18.07.2024 | 10:00

Никифор Терехов: «Историябытын токуруппакка тириэрдэр — ытык иэспит»

Никифор Терехов: «Историябытын токуруппакка тириэрдэр  — ытык иэспит»
Ааптар: Маргарита АКИМОВА
Бөлөххө киир

Сэрэдэ сарсыарда эрэдээксийэ дьиэтигэр ыалдьыт киирэн кэллэ. Кинини көрдө көрөөт, хайдах эрэ оҕо сааскар тиийэргэ дылыгын. Чөм-чөмнүк үктэнэн, кэлбит соругун чуо-бааччы ыраас лиискэ ууран биэрэр кырдьаҕас буолан биэрдэ. «Сырыым киэҥ, сылдьар сирим, соругум баһаам» диэн киирии тыллаан, кылааска киирбит учуутал курдук сэһэргэһиибитин бэйэтэ саҕалаата.
Ыалдьыппытын сымнаҕас дьыбааҥҥа олордон, үчүгэй үөрэнээччи курдук кулгаах-харах иччитэ буоллубут. Никифор Дмитриевич, ону эрэ күүппүттүү, хааһахтан хостоон эрэр курдук кэпсээн киирэн барда.

– Хантан хааннаах, кимтэн кииннээх буоларгын ааҕааччыларбытыгар билиһиннэриэх.

– Мин Никифор Дмитриевич Терехов диэн буолабын. 1932 сыл олунньу 10 күнүгэр Кэбээйигэ төрөөбүтүм. Идэбинэн математик, физик учууталбын. Үлэбин Сунтаартан саҕалаабытым, биэнсийэҕэ төрөөбүт оройуоммар үлэлээн тахсыбытым.

Билигин 93 сааспар сылдьабын. Дойдубар олоробун. Бу Дьокуускайга соруктарбын ситиһээри, быһаарсаары кэлэ сылдьабын. Бу нэдиэлэ бүтүүтэ төттөрү айанныам. Куораккыт итиитэ-буһуута да бэрт.

Никифор Дмитриевич оройуон хаһыатын көтүппэккэ сурутар

– Тыый, Никифор Дмитриевич, киэҥ ыырдаах кырдьаҕас эбиккин. Дьокуускайга төһө өр буолла, сылдьыбатаҕыҥ?

– Бириэмэ бириэмэнэн кэлэн наадаларбын быһаарсан барар үгэстээхпин. Куораппыт күн-түүн сайдан, киэркэйэн иһэрэ эриэккэс. Манна кэллэхпинэ, кыра уолум массыынанан таһарыттан сороҕор аккаастанан, сатыы хаамарбын ордоробун. Дьэ, хаамарбын сөбүлүүр кырдьаҕаспын. Аспаал суолунан дыралдьыйа хаамыахпын баҕарабын ээ, онтум сорох сирдэргэ киһи олус да дыралдьыйыа суох курдук иҥнэл-таҥнал буолтара табыгаһа суох баҕайы. Дулҕаны тумнар курдук сананан ылар миэстэлэр бааллар.

Былыргы курдук куорат уулуссаларыгар хаамар киһи сылын аайы аҕыйаан иһэр курдук. Дьон үксэ тиэхиньикэҕэ убаммыт. Массыыналаахтарыҥ аны туран «үлэбитигэр хойутуу сыһабыт» дэһэллэр. Оттон, буолумуна, массыына элбэҕиттэн айаҥҥа уочараттара да мэһэйдэри үөскэтэн эрдэҕэ. Хата, бээ, бэлисипиэтинэн сырыы элбээбит. Бу дьэ бэрт. Массыына курдук буолуо дуо?! Куһаҕан уматык сыта да тахсыбат. Салгыҥҥа хамсаныы биир көрүҥэ. Көр, ити соҕуруу сорох куораттарга бэлисипиэтинэн сылдьарга аналлаах суоллаах буолаллар. Биһиги да Дьокуускайбытыгар ол сүүрээн киирэн эрэрэ үөрдэр.

– Устудьуоннаабыт куоратыҥ дуо, Дьокуускай?

