18.12.2019 | 10:05

Николай Иннокентьев: «ХАРЫЙА УУГА ТҮҺЭР КҮЛҮГЭ КЫТТА ДОЛГУТАР»

Николай Иннокентьев: «ХАРЫЙА УУГА ТҮҺЭР КҮЛҮГЭ КЫТТА ДОЛГУТАР»
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Педагог-худуоһунньук Николай Николаевич Иннокентьев 75 сааһын туолла. Бу күннэргэ Национальнай уус-уран музейга “Художник-педагог. Наследие” диэн үбүлүөйдээх быыстапкатыгар кини үлэлэрин сэргэ, үөрэнээччилэрин, кыргыттарын Мария, Ньургуйаана, Айталина үлэлэрэ, уопсайа 60-тан тахса үлэ туруорулунна.


Иннокентьев Николай Николаевич — живописец, СӨ искусстволарын үтүөлээх деятелэ, СӨ народнай худуоһунньуга, Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, Култуура туйгуна, Үлэ бэтэрээнэ.  1966 сыллаахха Дьокуускайдааҕы  художественнай училищены,  1973 сыллаахха Ленинград куоракка И.Е.Репин аатынан Живопись, скультура уонна архитектура институтун бүтэрбитэ. Профессор А.Д. Зайцев иитиллээччитэ.

Иннокентьев айар үлэтигэр сүрүн миэстэни портреттар ылаллар. Бастакы хартыыналара --“Эдэр табаһыт” (1974 с.) “Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа И.Р. Реев” (1975 с.) уонна да атыттар. Худуоһунньук ойуулуур киһитин сүрүн характерын биэрэргэ кыһаллар. Итини таһынан БАМ тутуутугар сылдьыыта хорсун айымньылаах көрдөөһүннэри аҕалбыта. “Алеша Макаров. Нагорнай” (1975 с.), “Николай Кузьмин. БАМ” (1976 с.), “А.М. Алексеев мэтириэтэ” уо.д.а. үлэлэрэ үлэ дьонун күннээҕи түбүктэрин худуоһунньук кыраҕы хараҕынан дириҥник эҥсэн көрдөрөллөр.

Николай Иннокентьев өссө биир таптыыр тиэмэтинэн тыа дьоно буолаллар. “Үлэ күнүн сарсыардата”, “Сайылык”, “Киэһээҥҥи мелодия”, “Ийэлэр” онтон да атын үлэлэрэ боростуой  тыа дьонун олоҕун-дьаһаҕын, төрүт дьарыгын айылҕа көстүүлэрин кытта талааннаахтык дүөрэлээн суруллубуттарын кириитиктэр куруук бэлиэтииллэр. Хас биирдии хартыына геройа бу баардыы, тыыннаахтыы, иэйиитигэр, дууһатын туругар тиийэ дьэҥкэтик, итэҕэтиилээхтик ойууланара худуоһунньук маастарыстыбатын туоһута. Ону сэргэ, биллэн турар, сирдээҕи олоххо көлүөнэлэр ситимнэрэ күүстээҕин өйдөтөллөр. Күн уотунан сырдаабыт тииттэр, күөх хонуулар, дьэҥкир салгын  – бу Николай Николаевич айылҕаттан талаанын кэрэһиттэрэ.

***

Биир үтүө күн кэтит сарыннаах, киппэ, киэҥ-холку дьүһүннээх киһини сэргии көрөн, тоҕо эрэ тохтуу түспүттээхпин. Мин кинини хаһааҥҥыта эрэ билэр курдукпун диэн санаа охсуллан ааста. Тоҕо мунаарбыппын сэрэйэн, икки өттүбүттэн игирэ кыргыттарым: “Ити биһиги учууталбыт, биһиги дьиэбитигэр саҥа көһөн кэлбит”, – диэн соһуттулар.  Өрөспүүбүлүкэ норуодунай худуоһунньуга Николай Николаевич Иннокентьев эбит. Ыаллыылар буолан хаалбыппыт. Биир күн дьиэтигэр ыалдьыттата ыҥырбытыгар, былыр “Огонек” сурунаалга икки уруһуйа тахсыбытын билэн, илэ харахпынан көрөн, сөҕүөхпүн сөҕөн киирбитим. Ок-сиэ!

