09.11.2023 | 16:00

Нэһилиэнньэни «Географическай диктант - 2023» аахсыйаҕа кыттарга ыҥыраллар

2023 сыл, сэтинньи 19 күнүгэр 12.00 чаастан, киэҥ хабааннаах норуоттар икки ардыларынааҕы сырдатар аахсыйа – Нуучча географическай уопсастыбатын «Географическай диктана» ыытыллар.
Нэһилиэнньэни «Географическай диктант - 2023» аахсыйаҕа кыттарга ыҥыраллар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Аахсыйа кыттыылаахтарыгар диктант хас даҕаны вариана бэриллэр, хас биирдиитэ Арассыыйа географиятыгар сыһыаннаах 40 ыйытыылаах. Ыйытыылар, уустугуттан көрөн, икки чааска араарыллыбыттар, онон ким баҕарар судургу ыйытыыларга хоруйдуон сөп. Сорудахтарга олус интириэһинэй чахчылар киирбит буолан, тэрээһин олус кэрэхсэбиллээх.

«Географическай диктант - 2023» аахсыйаҕа кыттарга регион балаһааккатыгар регистрацияны ааһыахха наада. Ол курдук, сайтка киирэн бэйэбит олорор сирбитинэн балаһааккабытын талабыт – http://dictant.rgo.ru.

Диктант туһунан сиһилии информация эмиэ сайтка баар – http://dictant.rgo.ru.

Аахсыйа сылын аайы 2015 сыллааххтан Уопсастыба попечительскэй сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, Арассыыйа Федерациятын бэрэсидьиэнэ В. В. Путин көҕүлээһининэн ыытыллар.  

Аҕыс сыл устата аахсыйаҕа 3 мөлүйүөнтэн тахса киһи кытынна. Былырыын, 2022 сыллаахха, аахсыйа бары континеннарга, ол иһигэр Антарктидаҕа, итиэннэ Норуоттар икки ардыларынааҕы космическай станцияҕа ыытыллыбыта.

Бэлиэтээн эттэххэ, аахсыйа саҕаланыаҕыттан өрөспүүбүлүкэбит кыттааччытын уонна балаһааккатын ахсаанынан инники күөҥҥэ сылдьар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...