– Манна үөрэнэн учуутал буолбутум. СГУ-ну 1957 сыллаахха бүтэрэммин, бастакы выпускникпын. Бүтэрэр сылбар Дьокуускай авиапордугар ТУ-147 реактивнай сөмөлүөт аан бастаан кэлбитин устудьуон эдэр дьон, куорат олохтоохторо миитиннээн, бырааһынньыктаан көрсүбүппүтүн олох умнубаппын. Ити саҕана космоска Юрий Гагарин өссө да тахса илик этэ. Авиация дьэ балысханнык сайдан эрэр кэмэ буоллаҕа. Дьокуускайга биир эмэ таас тутуу баара. Билиҥҥи Ленин проспега Октябрьскай диэн ааттааҕа. Ити этэр аспаалым курдук дэхси гынаары, маһынан тэлгэтиилээх этэ. Ол аата тупсарыллыбыт, үчүгэй көстүүлээх уулусса диэн өйдөбүллээҕэ. Оччолорго Дьокуускай маһынан уонна чоҕунан оттуллар буолан, быыл бөҕө. Шахтерскай көрүҥнээх куорат этэ. Оттон миэхэ Дьокуускай билии, сайдыы аартыгын арыйбыт куоратым.

Сангаар бөһүөлэгин туһунан кинигэ тахсыбыт үөрүүлээх түгэнэ

– Хас биирдии киһи бэйэтин кэмин кэрэһитэ дииллэр. Эн кэпсээҥҥиттэн харахпар оччотооҕу Дьокуускай көстөн кэллэ. Чуурканан тэлгэтиллибит уулусса, мас дьиэлэр, таас чох быыла...

– Оннук. Устудьуоннуу сылдьан, 1956 сыллаахха, Кэбээйигэ гаас көстүбүт диэн сонуну иһиттим. Эдэр киһи дойдум туһунан үтүө сурахтан үөрүү бөҕө буолбутум.

Мин бу «Киин куорат» хаһыат эрэдээксийэтигэр ол түгэҥҥэ тохтоон  ааһар санаалаах кэлэн олоробун. Билиҥҥи Дьокуускай куорат маннык элбэх таас дьиэтэ хайдах баар буолтун туһунан дьон өйдөбүлэ кыра. Эдэрдэргэ суох да буолуон сөп. История страницалара диэни интэриэһиргиир дьон эрэ манна болҕомто уурар буолуохтаах.

– Дьэ, эрэ... Дьокуускай сайдыыта уонна Кэбээйи гааһа.

– История этэринэн, 1956 сыллаахха Кэбээйи оройуонугар Таас Тумус диэн сиргэ гаас саппааһа көстөр. Ити кэмҥэ көһүннэҕэ эрэ дии. Ону олоххо киллэрэн, туһаныахха наада. Оччотооҕу өрөспүүбүлүкэ салалтата маны хайдах туһанар туһунан былаан, бырайыак оҥордоҕо. Ирбэт тоҥноох сиргэ олорор буоламмыт, ылбычча дьыала буолбатаҕа чуолкай. Ол да буоллар аҕыйах сылынан, промышленнай суолталааҕынан сибээстээн, Кэбээйи Таас Тумуһун гааһын Дьокуускайга аҕалар трассаны тутуу саҕаламмыта.

Ирбэт тоҥноох сиргэ гаас турбатын тутуу уопута аан дойдуга даҕаны суох буолан, саҥаны оҥоруу курдук көстүбүтэ. Элбэх сыра-сылба кэнниттэн 1967 сыллаахха, Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин 50 сыллаах үбүлүөйүгэр, Дьокуускай куоракка Кэбээйи гааһа кэлэр!

Трассаны ити билиҥҥи сиэмэн собуота баар сиригэр Мохсоҕоллооххо илдьэр туһунан былааннаан, бырайыагын оннук оҥорбуттара. Кэнники толкуйдаатахха, бу гаас энергията кэлбитин туһанан сайдыыны тиэтэтиэххэ, Дьокуускай куорат дьиэлэрэ таас буолуохтаахтар диэн санааттан ити сиэмэн оҥорор собуоту туттахтара. Тутуу килиэбэ сиэмэн буоллаҕа дии. Сиэмэн баар буолан таас дьиэлэрбит дьэндэспитинэн бардахтара.

Гааһынан үлэлиир электростанция оҥоһуллубута.

Дьокуускай куоракка электрическэй энергия кэлиитэ, мас, таас чох хочуолунайдара гаас оттукка көһүүлэрэ олоҕу лаппа чэпчэттэхтэрэ. Мохсоҕоллооххо тутуу матырыйаала күүскэ оҥоһуллан, онтон ыла Дьокуускай таас тутуута саҕаланан, дьэ бүгүн Илин Сибииргэ биир кыраһыабай, сайдыылаах куорат ахсааныгар киирэн олоробут.

