02.03.2023 | 14:00 | Просмотров: 584

Норуодунай артыыс аата алмааска иҥэрилиннэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«АЛРОСА» хампаанньа 60,99 караттаах ювелирнай алмааска РСФСР үтүөлээх уонна САССР норуодунай артыыһа Гавриил Гаврильевич Колесов аатын иҥэрдэ диэн хампаанньа пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Гавриил Гаврильевич саха норуотун героическай эпоһа –  «Олонхо» Юнеско киһи-аймах айан таһаарбыт үйэлээх баайын шедевринэн билиниитигэр улахан кылаатын киллэрбит киһинэн буолар.

Ол курдук, 1955 сыллаахха Гавриил Колесов «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхо толоруутугар үлэтин саҕалаабыта. Кини өрөспүүбүлүкэ оройуоннарынан фольклору хомуйа, саха тылын уонна норуот эпоһын пропагандалыы, экспедициялары тэрийэн илдьэ сылдьара. 

1986 сыл күһүнүгэр Гавриил Колесов Ленинград куоракка П.А.Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотун матыыбынан тоҕус ырыаны уһултарбыта. Виниловай пластинкалаах тоҕус диискэ уһуна – 8,5 чаас.

Гавриил Колесов үлэтэ Бүтүн сойуустааҕы эрэ буолбакка, аан дойдутааҕы таһымҥа кытта киэҥ билиниини ылбыта.

 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Егор Слепцов: "Хейтердэртэн иммунитеттаах киһибин"
Дьон | 02.09.2026 | 18:30
Егор Слепцов: "Хейтердэртэн иммунитеттаах киһибин"
Егор Слепцов 100-чэкэ киһилээх Орто Дойду диэн Муома улууһугар баар кыра бөһүөлэктэн төрүттээх.
Сибэккилээн бүппүт бархатцыны туһаҕа таһаарар 8 ньыма
Сонуннар | 02.09.2026 | 16:00
Сибэккилээн бүппүт бархатцыны туһаҕа таһаарар 8 ньыма
Бу сибэккини Саха сирин олохтоохторо сайын аайы сөбүлээн үүннэрэбит. Ол эрээри күһүн үгүстэр үргээн ылан, бөххө утаараллар. Оттон уопуттаах оҕуруотчуттар тугун да бырахпаттар – туһатын бэркэ билэн эрдэхтэрэ.
“ФЕРМА КЫРГЫТТАРА” ырыа быйыл 45 сааһын туолла
Дьон | 31.08.2026 | 19:00
“ФЕРМА КЫРГЫТТАРА” ырыа быйыл 45 сааһын туолла
Сэмэн Данилов тылларыгар, Иван Иванов матыыбыгар “Ферма кыргыттара” хит буолбут ырыа быйыл 45 сааһын туолла.
Сулустар тугу кэпсииллэр: атырдьах ыйын 31 – балаҕан ыйын 6 күннэрэ
Сонуннар | 31.08.2026 | 13:50
Сулустар тугу кэпсииллэр: атырдьах ыйын 31 – балаҕан ыйын 6 күннэрэ
Бараан Нэдиэлэ саҕаланыыта олус тыҥааһыннаах, онон тулуурдаах буол, быһаччы дьайыылары оҥорума. Ханнык да түгэҥҥэ санааҕын түһэримэ. Чэппиэргэ үлэҕэр үтүө уларыйыылар буолуохтарын сөп. Саҥарыаҥ иннинэ толкуйдаа, аны иирсээн тахсыа диэн сулустар сэрэтэллэр. Өрөбүллэргэ өйдүүн-санаалыын сынньан, күүстэ-сэниэтэ мунньун.   Оҕусчаан Санаа түһүүтүттэн босхолон. Бу нэдиэлэҕэ идиэйэлэргин тута ылымматаллар даҕаны, хас биирдии көҕүлээбит этииҥ...