30.01.2023 | 19:00

Үндүлүҥ үрэх тардыытыгар

Ахсыс чааһа.
Үндүлүҥ үрэх тардыытыгар
Ааптар: Захар Федоров
Бөлөххө киир

Саха омук дьоно былыр былыргаттан «уол оҕо биир күн ат өрөҕөтүгэр, биир күн ат арҕаһыгар» диэн эппит ох курдук тыллара бу хоту дойду хоһуун уола Сэгэдьиккэ тосхойбут курдук. Соторутааҕыта, аҕыйах ый анараа өттүгэр, чороҥ соҕотох туран хаалбыт уолчаан бастаан аар тайҕа биир саамай адьырҕа кыыла доҕордонон, аны билигин бу туркутугар киһи саамай чугас доҕоро буолуохтаах кырачаан ыт оҕотун таба тэллэххэ суулаан илдьэ       иһэр, хайа доҕор, аны саамай үөрүүлээҕэ диэн бу уол санаан да баттаппатах, олоҕор бука саамай үөрүүлээх кэрдииһигэр, үктэннэ бадахтаах. Бу бүгүн сааскы ылааҥы күн айаннаан иһэн санаатаҕына кини өйүгэр бапппат уларыйыылар буолсулар. Ньаалай кырдьаҕас этэринэн, аны күһүн Сэгэдьик уонна Нуура холбоһон ыал буолаллар, ол аата бииргэ олорон, бииргэ хоонньоһон       утуйан, оҕо төрөтөн ийэ, аҕа буолаллар дуо... Дьэ, дьикти диэтэҕин.

Уол санаатыгар бу барыта хайдах да баппат, олуона курдук көстөр. Онтон Нууралыын биир тэллэххэ хоонньоһон сыталларын санаатаҕына ис-иһиттэн этэ-сиинэ итийбэхтээн, били атаҕын икки ардыгар сылдьар мала кытаатан минньигэстик дырылыыр, бэйэтэ тыына хаайтарыах курдук өрүтэ тыыммахтыыр.Ити курдук наар үчүгэйи эрэ ыраҥалаан, хараҕар ураһа таһыгар кинини сайыһан туран хаалбыт Нууратын оҥорон көрө истэ. Табалар кэлбит суолларынан соруттарыыта суох дьиэлэригэр тиийэн сынньана охсор баҕалаах кудуххай соҕустук бэйэлэрин дэмнэринэн айаннаан иһэллэр. Күн ортото били тохтоон ааспыт үрүйэлэрин  үрдүгэр кэлэн хорус гыннардылар, табалар барахсаттар өйдөөх баҕайылар,     уһун айаҥҥа тыын ыла түһүөхтэрин наада эбээт. Манна сынньанан, табаларыгар тыын ыллара түһэн баран салгыы айаҥҥа туруннулар. Лаппа киэһэрбитин кэннэ, борук-сорук быыһынан бэйэлэрин олохторугар тиийэн кэллилэр.

Уол табаларын ыыталаан, таһаҕастарын дьаһайан баран уот оттон кэһии оҥостон илдьэ кэлбит этиттэн ыгыччы соҕус күөс буһара уурда. Ытын оҕотун таһырдьа ыытан кэбиспитэ бөрөтүн кытары эйэргэһэр курдук оонньоһо сатаан иннигэр-кэннигэр түһүөлүү сылдьар, биирдэрэ ону сөбүлээбэтэх курдук киэр хаһыйан     баран, суптурута көрүтэлиир. Уол ону үөрэ көрдө, кыыл кыыла киирэн олох да тутан кэбиһиэн сөп этэ, ол эрээри тоҕо эрэ били Ньаалайдаах түөлбэлэригэр хара маҥнайгыттан бу ыт оҕотугар суоһурҕамматаҕа, онон эллэһэн эрдиннэр,  иккиэйэх бэйэлэрэ сыыйа умньаһан иһэллэр ини. Тото-хана аһаан, «ыттарын»    аһаталаан баран уол оҥостон утуйан хаалла.

                   

Сэгэдьик уол олоҕор улахан уларыйыылар тахсаары тураллара туора киһи баара буоллар тута харахха быраҕыллыа эбитэ буолуо да, манна туора икки атах суох, онтон бу икки түөрт атахтаах доҕотторо туох диэн эрэллэрин ким билбитэ баарай. Уол уруккута буолбатах, сарсыарда аайы сэргэхтик Нууратын санаабытынан уһуктар, күнү быһа көрсүһэр күннэрин ааҕан, урукку эбитэ буоллар саас, сайын кэлэрин күүтэр бэйэтэ билигин бу ситэ уулла илик    хаар ууллан, күүтэр сайына түргэн соҕустук ааһан саҥа хаар түһэрин кэтэһэр курдук буолан хаалла. Санаатыгар күн уһаабыта сүрдээх, ол да гыннар саҥа үүммүт күн кутуйах да хаамыытынан буоллар күнтэн күн солбуллан ааһан истилэр.

Бу аргыардаах аргыстаах таас Дьааҥы хайаларын тэллэҕэр күүтүүлээх сааскы күннэр кэлиилэрэ биллэн барда. Күн лаппа уһаан кыырай халлааҥҥа ойдо, эргиччи киирбэт күннээх күннэр биллэн бардылар. Сааскы бастакы көтөр илдьиттэрэ туллуктар барахсаттар, онтон тураах барахсан биллэн, ураһа таһынааҕы хаппыт тииккэ олорон «дааҕырҕаабыт» саҥата ахтыбыт санааҕа      кэрэ да буолан иһиллэр эбит. Сыыйа ириэрэн били хаһан да ууллуо суох курдук сыппыт халыҥ тоҥ хаар ирэн уутун саас аайы орох тэппит намыһах сирдэринэн сыккыратан барда. Ону кытары тэҥҥэ булт бастакы көтөрдөрө, улуулара кубалар, хаастар биллэн бардылар. Бу ааттаммат бэйэлэрин үрэхтэрин батан бастакы хаас саамай улуута хоҥордор алларааттан өрө тахсан манна төрүүллэр ууһууллар. Сэгэдьик уол бу көтөрдөргө сааланар баҕалаах.        Атыыһыт Мэхээлэ бу саас кэлэ сылдьан саатын доруоп уоһугар тимир ботуруон бөҕөтүн кытары баһаам элбэх буорах, бөстүөм аҕалан хаалларбыта. Уол аҕатын саа ииттэр холбуйатын ороон таһааран биир күнү быһа ботуруон ииттэн таҕыста. Манна эмиэ аҕатын үөрэҕэ туһалаата, биир иитиигэ төһө буорах,    дорубуонньук кутуллар аналлаах бэйэ оҥоһуута мээрэйдэринэн көрөн иитэр, быыһын таба сааҕын куобах сааҕар булкуйан оҥорор. Урут саас аайы аҕата саа ииттэригэр уолун илдьэ олорон уонна ботуруон быыһыгар тыаттан куобах уонна таба саахтарын хомуттарар буолара бу мындыр дьарыкка улаханнык туһалаата. Баар тимир ботуруонун барытын ииттэн, ох курдук оҥостон биир күн үрэҕэр киирдэ. Үрэх тоҕойугар кумахха тыал хаарын хастаан кэбиспит сиригэр кыра уулаах бадараан баарыгар хаастар түһэн аһаабыт суоллара-иистэрэ баарын булла. Доруоп саа холкутук тэбэр сиригэр хойуу талах баарыгар кэтэһэр олоҕун оҥосторго быһаарынна. Бу мантан үрэх икки өттө ыраахха диэри үчүгэйдик көстөр, алларааттан да, үөһээттэн да көтөн иһэр хаастары киһи эрдэттэн ыраахтан көрүүһү, бэйэтэ үрэх хоту биэрэгэр буолан соҕурууттан иһэр айан хаастара эмиэ киниэхэ сирийин хоту буолар, онон табыгастаах сиргэ тохтообут сананан сэһээккэтин манна оҥосторго быһаарынна. Туох улахан оҥостуута кэлиэй, хойуу талах иһигэр киирэн олордо да бүттэҕэ дии. Ол да буоллар уол талах быыһыгар киирэн олорор сирин синньигэс талахтарын быһаҕынан бысталаан ылан иннигэр, ойоҕосторугар үүнэн турар талахтары хойуннаран эбитэлээн биэрдэ, талахтар төбөлөрүн булгурута тутаттаан хаххатын арыый намыратта. Ыраастаммыт олорор сиригэр анаан  хаппыт кылгас суон дүлүҥү булан аҕалан ол үрдүгэр таба тэллэҕи быраҕан баран онно олорунан кэбистэ.