Онон Кэбээйигэ гаас көстүүтэ сайдыы аартыгын арыйбыта Дьокуускай куораты ааһан бүтүн Саха сирин сайдыытыгар дьэҥкэтик көстөр.

– Эдэр көлүөнэҕэ историяны чахчылаахтык тириэрдиэххэ диэн санаалааххын. Ону истиэххэ.

– Бу мин кэпсиирбин идэлээх историктар баар чахчыларга, докумуоннарга олоҕуран кинигэҕэ суруйбуттарыттан кырдьаҕас киһи үөрэбин.

Саха АССР 100 сыллаах үбүлүөйүн чэрчитинэн 2022 сыллаахха Саха сирин историята суруллан, үс томунан таҕыста. Онно үһүс томугар промышленнас киирэн олох сайдыытын туһунан сиһилии суруллубут. Бу кэпсиир Кэбээйим гааһа Дьокуускайга кэлбитин туһунан онно кырдьыктаахтык суруллан сылдьар. 1967 сыллаахха Дьокуускайга кэлбитин туһунан ахтыллар. Онно сурулларынан, Кыһыл Сыыр гааһа Кэбээйи Мастааҕар кэлэн холбоммут. Ол аата үгүс үтүмэн сылларга өрөспүүбүлүкэни, Дьокуускай куораты Кэбээйи оройуона соҕотоҕун гааһынан хааччыйа олорбут. Төрөөбүт оройуонум промышленнас сайдыытыгар сүҥкэн оруола болҕомтоҕо ылыллыбатыттан кырдьаҕас киһи хомолтобун этэбин. Бу куйааһы аахсыбакка, историяҕа олоҕуран, санаабын этээри бу кэлэн олоробун. Дьиҥнээх историяны дьон-сэргэ биллин диэн. История сыыһа халыйыыта – бу бүттүүммүт иэдээнэ. Мантан сыыһа өйдөбүл, араас санаа тахсар. Өрөспүүбүлүкэбитигэр В.А. Штыров бэрэсидьиэннии олорбут кэмигэр «Кызыл Сыр – первенец газовой промышленности» диэн санаа олохсуйбута история чахчыларын токурутар. Ону өйөөн суруйбут дьону билэттиибин. Бу олоҕо суох көстүүттэн баар чахчылар токуруйаллара хомотор. Онон ыччакка үрүҥү-хараны арааран, историяны чахчылаахтык тириэрдэр эбээһинэстээхпит.

– Бу Ил Дархан Айсен Николаев 2023 сыл атырдьах ыйын 1 күнүнээҕи Пр-1021-А1 дьаһалларын испииһэгин тутан олороҕун.

– Оннук. Былырыын оруобуна баччаларга, 2023 сыл бэс ыйын 28 күнүгэр, Айсен Николаев Кэбээйи оройуонугар сырыытын түмүгүнэн 2028 сылга Кэбээйи оройуонун билиҥҥи киин бөһүөлэгэ Сангаар төрүттэммитэ 100 сылын бэлиэтээһин чэрчитинэн  туһааннаах министиэристибэлэргэ, биэдэмистибэлэргэ 12 пууннаах дьаһалын куоппуйата. Бу үбүлүөйүнэн сибээстээн Кэбээйи улууһун гааһа өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар, оруолугар тустаах болҕомто баар буолуон баҕарар санаабын тириэрдэбин.

Идэҕэ, үлэҕэ муҥутуур бэриниилээх буолуу чаҕылхай холобура: хаартыска чуолкай, күлүгэ суох буолуохтаах

* * *

Сэһэргэһээччим чэпчэки баҕайытык ойон туран суумкатын эһэ охсон ылар уонна бартыбыалыттан бэрт халыҥ кинигэни ойутан таһаарар. Кэбээйи оройуонун уруккунан «Саҥа олох», онтон «Ленинец», билиҥҥинэн «Дабаан», «Кобяйский вестник» икки тылынан тахсар хаһыаттарын саһарбыт страницалара. 50-60-70 сылларга бэчээттэммит ыстатыйалар дьыл-хонук быыһын сэгэтэллэр. Хаһыат оччотооҕу дьоруойа эбэтэр суруйан хаалларбыт кэрэспэдьиэн орто дойдуга олорон, үлэлээн ааспыттарын кэрэһиттэрэ. «Суруллубут суоруллубат» диэн сахабыт бэргэн этиитэ бу сырыттаҕа.

