30.05.2024 | 10:00

Николай Попов: «Аҕам аатын ааттатаары»

Николай Попов:  «Аҕам аатын ааттатаары»
Ааптар: Наталья КЫЧКИНА
Бөлөххө киир

Николай Николаевич Попов Уус Алдан улууһун Лөгөй нэһилиэгинэн баһылыгынан үлэлээбитэ иккис сыла балаҕан ыйыгар буолар. Мин төрөөбүт нэһилиэгим баһылыгыттан интервью ылыахпын толкуйдаабытым син ыраатта. Кини үлэтин-хамнаһын, нэһилиэк олоҕун-дьаһаҕын сырдатаары, бүгүн кэпсэтиигэ ыҥырдым.

Николай Николаевич, муниципальнай тэриллии үлэтигэр бүддьүөт биир саамай дьоһун, суолталаах боппуруос буолар, мантан элбэх кыһалҕа быһаарыллар. Лөгөй нэһилиэгин үбүлээһинэ былааҥҥытыгар, баҕа санааларгытыгар тиийэр дуо?

– Биһиги нэһилиэк үс дэриэбинэлээх, Кэптэни, Хомустаах, Даалы. Сылга бүддьүөппүтүгэр 45 мөлүйүөн көрүллэр. Ол, биллэн турар, барытыгар тиийбэт, ититиигэ, уокка, үлэһиттэр хамнастарыгар о.д.а. барар, ол кэннэ бэйэбит туттарбытыгар, ол эбэтэр тупсарыыга, суол оҥоһуутугар эҥин кыралаан хаалар. Сыллааҕы бүддьүөтү дьокутааттары кытта былааннаан бигэргэтэбит; холобур, быйылгы, 2024 сыллааҕыны, 2023 сыл ахсынньы бүтэһик күннэригэр ылынабыт. Ол курдук сөбүлэһэн баран, суолга, сквергэ, атын да араас үлэҕэ анньан биэрэбит.

Бүддьүөт төһө элбэх куонкуруска кыттаргыттан эбиллэр. Быйыл генеральнай былааммытын оҥотторууга эбии харчы ыллыбыт, бэйэбит бүддьүөппүтүн көрөн топосъемка оҥотторбуппут. Генбылаан уһун сылларга туттуллар улахан бырайыак. Чуолаан туох тутулларынан, ханан тутулларынан оҥоһуллар, онтон туора хамсаабакка, ол ылыммыт былаанынан барыахтаахпыт. Тутуулар, дьон олорор дьиэтэ онон барар.

Тыырыллар бүддьүөт биһиэхэ эрэ буолбатах, атын да нэһилиэктэргэ тиийбэт, киһи баҕата улахан буоллаҕа дии. Туох кыах баарынан, куонкуруска кыттан, ону халыҥатыахха наада.

Коммерческайа суох тэрилтэлэри (НКО) арыйбыппыт, онон граннарга киирсэ сылдьыбыппыт. 2022 с. баһылык буолан бараммын араас бырагыраамалары киллэрбитим, билигин Хомустаахха урукку баһылык Наталья Васильевна Егорова арыйбыт уопсастыбаннай бэйэни салайыныы уоргана (ТОС) баар, билигин да үлэлиир, граҥҥа кыттан спортивнай балаһаакка тутуллубута, күрэхтэһиилэргэ граҥҥа киирсэн бириис олохтуур, кыаммат ыалларга көмөлөһөр.

Киин сиртэн, Бороҕонтон чугас олороҕут, ол да буоллар Кэптэни-Хомустаах суола сыл аайы кыайтарбат, биир кэм оҥоһуллубат курдук көрөбүн.