Сааскы ылааҥы халлаан эриэккэһин баҕаһын, киһи эрэ дууһата үөрүөх-көтүөх курдук,унньуктаах уһун томороон тымныылар       даах кыыдааннаах кыһын ааспытын бэлиэтэ көтөр-сүүрэр, тыынар тыыннаах барыта уһуктан тулата араас чыычаахтар саҥаларынан туолла. Уол долгуйара сүрдээх, улахан көтөргө саас соҕотоҕун бэйэтэ эрэ бу маҥнай сааланыыта, урут саас аайы баччаларга аҕатын батыһан бу маннык сылдьан хааска сааланар буолаллара. Оо, ол күнү уол күүтэр да буолара. Биир күүттэриилээх саас эрдэ       маннык иккиэн ыттарын илдьэ хааска олорбуттааахтар. Онно уол аҕата чугас сэһээккэлэрин таһыгар икки улахан баҕайы хаастар түһэн биэрбиттэригэр киниэхэ ыттарбыта. Уол долгуйан хаалан илиитэ-атаҕа барыта босхо баран, тыына хааттара сыһа-сыһа кыҥыы сатаан баран, ыксаан туһаайан баран ытан саайбыта, хата биир хаас таптаран көтүөх курдук гынан иһэн кыаммакка төттөрү түспүтэ, онуоха аҕата үөрэн «бастакы байанайгын баран бэйэҥ аҕал» диэбитигэр уол ойон тахсан хааска сүүрбүтэ, сытар хааһы илиитинэн тутан ылыах курдук гыммыта ханна баарай хааһа хааҕыргыы-хааҕыргыы кынатын саратан уолга түһүөх курдук даллаҥнаабытыгар уол соһуйан тохтуу биэрбитэ, хаас кыра киһини сэнээбитэ буолуо өссө, эбиитин уолу тумсунан тоҥсуйуох курдук гынаталаан эрдэҕинэ ханна эрэ тэйиччи сылдьыбыт ыттара саа тыаһын истэн бу сүүрэн кэлэн хаас үрдүгэр түһээри гыммыттарыгар анараалара өссө күүскэ хааҕыргыы-хааҕыргыы кынатынан далбааттанан ыттарга түһүөх айылаах сапсыммыта, ол да буоллар ыттар икки өттүгэр буолан, Түргэн кэнниттэн үрдүгэр саба баттаан моонньугар түһэн тохтоппуттара. Уол көтөр кынаттаах булда итинник хорсун-хоодуот буоларын бастаан көрбүтэ. Ыттар кэлбэтэхтэрэ буоллар уол хайдах буолуо эбитин билигин даҕаны өйө хоппот.

Аҕата кэпсииринэн хаастар ыраах тиийэн туундараҕа төрүүллэр-ууһууллэр эбит. Онно хаастар сымыыттарыгар кырсалар кэллэхтэринэ сымыытын көмүскээн тыһы хаас айдааны тардан, чугас сылдьар атыыра кэлэн кырса сордооҕу кынаттарынан быһыта сапсыйан уйаларыгар чугаһаппат үһүлэр. Дьэ, ол да иһин ыраах туундараҕа тиийэн төрөөн-ууһаан баран, күһүнүн көрдөххө төннөллөрүгэр элбээн ыраас халлааҥҥа тура тэбинэн туран икки-үс күнү быһа айанныыр буоллахтара.

Итинник ааспыты саныы олордоҕуна алларааттан түөрт хаас тахсан иһэн кини бадарааныгар саантыах курдук гынан иһэннэр кумахха сүүрэ сылдьар ыт оҕотун көрдүлэр быһыылаах, салҕыы ааһа турдулар. Уол ытын оҕотун ыҥыран ылан тирбэҕэ сыысчаана баарынан сэһээккэ кэтэҕэр баайан кэбистэ. Бөрөчөөнө туохха да кыһаллыбат тэйиччи соҕус сытар. Өр-өтөр буолбата түөрт хаас алларааттан үрэҕи батан тахсан иһэн кини олорор        бадараанынын көрбүтүнэн кэлэн түһүнэн кэбистилэр, ону кытары тэҥҥэ ытын оҕото үрэн ньаҕырҕаата, хаастар түһээт аһыах курдук хаамсан доодоҥноһон иһэн талах кэннигэр дьикти саҥаны истэн хорос гына түстүлэр, ол бириэмэҕэ уол хараҕын кырыытынан көрбүтэ бөрөтө хаптайан баран кыра иирэ талахтарынан сөрөнөн хаастарга үөмэн эрэр, уол ыксаата икки хаас бэйэ-бэйэлэригэр       холбоһуох курдук гынан эрдэхтэринэ ытан саайда, биирэ түөрэх курдук барда, иккиһэ куһаҕаннатан баран кыайан көппөккө бадарааннаах кумахха сапсына сырыттаҕына бөрөтө обургу аҕыйахта ойон тиийээт тутатына моонньугар түһэн хадьырыйбытынан барда. Уол туран өлбүт хааһыгар баран истэҕинэ бөрөтө булдуттан көҥөннө быһыылаах хааһын соһон туора талахтар диэки барда, уол тыытыспата, ытын оҕото  итини барытын көрө олорон үрэн ньаҕый да ньаҕый буолар, кини эмиэ туохха эмит тиксиэн баҕаран эрдэҕэ.

