30.04.2020 | 16:12

Николай Дегтярёв: “Үлэ, Саас бырааһынньыгын суолтата намтаабат”

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

– Николай Николаевич, быйыл хаһан да буолбатах көстүү буолла – Үлэ бырааһынньыгын онлайн бэлиэтиэхпит. Ыам ыйын 1 күнүн суолтата билиҥҥи кэм киһитигэр ханныгый?

Кырдьык, аан дойду үрдүнэн бүрүүкээбит коронавирус дьаҥа бэрт кылгас кэм устата олохпут укулаатын биллэрдик уларытта. Онон, Саха сирин идэлээх сойуустарын историятыгар быйыл аан бастаан үлэ дьоно күргүөмүнэн тахсан куораттар, сэлиэнньэлэр уулуссаларынан хаамсыбакка, дьиэлэрбитигэр олорон Үлэ, Саас бырааһынньыгын бэлиэтииргэ күһэллэбит.

Бүтүн аан дойду үрдүнэн идэлээх сойуустарга ыам ыйын 1 күнэ – үлэлээн иитиллээччилэр сомоҕолоһууларын бырааһынньыга. Онон бу күн биһиги үлэ дьоно туруорсар араас боппуруостарын былаас уорганнарыгар, үлэни биэрээччилэргэ тиэрдэргэ уонна уопсастыба болҕомтотун тардарга араас маассабай аахсыйалары тэрийэбит.

Дьиэҕэ хаайтардыбыт диэн быйыл да бу сорукпутун туора туппаппыт – интэриниэт ситиминэн бэйэбит көрүүлэрбитин, ирдэбиллэрбитин, лозуннарбытын тарҕатарга үлэлэһэ олоробут. Инстаграмҥа өрөспүүбүлүкэ идэлээх сойуустарын федерациятын анал страницатыгар @sakhaprof араас хабааннаах аахсыйалары биллэрдибит, күөн күрэстэри тэрийдибит – бу барыта үлэ дьонун сомоҕолуур, түмэр, үлэлээх, кэлэктииптээх буолуу үөрүүтүн көрдөрөр сыаллаах тэрээһиннэр. Онлайн да эрэсиимҥэ, интэриниэт да нөҥүө, дьон биһиги бырайыактарбытыгар кыттар баҕалааҕыттан көрдөххө, Күөх Маай үлэ кэлэктииптэрин түмэр, үлэһит киһи сүргэтин көтөҕөр суолтата күүстээх, дьоҥҥо-сэргэҕэ наадалаах бырааһынньык диэн сыаналыыбыт.

Үлэбит өссө күүһүрдэ

– Карантин кэмигэр федерация үлэтэ хайдах барарый?

Муус устар ый саҕаланыытыттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Идэлээх сойуустарын федерациятын аппарата уонна өрөспүүбүлүкэ араас эйгэ отраслевой идэлээх сойуустарын кэмитиэттэрэ ыраахтан олорон үлэлиир эрэсиимҥэ көспүппүт. Ол эрээри үлэбит тохтообото, төттөрүтүн, профсоюз чилиэннэрэ, профсоюз тэриллиилэрин лидердэрэ үлэ сокуонун тутуһуу туһунан ыйытыылара, мунаарар түгэннэрэ элбээн, быһаарар үлэни бу күннэргэ ордук күүскэ ыыттыбыт. Саҥа кэм ураты ирдэбиллэригэр эппиэттиир үлэни толоро олоробут.

Ону таһынан, араас салааҕа буола турар балаһыанньаны отраслевой профсоюзтары уонна улуустарга баар координационнай сэбиэттэрбитин кытта үөрэтэр, кэтээн көрөр үлэни ыыта олоробут. Билиҥҥитэ бүддьүөт эйгэтигэр хамнас төлөбүрүгэр иэс, хамнаһы быһыы тахсыбата диэн аһаҕастык этэбит.

Идэлээх сойууска 190 тыһыынчаттан тахса киһи киирэр

– Профсойуустарга билигин төһө киһи баарый?

