15.08.2024 | 10:00

Николай Пахомов: «Олохпут биир чаҕылхай кэмэ БАМ тутуутуттан саҕаламмыта...»

Николай Пахомов:  «Олохпут биир чаҕылхай кэмэ БАМ тутуутуттан саҕаламмыта...»
Ааптар: Маргарита АКИМОВА
Бөлөххө киир

«Киин куорат» хаһыат бүгүҥҥү ыалдьыта – Арассыыйа уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Николай Иванович Пахомов. БАМ тутуутугар маҥнайгы күннэртэн дьиэ кэргэнинэн үлэлээбит, муус устар ыйга 50 сыллаах кыһыл көмүс сыбаайбаларын бэлиэтээбит ытык-мааны ыал аҕа баһылыга –  быйылгы Дьиэ кэргэн сылыгар уонна дойду модун тутуута 50 сыллаах үбүлүөйүгэр алмаас таастыы көстүбүт сэдэх дьоруойбут.

БАМ – Амур, Иркутскай уобаластар, Забайкалье, Хабаровскай кыраайдар, Бурятия уонна Саха сирин өрөспүүбүлүкэлэрин территорияларынан ааһар бүтүн аан дойду үрдүнэн биллэр улахан тимир суоллартан биирдэстэрэ. Устата – 4324 км кэриҥэ. 1975 сыллаахха сэтинньи 15 күнүгэр Тындинскай бөһүөлэккэ Тында диэн куорат статуһа иҥэриллибитэ. Тынданы БАМ киин куоратынан билинэллэр. Бу саҥа төрүттэммит куоракка ССРС өрөспүүбүлүкэлэриттэн үгүс араас омук ыччата мустан, БАМ баараҕай тутуутугар кыттыбыта. Кинилэр ортолоругар бүгүҥҥү сэргэх сэһэргэһээччибит баара...

Алааска улааппыт дьоллоохпун

– Николай Иванович, ойор-тэбэр сааһыҥ кэрэ кэмнэрин ахтан аас эрэ. Төрөппүттэриҥ, удьуор-хаан дьонуҥ кимнээҕий?

– Дьиҥэ, кииним түспүт сирэ Дьокуускай куорат эрээри, төрөөбүт дойдубунан Таатта Дэбдиргэтин ааҕабын. Онно оскуолаҕа киирбитим. Оҕо сааһым кэрэ кэмнэрэ ааспыт сирин ахтан-санаан хоһооммор хоһуйабын, ырыабар ыллыыбын.

Хайа да кэм бэйэтэ туспа эйгэлээх, өйдөөх-санаалаах. Онно барыта биир дэхси буолбат. Өбүгэлэрбит «Олоҕу олоруу хонууну туорааһын буолбатах» диэн мээнэҕэ эппэтэхтэрэ. Мин аҕам аҕата кулаак эбит. Билигин өйдөөтөхпүнэ, эһэм сэбиэскэй былааска хомолтотун биллэрэн эбитэ дуу, бөдөҥсүтүүгэ бэриммэтэх, холкуоска киирбэтэх, ол да иһин алааһыттан тэйбэккэ олорбут дии саныыбын. Төрөппүттэрим үөрэх дьоно буолан буоллаҕа, миигин эһэм аахха хаалларбыттар. Бэйэлэрэ үрдүк үөрэҕи бүтэрэн баран Москубаҕа аспирантураҕа үөрэммиттэрэ. Онно олорон кыыс оҕоломмуттара. Кэнники дьонум Чурапчы училищетыгар үлэлээн баран оскуолаҕа учууталлаабыттара. Онон мин эһэлээх эбэбэр иитиллибитим. Кинилэр өбүгэ сиэрин-туомун күннээҕи олохторугар туттан, куттуун-сүрдүүн чөл дьон этилэр. Кинилэри батыһа сылдьан мин эмиэ айылҕаҕа чугас буола улааппытым.

– Оскуолаҕа хайдах үөрэммиккиний?

