«Наука 0+» бэстибээл: далааһына киэҥ, кыттааччыта элбэх
Алтынньы 21 күнүгэр “Өрөгөй” спорт уораҕайыгар “Наука 0+” билим бэстибээлэ буолан ааста. Тэрээһин Арассыыйаҕа Билим уонна технология декадатын, Учуутал уонна уһуйааччы сылын чэрчитинэн ыытылынна. Кыра саастаахтартан саҕалаан аҕам саастаах дьоҥҥо тиийэ анаммыт 100-чэкэ экспозиция бэлэмнэммит: билимҥэ угуйар быыстапкалар, мастарыскыайдар, виртуальнай лабораториялар уо.д.а. Маныаха өрөспүүбүлүкэ орто, үрдүк үөрэх кыһалара, билим кииннэрэ уонна Дьокуускай куорат оскуолалара кыттыыны ыллылар.
Мария Петрова, Дьокуускай куорат үөрэххэ управлениетын начаалынньыга:
— Бэстибээлгэ 4000 үөрэнээччи кыттыыны ылар. Мин санаабар, күн устата өссө элбиэхтэрэ. Итиннэ инникитин уһуйаан иитиллээччилэрэ эбиллиэхтэрин сөп диэн көрөбүн. Биһиги учууталларбыт оҕолор науканы ылыналларыгар улахан үлэни ыыталлар, бастакы научнай бырайыактарыгар көмөлөһөллөр. Бу сыл устата Дьокуускай үөрэнээччилэрэ 16 Бүтүн Арассыыйатааҕы, норуоттар икки ардыларынааҕы конференцияларга кыттан, араас бириистээх миэстэлэри ыллылар, лауреат аатын сүктүлэр. Бу хайысхаҕа үлэбитин СӨ үөрэххэ уонна билимҥэ министиэристибэтин өйөбүлүнэн салҕыахпыт.
“Өрөгөй” иһэ туолан, оҕо аймах саҥаны, сонуну билэргэ дьулуһарын көрдөрдө. Тэрээһиннэр уруок, лиэксийэ курдук буолбакка, оонньуу, эксперимент, викторина быһыытынан ыытылыннылар. Ону таһынан билиҥҥи кэмҥэ уһулуччу суолталаах хайысхалар бааллар: медицина, тыл үөрэҕэ, тиэхиньикэ, IT, история, биология уо.д.а. Киһи хараҕа халтарыйар көстүүтэ. «Арктика лингвистическай экологията» диэн ХИФУ научнай-чинчийэр лабораторията ыалдьыттарга анаан “Саха мемнарын лабораторията” диэн сахалыы сомоҕо домохторугар олоҕурбут мемнары оҥорон, улаханыттан, кыратыгар диэри дьоҥҥо төрөөбүт тылларын төһө өйдүүллэрин быһаардылар.
Нина Турантаева, ХИФУ “Арктика лингвистическай экологията” лаборатория алын научнай үлэһитэ:
— Билиҥҥи оҕолор интэриниэккэ олороллоро кистэлэҥ буолбатах. Онно кинилэр араас күлүүлээх мемнары күн аайы көрөллөр. Ол иһин бүгүҥҥү экспозициябытыгар элбэх оҕо хараҕа хатанна. “Тугу гына сылдьаҕытый? Туох туһунан кэпсиигитий”,— диэн ыйыталаһаллар. Тест ааһалларыгар бу мемҥа/хартыыҥкаҕа ханнык сомоҕо домох сөп түбэһэрий диэн ыйыттахпытына, оҕолор толкуйдаан киирэн бараллар. Холобур, “мурун бүөтэ” диэн ыал саамай кыра оҕото буоларын элбэхэ оҕо саҥа биллэ. Сорохтор: “Оо! Мин эмиэ мурун бүөтэбин!” — диэн үөрэллэр. Итинник өйдөрүгэр эмиэ хаалан хаалар. Үгүс оҕо уу сахалыы саҥарбат эрээри, син биир өйдөрүгэр туох эмит баар. Холобур, “Уйатыгар уу киирбит” диэн сомоҕо домоҕу: “Ханна эрэ истибитим ээ...” — диэхтииллэр эрээри, суолтатын билбэттэр. Онуоха биһиги тургутук хоруйугар сомоҕо домох суолтатын сахалыы, нууччалыы быһааран биэрэбит. Маны таһынан, биһиги лабораториябыт научнай үлэһиттэрэ араас экспедициялартан түгэннэри, хаартыскалары ыалдьыттарга көрдөрдүбүт. Итиэннэ экспедицияҕа тугу гынарбытын эмиэ көрдөрө-көрдөрө кэпсээтибит.