Өрөспүүбүлүкэ идэлээх сойууһа сүүрбэ икки Идэлээх холбоһугу түмэр. Холбоһукка 190 тыһыынча курдук киһи киирэн, өрөспүүбүлүкэ үлэлээн иитиллээччилэрин 75,1 % хабыллар. Бу сүүрбэ икки холбоһукка 2 995 бастакы сүһүөх (первичнай) профсоюзнай тэрилтэ киирэр. Ону тэҥэ өрөспүүбүлүкэ сүүрбэ түөрт улууһугар идэлээх сойуустар координационнай Сэбиэттэрэ үлэлиир.

Ханнык да ыксаллаах быһыы-майгы кэмигэр идэлээх сойуустар үлэлэрэ тохтообот. Коронавирус тарҕаммыт кэмигэр көмө оҥорооччулар кэккэлэригэр профсойуустар эмиэ бааллар. Бэтэрээннэргэ туох көмө оҥоһулунна?

- Федерация иһинэн Ыччат сэбиэтэ уонна Бэтэрээннэр сэбиэттэрэ таһаарыылаахтык үлэлииллэр. Идэлээх сойуустар эдэр лидердэрэ уонна бэтэрээннэрэ хардарыта сибээстэһэ, көрсүһэ, сүбэлэһэ сылдьар үтүө үгэстээхпит.

Бу коронавирус пандемията ордук аҕам саастаах дьоҥҥо кутталлаах диэн, билигин бэтэрээннэрбит дьиэттэн тахсыбакка олорорго күһэллэр кэмнэригэр, биллэн турар, өйөбүл, күүс-көмө хаһааҥҥытааҕар да ордук наада. Онон, хас биирдии бэтэрээни сибээскэ тутан, туох көмөҕө наадыйарын билсэ турабыт. Бу күннэргэ ыччат сэбиэтин актыбыыстара бэтэрээннэрбитигэр барыларыгар аһылыгынан көмө уонна харыстанар мааска, дезинфекция набордарын тарҕаттылар.

Ыам ыйын 1 күнүн иннинэ бэтэрээннэрбитин кытта бырааһынньык остуолун тула көрсөн кэпсэтэр, санаа атастаһар, сүбэ-ама ылар үтүө үгэстээх этибит. Быйыл оннук көрсүһүүнү тохтоттубут. Ол эрээри, эһиил буолуохтаах Саха сирин идэлээх сойуустарын 100 сыллаах үбүлүөйүгэр бэтэрээннэрбитин кытта кэккэ бырайыактары былаанныыбыт, онон иннибитигэр үгүс үлэ күүтэр.

Үлэ дьонун балаһыанньатын хонтуруолга тутабыт

– Үлэттэн уһуллуу, сарбыйыы, хамнаһы кыччатыы элбэх буолуоҕа дииллэр. Маныаха профсойуустар туох көмөлөөх буолуохтарын сөбүй?

Кэпсэтии кэпсэтиинэн. Дойдубут бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бу коронавирус пандемиятын кэмигэр дьон үлэлээх буолуутугар, хамнас кэмигэр толору төлөнүүтүгэр уһулуччу болҕомтотун ууран олорор. Дойдубут бырабыыталыстыбата нэһилиэнньэни, орто, алын бизнеһи өйүүргэ кэккэ миэрэлэри ылынна. Онон дьон судаарстыба өттүттэн өйөбүл, болҕомто баарын билэн олорор.

Итини сэргэ, дойду үрдүнэн идэлээх сойуустар эмиэ үлэ дьонун балаһыанньатын кытта ыкса билсэ, буолар уларыйыылары кэтээн көрө олоробут уонна өйдөммөт, мөккүөрдээх боппуруостар үөскүүр түгэннэригэр эмиэ тута кэккэ быһаарыылары ылынабыт, былаас уорганнарын, үлэни биэрээччилэри кытта сүбэлэһэн, биир быһаарыыга кэлиигэ үлэлиибит. Онон боппуруос тула өттүттэн хонтуруолга турар диэн этиэххэ наада.

Кэккэ түгэннэр Үлэ кодексатыгар да суохтар

– Пандемия кэмигэр үлэһит баҕатынан уоппускаҕа барыан сөп дииллэр. Бэрэсидьиэн ыйааҕа тахсыбыта. Оттон тэрилтэ салалтата уоппусканы эрдэ биэриэн баҕарбат буоллаҕына, үлэһит тугу гыныахтааҕый?