– Ахсынньы бүтүүтэ төрөөбүт буоламмын, оччотооҕуга этэллэринэн, “ночооттоох оҕо” диэн этим. Ол иһин буолуо, оскуолаҕа алта сааспар, сэттэбин туола иликпинэ киирбитим. Дэриэбинэттэн алта килэмиэтир тэйиччи сытар сиргэ икки ыал олорор этибит. Ньылаҕаайыттан кэлбит алаас оҕото дьааһыла да, дьыссаат да диэни билбэтэх киһи буоллаҕым дии. Атыттар –  дэриэбинэ оҕолоро. Кэлээппин кытта миэхэ “Ньылаҕаайы эһэтэ” диэн ааты иҥэрбиттэрэ. Кылааска учуутал улаханнык саҥаран киирбитигэр, оҕолор бары толло түспүттэрэ. Мин ханна олорорбун билбэккэ турдахпына, биир кыыс таһыгар олордон кэбиспитэ. Онтон, дьэ, ааппытын-суолбутун ыйыталаһан барда. Атын оҕолору билэттиир буоллаҕа. Миигин  «Эн кимҥиний?» диэбитигэр араспаанньабынан киммин диэбиппин өйдөөбөппүн. Улахан саҥатыттан долгуйан, толлон, Аргунов, биитэр Пахомов диэбитим. Учууталым иккистээн ойутан туруорда уонна: «Манна хас түннүк баарый?» – диэн ыйытта. Ааҕа сатаатым...

Ол курдук оскуолабар нэдиэлэ буолбатым, алааспар төттөрү атаардылар. Үөрэххэ бастакы хардыым «Үчүгэйдик үөрэммэт, сайдыбатах оҕо» диэн күүстээх этиилэринэн саҕаламмыта. Өссө эбиитин «Кыйы диэн нэһилиэккэ өйдөрүнэн мөлтөх оҕолорго аналлаах оскуолаҕа ыытабыт» диэн буолла. Мин сүрдээҕин хомойдум, хайыахпыный, дьиэбэр эһэлээх эбэбэр тиийдэҕим дии. Онтон эһэм сүүрэкэлээтэ быһыылааҕа. Биирдэ кэлэн: «Чэ, олор, үс хонугунан атын учуутал тахсан үөрэтэр. Онно барыаҥ», – диэтэ. Эппит күнүгэр оскуолабар суумкабын сүгэн баран тиийээхтээтим. Арай оҕолор «Эн оскуолаттан үүрүллүбүтүҥ, бар» диэбитинэн көрүстүлэр, өссө эбиитин суумкабын бырахтылар. Хайыахтарай, учууталтан үүрүллүбүт үөрэнээччини. Дьэ, онтон кылааспыт аана аһылынна. Эмискэ биир атах көһүннэ. Оҕолор күлэн бычыгырастылар. Өр баҕайы аан сабыллыбат, атах эмиэ сүппэтэ. Онтон сотору соҕус буолан баран, биир киһи мичилийбитинэн киирэн кэллэ. Итиэннэ мин диэки көрдө уонна хараҕынан имнэнэр курдук. Онуоха үөрэн мичилийэ түстүм уонна икки түннүк баар эбит диэн билэрбин биллэрээри, чуут хаһыытыы сыстым. Бу иннинээҕи учуутал Николай Прокопьевич ыйытыытыгар түннүк ахсаанын билбэтэхпиттэн акаары аатыран, оскуолаттан үүрүллүбүт киһи буоллаҕым дии. 

Оскуолаҕа үчүгэйдик үөрэммитим. Билиигэ-көрүүгэ интэриэс кыымын ол саҥа учууталым сахпыта. Онус кылааһы бүтэриэхпэр диэри биирдэ да “түөрт” сыананы ылбатаҕым. Оскуоланы кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэртэрбэт буоланнар, үрүҥ көмүс мэтээлинэн бүтэрбитим. Онон маҥнайгы кылааска киирбит оҕоҕо учуутал оруола сүрдээх суолталааҕын эппинэн-хааммынан билбитим.

 

Идэҕэ таба тайаныы, улуу учууталга уһуйуллуу

– Инники идэҕин таларгар туох санаанан салайтарбыккыный?

– «Оскуола – производство – үрдүк үөрэх» диэн паартыйа ыйбыт этиититтэн туора турбакка, тутуспутунан үлэлии хаалбыппыт. Мин оскуоланы үрүҥ көмүс мэтээлинэн бүтэрбитим да буоллар, сопхуоска үлэлэтэ хаалларбыттара. Паартыйа эппитэ кытаанахтык толоруллар кэмэ буоллаҕа. Икки сыл ситэри үлэлээбэккэ, сааспын ситэммин, Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр ыҥырыллыбытым. Оччотооҕуга уол барыта баҕаран туран икки сылын сулууспалаан кэлэрэ.

