Нэһилиэнньэҕэ туһалаах, билиҥҥи кэмҥэ тоҕоостоох
Манна психологтар, юристар уонна волонтердар нэһилиэнньэ мобилизацияҕа сыһыаннаах ыйытыыларыгар хоруйдууллар, сүбэ-ама биэрэллэр, өйөбүл буолаллар. Киин салайааччыта – Туйаара Колесова.
– Биһиги кииммит куорат баһылыга Евгений Николаевич Григорьев сорудаҕынан тэриллибитэ. Номнуо үс нэдиэлэ үлэлээтибит. Куорат олохтоохторугар быстах хомуурга ыҥырыллыбыт дьон дьиэ кэргэттэригэр көмө, тирэх буолабыт. Ол курдук нэһилиэнньэ мобилизация туһунан араас ыйытыыга хоруйу ылар кыахтаах. Бастакытынан, биирдэ бэриллэр биир кэмнээх төлөбүр (30 тыһ. солк.) эмиэ биһиги нөҥүө ааһар, ылааччылар кэлэн тустаах сайабылыанньа суруйаллар. Иккиһинэн, гуманитарнай көмө оҥоробут, ол эбэтэр оҕуруот аһыттан набордары түҥэтэбит. Үп уонна араас чэпчэтиилэр боппуруостарыгар эмиэ үлэни ыытабыт», – диэн кэпсээтэ Киин исписэлииһэ Ньургуйаана Габышева.
Волонтердар көмөлөрө улахан
Салгыы уһун көрүдүөр устун волонтердары кытта үлэни ыытар салааҕа кэллим.
– Сүрүннээн аҕалара суох хаалбыт ыаллар хаһаайыстыбаҕа көмө көрдүүллэр. Чааһынай дьиэлээхтэр ис-тас үлэҕэ ыарахаттары көрсөллөр, инньэ гынан волонтердар көмөлөрүгэр сайаапка хааллараллар. Кырдьаҕас, соҕотох хаалбыт ийэлэр массыыналаах волонтердары көрдүүллэр. Судаарыстыбаннай тэрилтэлэргэ арыалдьыкка наадыйаллар.
Билигин киин иһинэн үлэлиэн баҕалаах психологтары, массыыналаах волонтердары, кирэдьиит боппуруостарыгар экономистары, юристары күүтэбит, – диэтэ волонтердары кытта үлэлиир исписэлиис Дайана Васильева.
Юрист сүбэтигэр наадыйааччы үгүс
Юридическай көмөҕө наадыйар, араас балаһыанньаҕа түбэспит дьон үгүс. Холобур, сокуоннай кэргэн байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар кэмигэр ойоҕо баан каартатын сүтэрэр эбэтэр банкомакка былдьатар түгэннэрэ баар. Оччоҕуна дэбиэринэһэ суох ханнык даҕаны баан хаттаан каартаны оҥорон биэрбэт. Маннык түгэҥҥэ юрист эрэ көмөлөһөр кыахтаах.
— Гаас субсидиятыгар, аҕа буоларын бигэргэтиигэ, ыал буолууга сыһыаннаах ыйытыылар киирэ тураллар. Төһө кыалларынан барыларыгар лоп бааччы быһааран, сүбэлээн биэрэбит, – диэн кэпсээтэ юрист.
Сайабылыанньа суруйааччы ахсаана аҕыйаата
Салгыы түгэх хоско, саамай элбэх киһи сылдьар сиригэр – сайабылыанньалары тутар кабинекка тиийдим. Манна Дьокуускай куорат архыыбыттан көмөлөһө кэлбит Татьяна Игнатьевалыын кэпсэттим.
– Биһиги салаабыт нэһилиэнньэттэн сайабылыанньалары тутар. Психолог эбэтэр юрист көмөтө наада буоллаҕына, кинилэргэ ыытан иһэбит. Дьон араас кыһалҕалаах кэлэр, барыларыгар сүбэ-ама биэрэбит. Сыалбыт-сорукпут – мобилизацияҕа барбыт киһи дьиэ кэргэнигэр өйөбүл буолуу. Ыал аҕата байыаннай хомуурга хабыллан барара, биллэн турар, кини дьиэ кэргэнигэр, ордук дьахтар аймахха ыарахан. Аны туран, билигин кыһыммыт кэллэ, тымныы түстэ. Аҥаардас оҕону уһуйаантан таһыы, илдьии-аҕалыы сыраны эрэйэр.
