25.10.2020 | 10:46

Наталья Петрова: “Саамай улахан кириитигим – ол бэйэм”

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ааспыт сырыыга артыыс барбыта, ол иннинэ ырыаһыт тахсыбыта... Бу нүөмэргэ худуоһунньук туһунан суруллуохтаах. Итинник санаанан салайтаран, Инстаграм киэҥ эйгэтигэр киирэбин. Ол олорон сахалыы симэҕи сиэдэрэйдик, айылҕа маанылаах оҕолорун уратытык уруһуйдуур талыы-талба Таатта кыыһын аккаунугар кэтиллэ түһэбин. “Самоучка” диэн тылы көрөн, өссө күүскэ сэргиибин.

Кини аата – Наталья Петрова. Таатта улууһун киинигэр – Ытык Күөлгэ күн сирин көрбүтэ. Тааттатааҕы лицейи бүтэрбитэ. Медколледжка үөрэнэн, фармацевт идэтин ылбыта. Худуоһунньук идэтигэр уһуйуллар баҕа санаата туолбатаҕа.

Дьоҕурдаахпын дии санаабат этим

Киһини өйдүүр буолуохпуттан уруһуйдуурбун сөбүлүүбүн. Дьоҕурдаахпын дии санаабат этим. Анаан-минээн хас да альбом атыылаһарым уонна оҥостон олорон уруһуйдуурум. Тугу кэрэхсии көрбүппүн барытын.  Художественнай кылааска үөрэммэтэҕим. Математика, химия олимпиадаларыгар сыл аайы кыттарым.

Ахсыс кылааска үөрэнэ сырыттахпытына, психолог сорудаҕынан тугу эрэ уруһуйдаабыппыт. Онно өйдөөн көрбүтүм, мин үлэм барыларыттан атын этэ. Ол сыл улууска ыытыллыбыт уруһуй күрэҕэр бастакы миэстэни ылбытым. Байанайтан көрдөһөн, аал уоту аһата олорор булчуту уруһуйдаабыппын өйдүүбүн.

Киһи баҕатын таайар, табар уустук

–Предметтэри, кыыллары сөбүлээн уруһуйдуубун. Хаартыскаттан тирэхтэнэн, эбии өйбөр оҥорон, харахпар ойуулаан көрбүппүн түһэрэбин.

Сороҕор дьон сакааһынан, ардыгар бэйэм ис-испиттэн баҕаран туран үлэлиибин. Үксүн уруу киэһэтигэр, үбүлүөйгэ, төрөөбүт күҥҥэ бэлэх оҥороллор. Өссө атын сиргэ олорор дьоҥҥо дойдуларын санатар хартыыналары кэһии гынан илдьэллэр. Саха култууратын киэҥ эйгэҕэ таһаарарбыттан үөрэбин. Сорох үлэлэрим Арассыыйа атын куораттарыгар, биир хартыынам Америкаҕа барбыта.

Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн испит киэргэл баар буолар. Холобур, эбэлэрин ытарҕаларын ойуулаталлар. Сорохтор баҕа санааларын, ахтыыларын уруһуйдата сатыыллар. Холобур, оҕо сылдьан оонньообут алаастарын. Бу олус ыарахан. Хаартысканан сирдэтиниэхпин, онно эбэн биэриэхпин сөп. Киһи санаатын таайар, табар уустук. Ол иһин маннык хартыына сыаната ыарахан буолар.

Өлүөнэ очуос таас хайаларыгар хаһан да сылдьыбатаҕым. Ол эрээри хас да үлэбэр бу ытык-кэрэ сири үйэтиппитим. Тиийэн көрбүт киһи диэн баҕа санаалаахпын.

Биир ытарҕа айыллыбыт кэпсээнэ

–Биирдэ Ярославскай аатынан музейга сылдьыбытым. Онно былыргы ытарҕалар, илин кэбиһэрдэр, уопсайынан, киэргэл арааһа баарын сэргии көрбүтүм. Уопсайынан, күлүмүрдүүрү, толбоннурары ойуулуурбун олус сөбүлүүбүн. Онтон биир ытарҕаны уруһуйдаабытым. Сэргээччи элбэх буолан биэрбитэ.

Хас биирдии ытарҕа бэйэтэ туһунан историялаах, дьылҕалаах, аналлаах диэххэ сөп. Ханнык эрэ уус оҥорбута буолуо, бэйэтэ ис хоһоонноох. Ойох тахса илик кыыска, оҕолоох дьахтарга диэн туспа.

Билигин цифровизация үйэтигэр дьон култуураҕа сыһыана уларыйда. История эмиэ. Ытарҕа – история кэрэһитэ. Кэм-кэрдии ааһан истэҕин аайы оһуора-мандара атын буолан иһиэн сөп. Ону хартыынаҕа дьиҥ баары көрдөрөн, билиҥҥи бириэмэни тохтотон, ойууга түһэрэн үйэтитэр соруктаахпын.

