«Норуот бүддьүөтэ» бырайыак төһүү күүһэ
«Норуот бүддьүөтэ» социальнай бырайыактар куонкурустара 2014 сыллаахтан үлэлиир. Куорат дьаһалтата нэһилиэнньэттэн куораты тупсарыыга, култуурунай, социальнай, спортивнай уонна аһымал тэрээһиннэри ыытыыга, ону сэргэ социальнай суолталаах эбийиэктэри саҥардан оҥорууга уонна өрөмүөннээһиҥҥэ туһуламмыт бырайыактары олоххо киллэриини 80% муниципальнай бүддьүөттэн үбүлүүр.
Быйыл бырайыактары сүүмэрдээһин балаҕан ыйын 1 күнүттэн сэтинньи 1 күнүгэр диэри (ити күнү киллэрэн туран) Дьокуускай куорат Уокуруктааҕы дьаһалтатын 2020 сыл балаҕан ыйын 1 күнүнээҕи 248п №-дээх Уурааҕар олоҕурбут балаһыанньа быһыытынан ыытыллар.
«Норуот бүддьүөтэ-2022» норуот көҕүлээһинин куонкуруһугар физическэй уонна юридическэй сирэйдэртэн, холбоһуктартан уонна уопсастыбаннай тэриллиилэртэн сайаапкалары ылаллар.
Өйөбүл ылбыт бырайыактар 2022 сыл устата олоххо киириэхтээхтэр. Үөһээ этиллибитин курдук, сүүмэрдээһин куонкуруһун усулуобуйатынан, көҕүлээччилэр бырайыакка 20%-тан итэҕэһэ суоҕу угуохтаахтар, уоннааҕыта олохтоох бүддьүөттэн үбүлэнэр.
Куонкуруска кыттар социальнай суолталаах бырайыактар түөрт хайысхаларга сөп түбэһиэхтээхтэр:
1. Уопсастыбаннай эбийиэктэри тутуу, саҥардан оҥоруу уонна өрөмүөннээһин;
2. Куорат уокуругун территориятын уонна маассабай сынньалаҥ миэстэлэрин тупсарыы;
3. Аһымал, социальнай, волонтерскай аахсыйалары ыытыы;
4. Үөрэх, култуура, спорт тэрээһиннэрин ыытыы.
Туйаара Валерьевна Колесова, Уокуруктааҕы дьаһалта уопсастыбаннай сибээскэ уонна ыччат политикатыгар салаатын начаалынньыга:
- «Норуот бүддьүөтэ» социальнай бырайыактар куонкурустарын чэрчитинэн алта сыл тухары 195 мөл. солк. көрүллүбүт, 257 бырайыак талыллыбыт. 2021 сылга 58 сайаапка киирбититтэн аҕыһа талыллыбыта. Пандемиянан сибээстээн 14 бырайыак быйылгы сылга көһөн биэрбитэ. Онон билигин 22 бырайыак олоххо киирбитэ. Кэнники сылларга суумабыт кыччаабыта, билигин барыта 8 мөл. солк. көрүллэр. Ити суума түөрт хайысханан тыырыллар. Саха сирин НКО-ларын 48% (кэмиэрсийэтэ суох тэрилтэлэр) биһиэхэ, куорат уокуругар, бааллар. Былырыыҥҥы дааннайдарынан, 1079 официальнай НКО баар, олортон 862-тэ социальнай хайысхалаах. Билигин өссө эбиллэ тураллар. «Норуот бүддьүөтэ» олус наадалаах бырайыак диэххэ наада. Бырайыак баһыйар өттө социальнай хайысхалаах. Ол курдук доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолору чөлүгэр түһэрэр кииннэр, дьиэ кэргэн интегрированнай оскуолалара, ыарахан усулуобуйаҕа түбэспит, арыгыттан, наркотиктан эмсэҕэлээбит дьоҥҥо аналлаах өйөбүл кииннэрэ уо.д.а. бааллар. «Норуот бүддьүөтэ» элбэх үлэ ыытылларыгар төһүү күүс буолла. Аҥаардас спортивнай, воркаут балаһаакка наһаа элбэх оҥоһулунна. Куорат таһынааҕы нэһилиэнньэлээх пууннар көхтөөхтүк кытталлар. Тулагы-Киллэм нэһилиэгэр «Мемориал скорби погибшим в Гражданской войне в 1918-1923 гг.» тутуллубута, Хатас сэлиэнньэтигэр «Күөх сирэм» сквер, инбэлииттэр доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэргэ анаан «Инва-игротека» остуол оонньуулара олоххо киирбиттэрэ, ону сэргэ Хатас инбэлииттэрин уонна бэтэрээннэрин дьиэлэрэ тупсарыллыбыта (благоустройство киирбитэ), Пригороднайга тимир муоста уо.д.а. оҥоһуллубуттара.
Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар сылаас «Ийэ уонна оҕо хоһо» арыллыахтаах, билигин ситэри оҥоһулла сылдьар. Кэлэр сыл саҥатыгар киирэрэ буолуо. «Норуот бүддьүөтэ» куонкуруска хапсыбыт улахан бырайыактар истэригэр «Талант без границ» диэн сыл аайы ыытыллар доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон бэстибээллэрэ, Щорс күөлүгэр 2016 сылтан үлэлиир «Лебединое озеро» экологическэй паарка, Кыайыы болуоссатын нөҥүө турар «итии туочкаларга» охтубут буойуттарга анаммыт «Памяти павших во имя живых» пааматынньык уо.д.а. бааллар.
Биһиэхэ хапсыбатах бырайыактары РФ бэрэсидьиэнин Граннарын пуондатыгар уонна куораты тупсарыыга сыһыаннаахтары (уулуссалар, сквердэр тупсарыылара) «Программа поддержки местных инициатив» диэн Минфин куонкуруһугар ыытабыт. Минфин бырайыактара улахан суумалаахтар, үстүү мөлүйүөн солкуобайдаахтар. Саха сирэ бэрэсидьиэн Граннарын пуондатынан өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх харчыны киллэрдэ диэххэ наада.
Оксана Кандакова, «Линия жизни» регионнар икки ардыларынааҕы гражданнар социальнай адаптацияларын уопсастыбаннай аһымал тэрилтэтин вице-бэрэсидьиэнэ:
- Биһиги 2013 сылтан үлэлиибит, 2019 сыллаахха бырайыак тэрийбиппит. Дьиэтэ-уота суох, хаайыыттан тахсыбыт, алкогольнай уонна наркотическай дьаллыкка ылларбыт уонна күчүмэҕэй балаһыанньаҕа түбэспит дьоҥҥо көмөлөһөбүт. 2020 сыллаахтан социальнай адаптация Киинин быһыытынан үлэлиибит. Кииммит 26 миэстэлээх, онтон иккитэ дьахталларга анаммыт. Төһө уһуннук олороллоро хас биирдии киһи балаһыанньатыттан тутулуктаах. Дьон психолог, юрист, социальнай үлэһит өҥөлөрүнэн туһаналлар. Күҥҥэ үстэ итии аһылыгынан хааччыйабыт. Итини таһынан үлэ булалларыгар көмөлөһөбүт. Элбэх киһи докумуона суох буолар, ону оҥотторобут. Сорох дьоҥҥо дойдуларыгар төннөллөрүгэр билиэт ылан биэрэбит. «Норуот бүддьүөтэ» социальнай бырайыактар куонкурустарыгар бастаан 2019 сыллаахха кыттан, Грант сүүйбүппүт. Итиннэ тирэҕирэн арендабатын төлүүбүт, биһиэхэ олорор дьоммутун аһатабыт-таҥыннарабыт. Дьиэ таһыгар үлэлииллэр, сайын оҕуруот көрөллөр. Уулуссаттан кэлбит дьонунан кытта дьарыктанабыт. Киһилии олоххо төннүбүт дьоммут ахсаана кыра, быһа холоон 10%-15%. Сылга 100-тэн тахса киһи көмө көрдөөн кэлэр. Өрөбүл күннэргэ Ново-Никольскай таҥара дьиэтин таһыгар тиийэн дьону аһатабыт. Быйыл РФ Бэрэсидьиэнин, СӨ Ил Дарханын уонна куорат баһылыгын Граннарын ылбыппыт. «Норуот бүддьүөтэ-2022» куонкуруска эмиэ кыттаары сылдьабыт.
Серафим Иванов, «Алмаз» буортулаах дьаллыктаах уонна көҥүллэрэ күөмчүлэнэн тахсыбыт гражданнар социальнай көмүскэллэрин уопсастыбаннай тэрилтэлэрин бэрэссэдээтэлэ:
- Дьокуускай куоракка 2015 сыллаахха тэриллибиппит. «Норуот бүддьүөтэ» куонкуруска 2020 сыллаахха кыттан кыайбыппыт. Биһиэхэ 2 мөл. солк. биэрбиттэрэ. Онтон пандемия саҕаланан, изоляцияҕа барбыппыт. Харантыын кэмигэр ити харчыбыт олус көмөлөспүтэ. Стационар быһыытынан үлэлиир чөлүгэр түһэрэр Кииммит 30 миэстэлээх, эр дьоҥҥо эрэ анаммыт биир сыллаах бырагыраамалаахпыт. Билигин манна 20 киһи баар. Психологтаахпыт, юристаахпыт, социальнай үлэһиттэрдээхпит. Наркологияны кытта үлэлиибит, кинилэргэ эмтэммит дьон манна социальнай реабилитацияны ааһа кэлэллэр. Биһиги үөрэххэ киллэрэбит, үлэ булалларыгар, көнө суолга үктэнэллэригэр көмөлөһөбүт. Кэбээйи улууһун Арыылаах нэһилиэгэр тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар реабилитационнай коммуналаахпыт. Бастаан онно баран үлэлииллэр, хамнастаналлар. Дьоммут 80% көнөр суолга үктэнэр. «Норуот бүддьүөтэ-2022» кыттабыт диэн былааннаахпыт.