Маннык балаһыанньаҕа бары да аан бастакытын түбэстибит. Үлэ сыһыаннаһыытыгар тахсар кэккэ түгэннэр оннооҕор дойду Үлэ кодексатыгар ыйыллыбатахтар. Онон үлэ хаамыытыгар үөскүүр боппуруостарга сүбэҕэ, быһаарыыга наадыйааччы үлэһит да, үлэни биэрээччи да өттүттэн үгүс буолла. Маныаха үөскүүр боппуруостарга сүрүн быһаарыыны Арассыыйа Үлэ уонна социальнай харалта министиэристибэтэ биэрэн турар. Билиҥҥитэ ол быһаарыылар тэрилтэлэргэ сүрүн докумуон быһыытынан туттуллаллар.

Итини сэргэ, хас биирдии тэрилтэҕэ ылыныллар кэлэктиип иһинээҕи дуогабардарга ыйыллыбыт мэктиэлэр эмиэ бу күннэргэ улахан суолталаннылар. Онон эмиэ да маннык кэм кэлбитэ – үлэни биэрээччи уонна үлэһиттэр, идэлээх сойуустар бииргэ үлэлэһиилэрин, үлэ дьонун интэриэһин туруулаһыыга үлэлэрин тургутуу курдук буолла.

Сүрүн сокуоҥҥа киирэр уларытыылары өйүүбүт

Конституцияҕа киирэр уларытыылары эн хайдах сыаналыыгын?

Конституцияҕа киирэр уларытыылары дойду идэлээх сойуустара өйүүбүт. Тоҕо диэтэххэ,  манна идэлээх сойуустар киллэрбит социальнай эйгэҕэ сыһыаннаах сүрүн суолталаах этиилэрбит киирдилэр.

Чуолаан этиилэри хомуйуу кэмигэр Саха сирин идэлээх сойуустарын аатыттан биһиги хамнас алын кээмэйэ үлэлиир киһи ыйга тиийинэн олорор кээмэйин кытта тэҥ буолуохтааҕын уонна хамнас, социальнай босуобуйалар, араас социальнай төлөбүрдэр федеральнай сокуон быһыытынан индексацияланыахтаахтарын туруорсар этиибитин ыыппыппыт.

Итини сэргэ, биэнсийэ кээмэйэ эмиэ сыллата индексацияланара наадатын туһунан этии эмиэ Саха сирин идэлээх сойуустарын аатыттан барбыта.

Мин тус санаабар, Конституцияҕа уларытыылары киллэрии – кэм ирдэбилэ. Уопсастыба, өй-санаа, олохпут укулаата балысханнык уларыйар, ону кытта дойду хас биирдии олохтооҕун дьоһуннаах олоҕун мэктиэлиир сүрүн сокуон уларыйара оруннаах.

Күөх Маай бырааһынньыгынан!

Ыарахан эпидемиологическай балаһыанньаттан сиэттэрэн, коронавирус инфекцията киэҥник тарҕанан, Саха сирин идэлээх сойуустара Үлэ бырааһынньыгын социальнай ситимнэргэ бэлиэтииргэ ыҥырар.

- @sakhaprof инстаграм страницаҕа 1 Маай бырааһынньыгын бэлиэтиэхпит.

Эрдэ биллэриллибит “Мир. Труд. Май” видеороликтар күрэхтэрин түмүгэ тахсыаҕа. 80-тан тахса үлэ киирдэ. Бу роликтарынан онлайн параад буолуоҕа.

  • #первомайякутия2020 хештегынан үлэһиттэри түмэр маассабай аахсыйаҕа кыттыһыҥ.
  • «Төрөөбүт дойдубун туойабын» үлэ кэлэктииптэрин ырыаҕа күрэҕэр киирбит 20-тэн тахса ролигы бырааһынньык күнүгэр көрдөрүөхпүт.
  • Ыам ыйын 1 күнүгэр урут-хойут ыытыллыбыт парааттар түгэннэриттэн хаартыскалар тахсыахтара.
  • #первомайякутия2020 #профсоюзыякутии хештегтарынан хаартыскалары таһааран, Үлэ бырааһынньыгар кыттыһыҥ!

Ханнык баҕарар дьаҥы түмсүүлээх буоллахпытына кыайыахпыт!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....