09.11.2022 | 17:41

«Норуот бүддьүөтэ» куонкуруска сайаапкалары ылыы саҕаланна

«Норуот бүддьүөтэ» куонкуруска сайаапкалары ылыы саҕаланна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат дьаһалтата "Норуот бүддьүөтэ" куонкуруска сайаапкалары тутуу саҕаламмытын биллэрэр. Ол түмүгүнэн 2023 сылга социальнай хайысхалаах бырайыактары, тутуулары, тэрээһиннэри олоххо киллэрэргэ үбүлээһин көрүллэр.

 

Куонкурус усулуобуйатынан тэрийээччилэр 20 % бэйэлэрэ уйуналлар. Уоннааҕытын – куорат бүддьүөтэ.

Өйөбүл ылбыт бырайыактар 2023 сылга хайаан да олоххо киириэхтээхтэр.

 

Биирдиилээн дьонтон, юридическай сирэйдэртэн, түмсүүлэртэн, уопсастыбаннай тэрилтэлэртэн маннык хайысхаларынан сайаапкалары туталлар:

- тутуу, сөргүтүү, уопсастыбаннай эбийиэктэри өрөмүөннээһин;

- территориялары уонна сынньалаҥ сирдэрин тупсарыы;

- аһымал, социальнай, волонтердар аахсыйалара;

- иитэр, үөрэтэр, спортивнай тэрээһиннэр.

Сайаапкалары ылыы саҕаланар: сэтинньи 10 күнүттэн, 09:00 чаастан.

Сайаапкалары тутуу түмүктэнэр: ахсынньы 9 күнэ, 18:00 ч. диэри.

 

Кыттааччылар сайаапкаларын толорон, докумуоннарын барытын суругунан аҕалаллар: 677007, Дьокуускай, Территориялары кытта үлэлиир департамент, Ленин пр.,15, 712 хос,

40-88-48. Бэнидиэнньик-бээтинсэ 9:00 - 18-00. Эбиэт кэмэ: 13:00 - 14:00 ч.

 

Маны таһынан сайаапкаларгытын уокуруккут управаларыгар, нэһилиэккит дьаһалтатыгар эмиэ биэриэххитин сөп. "Норуот бүддьүөтэ" бырайыак көмөтүнэн Дьокуускайга олус элбэх туһалаах дьаһаллар олоххо киирбиттэрэ, онон тоҕоостоох түгэни мүччү тутумаҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....