Инна Скрябина, «Особый ребенок» абилитационнай киин (автономнай кэмиэрсийэтэ суох тэрилтэ) дириэктэрэ:
- Кииммит 2013 сыллаахтан үлэлиир, аутизмнаах уонна ньиэрбэ, өй өттүнэн кэһиллиилээх оҕолорго анаан арыйбыппыт. Манна логопедтар, дефектологтар, психологтар оҕолору кытта дьарыктаналлар уонна төрөппүттэри кытта ыкса үлэлиибит. Итинник оҕолору иитии уустук боппуруостардаах. Ол иһин төрөппүттэри кытта үлэ күүскэ барыан наада.
«Норуот бүддьүөтэ» куонкуруска биһиги аан бастаан 2017 сыллаахха оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго «Вырастайка» студиябытынан Грант ылбыппыт. Дьарыкпыт кыра ахсааннаах бөлөххө үс чаас иһигэр ыытыллара. Онно икки дефектолог, психолог үлэлииллэр. Төрөппүттэргэ итинник Граҥҥа бырайыак суруйан эрэбит диэн эппиппитигэр, бары наһаа наадалаах диэн өйөөбүттэрэ. Оҕолору уонна төрөппүттэри кытта оҕолор бэйэлэригэр бүгэн хаалбаттарын, бэйэлэрин саастыылаахтарын кытта сатаан алтыһа үөрэнэллэрин ситиһэр дьарыктары ыытабыт. Уопсастыбаҕа сылдьарга оҕолор социализацияны ааһаллара наһаа сүҥкэн суолталаах. Биһиэхэ дьарыктаммыт оҕолор үтүө түмүктэрдээхтэрэ үөрдэр. Бэйэ-бэйэлэрин кытта доҕордоһон, араас оҥоһуктары оҥорон, дьоннорун үөрдэллэр. Элбэх оҕо муниципальнай оҕо уһуйааннарыгар сылдьаллара, оскуолаҕа үөрэнэллэрэ биһиэхэ улахан ситиһии. Биир сыл «Норуот бүддьүөтэ» куонкурус көмөтүнэн дефектолог специалиспыт Москваҕа «Сенсорная интеграция» диэн үөрэҕин төлөттөрбүппүт.
«Норуот бүддьүөтэ-2022» куонкуруска кыттыан баҕалаахтар сайаапкаларгытын маннык аадырыска туттараҕыт: Ленин пр., 15, 1-кы этээс («Норуот бүддьүөтэ» дьааһык), Уокуруктааҕы дьаһалта уопсастыбаннай сибээскэ уонна ыччат политикатыгар Управлениетын уопсастыбаннай сибээһин салаатыгар 416 кэб., итини сэргэ grant_yakutsk@mail.ru электроннай почтаҕа 2021 сыл сэтинньи 1 күнүгэр диэри (ити күнү киллэрэн туран).
Эбии информацияны 40-80-36 нүөмэртэн уонна yakutskcity.ru сайтка билсиэххитин сөп.
«Норуот бүддьүөтэ» бырайыак чэрчитинэн 2014-2021 сс. Дьокуускай куоракка уопсайа 257 социальнай суолталаах эбийиэк олоххо киирдэ:
27 оҕо уонна спорт балаһаакката тутуллубут;
9 куорат уонна куорат кытыытынааҕы оскуола тиэргэннэрэ тупсарыллыбыт;
16 сквер уонна пааматынньык тутуллубут уонна саҥардыллыбыт;
22 оҕо сынньалаҥын уонна сайыҥҥы лааҕырын тэрийэр бырайыак олоххо киирбит;
36 тиэргэн уонна уопсастыбаннай миэстэ тупсарыллыбыт;
40 аһымал, социальнай уонна волонтерскай аахсыйа ыытыллыбыт;
7 кинигэ тахсыбыт;
3 оптуобус сылаас тохтобула киирбит.
Туйаара Валерьевна эппитин курдук, «Норуот бүддьүөтэ» куонкуруска кыттар бырайыактартар үксэ социальнай хайысхалаахтар. Ол курдук, күчүмэҕэй балаһыанньаҕа түбэспит, олох очурдарыгар оҕустарбыт дьоҥҥо, ыарыһах оҕолорго көмөлөһөр тэрилтэлэргэ бырайыак дьоһун тирэх буолар.