Кыра эрдэхпиттэн наар эһэлээх эбэбин батыһа сылдьыбыт буоламмын, айылҕаҕа чугаһым. Онон аармыйа кэнниттэн география үөрэҕэр киирбитим. Айылҕаны ис сүрэхпиттэн сөбүлүүр буоламмын бу идэни талбытым. Ийэ айылҕабыт барахсан иитиэхтээн киһи гыммыт оҕотун араҥаччылатаары өй уктаҕа, үс куттаах саха дууһатын уһугуннардаҕа.

– Кэргэҥҥин кытта гидролог уонна метеоролог курдук сэдэх хайысхалары тутуспут эбиккит дии?

– Кэргэммин кытта биэс сыл бииргэ үөрэммиппит. Бастакы кууруска ыал буолбуппут. Киһи олоҕор көрсөр бэлиэ дьоннордоох буолар эбит. Ол курдук биһиги Семен Егорович Мостахов курдук улуу учууталга, географка уһуйуллубут дьоллоох устудьуоннар этибит. Ытык киһибит миигин «эн гидролог буолуохтааххын», кэргэним Любаны «эн метеоролог буолуохтааххын» диэн төлкөбүтүн түстээбитэ. Бу санаатахпына, учууталбыт  инникибитин өтө көрбүт эбит. Кэргэмминиин талан ылбыт идэлэрбитин баһылаан, хара бастакыттан сүрдээх интэриэһинэйдик, ол саҕана романтичнайдык диэххэ, үлэлээн барбыппыт. Этэргэ дылы, тайҕаны икки атахпытынан тэлэн, эт мэйиибитинэн торумнаан, билиибитин-көрүүбүтүн туһанан. Олохпут биир чаҕылхай кэмэ БАМ тутуутуттан саҕаламмыт, онно ийэ, аҕа буолар дьолу билбит ыал буолабыт.

Ол курдук 1975 сыллаахха университет устудьуоннары БАМҥа практикаҕа анаабыта. Онно Семен Егорович Ирбэт тоҥ институтун кылаабынай научнай үлэһитэ Мария Кузьминична Гавриловаҕа иккиэммитин туттаран кэбиспитэ. Ити БАМ үлэтэ саҥа саҕаламмыт кэмэ. Устудьуоннар ис-иһин билбэппит элбэх буоллаҕа. Онон Мерзлотнай ыстаансыйаҕа кыыспытын илдьэ үлэлии барбыппыт. БАМ соҕуруу Саха сиригэр Тында-Беркакит салааҕа Ирбэт тоҥ институтун үлэһиттэриниин бииргэ үлэлиир буолбуппут. Практикабыт кэмигэр сайын аайы мэлдьи үлэлиирбит, онон Мария Кузьминичнаҕа «бэйэбит оҕолорбут» дэнэр дьон этибит. Кэнники 1976-1977 сылларга университеттан көҥүллэтэн, миигин үлэҕэ ылбыта. Онон үөрэҕин бүтэрэ илик устудьуон институт хамнастаах үлэһитэ буолбутум. Университекка үөрэнэ кэлбэтэхпинэ, ким да саҥарбат. Көҥүл устудьуон курдукпун. Мария Кузьминична оннук былаастаах, улаханнык убаастанар киһи этэ. Дипломмун ыла илик исписэлиис да буолларбын, тутаах үлэһит курдук сыһыаннаһаллара. Бука, киһи бэйэтин үлэтигэр сыһыаныттан, эппиэтинэһиттэн оннук буоллаҕа диэн кэнники толкуйдуубун. Уонна бу эдэр киһиэхэ улахан итэҕэл эбит диэн сыаналыыбын.

 

Эдэр да буолларбыт, эппиэттээх үлэҕэ сылдьыбыт эбиппит...

– БАМ баараҕай тутуутугар, бүтүн дойдуга улахан суолталаах сүҥкэн үлэҕэ кыттыы – бу киһи аайы бэриллибэт чиэс диэтэхпинэ, сыыспатым дуу дии саныыбын. Николай Иванович, ол кэмнэри ахтан-санаан ааһыахха эрэ.