Соҕурууттан элбэх үөрдээх айан хаастара ааһаллар, бу олорон хотуттан тымныы тыал үрэн     сирилэтэрэ арыый тохтоон, чуумпуран ыларыгар иһиттэҕинэ кэннигэр хоту диэки дьикти аймалҕан курдук баарын иһиттэ. Дьиктиргээн сэһээккэтиттэн тахсан тэйиччи баран үрдүк күрүлгэн баарыгар тахсан өйдөөн истибитэ көтөрдөр хаһыытаһар саҥалара эбит. Дьэ манна уол өйүгэр аҕата сэһээккэҕэ олорон кэпсээбитэ бу баардыы көтөн түстэ. Сааскы көтөр бастакы,урутаан кэлээччи араҥаччылара кубалар, хоҥор хаастар уу-хаар, бадараан ситэ тахса илигинэ мантан антах аллараа хоту айылҕа өссө да тоҥ, эбэтэр ириэрэн иһэн тыала         хотуттан ылан тоҥорон бардаҕына төттөрү төннөн, эбэтэр кэлбит сирдэригэр  бүччүм, кыра да уу, эбэтэр бадараан баарыгар мунньустар эбиттэр. Баһаам элбэх көтөр биир сиргэ мунньустан хаары дэлби тэпсэн, ииктээн-саахтаан бэйэлэрэ бадараан таһааран тохтуу түһэллэр эбит. Соҕурууттан ааһан иһэр,  хотуттан төттөрү төннөн тахсан иһээччилэр ыраахтан бу элбэх көтөр айдаан       нарын истэн манна кэлэн эбиллэ тураллар. Бу маннык баһаам элбэх көтөр мустубут сирэ «Лыгыыр» диэн аатырар эбит. Дьэ манныкка түбэстэххинэ саһан, үөмэн киирэн биир ытыыннан элбэх хааһы хаптатыаххын сөп. Аны туран бу хаастарын лыгыйа сыппыт, хас да күн уһун унньуктаах айантан сынньана сытан, үлэ бөҕөтүн көрсөн таһаарбыт «хара сирдэриттэн» арахсыахтарын баҕарбакка көтөн да баран төттөрү эргийэн ол сирдэригэр кэлэ тураллар үһү. Аҕата бэйэтин кэмигэр оннук лыгыйан сытар хаастарга сааһын аайы түбэһэн баһаамы өлөрөн турку сыарҕа муҥунан тиэйэн таһаарар эбит. Бу билигин кэннигэр хаһыылара иһиллэр лыгыыр мантан балайда тэйиччи буолуон сөп курдук. Манна олорон биирдиилээн хааһы ыта олордоҕуна ботуруона да өр барыа суох, ол иһин уол ураһатыгар төннөн тахсан наҕылыччы аһаата, көлүүр табаларын тутан турку сыарҕалаах үрэҕи кыйа барар аартыгы тутуста. Балайда        барбахтаабытын кэннэ көтөрдөр саҥалара чугаһаатар-чугаһаан истэ. Үрэхтэн туора хоту диэки синньигэс от үрэх тахсан барда, көтөрдөр саҥалара бу от үрэх хоойугар олох кыынньан олорор. Уол манна тохтоон табаларын өртөөн баран, ыттарын батаһыннартаабытынан талахтары быыһынан лыгыырга турбутунан киирэн истэ. Иччилэрэ көтөрдөргө үөмэн киирэн иһэрин билбит курдук «ыттара» чуумпуран аргыый кэнниттэн иһэллэр. Чугаһаатахтарын аайы көтөр саҥата хойдон, өй-мэйдээх тулуйбат дьаабыта буолла, ыт оҕото куттанан ыйылыы-ыйылыы иччитин атаҕар сөрүөстэр, бөрө сирэйэ-хараҕа туран кэнниттэн   аргыый батыһан иһэр. Талахтарынан сөрүөстэн олох чугаһаан ыга киирдилэр, арыый өндөйөн иннин көрбүтэ доҕоор, кыараҕас соҕус ырааһыйа баарыгар хаас бөҕө кырыы-кырыыларынан анньыһан, миэстэ былдьаһан булумахтанар курдуктар, кубалар эмиэ бааллар. Уол сүрэҕэ тэбэн, тыына хааттарыах курдук буолла, долгуйбутун аһардаары бүк түһэн олоро түстэ, ол да буоллар ыксыыр аҕай, ол бириэмэҕэ көтөрдөр тугу эрэ сэрэйдилэр быһыылаах хооҕурҕаһа-хооҕурҕаһа бары төбөлөрүн өндөтөн олоотостулар, ытарга табыгастаах баҕайы буолла дии санаат уол өндөйөн олорон бу хороҥноһон олорор хаастары кыҥыы да барбакка хойуу төбөлөрү ортолорун көрөн баран ытан саайда.    

Дьэ доҕоор ыһыы-хаһыы, кынат тыаһа биирдэ бирилии түспэт дуо, ону кытары тэҥҥэ баһаам элбэх хаас көтөн суугунаһан таҕыстылар, ол да буоллар баран хаалбакка бадарааннарыгар төттөрү түһээри кынаттарын саратан бытааран далбаатана турар кэмнэригэр уол саатын ииттэ охсон хойуу хааһы эмиэ ортолорун туһулаат ытан саайда, хойуу буорах быыһыгар туох да көстүбэт. Бөрөтө            хаастарга субурус гынна, уол ойон туран ырааһыйаҕа ойон киирдэ, хас да хаас өлөн хамнаабакка сыталлар, икки-үс хаас табыллан баран ситэ өлбөккө куота сатыылларын бөрөчөөнө тутаттаан хам баттаталаата. Биир хаас сапсына-сапсына талахтар диэки куотан эрэригэр онно ыстанна. Уол хаастарын биир сиргэ муста, аҕыс хаас тыла суох барбыттар, үс хааһы бөрөтө тутаттаабыт, билигин талах быыһыгар куотан эрэр куһаҕаннаппыт хааһы туппут, хаан таһааран онтун тырыта-хайыта тыытан хабыалаан эрэр бадахтаах. Ытын оҕото эмиэ иччитин батыһан ырааска киирэн сүүрэкэлии сылдьар. Ол курдук өлбүт хаастарын хомуйтуу сырыттаҕына хаастара ханан эрэ эргийэн кэлэн лыгыйа сыппыт бадарааннарыгар төттөрү түһээри намыһах баҕайыннан саҥарса-саҥарса кынаттарын сараппытынан кэллилэр, ону эрэ күүппэтэх уол соһуйан «һуу…бу туох алдьархайай!» диэн саҥа аллайаат хаптас гынан талахтар быыстарыгар түстэ.  Элбэх үөрдээх хаас кыайан түспэккэ иккиһин эргийэ бардылар, уол талах быыһыгар олорон көрдөҕүнэ онтон-мантан тус-туһунан арахсыбыт үөр хаастар эмиэ бадарааннарын көрбүтүнэн иһэллэр, ол бириэмэҕэ бастакы үөр ырааһыйаҕа ньаҕырҕыы сүүрэ сылдьар ыт оҕотугар кыһаллыбакка, арааһа сэнээтилэр быһыылаах, бадарааннарыгар түһүнэн кэбистилэр. Ытын оҕото куттанан кутуругун купчутан баран бэйэтигэр кэлэн сөрүөһүннэ. Өр-өтөр буолбата уол үрдүнэн кынат тыаһа, хаастар аймалҕаннара оргуйа түстэ, уол төбөтүн да өндөппөккө кирийэн хамнаабакка олорор, тус туһунан үөрдэспит хаастар кэлэ-кэлэ түһүтэлээн истилэр, били кыракый ырааһыйа хаастарынан туолан биир кэм хороҥноһон, үллэрэҥнэһэн, саҥалара кыынньан олорор. Хойутаан кэлбит хаастар кыайан миэстэ булан түспэккэ аһары көтөн эргийэ сылдьаллар. Маны барытын көрө-истэ олорбут уол арыый уоскуйда, өндөйөн бары бэйэ-бэйэлэригэр сыстыһан олорор хаастары ортолорун көрөн баран ытан саайда, хойуу буорах буруотун быыһынан көрдөҕүнэ хаас бөҕө айманан көтөн таҕыстылар. Уол саатын ииттэрин да умнан ырааһыйаҕа ойон киирдэ, бу сырыыга өссө элбэх хаас хаалбыт, таптаран баран ситэ өлбөккө мөхсөн куота сатыы сылдьар хаастары бөрөтө эккирэтэ сылдьан сабыта баттаталаан тутаттаата. Уонтан тахса хааһы хомуйдулар. Дьэ баһаам көтөрү сууһардылар, аан дойду иччилэрэ,           баай байанай барахсан булдуттан өлгөмнүк өлүүлээтэ. Сэгэдьик уол хаһан даҕаны соҕотоҕун сылдьан көтөргө бу маннык өлгөмнүк бултуйа илигэ. Баҕар хаастар эмиэ төннөн кэлиэхтэрэ диэн  талаҕын быыһыгар киирэн чөкөччү олорунан кэбистэ. Суох бу сырыыга кэлбэтилэр, арай биир үөр  кэлэн баран туохтан эрэ сэрэхэдийдилэр быһыылаах, эргийэн баран түспэккэ улахан эбэ диэки көтө турдулар. Уол санаатыгар ханна эрэ түһэн эмиэ мустан эрдэхтэрэ. Балайда олорбохтуу түһэн баран уол өртөөбүт табаларын аҕалан  баһаам элбэх, барыта хаас саамай улуулара хоҥордор, туркутугар үллэччи тиэнэн, бэйэтэ табаларын сиэтэн, ыттарын батыһыннартаан кэлбит сирдэринэн былыргы турку аартыгар киирэн олохторун быстылар.