* * *

– Никифор Дмитриевич, хаһыат летопиһын суруйуу диэн бу сүрдээх кэскиллээх үлэни оҥоро сылдьар эбиккин. Маннык саҕалааһын атын хаһыаттарга баар дуу?

– Бу маннык үлэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн биһиэхэ эрэ баар диэбиттэриттэн соһуйдум ээ. Уонна үлэбиттэн өссө дуоһуйууну ыллым. Хайа, үөрдэҕим дии. Бу – кинигэм бастакы чааһа, аны иккис чааһын бэчээттэтээри илии баттыы баран эрэбин.

2019 сыллаахха Кэбээйи улууһун хаһыатын 75 сыллаах үбүлүөйэ буолбута. Онон сибээстээн хаһыаппыт летопиһын кинигэ оҥорон таһааран эрэбин. Манна ахтыылар да бааллар, элбэх хаартыскалаах даҕаны. 75 сыл тухары тахсыбыт хаһыат архыыбын быылын бүтүннүүтүн көрдүм.

Кинигэм тутулун кэлэр көлүөнэ дьоҥҥо манан тугу кэпсиэхпин баҕарарбынан наардаан оҥордум.

– Бу бастакы кинигэҥ буолбатах быһыылаах.

– Кэбээйим туһунан хас да кинигэни оҥорбут оҕонньорбун. Билигин суох дьоммут тустарынан аймахтара, оҕолоро, сиэннэрэ аахтыннар диэн. Баар дьоҥҥо ол кэмнэрин санатар эмиэ биир үөрүүлээх түгэн, олорбут олохторун суолталыыр кэмнэрэ буоллаҕа дии.

Оттон хаһыат саһарбыт страницаларыттан киһи история элбэх чахчытын булан ааҕар кыахтаах.

«Маны дойдубар тиийэммин бөһүөлэк дьокутааттарыгар көрдөрүөхпүн наада»

* * *

Никифор Дмитриевич кинигэтин арыйталыы олорон, «хата, бу кэллэ» дии түстэ. Уонна эмиэ ойон туран, аны фотоаппаратын ылан, мырчыстыбыт илиилэринэн үөрүйэх баҕайытык кнопкалары баттаталаан, хаартыска көрдөрөр.

* * *

Мин сэрэйдим, кинигэтин дьоруойа буоларын. Уонна ыйытабын:

Бэйэҥ түһэрииҥ?

– Бу манна эрэдээксийэҕэ кэлэн иһэн анаан таарыйдым. Кинигэҕэ бу турар А. Чукров эһиги Дьокуускайгытыгар олорбут дьиэтигэр, Ленин пр., 6/1, баар мемориальнай дуоскатын түһэрэн аастым. Маны дойдубар тиийэммин бөһүөлэк дьокутааттарыгар көрдөрүөхпүн наада. Бу кини биһиги Сангаарбытыгар «человек-легенда». Кини туһунан хаһыакка тахсыбыта бу сылдьар. Түөрт уонча сыл бириистэн начаалынньыгынан үлэлээн олорбута. Уордьаннаах, үлэһит бөҕө, ыччаттардаах киһи.

Маннык олоххо үтүөлээх дьон хайаан да историяҕа хаалыахтаахтар диэн санааттан Сангаар бөһүөлэгин бириистэнигэр кини аатын иҥэриэххэ диэн туруорса сылдьабын. Онно бу матырыйаал хомуйа сылдьар быһыым.

– Кинигэни хомуйан таһаарыы элбэх үлэттэн тахсар. Эйигиттэн ыйытыахпын баҕарабын, эмиэ да туттунабын: Бэйэҥ бэчээттиигин дуо, компьютерга?

– Суох буоллаҕа. Барытын уруучуканан лиискэ суруйабын. Онно көннөрөбүн, эбэбин-сабабын. Чөкөтөн бүтэрдэхпинэ, атын киһинэн компьютерга бэчээттэтэбин.

Онон үлэтэ элбэх, баһаам бириэмэни ылан тахсыбыт кинигэлэр.

Кинигэлэриҥ бары историяны үйэтитии, төрөөбүт дойду,  үлэһит дьон, кэнчээри ыччат туһунан эбит. Бу туһунан сэһэргээ.