– БАМ историяҕа киирэр улуу тутуу буоллаҕа дии. Биһиги кыһыннары-сайыннары болуокка олорор этибит. Трассатын, муосталар ааһар сирдэрин барытын чинчийэрбит, үөрэтэрбит, прибор бөҕөнү көрөрбүт, сыл устата үлэлиир этибит. Суол уһун үйэлээх буоллун диэн ханан туораан барары, муус тахсар сирдэрин хайдах туорууру, хайаны хайдах быһары метрологическай-гидрологическай туруктаахтары аахсар эбиттэрэ. Ол саҕана устудьуон киһи, эдэр да буолан улаханнык өйдөөбөт этим. Экономическай өттүн барытын көрөн, учуоттаан, үтүөкэннээх да дьыаланы оҥорон туппуттар эбит. Дьиҥэ, эдэр да буолларбыт, эппиэттээх үлэҕэ сылдьыбыт эбиппит диэн билигин сааһыран баран саныыбыт, сүрдээх үчүгэй сүүрээн сүрэҕи сайа охсон ааһарыттан дьоллонобут. Билигин романтика курдук эрээри, ол саҕана ыччакка ыарахан үлэ сүктэрилиннэҕэ. Эдэр буолан, тото аһаатыбыт да, сылайбыппытын тута аһаран истэхпит. Уонна оттон тайҕа кумаара, бырдаҕа хара баһаам, билиҥҥи курдук эмп-томп элбэх буолбатах этэ. Онтон иҥнибэккэ, үлэни өрө тутан, биһиги иннибитигэр туруоруллубут сыалы-соругу толорон кэллэхпит. 

Быйыл 2024 сылга сүҥкэн тутуу саҕаламмыта 50 сылын туолла. Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин анал уурааҕынан бу бэлиэ даатаны бэлиэтээһин буолбута.

– БАМ ыччата бэйэҕит оҕолордоох оҕолор эбиккит дии?

– Оннук курдук. Бэйэбит даҕаны саҥа олоххо үктэнэр оҕолор буоллахпыт. Кыргыттарбытын «БАМ оҕолоро» диэн ааттыыбыт. Мин ийэлээх аҕам улахан үлэһиттэр, сиэн көрөр сололоро да суох этэ. Кэргэним дьоно биир кыыспытын көрө ылбыттара. Бэйэбит биир кыыспытын БАМ-ҥа илдьэ барбыппыт. Онтон 1977 сыллаахха университеты бүтэрбиппит. Ол кэмҥэ икки оҕоломмуппут.

 

Ис кыахпыт улаатарыгар, сайдарбытыгар элбэҕи биэрбитэ

– Ол кэмҥэ эдэр саас ухханыгар ыарахан да үлэни чэпчэкитик, буолуохтааҕын курдук ылынаргыт буолуо. Син ыарахаттары да көрсөн эрдэххит?

– Үлэ ыарахана ханна барыай!? Тула тайҕа буоллаҕа. Аан бастаан тыаны кэрдэн солооһун оҥороллоро, охторбут мастарын барытын состорон ыраастыыллара. Онон трасса барыахтаах сирин бэлэмнииллэрэ. Биһиги стационарнай пууннарбытыгар гидрологическай прибордар туох уларыйыылар буолалларын көрдөрөллөрө.

Нагорнай, Золотинка, билигин Иенгра эдэр дьон тоҕуоруһан олорор сирэ этэ. Элбэх да ыччаты кытта билсибиппит. Үлэни, көрү-нары дьүөрэлээн, бииргэ өрө тутарбыт. Үөрүү-көтүү, көр-нар үгүс буолара. Күүстээх үлэ кэнниттэн киэһэ аайы гитара тыаһа, кутаа уота, таптал. Бары ыччаттар буоллахпыт дии. «Мы строим БАМ, БАМ строит нас!» диир буоларбыт. Дьиҥэ, бу улуу тутуу хас биирдиибит ис кыаҕа улаатарыгар, киһи быһыытынан сайдарыгар төһөлөөх элбэҕи биэрбитэ буолуой?! Ону эдэр дьон улахаҥҥа уурбат бөҕө буоллахпыт дии. Дьэ, БАМ – ыччаты оннук элбэххэ үөрэппит, түмпүт, Саха сиригэр сайдыыны аҕалбыт тутуу.

– Эһиги тайҕа ортотугар үлэлээтэххит. Тыа кыыллара да соһуйдахтара. Мүччүргэннээх сырыы элбэх этэ дуо?