             

Сэгэдьик уол билигин туох да кыһалҕата суох сылдьар. Соҕотох оҥойор айаҕар аһыыр астаах. Ыттарыгар, бөрөлөөх ытын оҕотун итинник «ыттарым барахсаттар» диэн ааттыыр, тайах этэ баар, хайа уонна бөрөтө бэйэтэ айаҕын булунар буолта, чугас, үрэх талаҕар киирэн куобахтары, атын да кыра сүүрэр атахтаах харамайдары тутаттаан сиэтэлиир идэлэммитэ. Сөп дии, сааһын ситэн эрэр сиэмэх адьырҕалар удьуордара бэйэтин айаҕын бэйэтэ булуннаҕына сатанар буоллаҕа. Сотору сайынын сиир эттэрин ирбэт муустаах хайа хаспаҕар илдьэн уурунуохтара. Дьоно аах баалларыгар эрдэттэн эт хаһаанан, хараннан быстарбат буолаллара. Уол өссө да хаастыы барыан баҕарар эрээри, ол элбэҕи кыдыйан ханна гыныаҕай уонна саатын сэбин да кэмчилиир, буолумуна саа      сэбэ аны кыһын атыыһыт кэллэҕинэ эрэ баар буолар. Хата табаларын кытары бадьыыстаһар, үс таба төрүөх биэрэн, тугуттанан сылдьаллар. Үһүөн олору манаһаллар. Уол уһун күнү таах мээнэ ыыппат, бөрөлөөх ытын үөрэтэн тахсар. Бөрө ыт оҕотугар умньанан иккиэн олох бииргэ сылдьаллар. Чугас тыаҕа бардаҕына бэйэтин кытта батыһыннаран барар, тыаҕа сылдьан син туохха эрэ үөрэтэн эрдэҕэ.

Биир күн табалара туохтан эрэ тэһииркээн хараалларыгар кэллилэр. Уол оҥосто охсон суол-иис хайа турбут сирдэригэр хайа тэллэҕэр таҕыста. Табалар тохтоон турбут сирдэригэр тиийэн атын туора кыыл суолун-ииһин көрдөнө сырыттаҕына ытын оҕото тэйиччи талах быыһыгар баран үрэн ньаҕыйда, бөрөтө онно сүүрэн тиийэн туох эрэ кутталлаах кыыл баарын билэн суоһурҕанан түүтүн туруоран, аһыытын килэтэн баран талах иһигэр киирбэккэ туора хаама сырытта, ытын оҕото туохтан эрэ куттанан талах быыһыттан куотардыы ойон тахсан көмүскэттэриэх курдук бөрө кэннигэр түстэ. Ити талахтар быыстарыгар туох кыыла баарын уол көхсүнэн сэрэйэ оҕуста, баччаларга онтуҥ болгуотуттан тахсан аҥардас аһыыр айдааныгар сылдьар кырдьаҕас эрэ буолуон сөп, баччатааҕы аччык, торҕотуу сылдьар сааскы аар дьаалы олус кутталлаах буоларын уол аҕатыттан эрэ истибит буолбатах, былырыын саас оннук кырдьаҕаһы бэйэтин илэ көрсөн турардаах. Кыһыны быһа айаҕар биир кырбас сиикэй эти укпатах аччыктаан иһэ-үөһэ хам сыстан, куртаҕа курулуу сылдьарын, онтун эрэ уталытан көппөтөр өйдөөх-санаалаах аар-дьаалы кырдьаҕас бу аар тайҕа үрдүнэн саамай кыр өстөөҕүн ардай аһыылааҕы кытары утары хабырыйсар, киһиттэн да толлорун кэрэйбэт буолан сылдьар кэмэ. Уол талахха чугаһыыр санаата суох, бэйэтэ баарын биллэрэн куттуур эрэ санаалаах  тыас таһааран үөһээ халлааҥҥа ытан саайда, ыттарын бэйэтигэр ыҥыртаан ылла, анараалара суостаах  кыылтан куттаммыттар бадахтаах тута улгумнук аттыгар кэлэ оҕустулар. Түргэн үлүгэрдик хаппыт амынньыар хомуйа охсон уот сахта, онно хаппыт мутуктары эбэн уот отунна, көрүөх бэтэрээ өттүгэр сахпыт уота улахан кутаа буола охсон таһыргыы-таһыргыы күүскэ умайан күдэпчилэннэ. Үөһээ айыылартан көмүскэл ылбыт курдук сананан уолчаан кутаатын күөдьүтэн биэрэ-биэрэ онтун таһыгар  сырытта. Ыттара эмиэ бэйэтин таһыттан арахпатылар. Талах быыһыгар тыынар тыыннаах баар сибикитэ отой биллибэтэ. Доҕордуулар талах быыһын баран хасыһан тиҥсирийэн көрбө       түлэр, кутааларын эбии күөдьүтэн баран  олохторугар төнүннүлэр. Киэһэриитэ сэрэххэ диэн хараалларын таһыгар икки сиргэ мас чөмөхтөөн уот отуннулар. Уол кыратык нуктаан ыла-ыла баҕар аар дьаалы манна кэлиэ диэн манаһан ураһатын эргин сырытта. Түүн этэҥҥэ ааста, чугаһынан туох эмэ биллибитэ буоллар ыттара биллэриэх этилэр. Туох да сибики баара биллибэтэ, түүн этэҥҥэ ааста. Арааһата аар дьаалы төһө да аччык буоллар икки атах уотунан уһуурар тэрилиттэн уонна тугу барытын түүрэ харбыах айылаах халлааҥҥа тиийэ тарбачыспыт кыһыл уот уһутаакыттан салла быһыытыйан дьаадьайан биэрбит бадахтаах. Оннук эрэ буоллун, уол кинини кытары туруулаһар санаата суох. Кини даҕаны айылҕа айбытынан бу ааспыт унньуктаах уһун томороон        тымныылар содулларыгар быстаран охтубут араас кыыл сэмнэҕин булан  үссэнэн, сэниэ киллэриниэ турдаҕа. Онтон атын ардай аһыылаах сур бөрөлөр быйыл кыһын кыыл таба элбэх буолан, онно аралдьыйан кинилэр дьиэлэрин табатыгар кыһаллыбакка абыраатылар. Аҕатын кэпсээнинэн сур бөрөлөр билигин төрүүр-ууһуур кэмнэрэ, онон ханна эрэ үрэх баһыгар кирийэн сытан       эрдэхтэрэ. Доҕордуулар бу күннэргэ бииргэ сылдьан табаларын маныыллар. Күн-дьыл хонук, бииртэн-биир солбуллан баран истэ.