ХАС ДА МӨЛҮЙҮӨН КӨРДӨҔӨ

Икки уруһуйа тахсыбыт. Бастакыта 1978 сыл 46-с №-гэр 1 мөлүйүөн 840 тираһынан тахсыбыт. Иккиһэ 1982 сыл 13-с №-гэр 2 мөлүйүөн 300 тыһыынча ахсаанынан тахсыбыт. Оччолорго биһиги, ыалларбыт бары даҕаны, “Огонек” сурунаалга суруйтарарбытын, сөбүлээн ааҕарбытын бэркэ өйдүүбүн. Кэлин атын да бөһүөлэктэргэ оннугун билбитим. Аны туран, оччолорго “Огонек”, “Крестьянка” даҕаны омук сирдэригэр кытта киэҥник таһаарыллыбыттар эбит. Хас ыал, библиотека, хас архыып аайы ууруллубута буолуо.

– Николай Николаевич, эн хайдах итинник сойууһу ааһан, аан дойду таһымнаах сурунаалга тахсан хаалбыккыный? Ити үлүгэр таһаарыыга улахан сүүмэрдээһин барар буолуохтаах. Бэчээт эйгэтигэр үлэлээбит киһи ону бэркэ диэн сэрэйэбин.

– Сурунаалга бэчээттэнии кытаанах хамыыһыйалааҕын онно билбитим. Сөпкө этэҕин. Оччолорго 35-гэр диэри саастаах дьону эдэрдэр дииллэрэ. Мин 1978 сыллаахха Эдэрдэр Бүтүн Сойуустааҕы куонкурстарыгар үсүһүн кыттан турардаахпын. Онно академиктар академиктара А. Грицай үлэлэрбин хайҕаабыт эбит. Ол иһин сурунаалга тахсар чиэскэ тигистэҕим буолуо. Бэйэм хантан ол сурунаалга тахсар туһунан толкуйдуомуй, өйбөр да суох.

Оччолорго БАМ үгэнэ. Сойуус тутуута буоллаҕа. Мин биир бастакынан Беркакикка тиийэн үлэлээн турабын. “Портрет ветерана труда Х.И. Руфова” диэн Иенграҕа сиэннэрин көрө олорор Бүлүү оҕонньорун уруһуйдаабытым. Академик бу оҕонньор айаҕын атан олорорун хайҕаабыт үһү. Бэйэм буоллар быыстапкаҕа барбатаҕым. Ол туһунан кэлин Владимир Погодин диэн “Художник” сурунаал коллегиятын чилиэнэ, искусствовед кэпсээбитэ. Үлэм иһин бириэмийэ биэрбиттэрэ – икки мөһөөх. Үлэлэрбин худуоһунньуктар академиялара атыыласпыттара. Оччолорго 1000 солкуобай баһаам харчы этэ.

- Николай Николаевич, оҕо эрдэххинэ худуоһунньук буолар баҕа баара дуо? 

– Чопчу оннук баҕа санаалаах этим диэн этэр кыаҕым суох. Арыый улаатан баран уруһуйдуурбун уонна кинигэ ааҕарбын сөбүлүүрүм. Маалыкайга библиотекаҕа саамай элбэҕи аахпыт оҕо дииллэрэ. Дьиҥэр, мин оскуола да, маҕаһыын да суох сиригэр Ньурба Чукучааныгар Марха үрэх үрдүгэр төрөөтөҕүм дии. Онно кус түүтүнэн, баттаҕынан оонньуур буоларым. Маалыкайтан тыанан 8 көс, уунан 12 көс хоту диэки сытар дойду. Марха үрэх айылҕата олус да кэрэ этэ. Чыычаах олус элбэҕин, үчүгэй да өҥнөөхтөрүн, хомурдуостар, лыахтар, сугун, отон, хаптаҕас өҥө элбэҕин, чөкчөҥө өҥө элбэҕин оҕо эрдэхпиттэн умсугуйа көрөрүм. Барытыттан уйуһуйабын, барытын хайҕыы көрөбүн. Сарсыарда, киэһээҥҥи саһарҕа, сарыал, кустук – киһини долгутар. Ону оҥоруохпун баҕарар этим. Марха кытылыгар тэҥкэ харыйа ууга түһэр күлүгэ кытта долгутар.