– Нэһилиэктэр икки ардыларын суолларын улуус уонна өрөспүүбүлүкэ бас билиитигэр ылар. Нэһилиэктэр дэриэбинэлэрин иһин эрэ көрөллөр. Кэптэни иһинэн, Хомустаах иһинэн хоту нэһилиэктэр суоллара ааһаллар, бу суол пааспарынан улууска киирэ сылдьар. Улахан трасса буолла да, улууска киирэр. Биһиги суолбут Лөгөй нэһилиэгин Хомустааҕыттан Нам иккис Хомустааҕын суола өрөспүүбүлүкэ балансатыгар киириэхтээх. Итинник кэпсэтии урут барбыта. Танда уонна Таатта икки арда өрөспүүбүлүкэҕэ көһүөхтээх диэн 2022 сылга быһаарыллыбыта. Танда суола билигин көстө, онно үлэ бөҕөтө бара турар. Танда 4 геройдаах нэһилиэк, былырыын Арассыыйа дьоруойа буолбут Алексей Неустроев, тандалар бэйэлэрин уоллара туруорсуутунан суоллара оҥоһулла турар. Онтон биһиги уочараппыт кэлиэхтээх. Өрөспүүбүлүкэҕэ көһөрөргө элбэх докумуон толоруллар, былааҥҥа эһиил турар. Онон билигин чопчу өрөспүүбүлүкэ суола буолар кыаҕа суох.

Аҥаардас Хомустаах Кэптэни икки ардыгар сүүстэн тахса оҥхой баар. Сыл аайы ууну, чалбахтары туоратарга үлэ барар, бу саас помпалаах уолаттар улуустан көрүллэр харчынан үлэлээбиттэрэ, систэн уу син биир киирэ турар, быйыл экскаватор тахсан үлэлээн, оҥхойго таһаара сатаабыттара, сир тоҥ буолан кыайтарбата. Сороҕор биир чалбахха уу бырахтарарга үстүү чаас олороллор. Билиҥҥи туругунан кыра массыына сылдьар буолла. Грейдердээһиҥҥэ улуус харчы көрөр, онон суолу грейдердииллэр, былырыын күһүн ардахтаах дьыл буолан, ардаан баран тоҥорон кэбиспитэ. Онон быйыл саас айаҥҥа кыһалҕаны көрүстүбүт. Уопсайынан, суол оҥоһуута, кыһалҕата ханна баҕарар баар. Өрөспүүбүлүкэҕэ көстөҕүнэ, киһи айаҥҥа ыарахаттары көрсүө суоҕа этэ. Уус Алдан нэһилиэктэрин 40 бырыһыана биһигинэн ааһар.

Урут Бартыһаан Заболоцкай сопхуос өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ биллэр, Кыһыл Знамя уордьаннаах бөдөҥ хаһаайыстыба этэ, биэс учаастак киирэрэ. Билиҥҥи усулуобуйаҕа тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга туох үлэ ыытылларый?

– Бүддьүөт тыа хаһаайыстыбатыгар кыра көрүллэр. Бырагыраама оҥоро сатыыбыт да,  тиийбэт. Бааһынайдарга субсидия харчы биэрэбит. Ол-бу араас оборудование ылбыт буоллахтарына, син компенсациялыыбыт, элбэх сайаапка киирдэҕинэ, хастыы эрэ бырыһыаны биэрэр курдук. Холобур быһыытынан эттэххэ, уон киһи кытынна, бары 100-түү тыһыынчалаах оборудование ылаллар, барыларыгар 40 тыһыынчаны үллэрэбит, бүддьүөппүтүгэр 400 тыһыынча көрүллүбүт буоллаҕына.

Өрөспүүбүкэттэн араас бырагыраама баар. Биир үчүгэй бырагырааманан социальнай хантараак буолар, икки хайысхаҕа арахсар, бэйэтэ туһунан усулуобуйалардаах. Дохуоттара олох таһымын алын кээмэйигэр тиийбэттэргэ, элбэх оҕолоохторго, дьиэ кэргэнтэн биирдэстэрэ үлэлээбэт буоллаҕына туһаналлар уонна соҕотох олорооччуга эмиэ көрүллэр. Манна торт оҥоруута, араас өҥө оҥоруута о.д.а. киирэр, кылаабынайа, бэйэ дьыалалаах буолуохтаахтар. Биирэ өҥө оҥоруута буоллаҕына, иккис хайысхатынан тыа хаһаайыстыбатыгар субсидия буолар. Тыа хаһаайыстыбатыгар ньирэй, сибиинньэ, куурусса ылан иитии, оҕуруот олордуута эҥин киирэр. Биир сылын хайаан да отчуоттуур, сөпкө туһаммыт буоллаҕына, атыыласпыт оборудованиета барыта бэйэтигэр хаалар. Маннык социальнай хантараагынан Хомустаахха маһынан, пластмассанан сувенирдары оҥорор Анастасия Гусимовна Семенова, Кэптэнигэ тордунан дьарыктанар Марианна Попова, баттах кырыйааччылар Изабелла Павлова, Любовь Сергеева,  химчистка өҥөтүнэн Степанида Бурнашева сүрдээх таһаарыылаахтык дьарыктана сылдьаллар. Быйыл үс киһи ылла, Павел Копырин тыраахтар атыылаһан нэһилиэнньэҕэ араас өҥөнү оҥоруохтаах, Леонид Никифоров ритуальнай өҥө уонна Алексей Алексеевич Никифоров тутуунан, уһаныынан дьарыктаныахтаах. Ити барыта хонтуруолланар, харчы түстэ да, бизнес-былааҥҥа ыйыллыбыт оборудованиеларын ый иһигэр ылыахтаахтар, биһиги көрөн, көмөлөһөн биэрэбит, онтон улууска киирэн көмүскүүллэр, суумата да улаатта, 500 тыһыынча солкуобайга тиийдэ. Олох таһымын алын кээмэйинэн сыллата үрдээн иһэр.