                  

Сандал саас барахсан кэлиитэ бу амырыын дойдуга олус да күүттэ      риилээх күндү кэм буоллаҕа. Хайа тэллэҕэр хаһан да ууллуо суох курдук сыппыт халыҥ хаар уулларан, сири-дойдуну барытын ууга ыытыах айылаах онон-манан ууларын сүүрдэн чыккыратан бардылар. Бары үүт-үкчү үтүктүспүт курдук хаһааҥҥыттан эрэ орох тэппит намыһах сирдэринэн сыккыраан улахан үрэххэ  холбоһон аллараа улуу байҕалга түһэллэр. Чуумпуран турбут айылҕа барахсан уһун унньуктаах уутуттан уһуктан, сир-дойду араас көтөр саҥатынан туолла. Үөһээннэн ыраас кыырай халлаанынан халыҥ үөрдээх көтөрдөр быыстала  суох тохтообокко хоту ааһаллар. Чугастааҕы нэлэгир сирдэринэн хаар уута  тахсыбытыгар кус арааһа бөҕө мустан саҥалара-иҥэлэрэ мантан иһиллэр, ордук чорбойон мородулар барахсаттар, кимниин эрэ бэрт былдьаһа сатаан  «мин урут… мин урут….» диир саҥалара чугас эргини толордо, сарсыарда кинилэр саҥаларыттан уһуктаҕын.

Уол тулуйа сатаан баран, оҕо-оҕото өтөн биир сарсыарда саатын сүгэн аллараа киирдэ. Ыраас хонууга балайда нэлэс уу тахсыбытыгар кус бөҕө мустан аһаан эмэһэлэрэ хоройо сытар, кылбаа маҥан кунньалгылар төттөрү-таары устан кылбалдьыһаллар, кытархайдыҥы өҥнөөх тыыйаахтар хам-түм тохтообокко иһиирэн сирилэтэллэр, онтон мородулар атын кустары барыларын кытта холбоһон баран кинилэр эрэ саҥалара оргуйан олорор, туораттан истэргэ манна кинилэр эрэ баалларын курдук биир кэм тохтообокко чобугураа да чобугураа буолаллар. Онтон сирийэн өйдөөн  көрдөххө мороду баара олох да көстүбэккэ дылы. Дьэ чугдааран баран кэлээр диэн ыыппыт уол оҕолоро быһыылаах. Уол көтөр улууларын добуоччаны хоторбут киһи быһыытынан кыра кустары баҕас диэбиккэ дылы сэнэтэлээтэ быһыылаах улахан тиитттэринэн хаххаланан турбутунан хааман кустарыгар олох чугас ыга киирдэ. Тиит кэннигэр сөрүөстэн туран кустар биир сиргэ мустан холбоһоллорун күүтэ сатыыр, ол быыһыгар аны көтөн хаалыахтара диэн ыксыыр. Уу кытыытыгар от саҕатыгар утуйа олорор кустарга хас да кус тахсан эбилиннэ, ону эрэ күүтэн турбут уол кыҥаан баран ытан саайда, кус бөҕөтө өрө көтөн бирилээн таҕыстылар, маат-муут бөҕөтүн түһэрэн хоту диэки айаннарын салгыы көтө турдулар. Буорах буруота салгыҥҥа сайҕаммытыгар          көрбүтэ от саҕатыгар түөрт кус, тыыйаахтар хаалбыттар. Кустарын хомуйтаан баран ураһатыгар таҕыста. Кустаан бүттэхпит ити. Кус аайы саа сэбин барыыр  санаата суох. Айаҕар сиирин баҕардаҕына саата да суох тиргэлээн ылыан сөп.

Саас кэлэн айылҕа уһуктуута көтөргө-сүүрэргэ эрэ буолбакка киһиэхэ эмиэ ураты дьайыылаах буоларын Сэгэдьик уол бэйэтин этинэн-хаанынан быйыл саас дьэ биллэ. Нууратын санаан кэллэҕинэ кыыс минньигэс мичээрэ сүрэҕин көрбүтүнэн киирэр курдук, хоонньуһалларын санаатаҕына эт-этэ бүтүннүү күүрэн, дьикти минньигэс баҕайытык ньүөлүйтэлиир, түүн утуйан биэрбэккэ таба тэллэҕэр өргө диэри эргичиҥнээн, мөхсөн тахсар идэлэннэ. Иллэҥсийэ түстэр эрэ кыыһынаан хайдах көрсүөхтэрин туһунан хараҕар оҥорон көрөн ыраҥалыы сатыыр. Сорох түүннэргэ аанньа утуйбакка, күнүһүн түүл-бит курдук кураанах хаҕа эрэ сылдьар курдук буолуталаан ылаттыыр. Аанньа аһаабакка-сиэбэккэ биллэрдик дьүдэйэн киирэн барда. Кыра сылдьан наар саас, сайын            салаллан кэлэллэрин күүтэр бэйэтэ аны бу кэрэ кэмнэр түргэн соҕустук элэс гынан ааһа охсоллоругар баҕалаах буолла. Урутаан иннигэр түһэн сайын ааһа охсон бастакы хаар түһэн айан суола аһылларын туохтааҕар да ордук күүтэр. Күүтүмүнэ даҕаны, күүттэриилээх күһүн кэлэн бастакы хаар түһүө, күөллэр, үрэхтэр муустара тоҥон турку суола турдар эрэ Сэгэдьик уол кэргэн ылыахтаах Ньаалай оҕонньордоох кыыстарын Нуураны баран бу манна бэйэтин олоҕор аҕалыа турдаҕа. Кэргэннии дьон сыһыаннара хайдах буолуохтааҕын уол хантан билиэй, ол да буоллар кыыстаах уол иккиэн биир ураһа иһигэр аһаан-сиэн, кыыс киниэхэ аһыыр аһын астаан, таҥнар таҥаһын абырахтаан биэрэрэ буолуо. Онтон кэргэннии дьон ийэлээх, аҕатын курдук биир тэллэххэ хоонньоһон утуйар буолуохтаахтар. Уол ону санаатар эрэ эт-этэ күүрэн, тыына хааттарыах курдук буолан ылаттыыр, онтун аралдьытан бииргэ хоонньоһон сыттахтарына хайдах буолалларын кыыс киһи Нуурата билэр ини диэн санаатын уоскутунар.