Күҥҥэ хас киһи сайабылыанньа суруйарый?
– Бастакы күннэргэ сүүстэн тахсалыы киһи кэлэрэ. Мин үлэ иккис нэдиэлэтигэр кэлбитим, оччолорго бастакы күннэрбэр 150-ча сайабылыанньа киирэрэ, билигин лаппа аҕыйаата. Билигин докумуон үлэтэ, бэрэбиэркэ, тустаах салааҕа докумуоннары тиэрдэн биэрии ыытыллар.
Колл-киин
Дарина Мегежекская – олохтоох дьаһалта иһинэн үлэлиир “Информационнай технологиялар” киин тутаах исписэлииһэ. Кини сүрүн үлэтин таһынан колл-кииҥҥэ эмиэ үлэлиир.
– Күн ахсын биһиги сарсыарда тоҕустан киэһэ алтаҕа диэри үлэлиибит. Икки исписэлиис буолан, иккилии күн өрүү-өрүү тахсабыт. Билигин да төлөпүөммүт тохтоло суох үлэлиир. Сүрүннээн туох-ханнык докумуоннар ирдэнэллэрин, ханнык аадырыска баарбытын сураһаллар, байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын кэргэттэрэ биир кэмнээх көмө харчы хаһан түһэрин ыйыталаһаллар. Бородуукта ылбыттар эрийэн махтаналлар уо.д.а. боппуруос киирэр.
Маны таһынан баҕалаах тэрилтэ, предприниматель бэйэтин сэмэй көмөтүн аныан сөп. Холобур, «Лена” киинэ тыйаатыра саҥа тахсыбыт сахалыы киинэҕэ буор босхо билиэттэри бэлэхтээбит. Киһиэхэ кыра даҕаны наада эбээт.
– Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн үлэлиир ыстааптары уонна кииннэри кытта сибээһи олохтуубут, регион таһымнаах боппуруостар баар буоллахтарына, дьону онно ыытабыт, – диэн түмүктүүр Ньургуйаана Габышева.
Тускар туһан
1. Киин аадырыһа: Дьокуускай куорат, Курашов уул., 1/1. Кабинеттар: 8, 9, 23, 44. Билсэр төл: 8(914)110-60-20, 40-88-70. Күн ахсын сарсыарда 9.00 чаастан киэһэ 18.00 чааска диэри эбиэтэ уонна өрөбүлэ суох үлэлиир.
2. Сэтинньи 6 күнүнээҕи туругунан киин куоракка 2077 гражданиҥҥа көмө оҥоһуллубут.
3. Биир кэмнээх харчынан көмө кээмэйэ – 30 тыһ.солк.
4. 5-11 кылаас үөрэнээччилэрэ куорат уопсастыбаннай тырааныспарыгар босхо айанныыр кыахтаахтарын өссө биирдэ санатабыт. Айан каартатыгар сайабылыанньаны туталлар.
5. Элбэх оҕолоох ийэ кырачаанын куорат биир уһугуттан биир уһугар диэри уһуйааҥҥа таһар буоллаҕына, дьиэтин таһыгар уһуйааҥҥа көһөртөрүөн сөп. Манна тута сайабылыанньа суруйуохха наада.
6. Сир учаастагар эбэтэр муниципальнай бас билии суотугар турар дьиэҕэ-уокка арыанда болдьоҕун уһатыахтарын биитэр тохтотуохтарын сөп.
7. Оҕуруот аһынан көмө наборугар киирэр: хаппыыста, хортуоппуй, сүбүөкүлэ, моркуоп, луук – уопсайа 50-ча киилэ.
8. «Победа» пуонда быстах хомуур чэрчитинэн ыҥырыллыбыт дьоҥҥо, доброволецтарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүр сыалтан киин куорат олохтоохторуттан үп-харчы хомуйан саҕалаата. Бу туһунан Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев бэйэтин ханаалыгар суруйан турар. «Пуондаҕа киирбит харчы таҥаһы-сабы, анал байыаннай сэрии сэбин-сэбиргэлин атыылаһарга туттуллуоҕа», – диэн бэлиэтиир кини.