Дьон сүөһүтүн эһэр, ынах маҥырыырын, этэргэ дылы, кэҕэ этэрин курдук күндүркэтэ истэбит. Собуот үлэлээбэт, дьон үүт туттарбат, кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарыыга эн бэйэҥ көрүүлэриҥ, олохтоох былаас маныаха туох дьаһаллары ыларый?

– Маточнай поголовьеҕа диэн өрөспүүбүлүкэттэн 39 тыһыынчалаах субсидия баар. Бу маны үүт туттарбатахтар биир төбө иһин ылаллар. Билигин сүөһү ахсаана ханна да баарын курдук, аҕыйаата, дьон эстэ. Улахан хаһаайыстыбаларбыт Кэптэнигэ Анатолий Семенович Бурнашев, Хомустаахха Иван Иванович Бурнашев бааллар, кинилэр 100-тэн тахса төбөлөөхтөр.

Кэптэнигэ Дэрги сайылыкка уот ситимин тарда сылдьаллар. Бу сайылыкка биһиги нэһилиэкпит киэн туттар киһитэ, Социалистическай Үлэ Дьоруойа Анастасия Семеновна Копырина үлэлээн ааспыта. Кэптэниттэн быһа көрдөххө, 6 килэмиэтир усталаах уот ситимэ тардылла турар. Ол бүттэҕинэ, дьэ, сайдыы өссө барыа, үлэлиир усулуобуйа өссө тупсуо этэ буоллаҕа. Бу икки хаһаайыстыбаҕа өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан кэлэн үлэлииллэр, олохтоохтор да бааллар. Онон кинилэргэ сөптөөх усулуобуйа тэриллиитигэр күүстээх үлэ барар.

Биһиги көмөбүт диэн бааһынайдарбытыгар бааһына олбуорун оҥорууга өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраамаҕа киирсэбит, кормопроизводствоҕа нэһилиэк бүддьүөтүттэн үбүлээһин көрөбүт. Түөрт өттүттэн: нэһилиэк-улуус-өрөспүүбүлүкэ уонна бааһынай хаһаайстыба үбүлүүллэр.

Нэһилиэнньэ ахсаана хас буоллай, эдэр исписэлиистэр, ыаллар төһө эбиллэллэрий?

– Нэһилиэнньэ ахсаана 2022 сыллааҕы биэрэпис түмүгүнэн 1479 киһи олорор диэн. Кыралаан кэлэллэр, билигин солбуйааччым Владимир Валерьевич Петров эдэр киһи, бэйэбит уолбут үлэлиир,  балаҕан ыйыгар үлэлээбитэ сыла буолар. Даалыга оскуола-саадка эдэр ыал кэлбиттэрэ, кыыс дириэктэр, кэргэнэ дьаһалтаҕа суоппарынан киирбитэ, икки оҕолоохтор. Былырыын балыыһаҕа саҥа үөрэҕин бүтэрбит педиатр кэлбитэ, үлэлии сылдьар. Хомустаахха 2021 сылга кэргэннии үҥкүүһүттэр кэлэн, олус таһаарыылаахтык үлэлии сылдьаллар, биир кырачаан оҕолоохтор, Хомустаахха урут кэнсиэрдэрэ ырыанан саҕаланар эбит буоллаҕына, билигин үҥкүүнэн саҕаланар. Улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ ситиһиилэрэ элбэх, оҕолор да, улахан дьон да үҥкүү алыбар ылларан, таһымнара быдан үрдээтэ диэн олохтоохтор үөрэбит.