Уруһуйунан оҕо эрдэхпиттэн дьарыктанар эбиппин. Ол эрээри 4-с кылааска диэри уруһуйбар наар «3» сыананы туруораллара. Мөлтөх буолуохтаах. Биирдэ тастыҥ убайым Уйбаан диэн баара, туйгун үөрэнээччи: “Ньукулай, эн миигиннээҕэр ордук уруһуйдуугун ээ. Ол эрээри тоҕо эйиэхэ “үһү”, миэхэ “биэһи” туруораллар?” – диэн ыйыппытын өйдөөн хаалбыппын. Ол кэннэ 5-с кылааска Петр Иванович диэн саҥа учуутал кэлэн, аны наар “5” буолан хаалбыттаахпын. Бука, кыһаллан, үчүгэйдик уруһуйдуур буолтум буолуо.

Павел Максимович Данилов диэн убайым, ийэм балтын уола баара. Ол аҕатын балтыгар Комсомол идеологияҕа сэкирэтээригэр олороро. Оскуолаҕа  үөрэнэрэ. Мин киниэхэ үлэһэн акварель кырааска ылларар этим. Онно дьиэлэригэр кэллэхпинэ, тоҕо эрэ тахсарбар 10 солк. биэрээччи.

5-с кылааска Маалыкайга болуотунан көһөн кэлбиппит, онно 4 сыл олорбутум. Ынах тылын курдук тула мыраан дойду, биһиги бөһүөлэкпитигэр үс үрэх киирэрэ. Харыйа, хатыҥ, тиит, бэс, сибиир ольхата, тирэх мас, тураах сугуна, моонньоҕон, хаптаҕас хойуутук үүнэрэ.

Иринньэх, ыарыһах оҕо буолан, уҥуох сөтөлө буолбуккун диэбиттэрэ. Онтон сылтаан эбитэ дуу, уҥабынан тураах хаампытын курдук суруйар буолан, хаҥаһыйа буолан хаалтым.

Николай Иннокентьев эдэр сылдьан кыахтаах спортсмен эбит. Ленинградка үөрэнэ сылдьан Путин дьарыктаммыт саалатыгар самбонан утумнаахтык дьарыктаммытын истэн, киниттэн уһун үйэлэнии сэкириэтин сураһабын:

 – Самбо дуо? Үрдүк үөрэх кыһаларыгар Ленинград чемпионатыгар 2-ис миэстэлээххин.

– Ээ, онно Кюлленен диэн аан дойду чемпиона быраҕан түһэрбитэ. Миигин хаптайа-хаптайа көрөр киһи этэ.

– Бэйэҕин ордук учуутал быһыытынан билинэҕин быһыылаах.

– Элбэх оҕону ииттим. Академическай искусствоны биэрдим. Кирилл Петрович Гаврильев, Лия Иванова (Америка), Галина Окоемова, Федот Макаров, Луканси, Федот Заровняев уо.д.а. улахан үрдүк академическай үөрэхтэннилэр. Үһүс көлүөнэбин үөрэтэ сылдьабын. Ааттарын ааттатыахтара дии саныыбын.

Бу сыллар тухары кэргэним өйөөн үлэлэтэр дии саныыбын. Онон дьиэм иһинээҕи дьоммор махталым муҥура суох. Кыргыттарбыт үһүөн худуоһуннуьктар, Репиҥҥэ, Суриковка үөрэммиттэрэ, кыһыл дипломунан, мэтээлинэн бүтэрбиттэрэ. Кыра кыыс Айта Бишкекка художественнай  училище сүрүн преподавателэ. Киргизия худуоһунньуктарын сойууһун барыбылыанньатын чилиэнэ. Үлэлэрэ аан дойдутааҕы сурунаалларга бэчээттэнэллэр.

***

Ити курдук, саҥа ыалым Николай Николаевич Иннокентьев бэйэтин айар үлэтин сэргэ ыччаты иитиигэ улахан өҥөлөөх. П.П. Романов аатынан Дьокуускайдааҕы художественнай кооледжка 1973 сылтан үлэлиир. Сүүһүнэн ыччаты үөрэттэ, маастарыстыбатыттан бэристэ. Үөрэнээччиллэрин үгүс өттө Санкт-Петербург, Москва үөрэхтэрин кыһаларыгар салҕыы үөрэнэллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...