ХИФУ Физико-техническэй института 1978 сыллаахха Мииринэй улууһугар Айхал бөһүөлэктэн 40-ча км сиргэ буолбут “Кратон-3” ядернай дэлби тэптэрии саахалламмыт сирин-уотун үөрэтэн, бэстибээлгэ радиация туһунан кэпсээтилэр. 45 сыл иһигэр саахал тахсыаҕыттан «Кратон-3» радиационнай туруга уонна айылҕа эйгэтин туруга биллэ тупсубут, ол эрээри атын радиоактивнай элеменнэр, сир аннынааҕы уу ситиминэн уонна өрүстэринэн атын сиргэ тиийэр кутталлааҕын салгыы үөрэтэххэ наада диэтилэр.
Владлен Кононов, ХИФУ “Радиационнай технологиялар” лаборатория алын научнай үлэһитэ:
—Ол сирдэртэн биһиги буор, муох, уу образецтарын хомуйан, радиационнай фоннара төһө уларыйбытын кээмэйдиибит. Оскуола оҕолоро бу тиэмэни олус сэргииллэр диэн өйдөөтүбүт. Бэйэлэрэ этэллэринэн, “Сталкер” көмпүүтэринэй оонньууга бу тиэмэ эмиэ баар, ону таһынан Чернобыль атомнай станция саахалын эмиэ интэриэһиргээн үөрэтэллэр эбит. Бэстибээлгэ биһиги “Кратон-3” буолбут сириттэн хомуллубут образецтары аҕалан көрдөрөбүт, билигин ити туох да куттала суох. Ону таһынан дозиметр хайдах үлэлиирин, образецтарга туһаайан көрдөрөн кэпсиибит.
Дьокуускай 10 №-дээх оскуолатын оҕолоро айанньыт Витус Беринг суолунан – Дьокуускайтан Төҥүлүгэ диэри айаннаабыттарын кэпсээтилэр. Калысбек Абдыкадыров бу экспедицияҕа сылдьыбытын кэрэхсээбит:
—Биһиги Суолаҕа уонна Тылбыйахтаах күөлгэ тохтуу сылдьыбыппыт. Төҥүлү музейыгар бөһүөлэк историятын, Витус Беринг айаннаабыт суолун дириҥэтэн үөрэппиппит. Бу мин бастакы экспедициям. Ол иннинэ мин илин эҥээргэ хаһан да сылдьыбатаҕым. Паромунан айаны олус сөбүлээтим.
Оҕолор салайааччылара, биология уонна география учуутала Надежда Корнилова инники сылларга экспедицияларын салгыы Охотскай куоракка тиийэн түмүктүүр эрэллээхтэрин эттэ:
— Оҕо билиини хамсанан-имсэнэн, көрөн-истэн ылынарын ордорор. Ол иһин биһиги бу Витус Беринг тиэмэтин история уруога эрэ буолбакка, экспедиция, айан быһыытынан тэрийбиппит. Бу экспедиция сыала-соруга оҕолору историяҕа эрэ буолбакка, киэҥник толкуйдуурга үөрэтэр. Дьокуускайтан ыраах туох баарын көрдөрдүбүт, холобур, биһиги Мэҥэ Хаҥалас улууһугар – Хаптаҕайга, Төҥүлүгэ, Хаҥалас Еланкатыгар сылдьан кэллибит. История өттүттэн оҕолор Витус Беринг дьаамнар хамсааһыннарын сайдыытыгар көмөлөспүтүн, кини суолун үөрэтэллэр, Саха сирин туһунан саҥа билиилэри ылаллар. Нагзамов Тамерлан диэн үөрэнээччибит Санкт-Петербурга ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы конференцияҕа кыттан, 2-с миэстэ буолбута. Бу киниэхэ үрдүк үөрэххэ киирэригэр эбии баал биэрэр, онон экспедициябыт оҕолорбут инники ситиһиилэригэр тирэх буолар.
Интеллектуальнай оонньууларга, викториналарга, остуол оонньууларыгар туспа балаһааккалар бааллара кэлбит дьону ордук кэрэхсэттэ. Хайа баҕарар ыалдьыт хабылык, хаамыска, саахымат уонна да атын оонньууларга кыттыыны ылла.
Валя Максимова, бэстибээл ыалдьыта:
—Наһаа үчүгэй, интэриэһинэй бэстибээл. Манна мин аниматордар баалларын сөбүлээтим уонна мас тардыһан көрдүм.
Бу матырыйаалга бэстибээл аҥаара даҕаны арыллыбата. Оннук элбэх уоттаах-күөстээх оонньуу, быыстапка, маастар-кылаас арааһа буолан ааста. Ким баҕалаах саҥаны билэн-көрөн, билиитин хаҥатан барда. Кырдьык даҕаны, билиигэ, билимҥэ мэһэй суох.