Оскуолаҕа эдэр учууталлар бааллар, биир ыал олохсуйаары дьиэ тутунна. Тустууга былырыыҥҥыттан Куприян Попов тренердиии сылдьар, боксаҕа оҕолор эмиэ дьарыктаналлар, ситиһиилэр бааллар, баһаарынай чааска эмиэ бэйэбит уолбут кэлэн үлэлии сылдьар. Онон кэлии, олохсуйуу биһиги нэһилиэкпит инники сайдыытыгар олук буолара саарбаҕа суох. Уонна бэйэбит оҕолорбут дойдуларыгар көһөн кэлиилэрин биһиги ытыс үрдүгэр түһэрэн ылабыт.

Лөгөй нэһилиэгэр быйыл Үйэтитии сылын биллэрдигит. Онуоха туох үлэлэр ыытыллан эрэллэрий?

– Үйэтитии сылынан биир улахан ситиһиибит диэн олохтоох музейы арыйан үлэлэтэн эрэбит. Хас да сыл музейа суох олорбуппут, ону сөргүтүү диэн буолар. Олохтоох оскуолаҕа нуучча тылын, литературатын учуутала Екатерина Дмитриевна Шарина уопсастыбаннай ноҕорууска курдук ылынан үлэлии сылдьар. Манна, биллэн турар, олохтоохтор көх-нэм буолаллар. Бу соторутааҕыта Музей күнүгэр экспонат бөҕөтө хомуйдулар. Музейбытыгар Лөгөй Тойон аатын биэрээри гынабыт, араас таһымнаах мунньахтарга штат көрдүү сатыыбыт. Олус бэккэ дьаһанан, дьаарыстанан, музейдарын хоһун оҥостоннор үлэлии сылдьаллар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ыам ыйын 25 күнүгэр, улууска библиотечнай систиэмэ тэриллибитэ 100 сылыгар, Лөгөйбүт нэһилиэгэр Үйэтитии сылын чэрчитинэн өр кэмҥэ бибилиотекарынан үлэлээбит Мария Сергеевна Попова төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах сүрдээх интэриэһинэй тэрээһиннэр, быыстапка,  куонкурустар нэдиэлэ устата буолан аастылар. 

Быйыл Бартыһаан Заболоцкай аатынан сопхуоспут тэриллибитэ 50 сыла, онно Кэптэнини кытта биэс учаастак киирэр этэ. Бу үлэлии олорор хонтуорабыт урукку сопхуос дьиэтэ саҥардыллан, тупсарыллан турар. Таһыгар Бочуот дуоската баар, ону саҥардыыга үлэлэһэ сылдьабыт, табылыннаҕына, сопхуос тэриллибит күнүгэр арыйыахпыт. Уопсастыбаннай сэбиэт бэрэссэдээтэлэ, урут дьаһалтаҕа үлэлии сылдьыбыт Михаил Иванович Колодезников араас эйгэҕэ сүбэ-ама буолар. Билигин кини эбэлэр хоойдорун үөрэтэн, ол историятын сырдатарга үлэлиир. Оҕолор, олохтоохтор куруук ыраастыыллар, кытылы хомуйаллар. Эбэбит хоойдоро бары туһунан ааттардаахтар эбит. Онон бу сүрдээх үчүгэй саҕалааһыны эдэр ыччакка тиэрдэр гына үлэлэһэбит.

Аны алаастарбыт аатыгар биир эмиэ интэриэһинэй идеялаахпыт. Холобур, алааска киирии аартыгар иһитиннэрии курдук алаас аатын, кимнээх олоро сылдьыбыттарын оҥотторуохпутун баҕарабыт. Толкуйдаан үлэҕэ киллэриэхпит диэн былаанныыбыт, сир астыы, оттуу сылдьар, ааһан иһэр киһи чугаһаан көрөн, кимнээх олорбуттарын, алаас аатын билэрэ туох куһаҕаннаах буолуоҕай.

