06.09.2021 | 15:00

Нолуогу тоҕо төлүүбүт?

Ааптар: Айталина СОФРОНОВА
Бөлөххө киир

Нолуок – дойду хас биирдии олохтооҕун сокуонунан эбээһинэһэ. Нолуок харчыта дойдубут бүддьүөтүгэр киирэр, ол харчы судаарыстыбаннай уонна социальнай хабааннаах сыалга туттуллар: суоллары өрөмүөннээһин, оскуолалары уонна балыыһалары тутуу, уулуссалары тупсарыы, үөрэҕириигэ, аармыйаҕа уонна анал категорияларга көмөҕө. 
Хас биирдии тэрилтэ бэйэтигэр нолуок систиэмэлээх, оттон физическэй сирэйдэргэ – эмиэ.  Холобур, массыынаны бас билээччилэр тырааныспар нолуогун, дьиэни-уоту бас билээччилэр баай уонна сир нолуогун төлүүллэр. Бары хамнас ылалларыгар НДФЛ төлүүллэр. 
Нолуоктан аккаастанар табыллыбат. Сокуонунан ааҕыллыбыт буоллаҕына, ону төлүөхтээхпит. Өскөтүн куотунар түгэммитигэр итэҕэс  уонна иэс-күүс ааҕыллар, онтон күһэйэн туран иэскин тутуохтара.

Физическэй сирэйдэр

Баай-дуол нолуоктара. Онно тырааныспар, сир уонна баай-дуол нолуога киирэр.  Массыына, учаастак эбэтэр хамсаабат баай-дуол бас билиигэ сылдьар гражданнарга ааҕыллар.

Сыл аайы тустаах регистрацияны оҥорбут сирдэригэр эбэтэр нолуогу төлөөччү тус кабинетыгар ханна, туохха нолуок төлүөхтээхтэрин иһитиннэриитэ кэлэр. Онно нолуок эбийиэктэрэ, суумата уонна төлүүргэ анал реквизиттэр ыйыллаллар. Бэлиэтээн эттэххэ, эһиги дааннайдаргытыгар туох эмэ сыыһа-халты баар буоллаҕына, ону быһаарсыахха наада: сороҕор техническэй кэһиилэр тахсаллара баар суол.

Нолуок эбийиэктэрин туһунан иһитиннэриини nalog.ru порталга киирэн билсиэххэ сөп.

Хас биирдии нолуок бэйэтин формулатынан ааҕыллар уонна дойдуттан эмиэ улахан тутулуктаах. Үп-мал, баай нолуогун кэлэр сыл ахсынньы 1 күнүгэр диэри төлүөхтээхпит. Иһитиннэрии бу чыыһылаттан, биир да ыйтан ордук хойутаан кэлбэт.

Дохуоттан нолуок. Эһиги хамнас ылар буоллаххытына, НДФЛ ааҕыллар — дохуот сууматыттан 13 %. Бу харчыны хамнастан тута туталлар уонна бүддьүөт хааһынатыгар киллэрэллэр.

Сороҕор НДФЛ ааҕыллан баран, бэйэ төлөбүрүн ирдиир. Холобур, малы-салы атыылаатахха эбэтэр туора киһиттэн хамсаабат баай-дуол бэлэҕин туппут түгэҥҥэр. Оччоҕуна декларация түһэриэхтээххит, ол суумата бүддьүөт хааһынатыгар барыахтаах.

3-НДФЛ декларацияны кэлэр сыл муус устар 30 күнүгэр диэри биэрэллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...