Бытаан да буоллар күн-дьыл бытааннык, кутуйах хаамыытынан сыыллан иннин диэки сыҕарыйан истэ.Саатар бу сааскы күннэр уһаабыттара, киирбэт, эргиччи күннээх кэмнэр саҕаланнылар. Үчүгэйэ сүрдээх, тыа киһитэ түүнү күнүс, күнүһүн түүн оҥостон олох эрчиччи да сылдьыан сөп. Сотору ыам бырдаҕа түһүөхтээх, онон табаларын үөһээ хайа тэллэҕэр таһаарталаатаҕына     сатанар, аҕата баарыгар баччаларга табаларын  куруук салгыннаах, кураанах     сиргэ арыый үөһээ таһаартаан баран онно ыттарынаан иккиэн хонуктуу сытан маныыр буолаллара.

                

Сэгэдьик уол сыыйа-баайа көһөргө бэлэмнэммитинэн барда. Үрэҕэр киирэн икки илимнээҕин үтэттээтэ. Балык туттаҕына быстах сииргэ үөһээ саҥа олохторугар өйүөчээн оҥостон илдьэ тахсыахтара. Таба көлүнэн хайа хаспаҕар ирбэт муустаах уруккуттан дьоно сайыҥҥы астарын хаһаанар сирдэригэр саас     хаардаахха бултаммыт табатын этиттэн уонна хаастарыттан улахан аҥаарын онно таста, илимигэр саҥардыы туппут сибиэһэй балыктан эмиэ таһааран хаһаанна. Аны күһүҥҥэ диэри аһыыр аһын дьаһаммыт киһи быһыытынан аны быстах көс ураһаларыгар илдьэ барар өйүөлэрин, малы-салы чөкөппүтүнэн барда. Быстах олорор ураһаларын урукку мастара бааллар,онно сабыытыгар анаан сааскы бултаммыт табаларын тэриилэрин илдьэттиэ. Дьэ итинник сып-     сап хомунан, малларын барытын тиэнэн көс олохторугар үөһээ Дьааҥы хайаларын биир хапталҕан сиригэр көһөн күккүрээтилэр.

Өйдөөх, кырдьаҕас дьиэ табалара маннык көһө үөрүйэх буолан билэр саҥа сирдэригэр соруттарыыта суох таһаҕастаах туркулары бэйэлэрэ батыһан субурустулар. Көлүүр табалара сылдьа үөрэммит аартыктарынан эмиэ соруттарыыта суох иннилэрин диэки     дьүккүһэн иһэллэр, хаар ууллан хара сиргэ, эбиитин биир кэм өрө дабайыыга таһаҕастаах туркулар син таһаҕас буолан эрдэхтэрэ. Уол бэйэтэ туркуга олорсубакка табаларын сиэтэн иһэр. Ыттара үөрбүттэр аҕай, ыраата саҥа сиргэ баран эрэллэрин билбит курдук илин-кэлин түһэ сылдьаллар. Сүрүн олохторуттан субу барыһан көстөр хайалар айаннаан тиийээри гыннахха тэйиччи соҕус эбиттэр. Күнү быһа тохтоло суох айаннаан тиийиэхтээх сирдэригэр эргэ ураһа оннугар дьэ тиийэн кэллилэр. Табалар ыһыллан мэччирэҥнээх баҕайы сирдэрин кикирийбитинэн бардылар, кырдьык бу сайыҥҥы мэччирэҥ сирэ былырыын сайын тэпсиллибэтэх буолан өссө тупсан, табалар тохтоон чугас эргин сылдьымахтыы түһэллэр ханнык. Уол оннук санаалаах ураһа бэлэм мастарын туруортаан, онтун саппытынан барда. Уот оттон аҕатын үтүктэн былыргы төрүттэрин абыычыйдарын тутуһан сирин-уотун аһатан, кэс тутта. Күөс буһарынан тото аһаан баран, ураһатын сабыытын ситэрэн син балайда бадьыыстаста.Аҕалбыт малын-салын барытын миэстэлэрин буллартаан баран сынньанардыы оҥостон ураһатын иннигэр олоро түстэ. Оо, манна үрдүк сиккиэр салгыннаах сиргэ үчүгэйин баҕаһыан. Салгына ырааһыан, үөн-көйүүр суоҕа туохтааҕар да күндүтүйэн көһүннэ. Бу манна дьоно түбэһиэх таабырдамматах эбиттэр, субу киһи үрдүгэр кэлэн түһүөх айылаах сымара таастардаах хайалар икки  ардыларынан баар аппаннан түүннэри-күнүстэри отой тохтообокко тымныы, күөх халлаан курдук ыраас уу сыккыллар. Таас хаспах диэкиттэн сайыннары тымныы дьыбардаах салгын аргыарар, ол иһин бу манна үөн-көйүүр суох буолар эбит. Былыргы төрүттэрбит олоххо-дьаһахха элбэхтик эриллэн, буһан-хатан, бириэмэттэн-бириэмэтин көрөн бу маннык дьаһанан испиттэрэ көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэн, Сэгэдьик уол бу манна кэлэн олордоҕо. Итинник ону-маны, уруккуну-хойуккуну унааран саныы олорон уол уута кэлэн олорор тэллэҕэр итиннэри түһэн утуйан хаалла.

Утуйан сынньаммыт киһи быһыытынан кыратык үссэнэ түһэн баран саатын сүгэн ыттарын батыһыннартаан чугас эргиннээҕи сирин-уотун билсэ, көрө-истэ таҕыста. Ураһаларыттан тэйэ түһээт сибиэһэй, ириэнэх мөөмүк суолугар кэтиллэ түстүлэр.Бөрөтө кыр өстөөҕө олох чугас бу манан ханна эрэ баарын сэрэйдэ быһыылаах, харахтара уоттанан суоһурҕанар кэбин кэтэн аргыый аҕай аамыталыыр, онтон кыра ыт аар дьаалы дьаардаах сытын ылаат тута үрэн ньаҕыйа-ньаҕыйа хойуу хахыйахтар диэки сүүрэн тиийэ-тиийэ төннөн кэлэр. Уол салла быһыытыйан тыытыспакка сылдьар кырдьаҕаһы кыынньыан, улуу аар-дьаалыны кытары бэрт былдьаһар санаата суох, кырдьыгынан эттэххэ куттанар даҕаны. Үнтү бардьыгынаталаан ыттаах бөрөтүн буойталаан, хайыс       халарын уларытан, төттөрү да буолбатар туора хаамтылар. Бөрөтө уонна ыта  тыа кырдьаҕаһын кытары туруулаһан көрбөккө хаалбыттарыттан хомойбут көрүҥнээхтэр, олох утары барардыы туруммуттарын нэһиилэ тохтотолоон батыһыннартаан иһэр. Уол доҕотторуттан саллан кэбистэ, ол быыһыгар үөрдэ даҕаны, чэ бөрө буоллун даҕаны, сиэмэх кыыл буоллаҕа дии, онтон ити кырачаан, борбуйун да ситэ көтөҕө илик дьиэ таһынааҕы бэдик ити кырдьаҕаһы хаһан билэ охсон итинник харса суох быһыыланна. Доҕотторо ити аар тайҕа саамай улуу адьырҕатыттан толлубакка иччилэрин көмүскэһиэх курдуктарыттан олус диэн үөрдэ, астынна даҕаны.