Илин уһуйаан тутуутун туруорустугут, спортивнай саала тутуллар буолла, быйыл хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматынан дьон толору хааччыллыылаах дьиэҕэ көһөллөрүн кэтэһэллэр. Сир анныттан кэлиэхтээх уу скважината олоххо киириэхтээх этэ, Эбэ уутун чинчийиигэ ыыттылар диэн буолбута инньэ иккис сыла.

– Кэптэнигэ 39 кыбартыыралаах, түөрт мэндиэмэнннээх таас дьиэ тутулла турар. Бэс ыйын бүтүүтэ, от ыйын саҕаланыыта киириэхтээх, үлэ күүскэ бара турар. Итиннэ сэттэ хаарбах дьиэттэн көһөн киириэхтээхтэр. Хонтуруола күүстээх, федеральнай бырагыраама буолан. 2015 сылтан спортивнай саалата суох олоробут. Нэһилиэк улахан дьоно быыс-арыт көстөрүнэн дьарыктанан кэллилэр. Былырыыҥҥыттан бырайыак чааһыгар хамсанаммыт, бу сылга саҥа саалабыт бырайыагын оҥорон саҕалаатылар. Таһырдьа 200 миэтэрэ сүүрэр дорожкалаах, ыскамыайкалар эҥин баар буолуохтара, иһирдьэ суунарга душ, толору хааччыллыылаах буолуохтаах.  Саҥа сааланы нэһилиэнньэ күүппүтэ ыраатта, эт-хаан өттүнэн күүскэ сайдыахпыт этэ, күрэхтэһиилэри ыытан,  кыттан, нэһилиэк дьоно сэргэхсийиэ этилэр. Былырыын “Чөл олохтоох нэһилиэк” өрөспүүбүлүкэтээҕи бырайыакка киирбиппит, хаалыктаах хаамыы буоллун, тустуу,  мас тардыһыыта буоллун, олохтоохтор көхтөөхтүк кытталлар. Нэһилиэнньэ ол бырайыакка күүскэ үлэлиир. Спортинструктор Петр Николаевич Перевалов түөлбэлэринэн, тэрилтэлэр икки ардыларынан, улуус, өрөспүүбүлүкэ да таһымнаах күрэхтэһиилэргэ барытыгар олус үчүгэй, кыахтаах салайааччы буолан, үлэни ыыта сылдьар.

Урукку баһылыкпыт Наталья Васильевна Егорова илин бааһынаҕа уһуйаан тутуллар сиригэр генбылаан оҥотторбута. Бырайыактыыр дьон сирин-уотун көрөн-истэн барбыттара. Билиҥҥи уһуйаан уу үрдүгэр турар, саас аайы ууга барар, оҕолор да доруобуйа өттүгэр охсуу ылаллар, үлэһиттэр да ыараханы көрүстүлэр, куруук тэллэй ыраастаан тахсаллар. Бастаан бырайыага бүтүөн наада. Ханнык баҕарар боппуруоһу туруорсарга бастаан бырайыак көрдүүллэр. Украинаҕа СВО-ҕа баһылыктары кытта бара сылдьаммын, Москваҕа Госдуума дьокутааттарын көрсүбүппүт. Федот Тумусовы, Галина Данчикованы, Петр Аммосовы кытта. Кинилэр эмиэ бастаан бырайыаккытын аҕалыҥ, ол кэннэ дьыалабыай кэпсэтии буолуо дииллэр. Онон бырайыактарбытыгар күүскэ хамсаннахпытына эбийиэктэрбит тутуллуохтара диэн эрэнэбит.

Скважина туһунан этэр буоллахха, Кэптэни эбэтигэр сүүс миэтэрэлээх скважина хаспыттара. Уутун таһаарбыттара, аналиһа барбыта да, илиибитигэр тута иликпит, үчүгэй диэбиттэрэ. Ып-ыраас уу тахсыбыта. Ити “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа бырагырааматынан үбүлэммит үлэ. Манна үп булуохпутун наада,  сыыйа былааннар бааллар. Бу скважина үлэлээтэҕинэ, хас биирдии дьиэҕэ уу ситимэ тардыллан, сайыннары-кыһыннары ыраас, иһэр уу кэлиэхтээх. Бөдөҥ, күүстээх тэрилтэни булар сорук турар.