– Кинигэни ураты оһуобай эрэ дьон суруйара буолуо дии саныырым. Бастакы кинигэм «Кэбээйилэр кыайыыга кылааттара» диэн аатынан тахсыбыта. Биэс сыл үлэлээбитим. Онтон матырыйаал хомуйан таһаарбыппар арай дьон бөҕө сэргээтэ, хайҕаата. Онтон эр ыламмын, тэбиэһирэн туран эмиэ атын кинигэҕэ ылсыбытым. Онтум «Кэбээйилэр сайдыыны тиэтэтээри» диэн аатынан тахсыбыта. Итиннэ эмиэ биэс сыл үлэлэспитим. Онтон үһүс кинигэбин оҥорбутум – «Кэбээйилэр бүттүүн ыччаты иитиигэ» диэн. Оҕону үлэнэн иитиигэ аналлаах. Ол историята маннык. 1987 сыллаахха үөрэх министиэристибэтин кэллиэгийэтин уурааҕа тахсыбыта – «Кэбээйи оройуонун оҕону үлэнэн иитиигэ уопутун өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар тарҕатарга» диэн. Хомойуох иһин, ити кэмнэргэ былаас уларыйыыта. Онон ол уураах олоххо киирбэтэҕин иһин, үлэбит уопутун кинигэнэн таһаарарга сананан, эмиэ биэс сыл үлэлээммин, ити үһүс кинигэм күн сирин көрбүтэ.

Кэбээйи оройуонугар бастакы интеллигенцияҕа киирсэбин. Сангаарга 50-60 сыл олороммун олохпун моҥоотум. Онон Сангаарым историятын эмиэ суруйбутум.

Дьэ, кинигэлэрим ити курдук бииртэн биир күн сирин көрөллөр. Биир санааттан кыым саҕыллан, тылтан тыл тахсан, историяттан история кэпсэнэн, бүтүн кинигэ буолан илиигэр ыларыҥ саҕа умнуллубат түгэн суох.

Онон бу 93 саастаах кырдьаҕас оннук түгэни өссө төгүл биллэрбин диэн ыра санаалаах бүгүҥҥү күҥҥэ үлэлии-хамныы сылдьабын. Үлэлээбит уопуппар, билиибэр-көрүүбэр олоҕуран, билиҥҥэ диэри туһалаах буолларбын диэн өйүнэн-санаанан салайтарабын.

Үлэҥ-хамнаһыҥ киэҥэ, өйүҥ-санааҥ дириҥэ кими баҕар сөхтөрүөх курдук. Киһи чөл туруктаах буоларыгар тугу сүбэлиэҥ этэй?

– Буолуо оттон. Киһи чөл туруга бэйэтиттэн тутулуктаах. Бэйэм саастыылаахтарым туһунан кэпсииллэрин, суруйалларын интэриэһиргиибин ээ. Онно 80-рын ааспыттары, 90-гар үктэммиттэри кэтээн көрдөхпүнэ, бука бары үлэни өрө туппут дьон эбит. Ол аата хамсана-имсэнэ, хаама-сиимэ сылдьартан ураты бу дьон өй-санаа өттүнэн ыраас буолаллар.

Уонна оттон чөл буолуу бу буор куппут, ол эбэтэр доруобуйабыт буоллаҕа дии. Онно киһи бэйэтэ кыһаллыахтаах. Хайдах салгыҥҥа тыынаргыттан саҕалаан, аһылыккар тиийэ. Мин аһылыгым барыта бэйэбит балыкпыт, эппит. Нууччалыы эттэххэ, натуральнай.

Онон этим-сииним уонна дууһам холбоһон доруобай буоланнар, бу сааспар тиийэ айанныы, үлэ үөһүгэр сылдьабын дии саныыбын эрээри, саас аата саас. Кырдьыы син баран эрэр. Умнуган эҥин соҕус буоллум эрээри, оннук санааҕа бэриниэ суохтаахпын бигэтик өйдүүбүн.

Киһи олоҕор көрсөн ааһар бэлиэ дьон баар буолар. Оннук киһи этэн кэбиспитэ эн олоххор суолдьут сулус буолара баар суол. Эн олоххор оннук бэлиэ киһи баара дуо?

– Миэхэ оннук киһинэн, учуутал идэлээх буоларым да быһыытынан буолуо, норуодунай учуутал Михаил Андреевич Алексеев буолар. Бу улуу учууталы кытта бииргэ үөрэммит, сэдэхтик да буоллар, көрсүбүт киһибин.

