16.04.2020 | 14:11

Нэдиэлэтээҕи гороскоп. Муус устар 16-23 күннэрэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бараан

Саҥа дьарыктар, интэриэстэр көстүөхтэрэ. Ханнык да түгэҥҥэ сибиэһэй салгыҥҥа сылдьа сатааҥ, спордунан дьарыктаныҥ, даачаҕытыгар үлэлээҥ. Харантыыҥҥа хааллан олорор буоллаххытына, кыралаан өрөмүөннэ саҕалааҥ. Бэнидиэнньиктэн сэрэдэҕэ диэри карьераҕа, дьарыккын, үлэҕин уларытыыга тоҕоостоох күннэр. Кэллиэгэлэргин, доҕотторгун кытта сибээскин быһыма. Саҥа иһитиннэриилэри, идеялары үллэстэ олор.

Оҕусчаан

Барыта үчүгэй, салгыы өссө тупсан иһиэ. Үп-харчы кэлэр үүтүн-хайаҕаһын, бизнеһи кэҥэтиини толкуйдаа. Интэриниэт биэрэр кыаҕын туһанан, үөрэнэн хаал. Дьиэҕиттэн тэйиччи ханна эрэ үлэлиэххин сөп. Чэппиэргэ уонна бээтинсэҕэ саҥа сыаллары-соруктары туруорун, кэпсэтиилэри ыыт. Атын дьон туругунан оонньоомо, кими эрэ улаханнык өһүргэтиэххин сөп.

Игирэлэр

Туһата суох этиһиилэргэ бириэмэҕин бараама. Инникилээх сыһыаннары өйөө уонна сайыннар. Кимниин эрэ туһалаах бииргэ үлэлээһин эбэтэр истиҥ сыһыан олохтонуон сөп. Ханнык эрэ аймаххыттан бөдөҥ харчы эбэтэр сыаналаах бэлэх ылыаххын сөп. Өрөбүл күннэргэ үтүө сонуннары күүт.

Араак

Үлэҕэр актыыбынайгын, олох-дьаһах да биир кэм таһымҥа сылдьар. Кулун тутар ыйга элбэх күүскүн биэрбит үлэҥ оптуорунньукка эбэтэр сэрэдэҕэ бэрт кэбэҕэстик оҥоһуллуо. Тулалыыр дьоҥҥун саҥа ситиһиилэргэ, кыайыыларга кынаттаа. Доҕотторуҥ интэриэһинэй идеялардаах көтөн түһүөхтэрэ. Өрөбүллэргэ дьиэҕиттэн тэйиччи саҥа саҕахтар арыллыахтара. Бу билигин интэриниэт да нөҥүө оҥоһуллуон сөп.

Хахай

Биир ыстаныынан тугу эрэ оҥорор кыахтааххын эбэтэр ыарахан кэпсэтиигэ быһаарыныаххын сөп. Оптуорунньуктан чэппиэргэ диэри ханнык да улахан хамсаныыны, дьыаланы оҥорума. Эн булугас өйүҥ туох эрэ алдьаныыны эбэтэр кыһалҕаны туоратан, тулалыыр дьонуҥ убаастабылын, бочуотун ылыаҥ. Өрөбүл күннэргэ маҕаһыыннары кэрий, туох эрэ сөбүлүүр тэрээһиҥҥин оҥор.

Кыыс Куо

Саҥа дьыаланы саҕалыырга бэртээхэй нэдиэлэ. Барыта орун-оннугар буолан иһиэ. Күүһүҥ-уоҕуҥ толору, ол эрэн туохтан эрэ долгуйар, куттанар буоллаххына, өһүллүөххүн сөп. Кутталлаах дьонтон тэйиччи сырыт. Чэппиэргэ элбэҕи оҥор, ситис, атын күннэргэр сынньанар гына. Наадата суохтан босхолон, ордуктаах буоллаххына, дьоҥҥо бэрис. Өрөбүл күннэргэ ону-маны атыылаһыаххын сөп.