Хомустаахпытыгар кулууппут наһаа эргэ, 1957-58 сыллаах тутуу, нэһилиэнньэтэ кэҥии турар. Манна эмиэ бырайыак эккирэтиһэ сылдьабыт.

Тыа сирин биир сүрүн кыһалҕатынан ититиигэ холбонуу буолар. Биһиги нэһилиэк 35-40 эрэ бырыһыан холбонон турар. Арҕаа ыалларга балыыһабыт хочуолунайыгар эбии оһох кэлэрэ буоллар, холбуохпут этэ. Даалыбытыгар икки эрэ дьиэ холбонон турар. Манна кыстыыр да дьиэ аҕыйах, онон барыларын холбуурбут буоллар. Хомустаахпытыгар үлэ барыахтаах. Сыана үрдүү турар буолан, бүддьүөппүт кыайбат. Онон төһө кыалларынан улуустан, өрөспүүбүлүкэттэн харчы көрдөһөммүт, холбуу сатыахпыт этэ. Онно эбии олохтоохтор бэйэлэрин өттүлэриттэн харчы уган, күүс-көмө буолуо этилэр.

Аны бэйэҥ тускунан кэпсэтиэххэ. Төрүт Лөгөй сирин олохтооҕо буолаҕын, ийэҥ Ньурба кыыһа кэлэн кийиит буолан хаалбыта.

– Ийэм Валентина Ефимовна Попова (Матвеева) Ньурба Хорулатыттан төрүттээх. Медицинскэй училищены бүтэрэн баран Алдаҥҥа үлэлии сылдьыбыт, онтон аҕабыныын куоракка көрсөн ыал буолан, Кэптэнигэ кэлэн уруу тэрийэллэр, түөрт оҕолоноллор. Убайым Ефим, эдьиийим Сахаяна, онтон мин үһүс оҕо буолабын уонна кыра балтым Валентина.

Бэйэм 1988 сыл от ыйын 31 күнүгэр Ньурбаҕа төрөөбүтүм. Аҕам Николай Федотович Попов Уус Алдан Хомустааҕар халыҥ аймахтар Поповтар сыдьааннара. 

Аҕам маска улахан дэгиттэр уус этэ, нэһилиэккэ элбэх дьиэни, эбийиэги тутуспут киһи. Ийэм билиҥҥэ диэри балыыһаҕа үлэлии сылдьар. Кэргэним Ирина эмиэ балыыһаҕа сиэстэрэ. Үс уол оҕолоохпут.

Оҕо сылдьан алын кылаастарга көҥүл тустууга эрчиллибитим, кэлин баскетбол, волейбол, спорт араас да көрүҥнэринэн дьарыктаммытым. Спорт киһини хатарар, майгытын кытаатыннарар үтүө өрүттэрдээх, онтум билигин олохпор да, үлэбэр туһалыыр.

2009 сылга ытык иэспин төлүү аармыйаҕа барбытым. Оскуола кэнниттэн орто үөрэҕи бүтэрбитим, тыа хаһаайыстыбатын  техникумун, техник-землеустроитель диэн идэни баһылаабытым,  аармыйаттан кэлэн баран олохтоох дьаһалтаҕа сүрүннүүр исписэлииһинэн үлэлии киирбитим,  ол сылдьан кэтэхтэн ДьТХА экономист идэтигэр үөрэнэ сырыттахпына академиябыт сабыллан хаалбыта, онтон АГИИК  менеджмент үөрэҕин 2019 сыллаахха бүтэрбитим.

Үлэбин бастаан исписэлииһинэн саҕалаабытым, 2012 сылтан Наталья Васильевна дьаһалта баһылыгынан олорон 2014 сылга солбуйааччынан  ылбыта, онтон 2014 сылтан 2022 сылга диэри  Марк Васильевич Местниковка баһылык солбуйааччытынан үлэлээбитим.

Билигин баһылык буолан үлэлиирбэр улахан уопуту Наталья Васильевна уонна Марк Васильевич биэрдэхтэрэ. Кинилэри көрөммүн, хайдах хамсаналларын, салайалларын ылынаммын, билигин настаабынньыктарым диэн аааттыыбын, иккиэннэригэр улахан махталлаахпын.