Бу иһэн ааспыты анааран аҕатын кэпсээнин өйдөөн кэллэ. Урукку ыттара барахсаттар Түргэннээх, Баһырҕас олох кыра саастарыттан булт соноругар ананан төрөөбүт курдуктар эбит. Анараа үөһээ       айыылартан айдарыллан бу орто дойдуга кэлбит курдук Түргэн, олох кыра эрдэҕиттэн мөөмүк  сытын ылла да уларыйа охсон, бултуур хаанын киллэрэн харса суох түһүөлэнэр эбит. Улаатан истэҕин ахсын бу кырдьаҕаһы утары көрсөрүн күүппүт курдук, бэйэтэ көрдөөн булан харса суох уонна дьиктитэ баар үөрэн-көтөн, асаарта киирэн бултаһара эбитэ үһү. Харса суох түһүөлээн, олох    сыста киирэн сыыһа-халты оҕустаран, таптарбакка туора көтөн, бэйэтэ да сөбүгэр киҥнээх сордооҕу сорун сордуур эбит. Сорох-сорохторугар кэннилэригэр буола охсон, арҕастарыгар ойон тахсан хатааста сылдьан дэлби убахтаан сэниэлэрин эһэн баран тохтуур идэлээх ыт эбит. Аны биир дьиктитэ баар кыра саастаах мөөмүктэри кытары тыытыспат эбит. Арай биирдэ кыһын арҕахтаах кырдьаҕаһы бултаабыттар, улахан тыһы кырдьаҕас болгуотуттан быган, тахсан биэрбитин ытыгар охсуһуннарар бокуой  биэрбэккэ аҕата ытан түһэрбит. Ыта онно астымматах курдук арҕах иһигэр ойон киирэн оҕото баарын арҕаһыттан харбаан баран соһон таһаарбыт. Итинник эсэһит ыттаах элбэх кырдьаҕаһы бултуохтарын аҕата ытын буойан тохтотор эбит, эбэтэр тыынын таһаардын диэн охсуһа сылдьар дьону быраҕаттаан баран бултаспакка ааһар эбит, оччоҕо ыта кырдьаҕаһын олох сэниэтин эһэн, иннин ылан баран тэйэр эбит. Итинниккэ      түбэспит тыа кырдьаҕастара бу дьону олох ырааҕынан тумна, куота көтө сылдьаллар эбит, эгэ кэлэн манабыллаах табаларга чугаһыахтара баара дуу. Чугас эргин олохтоох тыа кырдьаҕастара төрөөбүт-ууһаабыт, айылҕа суруллубатах сокуонунан бэйэлэринэн бэлиэтэммит сирдэриттэн ханна барыахтарай, икки атаҕы кытары тыытыспакка эйэ дэмнээхтик ырааҕынан сылдьаллар эбит.           Биир эмит атын сиртэн туора кырдьаҕас киирдэҕинэ олохтоох сирдэриттэн көҥөнөн, суоһурҕанан үүрэ сатыыллар, онтон утарылаһан барымаары гыннаҕына хас да буолан куолаан үнтү мөрөйдөөн ол сордооҕу атаҕынан куоттараллар эбит. Онтон доҕоро Баһырҕас бу аар дьаалылары кытары бэйэтэ иннинэн буолан туруулаһа сатаабат эбит, ол анараалара бэйэлэринэн урутаан дьиэк         биэрэн тыытыспат буоллахтарына. Арай Түргэн ол кырдьаҕастары кытары хабыр хапсыһыыга киирдэҕинэ туораттаттан көрөн турбакка доҕоругар күүс-көмө буолан тэҥҥэ киирсэр эбит. Доҕоруттан уратыта диэн кини дьиэ табатын манабылыгар ананан төрөөбүт курдук. Табаларын олох дуостай соруттарыыта суох ис сүрэҕиттэн, бу бэйэм оҕолорум диэбит курдук бүөбэйдээн манаһар эбит. Ордук саас тугут төрөөһүнэ саҕаланнаҕына миэстэтигэр тугу булбутунан үссэнэ-үссэнэ түүннэри-күнүстэри тугутчааннарын манаан тахсар эбит, бу дьарыгар Түргэни үөрэтэн иккиэн бииргэ сылдьаллар. Биир эмэ туораттан кэлбит, хаамаайы кырдьаҕас эбэтэр бөрө саҥа төрөөбүт тугутчааннарга дуораһыйан       чугаһаары гыннахтарына билэ охсон, иккиэн куолаан үнтү мөрөйдөөн атахтарынан куоттараллар. Анараалара нэһииччэ тыыннарын тэскилэппит дьон аны бу ыстаадаҕа ох тэбэр сиригэр да чугаһаабат буолаллар эбит. Дьэ ахтан санаан аастахха итинник үөһэттэн айдарыылаах ыттар эбит этэ Түргэннээх Баһырҕас.          Ол бэйэлэрэ билигин суохтар, иччилэрин кытары тэҥҥэ сураҕа суох сүппүттэрэ. Ааспыкка эргиллэн ааһар буоллахха бу өйдөөх баҕайы ыттар табаларын били уол өлөрбүт сааскы торҕотообут аарыма аар дьаалыттан куоттаран иһэн кыра  саҥа төрөөбүт тугутчаан эстэн бара турар үрэх балысхан мууһугар түспүтүгэр ону быыһаары үһүөн ууга былдьаммыттарын уол хантан билиэй. Кини чопчу ол кырдьаҕаска күтүрүүр уонна ол аар дьаалыны аҕатын бөрөтүн кытары анныларыгар баттаан, ыттарбын иэстэстим диэн санаалаах сылдьар.

Бу дойдуга били кырдьаҕас икки атах бэйэтин курдук харса-хабыра суох түөрт атахтаах доҕотторунаан суохтар. Суох буолбуттара сылтан орто, онон манна олохтоох кырдьаҕастар үөһээ тыынан баран холку соҕустук лэппэрдээн көҥүл сылдьаллар. Икки атах суоҕар олоҕор киирэн ону-маны чүүччэйиэ эбиттэр даҕаны, кэһэйбиттэрэ бэрт буолан чугаһаабатахтара. Онтон бу эмискэ баҕайы ол кырдьаҕас икки атах били сыыҥын соспут кырачаан уолчаана улаатан табаларын ону кытары били күтүрдэртэн олох атын ыттары батыһыннартаан аҕалбыт. Биирэ ньаҕыйа сытыйан ыт оҕочооно, ону баҕас биирдэ хаптаччы охсуохха сөп курдук, онтон биирдэрэ ыкка маарыннаабат кинилэр кыр өстөөхтөрө сур бөрө буолуон сөп эрээри, ол сиэмэх тыа адьырҕата хайдах икки атаҕы кытары бодоруспутун киһи өйүгэр батарбат дьаабыта. Бу билигин кыһыҥҥы уһун уутуттан уһуктан арҕаҕыттан саҥардыы тахсыбыт,      борбуйун көтөхпүт, ийэтиттэн арахсан  айаҕын хайа сатыырынан бэйэтэ булунар буолбут түөһүгэр моойторуктаах, бэйэтин сааһыгар төрөлкөй төрүөхтээх, харааран көстөр түүлээх кырдьаҕас итинник санаалаах бу ыраахтан таба оҕолоругар ымсыыран олору ыраахтан манаһа сытар дьүһүнэ. Арҕаҕыттан туос аччык тахсыбыт кырдьаҕас айаҕар дуоннааҕы булан укпатаҕа хаһыс да хонугар барда. Куртаҕа курулаан, сиһин үөһэ хам сыстан, мэйиитэ эргийтэлиэх курдук. Ити борбуйун саҥардыы көтөхпүт уолчаантан кини оччо-бачча улаханнык куттаммат, ол да буоллар уол аҕатын курдук харса суох буолуон сөбүн уонна улахан тыастаах, уотунан уһуурар үөт тирэҕиттэн саллар, ону кытары кинини батыһа сылдьар ардай аһыылаахтан эмиэ толло быһыытыйар. Суох, аччыктаан      быстарыах кэриэтин синэ биир, аччык ис туохха тиэрдибэтэҕэ баарай, бу сытар кырдьаҕас табаларга ыраахтан үөмэн чугаһаан истэ, ону баара кырдьаҕас табалар кини ыар нэксик сытын ыллылар бадахтаах, тэһииркээн чөрбөлдьүһэ түстүлэр, биир сиргэ чөмөхтөһө түһэн икки атах олоҕун диэки тугуттарын ортолоругар уктан баран сиэлэн тамайдылар. Тутатына кэннилэриттэн түсүһүөх курдук гынан иһэн тутунна, тэйиччилэрэ бэрт, хайа уонна ити түргэн атахтаах кыыллары кытары тэҥҥэ ойуоккалаһар кыах билигин суох, аччыктаан сэниэтэ эстэн нэһиилэ сылдьаахтыыр. Ыраахтан көрдөҕүнэ икки атах табалара туохтан эрэ үргэн кэлбиттэриттэн сэрэхэтийдэ быһыылаах, били кутталлаах уотунан                  уһуурар үөт тирэҕин туппутунан, ыттарын батыһыннарбытынан олох куттанар, саллар диэни билбэккэ турбутунан кини сытар сирин диэки иһэллэр. Кырдьаҕас бу билиҥҥи туругунан кинилэри кытары туруулаһар кыаҕа суоҕун өйдөөн аргыый туран сөбүлээбэтэ да буоллар туора хааман, саһардыы ыркый талах баарыгар онно киирэн хаптайбыта буолла. Икки атах балайда тэйиччи сиргэ      кэлэн тохтоото, моонньун чолотон икки өттүн көрүнэн чолооруҥнуур, туох эрэ баарын сэрэйбит курдук били үөт тирэҕин бэлэм тута сылдьар, ол да буоллар кини да сэрэхэдийэр быһыылаах, баҕар ити турар сирдэриттэн төннүөхтэрэ диэн олох хамнаабакка эбии хаптайан биэрдэ, ону баара били кырачаан ыт оҕото илэһиэй сыт ылла быһыылаах үрэн ньаҕыргыы-ньаҕыргыы кини сытар       хойуу ыркыйын көрдө-көрбүтүнэн сүүрэн кэлэн ыркый иһигэр киирээри туора-маары сүүрэкэлээтэ, аттыгар ардай аһыылаахтара кэлэн кинини билэн олох охсуһардыы оҥостон түүтүн туруоран, аһыыларын ардьатан куһаҕан ахханнык кырдьыгынаан киниэхэ ойордуу бэлэм сылдьар, иччилэрэ үөмэр-чүөмэр үктээн чугаһаан иһэр. Маннык алдьархайга түбэһэ сылдьыбыт буолан, кыра оҕочоон эрдэҕинэ ийэтинээн үс ардай аһыылаахтарга түбэспиттээхтэр. Онно ийэтэ барахсан кинини көмүскээн тэҥэ суох хабыр хапсыһыыга суорума суолламмыта, үс үөр бөрөлөр төгүрүйэ сүүрэ сылдьан өр мөрөйдөөн ийэтин тутан кэбиспиттэрэ. Кинини эрдэ ийэтэ икки баппаҕайынан кууһан ылан суон тиит аллараа мутугар иилэ бырахпыта, салгыы бэйэтэ арыый үөһээ ыттан суон     хойуу мутуктар быыстарыгар саһан тыыннаах ордубута. Бу билигин кини эмиэ оннукка маарынныыр алдьархайга түбэстэ, ойон тахсан хапсыһар түгэнигэр ити ыттаах бөрө кинини иччилэригэр чугаһаппаттара чуолкай, оччотугар икки атах уотунан уһуурдаҕына бүтэҕин. Күһүҥҥү курдук эмис, тот, сэниэлээх соҕус эбитэ буоллар баҕар туруулаһан да көрүө эбитэ буолуо, суох кэбис, кини билигин улаатан өйдөнөн турар кэмэ, таах мээнэ баламаттаан балаҕайга былдьатара чуолкай, этин-сиинин ый-хай ыһыаҕа оҥотторуон отой баҕарбат. Ити курдук санаат баҕарбатар да чугуйарга күһэлиннэ, аргыый үөмэн хойуу талах нөҥүө тахсан сымара ойуур диэки түһүнэн кэбистэ. Ол сүүрэн хааһахтанан истэҕинэ кэнниттэн ый-хай бөҕөтүн түһэрдилэр, арааһа кэнниттэн түһүстүлэр бадахтаах, өр гыммата хойуу мастардаах сымара ойуур иһигэр көөһөкүс гынан хаалла. Били дьорҕоот ыт оҕото уонна бөрө ситэн кэлэн баран кинилэр да буоллаллар сымара ойуур иһигэр киирбэтилэр. Сотору икки атах кэлэн тугу эрэ баллыгырыы-баллыгырыы илдьэттии барда. Бу кылгас олоҕор иккис төгүлүн аат алдьархайыттан төлө туттарбыт кырдьаҕас аны кэлэн ити дьон табаларыгар чугаһыыр санаата тохтоото, күөл саҕатыгар киирэн күтэрдээн,  эбэтэр хайа тэллэҕэр тахсан таарбаҕаннары кытары бадьыыстаспыт киһи диэн санаалаах сытар сириттэн туран аргыый иннин хоту лэппэрдии турда.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...