– Экспедицияҕа карабина суох сылдьыбат этибит. Тыаҕа эһэ баар диэччилэр. Биһиэхэ Украина уола баара. Үрдүк уҥуохтаах уонна ыарахан ыйааһыҥҥа боксалаһар үһү дииллэрэ. Биирдэ солооһуҥҥа үлэлээччилэр тягаһынан мас состоро сылдьыбыттар. Боксербут троһу маска холбоору турдаҕына, кэнниттэн тыатааҕы тиийэн кэлбит. Онуоха били доруобай боксер уолбут куоппут. Сүүстэн тахса киилэлээх киһи. Эһэ эккирэтэн тиийэн, эмискэ иннигэр өрө турбут. Онуоха боксербут тыатааҕыны сыҥаахха саайбыт. Эһэтэ «бөөх» диэн баран тиэрэ таһылла түспүт. Уол тягаһыгар ыстанан тиийбитэ, суоппара кутталыттан аанын сабан кэбиспит. Ону аһаары, тардыалаһа турдаҕына, тыатааҕыта субу сүүрэн кэлбит, онуоха эмиэ сыҥаахха биэрбит. Эһэтэ эмиэ тиэрэ таһыллыбыт. Охтон иһэн наар «бөөх» диэн хаһыылаах үһү. Барыта кыл түгэнэ буоллаҕа дии. Хата, уолбут өйдөөн, тягач үөһэ ыстанан тахсан, иһирдьэ киирэн адьырҕа кыылтан быыһаммыт этэ.

 

Үөрэххэ, үлэҕэ – 50 сыл бииргэ

– Дьэ, БАМ тутуутун кэнниттэн икки оҕолоох ыал дьону икки илиилэринэн үлэҕэ ыллахтара?

– Беркакикка кэлэн БАМ бүппүтэ. 1978 сыллаахха стационар үлэтэ түмүктэнэн, биһиги атын сиргэ үлэлии барбыппыт. Кэргэним –  оскуолаҕа, мин Томмокко гидрологическай ыстаансыйаҕа үлэлээбитим.

– Дьиэ кэргэҥҥин билиһиннэриэҥ дуо?

– Ити эрдэ эппитим курдук, кэргэним Пахомова Любовь Семеновналыын эдэр сааспытыттан билсэн, устудьуоннаан, БАМ тутуутугар бииргэ сылдьыбыппыт. Педагогическай үлэбитин Чурапчыга эмиэ бииргэ саҕалаабыппыт: кини – оскуолаҕа, мин спортивнай оскуолаҕа үлэлээбиппит. Онтон Дьокуускайга көһөн кэлбиппит. Кэргэним университекка преподавателинэн үлэлии киирбитэ, онтон аспирантураҕа үөрэммитэ, кандидатскайын Санкт-Петербурга көмүскээбитэ. Любовь Семеновна –  педагогика билимин хандьыдаата, университет доцена, Арассыыйа үөрэҕириитин туйгуна. Билигин даҕаны үлэ үөһүгэр сылдьар университет кырдьаҕас үлэһитэ буолар. Үс кыыстаахпыт. Үһүөн үрдүк үөрэхтээхтэр. Медик, экономист, финансист идэлэрин баһылаан, билигин бэйэлэрэ атахтарыгар турбут үлэһиттэр. Икки уол уонна кыыс сиэннэрдээхпит. Биһиги күммүт-ыйбыт буолар дьоммут – кинилэр. Үөрэнээччи, устудьуон уонна үлэһит. Үһүөн бэйэлэрин суолларын оҥосто сылдьар, үүнүүгэ-сайдыыга дабайан иһэр дьон.

Биһиги 1974 сыллаахха саас муус устарга сыбаайбалаабыппыт, үйэ аҥаара, лоп курдук 50 сыл бииргэ олордубут. Быйыл оҕолорбут оруобуна ыал буолбут күммүтүгэр – муус устар 17 күнүгэр кыһыл көмүс сыбаайбабытын тэрийбиттэрэ.

