22.03.2023 | 17:00

Нэдиэлэ устата 67 ыты туттулар

Нэдиэлэ устата  67 ыты туттулар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускайга 67 бэйдиэ сылдьар ыт тутулунна, дьиэ кыылын көҥүлэ суох күүлэйдэтиигэ 7 боротокуол толорулунна, диэн Олохтоох дьаһалта иһитиннэрэр.

Территорияны кытта үлэҕэ департамент салайааччыта Владислав Слепцов бэлиэтээбитинэн, 2023 сыл саҕаланыаҕыттан 697 көҥүл сылдьар ыт быстах тутар кэм пуунугар аҕалыллыбыт.

“Күн бүгүн пууҥҥа 1268 ыт хараллан турар. Эриэйдэ тэрээһинэ былаан быһыытынан ыытыллар, ааспыт нэдиэлэҕэ 7 боротокуол оҥоһуллубут эбит буоллаҕына, сыл саҕаланыаҕыттан 72 боротокуол толорулунна”, - диэн Владислав Слепцов иһитиннэрдэ.

Бэлиэтээн эттэххэ, бэйдиэ сылдьар ыттары тутууга “Помоги выжить” аһымал пуондаттан икки биригээдэ, Бэйдиэ сылдьар ыттары тутууга үлэлэһэр сулууспа үс биригээдэтэ уонна Огонеров ИП икки биригээдэтэ күннэтэ тахсар.

Дьиэ кыылын иитии быраабылатын кэһиигэ 2014 с. атырдьах ыйын 1 күнүнээҕи 237 №-дээх СӨ Бырабыыталыстыбатын дьаһалыгар олоҕуран, гражданнарга административнай эппиэтинэс сүктэриллэр уонна сэрэтии эбэтэр ыстараап көрүллэр. Бастакы сырыыга 1000 солкуобайтан 1500 солкуобайга диэри уонна 3000 – 5000 солк. диэри иккистээн түбэһиигэ.

Бэйдиэ сылдьар ыттары көрдөххүтүнэ, аадырыһын ыйан туран хаартыскаҕа түһэрэн эбэтэр видеоҕа устан иһитиннэрии оҥорон уокуруккут социальнай ситимнэригэр ыытыҥ.

Биир кэлим дьуһуурунай-диспетчерскэй сулууспа нүөмэрэ – 44-42-51

Үлэ күнүгэр 8(914) 261-06-98 нүөмэринэн чат-бот иһитиннэриилэри ылар. Дьокуускай куорат МЦУ телеграм ханаала https://t.me/mtsuykt.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...