Наркология диспансерыгар биир күннээх аахсыйа ыытыллыаҕа
Алтынньы 19 күнүгэр Наркология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерыгар биир күннээх аахсыйа ыытыллар. Тэрээһин чэрчитинэн арыгыттан, наркотиктан тутулуктанар дьон кэргэттэригэр уонна аймахтарыгар психологтар уонна нарколог-быраастар сүбэ-ама биэриэхтэрэ.
Тэрийээччилэр иһитиннэрбиттэринэн, аахсыйа уратыта – атын дьоҥҥо мэһэйдэппэт курдук үлэ күнүттэн атын күҥҥэ 16.00-19.00 чааска ыытыллар.
Манна ким кэлиэн сөбүй:
-Уйулҕаларыгар араас кыһалҕалаах дьон;
-Арыгыттан эбэтэр наркотиктан эмтэниэн баҕалаах дьахталлар;
-Арыгыттан уонна наркотиктан тутулуктанар дьон кэргэттэрэ, ийэлэрэ уонна аймахтара.
Автодорожнай уулусса 38 нүөмэригэр ыытыллар аахсыйаҕа наркология диспансерын уопуттаах психологтара уонна нарколог-быраастара үлэлиэхтэрэ.
Кыттыан баҕалаахтар 8-968-150-1886 нүөмэргэ эрийэн эрдэттэн суруйтараллара ирдэнэр.