэнньэлээх өрөспүүбүлүкэ киин куората куоластааһыҥҥа билиҥҥи көрдөрүүтэ мөлтөх. 14.gorodsreda.ru киирэн, талбыт эбийиэккитин өйөөҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...