1958 сыллаахха орто оскуолалар арыллалларыгар политехнизацияны олоххо киллэриигэ анаан учууталларга куурус аспыттара. Дьокуускайга отучча буолан үөрэммиппит. Михаил Андреевиһы кытта онно бииргэ үөрэммиппит. Үлэбит сүнньүнэн хам-хаадьаа да буоллар көрсөн кэпсэтэр буоларбыт. Кини – Үөһээ Бүлүүгэ, мин Сунтаарга учууталлыыр кэммит буолан, мин айаннаан иһэммин таарыйан ааһарым, кини да үлэтин сүнньүнэн Сунтаарга тиийдэҕинэ, миигин көрсөрө.

Ол курдук биирдэ миэхэ туһаайан: «Салайар үлэҕэ сөптөөх киһи эбиккин ээ»,– диэн тыл быктарбыттаах. Дьэ ол этиитин хайдах эрэ сүбэ курдук ылыммытым. Онтубун биир кэмҥэ олоххо киллэрбитим. Учуутал буоламмын төрөөбүт оройуонум оҕолорун иитии уопутун тарҕатары илиибэр ылсыһан үлэлээбиппин олохпор биир үчүгэй хардыым диэн толкуйдуубун. Онон Михаил Андреевич киһини маарыҥнатан билэр дьиҥнээх учуутал хаачыстыбалаах эбит этэ.

Ыал буолуу, олох оҥостуу туһунан кэпсэтиэх.

– Кэргэним Матрена Николаевналыын ахсыс кылаастан бииргэ үөрэммиппит. Оскуола эрдэхтэн табаарыстаһар этибит. Онтубут улахан тапталга кубулуйбута. Кини – быраас, мин учуутал үөрэҕэр үөрэммиппит. Дьокуускайга 1962 сыллаахха ыал буолбуппут. Нөҥүө сылыгар бастакы уол оҕобут төрөөбүтэ. Оччолорго Дьокуускайга дьиэ-уот тиийбэт. Олорор дьиэбит кирпииччэ оһохтоох, тымныы, сыырастаах. Онон оҕобут дьылҕатын туһугар диэн Дьокуускайтан көһүөхпүтүн баҕарарбытын истэн, кэргэним бииргэ үөрэммит быраас доҕотторо ыҥыран, Сунтаарга көһөн барбыппыт. Эдэр исписэлиис дьону икки ытыстарыгар түһэрэн ылбыттара. Дьиэнэн-уотунан хааччылынныбыт. Тиийээппин кытта миэхэ оскуолаҕа үлэ биэрдилэр. Бэһис кылааһы салайарга туттардылар. Кэргэним быраас идэтинэн үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээтэ. Оччотооҕуга биһиги үлэһит быһыытынан бастыҥмытын хайҕаан, «Кыым» хаһыакка таһаардылар. Ол кэмҥэ хаһыакка тахсыы улахан наҕараада курдук буолара. Мээнэ таһаарыы суох. Хаһыат партия хонтуруолунан тахсар кэмэ.

Ону ааҕан дойдубут дьоно кэбээйилэр ыҥырбыттара. «Дойдугутугар кэлэн үлэлээҥ» диэн этиилэригэр сөбүлэһэн, алта сыл үлэлээн баран, Кэбээйигэ кэлбиппит. Матрена Николаевна Сунтаарга медицина эйгэтин туйгуна буолбута. Онтон өрөспүүбүлүкэ, онтон РСФСР үтүөлээх бырааһа. Өлбүтүн кэннэ үлэлээбит сиригэр, Кэбээйи оройуонун киин балыыһатыгар, кэргэним Матрена Николаевна Терехова аатын иҥэрбиттэрэ. 43 сыл бииргэ олорбуппут. Үс уол оҕоломмуппут.

Киһи олоҕор туохтааҕар даҕаны үрдүк наҕараадата ыччаттара эбит. Кинилэр улаатан, үлэһит буолан олохторугар миэстэлэрин булаллара – бу төрөппүт дьоло.

– Оттон уонна учуутал киһиэхэ үөрэнээччилэрин махтала күндү дииллэр. Оскуоланы бүтэттэрбит бастакы кылааскын кытта сибээс тутаҕын дуо?

– Саамай чугас дьонум, дьэ, кинилэр. Бэһистэн ылбыт кылааһым оҕолорун онуһу бүтэттэрэн, аттестаттарын туттартаан баран Сунтаартан арахпытым.