Ыра санаам – предмети хартыынаҕа дьиҥнээх, тыыннаах курдук тиэрдии. Көрөөччү таарыйыан баҕарарын ситиһии.     

Бэйэбин күһэйбэппин

Өйүм-санаам барыта – уруһуй. Киэһэ сэттэҕэ үлэлээн кэлэн баран, ас астыыбын, дьиэ хомуйабын. Онтон биирдэ олоробун. Бириэмэ ыгым. Улаханнык сылайбатах буоллахпына, төһө баҕарар олоруохпун сөп. Сороҕор сарсыарда биэс чааска туран иэйэ-куойа айабын. Бэйэбин хаһан да күһэйбэппин. Ис-испиттэн тахсар. Өр уруһуйдаабатахпына, тугум эрэ тиийбэт курдук буолабын.

Уоппуска кэмигэр айар үлэм ордук таһаарыылаах буолар. Аҥаардас бу дьарыкпар көһүөхпүн баҕарабын эрээри, билиҥҥи кэмҥэ уустук.

Сатабылбын чочуйабын

–Урут өр баҕайы олорорум. Биир үлэни биир ыйынан бүтэрэрим. Сыыйа-баайа үөрэнэн испитим. Туттар ньымаларбын билэбин. “Автомат” курдук буолар эбиккин. Билигин уһаабыта биир нэдиэлэнэн бэлэм оҥоробун. 

Идея баар буоллаҕына, түргэнник төлө көтөн тахсар. Оттон тугунан бүтэрэрбин билбэт түгэммэр, хаһан толкуйдуохпар диэри уһуннук сытыан сөп. Бириэмэтин кэтэһэр. Онтон эмискэ сандаара түһэр – оччоҕуна тиһэҕэр тиэрдэбин. 

Сырыы аайы сатабылбын чочуйарга, үлэлэрбин тупсарарга кыһаллабын. Саамай улахан кириитигим – ол бэйэм.

Кэргэним Алексей эмиэ худуоһунньук. Арктикатааҕы култуура уонна искусство судаарыстыбаннай инситутун бүтэрбитэ. “Дизайнер среды” идэлээх.  Кини арыылаах кыраасканан уруһуйдуурга үөрэппитэ. Ол иннинэ харандааһынан, пастелынан туттарым. Олоҕум аргыһа – сүрүн өйөбүлүм, чугас киһим. Биэс саастаах уол оҕолоохпут.

1% талаантан, 99 % үлэттэн тахсар

Үөрэҕэ суох киһи худуоһунньук буолуон сөп. “1 бырыһыан талаантан, онтон 99 бырыһыана үлэттэн тахсар” диэн этиини кытта сөбүлэһэбин. Киһи сөбүлүүр дьарыгынан дьарыктаныахтаах дии саныыбын.

Мин талан ылбыт идэбин таптыыбын. Аптекаҕа үөрэ-көтө үлэлиибин. Онтон киэһэ дьиэтээҕи түбүгү үмүрүтэн баран уруһуйдуубун.

Дьон хартыынаны сыаналыы үөрэнэрэ, өй үлэтэ диэн өйдүүрэ буоллар дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ биир ый уруһуйдуургун, баҕар, үс ыйы быһа толкуйдуоҥ. Сорохтор маляр курдук көннөрү кырааскалаан кэбиһэр курдук саныыллар. Эбэтэр олордуҥ да, тута уруһуйдуур курдук өйдүүллэр. Дьиҥэ, оннук буолбатах.

Сорохторго хартыына таах быыллыйа турар. Аны туран, дьон хамнаһа кыра. Киһи барыта сыаналаах хартыынаны атыылаһар кыаҕа суох.

Худуоһунньук хас биирдии үлэтэ тугу эрэ кэпсиир. Ону киһи бэйэтэ ситэрэн биэриэн сөп. Холобур, бу ытарҕаны кэрэ кыыс кэтэ сылдьыбыта буолуо диэн толкуйдуо. Эбэтэр бүтүн историяны айан таһаарыа. Быһаара сатаабаппын. Киһи син биир сөбүлүү көрөн, бэйэтигэр чугас буолан ылар дии саныыбын.

Инникитин хартыыналарбын соҕуруу атыылыыр санаалаахпын. Мин үлэм ыал аайы ыйанан туруон баҕарабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Сонуннар | 20.12.2024 | 18:51
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Ахсынньы 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһулааһыныгар кэлэр 2025 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин 9 бэтэрээнэ олорор. «Бу саалаҕа анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара – Арассыыйа дьоруойдара, «Эр санаа» уордьанын, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин...