25.01.2023 | 14:09

Үндүлүҥ үрэх тардыытыгар

Үндүлүҥ үрэх тардыытыгар
Ааптар: Захар Федоров
Бөлөххө киир

ҮҺҮС ЧААҺА.

Бу киһитэ-сүөһүтэ суох үрэх баһа, эһэ-бөрө дойдутугар хотугу эргиччи киирбэт күннээх кэмнэр саҕаланнылар. Ону кытары үөн-көйүүр, ыам бырдаҕа түстэ. Баччаларга аҕата мас тыытынан үрэҕин устун арыый аллараа киирэн балык бөҕөтүн уһааран тахсааччы. Уол аҕатын кытары ыам балыгар биирдэ-иккитэ сылдьыспыт буолан илими хайдах, ханан үтэри удумаҕалатар курдук. Биир күн илимнэрин бэрийэн, аҕатын мас тыытыгар олорон аллараа киирдэ, наһаа ырааппакка, төннөрүгэр сүүрүгү утары өксөйөн айанныыр ыарахаттардааҕын билэр буолан бастакы чүөмпэҕэ тохтоон илимнэрин үттэ. Балык тутарын кэтээн биэрэккэ тахсан уот оттон, оту-маһы, эмэҕи, хатырыгы сыыгынатан түптэ оҥоһунна. Тыала суох күн буолан чуумпу үрэх устун манна киһи баарын биллэрэн күөх буруо унаарыйда. Уол тиит төрдүгэр титириктэри тэлгэтэн баран чаамык истээх тордох сонун бүрүнэн утуйан ылла.

Төһө өр утуйбута буолла уһуктан хараҕын туора-маары соттон үрэҕин одууласта, бэтэрээ илимэр обургу соҕус балык иҥнибит көрүҥнээх, мөхсөн ууну чалымнатар. Киирэн илимнэрин көрөттөөтө, бастакы илимэр уу сур бөрөтө балайда улахан      сордоҥ туппут, ол обургу мөхсүбүт омунугар илимин дэлби сөрөөн, атын балык иҥнибэтэх, буолумуна даҕаны ол аар-дьаалы ууну будулутан таһыйа сыттаҕына хайа балык чугаһыай. Иккис илимэр эбэккэ саамай маанылаах, күндү балыга бил бэйэтинэн туппут, ону кытары кутурук уопсан икки быйыт барахсаттар туппуттар. Уол үөрэ-көтө балыктарын тиэнэн үрэҕин өксөйдө, сүүрүгэ мөлтөһүөр сиригэр эрдинэн, күүһүрэр сирдэринэн тыытын сосуһан айаннаан олоҕун сөпкө булла. Кэлээт аччык киһи быһыытынан биир быйытын астаан буһара оҕуста. Наҕылыччы аһаан-сиэн баран атын балыктарын астаан, ыыһаан баран күн уотугар хатара ыйаталаата. Ити аата аһылыгын эрдэттэн кыһыҥҥыга хаһаанар бэйэтэ. Итинник үрэҕэр хас да күн сылдьан балык бөҕөтүн хатаран хаһаанна. Аҥаардас айаҕын туһугар сылдьар киһи быһыытынан аны сай ортото үрэҕэр уонна чугастааҕы туора күөллэргэ саарбыт хаастары бултаһыа, сир тоҥуутун саҕана тайахха, кыыл табаҕа сылдьыа. Кыыллар бу эргин куруук баар буолааччылар. Эбиитин күһүөрү сир аһын хомуйуо, уулаах отон, ордук хото хойуутук сугун үүнэр. Кыра сылдьан балта Ньуккуу барахсанныын олохторун таһыгар истэрэ ыалдьыар диэри сугуннаан сиир буолаллара. Үөһээттэн көрдөххө хайа тэллэҕэр сугун үүммүтэ көҕөрөн көстөр буолааччы.

                      

Бу сааскыттан доҕор оҥостубут аҕатын бөрөтө тоҕо эрэ көстүбэт          буолла. Кэлиэ диэн доҕоругар дьонун булгунньаҕар балык иһин, төбөтүн кэһии ууран күүтэн көрбүтэ да биллибэтэҕэ. Хата бэлэм аска суордар-тураахтар күннээбиттэрэ. Биир түүн утуйа сытан дьикти саҥаттан уһукта биэрдэ, били миэстэтигэр сүтэ сылдьыбыт бөрөтө кэлбит. Ол эрээри урукку курдук дорҕоонноохтук улуйбакка, сэниэтэ суохтук онолуйар курдук.

Сэгэдьик уол үөрбүт омунугар таһырдьа ойон таҕыста, бөрөтө кэлэн урукку миэстэтигэр сытар хамнаабат. Уол ас тобоҕо баарын илдьэн чугаһата соҕус уурда. Онно өйдөөн көрбүтэ: бөрөтө кырачаан оҕотун аҕалбыт. Бэйэтэ буоллар били сытыы саһархайдыҥы харахтара өһөн, өлбөөдүйбүт курдуктар, аҥаар кулгааҕа тостон хаана сүүрбүтэ хам хаппыт. Аска чугаһаабата, ол оннугар оҕотун  муннунан ас диэки анньыалыыр, онуоха бөрө оҕото өс киирбэх түөрэҥкэйдээн кэлэн балык иһин тардыаласпытынан барда. Ол бириэмэҕэ бөрө аргыый туран уол диэки тугу эрэ этиэх курдук санаарҕаабыттыы өлбөөдүйбүт харахтарынан одуулаамахтаан баран нэһиилэ содьороҥноон дьалты хааман тыа саҕатыгар тиийэн тохтоон төбөтүн эргитэн оҕотун уонна уолу кытары бүтэһигин быраһаайдаһар, тугу эрэ көрдөһөр курдук төбөтүн хоҥкутан, уол санаатыгар уу-хаар баспыт харахтарынан көрбөхтүү түһээт мастар быыстарыгар киирэн сүтэн хаалла.

Сэгэдьик уолчаан хантан билээхтиэй, аҕата бу кыра эрдэҕинэ булан иитэн улаатыннаран баран баҕалаах хара тыатыгар көҥүл ыыппыт адьырҕа кыыла айылгытынан төрөөн ууһаан сыттаҕына туора адьырҕалар түбэһэн оҕолорун тутаттаан, бэйэтэ харса-хабыра суох өлөрүн кэрэйбэккэ хабырыйсан нэһиилэ тыыннаах хаалбыта. Соҕотох хаалбыт биир оҕото хата өлүү болдьохтоох диэбиккэ дылы  суон тиит көҥкөлөйүгэр «сып» гынан быыһаммыта. Кыыл да буоллар бу алдьархайдаах тыын-тыыҥҥа харбас хапсыһыыга ардай аһыылаахтарга этин-сиинин дэлби убахтатан, хабырыйтаран аны кэлэн тыыннаах хаалбатын сүрэҕинэн тута сэрэйэн, бу аан аар тайҕа үрдүнэн кини соҕотох хаалбыт иринньэх кыра оҕотун бүөбэйдээн, харайдаҕына арай икки атахтаах кырачаан уол эрэ харайыан сөбүн сүрэҕинэн бүк эрэнэн, оҕотун бу аҕалан киһи илиитигэр туттаран баран үйэтин моҥоон, бүтэһик уһун уутун утуйа туох да сылдьыбат түҥкэтэх бүк сирин көрдөнө бараахтаатаҕа.

                 

Сэгэдьик уолчаан кыра бөрөчөөн балык иһин кытары бадьыыстаһан букунаһарын көрө олорон ис-иһиттэн санаата көнньүөрэн, өтөрүнэн саҥа таһааран күлбэтэх бэйэтэ күлэ-үөрэ олордо. Бөрөчөөн бастаан утаа уолга чугаһаабакка дук-дах курдук туттар бэйэтэ кэлин үөрэнэн олох ыаллаһан барда. Бастаан чугаһаан илииттэн ас ылар,ханна барар да батыһа сылдьар буолла, оннооҕор чэпчэтинэ бардаҕына кытта батыһар. Түүн утуйарыгар уол бөрөчөөнүн таба тэллэххэ бэйэтин кытары сытыарар идэлэннэ, кэлин онто олох даҕаны сылаас сири булан, куобах суорҕан анныгар киирэн уолу кытары хоонньоһон утуйар буолла. Сэгэдьик оҕотун кырдьык түүнүн таһырдьа хаалларбат, түүнүн араас адьырҕалар кэлэн кыаммат кыра сордооҕу хадьырыйан ааһыахтарын сөп. Аны кыра оҕоломмут киһи олоҕуттан ырааппат буолла, оҕо оҕото өтөн тордохторун тула сырсан сасыһа оонньуур идэлэннилэр. Ол да буоллар кыракый мас тыыларыгар мэҥэстэ сылдьан илимнэрин киирэн көрөллөр. Бөрөчөөн балык иһин хамаҕатык сиир буолан истэ, кыыл кыыла өтөн харса суох    хабыалыыр. Биирдэ эмит балык сүгэр тордуйатыгар уктан сүгэн баран кыратык тыаҕа тахсан хаамаллар. Уһун күнү быһа батысыһа сылдьан уол кырачаан доҕорун кытары айаҕа хам буолбакка арааһы кэпсэтэн аралдьыйарга дылы буолар. Ол быыһыгар ыт оҕотун үөрэтэр курдук араас сорудахтары толотторо, кэл, бар, сыт, тук диэн соруйуулары улгумнук ылынан толорон иһэр буолла. Тыаҕа тахсан араас кыыл суолун-ииһин тиҥсэритэр, арыт онто суолу хайан бараары тииһэр. Устунан киһи соруйарын, дьарыйарын ылыныах курдук буолан истэ. Булт тэрилин тыыппат гына үөрэтэр быһыыннан тэлгэһэ таһыгар онно манна чаахаан иитэлээн, оҕотун сотору-сотору сарылатар, кэһэйэн чаахааҥҥа чугаһаабат буолла.

                

Ити курдук күнтэн-күн солбуллан ааһан истэ. Сурчаан, уол бөрөтүн      итинник ийэтин аатынан ааттаабыта, борбуйун көтөҕөн улаатан истэ. Сай ортото биир күн дьиҥнээх булка бастакы сүрэхтэнии күнэ үүннэ. Үрэхтэрин таҥнары киирэн саарбыт, кыайан көппөт буола уойбут хаастары кытары бадьыыстаһар санаалаахтар. Бу сырыыга бөрөтүн тыытыгар мэҥэстибэккэ биэрэгинэн батыһаар диэн баран бэйэтэ сүүрүккэ оҕустаран аргыый аллараа киирэн истэ, бөрөтө биэрэк устун батыһан мастар быыстарынан элэҥнээн иһэрэ көстөр. Өр буолбата үрэх биэрэгэ икки өттүнэн хаас түүтүнэн туртайан барда, ону кытары тыаттан бөрөттөн куотан баһаам элбэх хаас аймалҕан бөҕөтүн түһэрэн ууга киирэн бары бөлүөхсэ түстүлэр, уол ону эрэ күүтэ испит буолан саатын доруоп уоһунан ортолорун көрөн баран ытан саайда, дьэ доҕоор хаастар биирдэ бурҕалла түстүлэр, элбэх хаас таптаран, тиэрэ-маары барыталаатылар, атыттара кынаттарынан сапсынан, умсан куотарга бардылар, биир хаас куһаҕаннатан баран биэрэк кумаҕар тахсан тыаны былдьаһан истэҕинэ Сурчаан утары ойон киирэн ким эрэ үөрэппитигэр дылы мооньугар түһэн соһуспутунан барда. Уол өлбүт хаастарын хомуйан, бөрөчөөнө хааһын баттаан сытарыгар кэллэ,  онуоха анараата булдун биэрэр санаата суоҕун биллэрэн суоһурҕанар кур      дук туттар. Уол хааһы былдьаһа барбата, атын хаас иһин быһаҕынан хайыта охсон иһин барытын ороон таһааран арыый тэйиччы кумахха ууран баран ыҥырбытыгар бөрөтө өс киирбэх хааһын хаалларан ону кэлэн хабыалаабытынан барда. Дьэ ити курдук бултаммыт булт хаһаайыныгар бэриллиэхтээҕин       өйдөппүт курдук сананан уол булдун тиэнэн үрэҕин өксөйөн түөлбэтигэр айаннаата.

Ити курдук икки доҕордуулар батысыһа сылдьан чугас эргин тыаларын кэрийэллэр, уол хас да күн тура тэбинэн туран отону, сугуну хомуйда. Бөрөчөөнө ол дьарыкка отой наадыйбатын биллэрэн ханна эрэ баран сүтэ-сүтэ кэлитэлиир, эбэтэр тэйиччи сытан ол-бу тыаһы-ууһу иһиллэнэр, сыт ыла сатаан ол-бу диэки олоотонор. Күүттэриилээх күһүн кэлэн иһэрин биллэрэн       халлаан түүнүн уорааннанан барда. Көччөх, саарбыт кустар чугастааҕы күөллэргэ үөрдэһэн халлааны сабардыах айылаах көтөн күүгүнэһэллэр. Саарбыт хаастар эмиэ көтөөрү үрэх баһыттан төрдүгэр аллараа киирэн көстүбэт буолбуттар. Түүнүн лаппа тымныйталаан, хаһыҥнар түһэн от-мас хагдарыйан, саһаран бардылар. Айылҕа барахсан бэйэтин-бэйэтэ дьаһанан хас да күн ардаата, тиит көтөҕөтүн түһэрээри хотуттан эрийэн аҕалан тыалырда, ону кытары тиит, хатыҥ,атын да мастар мутукчаларыттан, сэбирдэхтэриттэн ыраастанан ньылбаланан кэбистилэр. Тыа барахсан уларыйан олох атын киэбин кэттэ, ырааһыран били адаардаах арҕастаах таас Дьааҥы хайалара субу баардыы барыһан көстөр буоллулар. Дьэ баччаларга аар тайҕа маанылаах оҕото тайах, атын да кыыллар айылҕаларын батан төрүүр-ууһуур аналлаахтарын туоһута аарыма  атыыр лөкөй сүүлэ киирэн, хааннааҕынан суптурута көрүөлэнэн, иннигэр баары барытын үнтү барчалаан аналлаах тыһытын булан иирсэр баҕатын,            «таҕылын» эрэ таһаарар баҕалаах сииккэ сиэлэн эрдэҕэ.

              

Баччаларга аҕата эрэллээх доҕотторун Баһырҕастаах Түргэни батыһыннаран тайахтыы тахсар буолара. Биирдэ уолун Сэгэдьиги таптаан миинэр уучаҕар олордон тайахха илдьэ тахсыбыттаах. Оо, онно көрбүтэ ыттара улахан булка тахсан эрэллэрин сэрэйэн үөрбүттэриэн, кулгаахтара туран, кутуруктарын туруоран баран илин-кэлин түһэн элэҥнэһии бөҕөтө, онтон олох да сүтэн хаалбыттара. Өр-өтөр буолбатаҕа иннилэригэр тэйиччи соҕус ыттара үрэр саҥаларын истибиттэрэ. Аҕата миинэн иһэр миҥэтин быһа тиҥилэхтээт үрэххэ киирэн харгылаах сиринэн кэстэрэн уҥуор тахсыбыттара ыттара олох субу чугас тэҥкэ тииттэр быыстарыгар сымарга харса суох уордаах баҕайытык тохтообокко, өрүсүһэ өрүсүһэ үрэн маҕыйаллар. Аҕата табатын киниэхэ хаалларан баран саатын бэлэм тутан тииттэр быыстарыгар киирэн хаалла. Сотору буолаат саа тыаһа өрө хабылла түстэ, ону кытары ыттар саҥалара «ньуук-ньаах» дэһээт арыый туора баран эмиэ харса суох үлүскэлэһэ-үлүскэлэһэ үрэн баргыйдылар. Чочумча буолаат ол диэки тиийэн аҕата аны иккиһин ытан хабылыннарда. Ону кытары ыттара эмиэ ньаҕырҕаһа түһэн баран саҥалара сүтэн хаалла. Аҕатын кэпсээнинэн ыттара хаайсан турар тайахтары булан үрбүттэр, тыһыны уонна иккилээх оҕотун, ыҥаах баарын охтортообут, абааһы атыыры ыппакка ыыппыт, ыттарбыт ону эккирэтэн түһэ турбуттар. Уол онно өйдөөбүтэ, баччаларга сүүлэ киирэ сылдьар атыыр тайах этин киһи сиэбэт буолар эбит, дэлби «көҕүйэн», убаҕаһын барытын таммалата сылдьар буолан онто этигэр кытта тарҕанан этэ иик амтаннааҕын иһин киһи буолуохтааҕар, оннооҕор куһаҕан да ыт сиэбэт буолар эбит. Тайахтарбытын сүлэн астаан баран хаалларбыппыт, бастакы хаар түстэҕинэ турку сыарҕаннан кэлэн тиэйиэхтээх үһүбүт. Ыттарбыт өр буолбатахтара, аҕылаһан-мэҥилэһэн төннөн кэлбитттэрэ, иччилэрэ куһаҕан иик сыттаах кыылга наадыйбатын сэрэйэн тохтотон баран кэлбэтэҕин иһин быраҕан баран кэлбиттэр, дьэ өйдөөх ыттар диэтэҕин.

              

Бу кэмҥэ бөрөчөөнө уҥуох тутан, борбуйун көтөҕөн, түүтэ биллэ уһаан арыый улааппыкка дылы буолла. Били көтөхсөн муомахтаһа оонньууллара уурайда, оҕолуу итии сыһыаннара арыый тыҥаабыкка дылы буолбутун уол сүрэҕинэн сэрэйдэ. Аны хоонньоһон утуйаллара уурайда, бөрөтө таһырдьа тордох      таһыгар хонор буолла. Ол да буоллар иккиэйэх тулаайах эрэйдээхтэр бииргэ тутуһан, бэйэ бэйэлэрин өйдөһөн, өйөнсөн-убансан сырыттахтарына эрэ бу кытаанах усулуобуйалаах тыйыс айылҕаҕа тыыннаах хаалыахтарын сөбүн иккиэн даҕаны өйдүүр курдуктар. Уруккуларын курдук күнү быһа кэпсэтэн ньаҕыһан, үчүгэйи-куһаҕаны быһаарса сатаан сотору-сотору дьарыйсан ылаллар. Улаатан эрэр кыыл аны аһыгар топпот буолан иһэр. Кыыл кыыла өтөн, айылгытынан бултуур хаана киирэн үрэх кытыытыгар талахха үөскээбит куобахтары бэйэтэ баран бултаһан аһыыр идэлэннэ.

Икки оҥойор айахтарыгар сибиэһэй эт көрдөнө тыаҕа тахсаары бэлэмнэнэ сылдьаллар. Арай ол сырыттахтарына биир күн үөһээттэн, хайа диэкиттэн үөр табалар иһэллэрэ билиннэ, бордурҕаһар саҥаларыттан уонна отуу буруотун олох көрбүтүнэн иһэллэриттэн сэрэйдэххэ дьиэ табалара буолуохтарын сөптөөх курдук, уол саатын үрдүгэр түһүөх гынан иһэн тохтоото, ол оннугар сыт ылан хорос гына түспүт бөрөтүн хам баттаата. Аҕыйах үөрдээх таба тордоҕу олох көрбүтүнэн кэлэн, тиэргэҥҥэ киирэн тиҥсэрийбитинэн бардылар. Уол сэрэйбитин курдук саас кырдьаҕастан куотан сүтэ сылдьыбыт кинилэр табалара кэлбиттэр. Дьэ үөрүү өрөгөйө диэн манна буолла, өссө үөрүүлээҕэ уол таптаан миинэр уучаҕа эмиэ баар, кэлэн уолу ахтыбыт курдук сирэйин ньууххайар. Табалар бөрө баар диэн олох кыһаллыбаттар, арааһата урут кинилэри ыттарын кытары бииргэ бөрө манаһа сылдьыбытын умнубатахтар бадахтаах, хайа уонна бу бөрө оҕочооно иччилэрин кытары бииргэ тэҥҥэ сылдьарын иһин аахайбатылар быһыылаах. Онтон бөрө кыыла өтөн бастаан утаа утары ыстаныах курдук гыммытын эмиэ доҕор оҥостубут, аһатар-сиэтэр, оннукка-манныкка үөрэтэр соҕотох киһитэ хам баттаан буойарын истэн тохтоон, сытан таах эрэ дьиэ табаларын бастаан көрөн дьиибэргээбиттии хараҕын араарбакка араастаан одуулаһар.

Отучча үөрдээх табаттан аҥаардара эрэ төннөн кэлбиттэр. Саас торҕотообут аар-дьаалы эккирэтэн, тугуттарын тутаттаан, кинилэри манаан сылдьыбыт эрэллээх доҕотторун хам баттаталаан, табалар ыраах куотан улахан үрэҕи туораан атын дьон  табаларыгар холбоспуттара. Анараа туора дьон кинилэри көҥүл сырытыннаран иитэр санаалара суоҕа, киэҥ  хараалга хаайан туран сайыны быһа биир биир таһааран идэһэ оҥостоллоро. Орпут бу эмиэ сиэниллиэхтээх табалар дойдуларын ахтан «хаайыы» хараалтан мүччү көтөн улахан үрэҕи туораан бу дойдуларын булбуттара. Ону өссө да оҕо киһи Сэгэдьик хантан билээхтиэй.

                  

Миинэр миҥэлэммит киһи Сэгэдьик тапталлаах уучаҕын миинэн,         саатын сүгэн, Сурчаанын батыһыннаран  хара тыаларыгар тайахтана таҕыстылар. Үрэхтэригэр киирэн уута түспүт кырылас кумаҕынан үрэҕи аллараа баттылар. Кумахха сайыны быһа  үрэҕи уҥуор-маҥаар туораабыт тайахтар суоллара элбэх. Биир сиргэ сибиэһэй тайах суола баарыгар бөрөтө кыһаммата, кини ыт     курдук тайаҕы тохтотон үрэн хаайар диэни хантан билиэй, арай улааттаҕына кэнниттэн эккирэтэн көрүө эбитэ буолуо. Күн үөһээ ойуута үрэххэ чүөмпэ баарыгар үөһээттэн киирэн тайах суола уулаан тахсар эбит, хаста да кырыммыт, ол аата үөһээ чугас тыһытын хаайан турар эбит диэн уол аҕата үөрэппитинэн     сылыктаата. Уучаҕын үөһээ диэки салайан тыаҕа киирдэ, саҥардыы хаамтаран истэхтэринэ, доҕоор, эмискэ хойуу ычык иһиттэн, маһы-оту үнтү барчалаан адаарыйбыт муостаах атыыр тайах ойон таҕыста. Уучах соһуйан туора ойбутугар уол охтон сиргэ саатын баттыы иттэри кэлэн түстэ, сытан эрэн көрдөҕүнэ кэнниттэн испит бөрөтө, хантан ылбыт харса суоҕэ эбитэй, кыылын киллэрэн аһыыларын ардьаппытынан, түүтүн туруоран баран доҕорун бүөлүү түстэ, тайах ону эрэ күүппэтэх кыыл хорус гына түһээт көмүскэнэн муоһун тоһуйан, баһан ылыахтыы төбөтүн булкуйтаамахтаан баран куотардыы туора ойдо, ону эрэ күүппүт курдук эр ылбыт бөрө тайаҕы кэнниттэн түһүстэ. Манна атыыр тайах тыһытын хаайан баран, тугу да барытын умнан туран уутугар-хаарыгар киирэн мэйиитэ эргийиэр диэри «дьарыгыра» турдаҕына кини санаатыгар атын кыыл иһэрин курдук кыайан арааран көрбөккө, хаарыаннаах кылгас да кэмҥэ буоллар бас билбит тыһытыттан көҥөнөн кыылга утары ыстаммыта доҕоор, бу аар тайҕа саамай кутталлаах кыыла сур бөрө ардай аһыытын ардьаппытынан бу баар буола түспүтүттэн үргэн куотарга барбыт. Сэгэдьик уолчаан оҕо-оҕото өтөн уонна бу маннык алдьархайга  бастаан түбэһэн, кутталыттан буолан саатын илиитигэр ылбакка да хаалла. Сотору Сурчаана ыт курдук бу аҕылаан-мэҥилээн кэллэ, уол өлөр өлүүттэн быыһаппыт бөрөтүгэр махтанарын биллэрэн моонньуттан кууһан ытамньыйа олордо, биирдэрэ бу хайдах буоллуҥ диэбиттии дьиктиргээбиттии одуулаһар. Табыллыбатах тайахсыттар уучахтарын тутан уку-суку туттан тордохторун диэки айаннаатылар.

Салҕыыта тахсыаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....