Эн аҕаҥ Николай Николаевич олус хомолтолоохтук, хамсык ыарыытыгар оҕустаран барбыта. Ол күһүнүгэр эн баһылык буолбутуҥ. Саамай киэн туттуох, үөрүүгүн үллэстиэх киһи ол кэмҥэ суоҕа. Аҕаҥ туһунан кэпсээ эрэ. Баҕар, киниэхэ эппэккэ хаалбыт тылларгын бүгүн аһыллан этиэҥ буолаарай.

– Киһи төрөппүттэрин көрөн улаатар. Аҕабыт элбэҕи оҥордоҕо, хайдах үлэлииргэ, кырдьаҕаһы кытта сыһыаннаһарга такайбыта, эппитэ элбэх. Билигин бэйэм кырдьаҕаһы кытта кырдьаҕас, эдэрдэри кытта эдэр буолабын.

Аҕам сүрдээх эйэҕэс, кэпсэтинньэҥ, ыллаан да ылара, үҥкүүлүүрүн наһаа сөбүлүүр этэ. Быйыл суох буолбута үс сыла. Аҕам миигин элбэххэ үөрэппитэ, булка, уһанарга, туттарга-хаптарга. Дьон быыһыгар бэйэбин буларга ийэлээх аҕам улахан өҥөлөөхтөр. Билигин даҕаны араас боппуруостарга дьоммуттан сүбэлэтэбин, толкуйданабын, онтон сөптөөҕүн ылынабын. Хонтуораҕа да үлэлии киирэрбэр дьонум аах сүбэлэрэ кынаттаабыта. Аҕам суох буолбутун кэннэ баһылыкка турарбар аан бастаан ийэбиттэн сүбэлэппитим. Хайа баҕарар төрөппүт үчүгэйи эрэ баҕарар буоллаҕа, дьаһалта үлэтэ ыарахан, биир эрэ хайысханы көрбөккүн. Манна хонтуораҕа эрэ үлэлээһин буолбатах, араас субуотунньук, тыа баһаара, ыал араас кыһалҕатын барытын биир бэйэм эрэ буолбакка, дьаһалта үлэһиттэрэ бары биир сүбэнэн туората сатыыбыт.

Быыбарга норуот талбытын кэннэ, тута аҕабын саныы түспүтүм, кини баара буоллар төһө эрэ үөрүө этэ диэн. Үгүс киһи да бары аҕабын санаатыбыт диэбиттэрэ.

Ийэм син биир долгуйар, санаарҕаан да ылар быһыылаах. Аҕабын суохтуура көстөр, ийэм аттыгар олорор буоламмыт, көрө-истэ сылдьабыт, кини да оҕолорбутун көрсөн көмөлөһөр. Дьонум аах уһаайбаларын аттыгар дьиэ туттан олоробут. Аҕам этэр этэ, саха үгэһинэн, былыргынан бу уһаайба барыта кыра уолга, эйиэхэ хаалар диирэ.

Киһи дьоно куруук аттыгар баар буолуохтаахтарын курдук саныыр, урут эдэр сылдьан тугу этэллэрин улаханнык ылыммат да түгэннэр баар буолаллар этэ. Суох буолбутун кэннэ биирдэ суохтуур эбиккин. Кини эппитэ-тыыммыта, сүбэтэ, ыйыыта-кэрдиитэ билигин олохпор улаханнык көмөлөһөллөр. Аҕабыт суох буолбутугар кыра ыарахаттары көрсөн баран, аҕам мээнэ этэ сылдьыбатах эбит, оннооҕор маһы итинник охтороор диэбитэ кытта улахан үөрэх буоларын билигин өйдөөтүм, аҕам үөрэппитинэн уһанабын, дьиэбин туттарбар дьон көмөлөспүтэ, гаражпын, теплицабын эҥин бэйэм тутуннум.

Онон аҕа оруола диэн уолга улахан суолталаах. Кини саамай сөбүлүүрэ, эппитим курдук, үҥкүү этэ. Нэһилиэк дьоно бары кини кулуупка, таанцыга үҥкүүлүүрүн билигин да сөҕө ахталлар, оннук имигэс этэ. Мин бэйэм оскуоланы бүтэриэхпэр диэри үҥкүүлээбитим, КВН-ҥа да кыттар этим, өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ хаста даҕаны бастыы сылдьыбыппыт. Владивостокка “Океан” лааҕырга баран сынньанан кэлбитим.