Иитии түмүгэ тута көстүбэт. Учуутал үлэтин түмүгэ эмиэ кэнники көстөр. Үөрэппит оҕолоро үөрэх, идэ ылан, олоххо хайдах дьон буолбуттарыттан. Учуутал идэтин баһылаан бастакы таһаарбыт выпуһум оҕолоро төрөөбүт улуустарыгар, өрөспүүбүлүкэҕэ бары биллэр үлэһит буолбуттара. Мин онтон наһаа үөрэбин. Оҕолорум билигин бэйэлэрэ сэттэ уоннаах дьон. Бырааһынньыктарыгар миигин көтүппэккэ ыҥыраллар. Хас да кинигэни бииргэ таһаардыбыт.

2023 сыллаахха Арассыыйаҕа буолан ааспыт Учуутал уонна уһуйааччы сылыгар аналлаах «Учуутал, эн үрдүк ааккар» диэн норуот кинигэтэ тахсан турар. Үөрэнээччилэрим ол кинигэҕэ киллэрдилэр.

«Киин куорат» хаһыат туһунан санааларыҥ, баҕарыыларыҥ.

– Мин бэйэм хаһыакка уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн быһыытынан ботуччу уопут баар киһитэбин. Фотоаппаратым – арахсыспат аргыһым. Онон хаһыат үлэтин билбэхтэһэбин дии саныыбын.

Хаһыат «Киин куорат» диэн аата Дьокуускай эрэ куорат диэн буолбакка, бу бүтүн Сахабыт сирин киин куората буоларын суолталыыр эрээри, тираһа аҕыйаҕа хомотор. Бу куорат күннээҕи кыһалҕатын, ситиһиитин үчүгэйэ-куһаҕана суруллар хаһыатын    дьон тоҕо суруттаран аахпат буоллаҕай? Тоҕо нэһилиэнньэ баардылаабат? Эбэтэр сахалыы ааҕар киһи ахсаана аҕыйаан иһэр дуу? Хаһыаты оҥорууга, таһаарыыга, бэчээттэтиигэ тыырыллар үп-харчы итиччэ эрэ ахсааҥҥа тиийэр буоллаҕа дуу? Бу бүччүм санаабын хаһыат нөҥүө дьоммор-сэргэбэр аһаҕастык тириэрдэн баран тэйэр кырдьаҕаспын. Онон оттон үлэ дьоно кытаатыҥ. Хайдах эмэ гынан тираһы элбэтэр суолу тобулуҥ диэн кырдьаҕас суруналыыс быһыытынан баҕа санаабын тириэрдиим. Историябытын токуруппакка, оҕолорбутугар, эдэр көлүөнэҕэ тириэрдиэҕиҥ диэн баҕарабын.

* * *

Эрэдээксийэ эрдэһит ыалдьытын кытта сэһэргэһиибит түмүктэнэрин кэтэспит курдук эдэр киһи:

Хайа, аҕаа, төлөпүөнүҥ тыаһын истибэтиҥ дии. Бириэмэбит чугаһаата ээ, диэбитинэн киирэн кэллэ.

Ыалдьыппыт, тыыл, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, Кэбээйи оройуонун бочуоттаах олохтооҕо, оройуон, өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарын солбуллубат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ Никифор Дмитриевич Терехов-Эмээки сулбу баҕайытык ойон тураат суумкатын санныгар быраҕыммытын, уола ылан тутта. Уонна аҕалаах уол куустуспутунан тахса турдулар.

«Ыалдьыппыт ханна эрэ көрсүһэр болдьоҕор бардаҕа» диэн санаа элэс гынан ааста.

* * *

Олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыр 93 саастаах ытык кырдьаҕас бүччүм санааларын эһиги болҕомтоҕутугар тириэртибит. 2022 сыл олунньу ыйыгар «Киин куорат» хаһыакка Н.Д. Терехов-Эмээки туһунан сиһилии Кэбээйи улууһа төрүттэммитэ 85 сылынан, Саха АССР 100 сылынан тахсыбыт «Улуус историята биир киһи олоҕор» диэн ахтыыларга билсэргитигэр ыҥырабыт: kiinkuorat.ru/articles/uluus-istoriyata-biir-ki-i-olo-or

 

Виктор Эверстов хаартыскаҕа түһэриилэрэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....