Мэлдьи бииргэ тутуспутунан – дьиэбит иһигэр, үлэҕэ даҕаны, үөрүүлээх да, ыарахан да күннэргэ –  барытыгар сүбэнэн сылдьар сүрдээх эйэлээх дьиэ кэргэммит. Оҕолорбут билигин бэйэлэрэ төрөппүт дьон буолан, сиэннэри бэлэхтээн, биһиги удьуорбут салҕанан эрдэҕэ диэммит испитигэр сэмэйдик үөрэбит. Дьэ, ити курдук Любовь Семеновналыын эдэркээн сааспытыттан өрөгөй да, мөкү да күннэрбитин атааран, үйэ аҥаара бииргэ олордубут, ийэ, аҕа, эбээ эһээ дьон буоллубут.

«Дар жизни» диэн донорскай бэлиэлээхпин. Улахан кыыспар донордаан, 3 ис уоргаммын биэрэн тыыннаах хаалларбыппар туттарбыттара. Хаҥас бүөрбүн, таалбын уонна ноорум аҥаарын биэрбиппэр. Эпэрээссийэни Сеулга оҥорбуттара.

 

Киһи ханнык да сааһыгар санаабытын ситиһэр

– Бэйэҥ үлэҕэр тохтоон ылыах эрэ. Биир киһи холугар наукаҕа биэс саҥа ньыманы чинчийии, бука, тарбахха баттанар ситиһии буолуо эбээт?!

– Үлэбин педагогикаҕа анаабыт киһибин. Ол туоһутунан Арассыыйа уопсай үөрэхтээһиҥҥэ бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна буолбутум өр сыллаах үлэм түмүгэ диэн сыаналыыбын. Университекка ирбэт тоҥу тутууга хайдах туһанары уонна туоратары үөрэппитим. Науканан үлүһүйэн, чинчийэн, арыйыы оҥорон, саҥа ньымалары киллэрбитим иһин 5 патены ылбытым. Иккини өссө Сойуус кэмигэр, Томмот куоракка гидрологическай ыстаансыйаҕа үлэлии сылдьан. Үс патены М.К. Аммосов аатынан ХИФУга үлэлиир кэммэр. 2023 сылтан бочуоттаах сынньалаҥҥа олоробун. Ол да буоллар дьарыгым элбэх. Күн бокуойа суох курдукпун…

– Эйигинниин кэпсэтэ олорон, бииртэн биир саҥа, ураты ситиһии, чыпчаал туһунан истэр үчүгэйин. Аны айар үлэҕин сырдатыахха. СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ буолбутуҥ туһунан ааҕааччыларбытыгар сэһэргиэххэ.

– Суруйааччылар сойуустарыгар 70 сааспар киирбитим. 12 кинигэлээхпин. Хоһоонунан дьарыктанабын. Аныгы үйэ киһитэ буоларым быһыытынан, саҥа хоһооннорбун куйаар ситимигэр ыытабын. Билигин кинигэ тахсара уустук уонна ону дьон ааҕара да саарбах. Бассаабынан тиийэрэ түргэн уонна дьон тутатына ааҕар. Бэйэ-бэйэлэригэр тарҕаталлар. Элбэх киһи санаатын этэр. Онон аныгы олох технологиятын биһириибин. Национальнай библиотека үс электроннай кинигэбин таһаарда.Библиотека саайтыгар киирэн, электроннай кинигэни дьон хото ааҕар эбит. Айылҕаҕа үлэлээбит киһи быһыытынан айымньыларбар үксүн айылҕаҕа биһирэбили, харыстабыллаах сыһыаны суруйабын. Географ идэлээх киһи эйгэни, эргимтэни лаппа үчүгэйдик билэр буоламмын, ону хоһооннорбор киллэрэн суруйа сатыыбын. Бастакы кинигэм 2002 сыллаахха тахсыбыта. Онтон ыла ахсаанынан 12 кинигэ буолла. Билигин даҕаны айар үлэбэр саҥа саҕахтары арыйа туруохпун баҕарабын. Киһи ханнык да сааһыгар санаабытын ситиһэр, туппутун тупсарар, баҕа санаатын толорор. Олохпутун бэйэбит оҥостобут. Ону ханнык киистэнэн, өҥүнэн кырааскалыырыҥ киһи бэйэтиттэн тутулуктаах дии саныыбын.

– Николай Иванович, дойду модун тутуута 50 сылыгар киэҥ ис хоһоонноох кэпсээниҥ, алмаас таас кырыытыныы элбэх чаҕылхай түгэннэрдээх сэһэниҥ иһин махтанабыт.  Чэгиэн буол!

 

Хаартыскалар: дьоруой тус архыыбыттан

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....