Саха эр киһитэ барыта булчут. Оттон булт диэн баран “муннукка ытаабыт” киһиэхэ эн киирэриҥ буолуо дии саныыбын. Эппиэтинэстээх үлэҕиттэн быыс булан бултуугун-алтыыгын.

– Эр дьон үксэ бултуур, саас, күһүн муҥхалыыр, илим үтэр. Тыа сиригэр да, куоракка да саха киһитэ буолла да, булдун ордорор. Мин кыра сылдьан булка оннук сыстаҕас буолбатах этим, убайым ытыы-ытыы аҕатын батыһара. Улахан кылаастартан эҥин бултаабытым. Кэргэним Дүпсүн, онно элбэх үүтээннээхтэр, киэҥ алаастаахтар, онон сыл  аайы кэргэним дойдутугар баран бултуубун. Үүтээҥҥэ киһи сынньанар, хайаан да кус өлөрө-өһөрө диэн буолбакка, өйүн-санаатын дьаарыстанар, инники былааннарын торумнуур, айылҕаны кытта алтыһар, сынньанар. Муҥха диэн эмиэ олох атын, кыстыкка киирэн баран саха киһитин кыһыҥҥы аһа буоллаҕа дии, балык. Муҥханы эмиэ наһаа сөбүлүүбүн. Быа да соһооччунан, онтон да араас үлэтигэр барытыгар түһүнэн иһэбин.

Самаан сайыммыт сатыылаан, дьон-сэргэ үөрүүтэ үрдээтэ. Быйыл нэһилиэкпит ыһыаҕа сопхуос тэриллибитэ 50 сылыгар ананан, үбүлүөйдээх тэрээһин буолаары турар. Дьэ, онно туох ураты түгэн күүтэрий, дойдубут дьонун, ыалдьыттары тугунан соһутаҕыт? Баҕа санааҕын, эҕэрдэҕин тиэрдиэҥ дуо?

– Ыһыахпыт бэс ыйын 14 күнүгэр буолаары турар. Бартыһаан Заболоцкай сопхуос 50 сыллаах үбүлүөйэ буолан урукку отделениелар бары кэлиэхтээхтэр. Улахан тэрээһин күүтүллэр. Биир дойдулаахпыт, норуодунай артыыс Владимир Заболоцкай кэлэн алгыс түһэриэхтээх, кэпсэтии барбыта. Быйыл кулууптарбыт улуустааҕы муниципальнай тус сыаллаах бырагыраамаҕа киирсэннэр, 200 тыһыынчаны ылыахтаахтар, онон саҥа сыана оҥотторуохтаахпыт, бөҕө-таҕа, үйэлээх буоллун диэн каркаснай, тимир буолуохтаах. Ыһыахпытыгар араас спортивнай күрэхтэр, култуурунай тэрээһиннэр, оһуохай ыытыллыахтара, ат сүүрдүүтүн киллэрэ сатыыбыт, нэһилиэктэрбитин кытта сүбэлэһэ сылдьабыт, бирииһин кыайдахпытына, биэс дистанцияҕа сүүрүү ыытыахпыт, саха атыгар диэн. Хааннаах да аттар кэлэллэрэ буолуо.

Былырыыҥҥы курдук “Өбүгэ аһа” түмсүү алаадьынан, баахыланан, ис миининэн күндүлүөхтээх. Былырыыҥҥы көмүс выпустар сахалыы матыыптаах сынньалаҥ беседкатын бэлэхтээбиттэрэ, быйылгылар хорчуопка тутан биэриэхтээхтэр. Аһаҕас буолуохтаах, остуоллардаах, ас түҥэтэр сирдээх, үлэлэрин кыһыҥҥыттан саҕалаабыттара, мастарын хайыттаран эҥин.

Бар дьоммор баҕарыам этэ күөх сайынтан сомсон үлэлээн, оттоон, сир астаан, дуоһуйа сынньанаргытыгар, дойдубут ыһыаҕар күндү ыалдьыт буолан кэлэргитин күүтэбит!

Николай Николаевич, кэпсээниҥ иһин махтал, айыылартан алгыстанан, арчыланан, үлэҥ өссө таһаарыылаах буоллун, нэһилиэк дьонун махтала, эрэлэ, итэҕэлэ кэлэ турдун, өссө үрдүк ситиһиилэри, дьолу-соргуну баҕарабын!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...