Ыйааһыннар

Эр дьон ону-маны бэрт чэпчэкитик көҕүлүөхтэрэ, өһөс буолуохтара, быһаарыы ылыныахтара, эппиэтинэс сүгүөхтэрэ. Дьахталлар да хаалсыахтара суоҕа. Чаҕылхай, турбут-олорбут, түргэн, сытыы дьон улахан ситиһиилэниэхтэрэ. Тапталга, дьылҕаны быһаарарга бэртээхэй нэдиэлэ. Айар үлэнэн, тугу эрэ оҥоруунан дьарыктаныаххыт. Харантыынтан иҥнэн туруоххут суоҕа. Онон араас дьыала, иһитиннэрии толору күүтэр.

Ооҕуй

Өрөмүөн, тутуу үлэлэрэ, аймахтарыҥ дьылҕаларыгар кыттыы бу күннэри аралдьытыахтара, бириэмэҕин ылыахтара. Туһалаах билсиһии, сыаналаах иһитиннэрии ылыаххын сөп. Атыыны-эргиэни кытта сибээстээх тиэмэнэн дьарык туһаны аҕалыа. Төһө да дьиэҕэ олордоргун, харчы оҥоруоххун наада. Өрөбүл күннэргэ туох эрэ улаханы атыылаһыаххын сөп.

Охчут

Бэйэҕин туттуна сырыт, этиһиэ суохтаах киһигин да кытта тыл-тылга киирсимиэххин сөп. Ону таһынан, стресс доруобуйаҕар охсорун умнума. Олоҕу түннүк нөҥүө кэтээбитиҥ ордук, сынньалаҥы дьиэҕэр атаар. Сэрэдэттэн бээтинсэҕэ диэри туох эрэ саҥаны киллэр. Улахан уларыйыылар иһэллэр, онуоха дьон идеяларын иһит. Сокуону кэһимэ, мантан сылтаан соччото суох түгэҥҥэ түбэһиэххин сөп.

Чубуку

Бэнидиэнньиктэн саҕалаан былааннаргар күөх уот тыгыа. Наадалаах ааннар барыта аһыллан биэриэхтэрэ. Билигин тугу да уларытар санааҥ суох буоллаҕына, саҥа сибээстэргин кэлин туһанаар. Дьиэтээҕи дьыалаҕын, эбээһинэстэргин толоро сырыт. Кэлэр нэдиэлэҕэ бириэмэҥ тиийиэ суоҕа. Эбии үлэ биэрдэхтэринэ, аккаастаныма. Тус олоххор туох да эрэннэриини биэримэ.

Күрүлгэн

Барытын кириитикэлии сылдьыыҥ, барыттан-бары астыммат буолууҥ тулалыыр дьоҥҥун кытта сыһыаны сытыырхатыахтара. Элбэҕи үлэлээ, соҕотох сылдьа сатаа, дьону кытта тэйиччиттэн кэпсэт. Нэдиэлэ бастакы аҥаарыгар дьыалаҥ элбиэ, оҥорор болдьоҕуҥ кылгаан биэриэ. Чэппиэргэ саҥа интэриэстэр үөскүөхтэрэ. Билигин оҥоро сылдьарыҥ, инники ситиһиигэр туһалыа. Доруобуйаҕын харыстан, көрүнэ сырыт диэн сулустар сүбэлииллэр.

Балыктар

Чугас дьонуҥ өйөбүллэригэр наадыйаҕын, онон кинилэргэ эмиэ болҕомтоҕун уур. Үп-харчы боппуруоһун дьиэ кэргэҥҥэр көтөҕүмэ. Сибиэһэй идеялар киириэхтэрэ, туһалааҕынан дьарыктаныаҥ. Чэппиэргэ уонна бээтинсэҕэ үтүө түгэннэр тосхойуохтара. Өрөбүллэргэ ис туругуҥ тупсуо. Дьыалаҥ элбэх, ол да буоллар онно эрэ сынньанаргын умнума.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...